Муус устар 8 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевы, СӨ архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын салайааччыта Любовь Папогы кытта киин куораты тупсаран оҥорууга ыытыллар үлэни ырыттылар. Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн Сайсары күөл тулатын тупсарыы ыытыллар. Ааспыт сылга күөл кытылын бөҕөргөппүттэрэ, эргэ плиткалары көтүрбүттэрэ. Күөл тула эргиччи тротуардаах сынньанар сир, бэлисэпиэдинэн сылдьарга суол оҥоһуллуохтаах. Онтон VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларыннааҕы оонньуулары көрсө «Триумф» успуорт комплексыгар ыкса сири тупсарыыны бүтэриэхтээхтэр. Хаалбыт учаастагы оонньуулар кэннэ ситэриэхтэрэ. Оонньуулары көрсө Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсарыыга куорат пляһыгар тиийэргэ табыгастаах гынар сорук турар. Онтон 202 микро-оройуоҥҥа поликлиника, оҥочо ыстаансыйатын учаастактарын сыл устата оҥоруохтара. Онтон Ленин болуоссатын былааннаммыт болдьоҕунан алтынньыга диэри саҥардан бүтэриэхтэрэ.
Муус устар 9 күнэ. Айсен Николаев Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиковы кытта көрсөн, сааскы халаан уутун аһардыыга бэлэм туһунан кэпсэттилэр. Муус устар 17 күнүгэр айылҕаны кэтээн көрөр сулууспа күн-дьыл туругун чопчулааһыны оҥордоҕуна, халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтин былааныгар көннөрүүлэр киириэхтэрэ. Ил Дархан олохтоох дьаһалталары кытта бииргэ үлэлэһиини хонтуруолга ыларга сорудахтаата. Гидротехническэй тутууларга бэрэбиэркэни салгыы ыытарга, өрүстэр туруктарын тиһиктээхтик кэтииргэ ыйда.
Муус устар 9 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабыгар анал байыаннай дьайыыга кыттар байыастары эбии хааччыйарга анаан, «Сокол» квадроцикллары, пилота суох көтөр аппарааттары оҥорууну улаатыннарарга, анал тэхиньиичэскэй тэрили, экипировканы атыылаһыыны тэтимирдэргэ сорудахтаата. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы күнүн көрсө бырааһынньыктааҕы бородуукта наборун анал эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастарга ыытарга бэлэмнээһин туһунан ыйда.
Муус устар 10 күнэ. Айсен Николаев «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионовы кытта навигацияҕа бэлэми дьүүллэстилэр. Быйыл ЛОРП 306 уу тырааныспарын үлэлэтэр былааннаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ Жатайдааҕы суудунаны тутар, өрөмүөннүүр собуот 55 уу тырааныспарын үлэҕэ тахсарга бэлэм оҥордо. Муус устар 1 күнүттэн Эдьигээҥҥэ «Софрон Данилов» диэн теплоход иһинээҕи техническэй систиэмэлэрин ыраастааһын уонна бэрэбиэркэлээһин саҕаланна. Салгыы маннык үлэ «Капитан Бурковскай», «Механик Курчатов» уонна «Механик Винокуров» теплоходтарга ыытыллыаҕа. Бу теплоходтар 2024 сылга Саха сиригэр уу суолун арыйыахтара. Дьокуускай өрүс пуордугар пассажирдары өрүскэ киллэрэр сири чөлүгэр түһэриэхтэрэ уонна улуустарга 25 дьону уонна таһаҕаһы таһар суудуналар тиксэллэригэр аналлаах уста сылдьар бириистэннэри оҥоруохтара.
Муус устар 12 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Авиация уонна космонавтика күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Быйыл бастакы космонавт Юрий Гагарин төрөөбүтэ 90 сылын туолбутун санатта. Өрөспүүбүлүкэҕэ космонавтикаҕа интэриэс өйөнөрүн бэлиэтээтэ. Ол курдук, кулун тутар 26-28 күннэригэр Дьокуускайга С.П. Королев аатынан ыччаттарга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы наука III аһаҕас ааҕыыларга сүүмэрдиир түһүмэххэ дойду араас эрэгийиэннэриттэн 700-тэн тахса үөрэнээччи кытынна, 380-тан тахса үлэ талылынна. Наука Дьоҕус академиятын «КосмоМАНиЯ» аан дойдутааҕы үөрэх бырагырамаатын кыттар оҕолор Саха сирин устуоруйатыгар бастакы стратосфернай спутнигы толкуйдаан, 31500 миэтэрэ үрдүккэ көтүппүттэрэ. Спутниктан ылыллыбыт чахчылар оҕолор бырайыактарын үөрэтиигэ уонна сайыннарыыга туһаныллыахтара. Өссө 1974 сыллаахха Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолатыгар Саха сиригэр космонавтика уонна авиация бастакы уонна соҕотох түмэлэ аһыллыбыта. Мусуой быйыл 50 сылын туолар. Арассыыйа космонавтикатын түмэллэрин холбоһугун чилиэнинэн буолар түмэл 7 тыһыынчаттан тахса дьикти уонна сэдэх экспонаттаах.
Муус устар 12 күнэ. Ил Дархан 2024 сыл бастакы кыбаарталыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туолуутун түмүктэрин көрдө. Ол курдук, бүддьүөт ороскуота 79,2 млрд солкуобайга тэҥнэспит, эбэтэр сыллааҕы былаан 25,4% буолар. Ааспыт сыл бу кэмин кытта тэҥнээтэххэ, ороскуот 8,1 млрд солкуобайынан эбэтэр 11,4%-нан улаапыт. Ити хамнас алын кээмэйэ улааппытын уонна сорох социальнай төлөбүрдэр индексацияламмыттарын кытта сибээстээх. Айсен Николаев Үп миниистэрэ Валерий Жондоровка дойду Бэрэсидьиэнэ Федеральнай мунньахха Анал туһаайыытыгар ыйыллыбыт хайысхалары үбүлээһин кээмэйин быһаарарга сорудахтаата. Бастатан туран, оҕолордоох ыаллары үбүнэн өйөөһүҥҥэ, кинилэр дохуоттарын үрдэтиини хааччыйарга улахан болҕомтону уурарга эттэ. «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа национальнай бырайыагы олоххо киллэрэргэ үп министиэристибэтэ күүскэ үлэлиэхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ.
Муус устар 12 күнэ. Уус Алдан Тандата Гражданскай сэрии Дьоруойа Гаврил Егоров, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов, Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев уонна Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев төрөөбүт-үөскээбит сирдэринэн буолар. Бу күһүн өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев Тандаҕа тахса сылдьан, Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроевы кытта нэһилиэк сайдыытын кэскилин, чуолаан саҥа успуорт саала туттуллуутун туһунан кэпсэппиттэрэ. Ил Дархан дьаһалынан нэһилиэккэ успуорт саалатын тутуу үлэтэ саҕаланна, бастакы сыбаайа бу күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга түстэ. Айсен Сергеевич бэлиэтээбитинэн, эбийиэк икки мэндиэмэннээх буолуоҕа уонна 2025 сыл тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Успуорт саалата өрөспүүбүлүкэ марафоҥҥа уон төгүллээх чөмпүйүөнэ Анатолий Заболоцкай аатын сүгэр. Танда билиҥҥи ыччаттара успуорка дьоҕурдаахтар. СӨ үтүөлээх тренерэ Максим Аммосов иитэр-үөрэтэр кыргыттара өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ волейболистарынан биллэллэр. Онон олохтоох ыччат успуордунан утумнаахтык дьарыктанарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэҕэ.
Муус устар 13 күнэ. «Орто дойду» зоопаркаҕа баар Колымана уонна Ломоносов соторутаа5ыта о5оломмуттара. Бу оҕолорго ааты талыыга «Роснефть» хампаанньа «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ куоластааөыны биллэрэн турар. Куоластааһын түмүктэммитин, кыттыбыт дьон 40%-ра, ол эбэтэр 3337 киһи Вилюй уонна Яна диэн ааты талбыттарын Айсен Николаев иһитиннэрдэ. «Бу ааттары талбыттарыттан ордук үөрдүм. Тоҕо диэтэххэ, Бүлүү уонна Дьааҥы — Саха сирин улуу өрүстэрэ. Саха сирин ураты айылҕатын бэлиэлэрэ буолан, ааттата сылдьыахтара», — диэтэ Ил Дархан.
Муус устар 14 күнэ. Айсен Николаев Саха сиригэр Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу бэлиэ күнү сэттис төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ дойдубутун көмүскэччилэрин иитиигэ ураты суолталаахтык бэлиэтиибит. Уолаттарбыт — удьуору утумнааччылар эрэ буолбакка, бастатан туран, Ийэ дойдуларын көмүскээччилэр. Уол оҕону патриоттуу иитиигэ Саха сиригэр улахан болҕомто ууруллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 289 байыаннай-патриотическай кулууп, «Юнармия» 231 этэрээтэ, 11 көрдүүр-чинчийэр этэрээт, 7 кадетскай уонна 4 хаһаак кылаастара бааллар. Уол оҕо дьоһуннаах киһи буола улаатарын туһугар оҕо сааһыттан иитиигэ улахан болҕомто ууруллуохтаах. Эр киһи күүстээх эрэ буолбакка, көнө майгылаах, олоххо дьулуурдаах, үтүө уонна амарах саналаах буолуохтаах диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Муус устар ый ортолоон, уу-хаар тахсан, күммүт уһаан, лаппа сылыйар чинчилэнэн, тулабыт барыта тэтимирэн иһэр, онуоха сөп түбэһэн санаабыт көнньүөрдүн, чөл туруктаныаҕыҥ!
Афанасий Ноев
This post was published on 16.04.2024 13:01 13:01