25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ил Дархан нэдиэлэтэ: «Үлэ кыбаартала» бырайыактаммыт кыамтатыгар толору тахсара этилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 9 күнэ. Айсен Николаев нэдиэлэ саҕаланыыта былаанныыр мунньахха бырабыыталыстыба отчуоттара бары улуустары, нэһилиэктэри хабан туран, илэ ыытыллыахтара диэн эттэ. Ааспыт үс сыл устата хамсыктан сылтаан отчуоттар онлайн ыытыллыбыттара. Тохсунньу устата бары эйгэҕэ түмүктэри таһаарыы, бырабыыталыстыба отчуотун ыытыыга бэлэмнэнии барыа. Ил Дархан национальнай бырайыактары уонна атын федеральнай бырагыраамалары толорууга болҕомтону туһаайда. Бырагыраамалары олоххо киллэриигэ федеральнай биэдэмистибэлэри кытта сөбүлэһиилэр номнуо 2022 сыл ахсынньытыгар түһэрсиллибиттэр. Айсен Сергеевич бырабыыталыстыбаҕа ааспыт сылтан туолууларын болдьоҕо көспүт бырайыактарга ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата.

Тохсунньу 9 күнэ. Ил Дархан «Муусука барыбытыгар» бырайыагы дойду эрэгийиэннэригэр тарҕатыы туһунан бырайыак научнай-методическэй киинин салайааччыта Ольга Харайбатованы кытта кэпсэттэ. Өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээбит бырайыага 2014 сылтан пилотнай оскуолаларга киирэн, 1-4 кылаастарга нэдиэлэҕэ үстүү чаас, 5-9 кылаастарга иккилии чаас эбии муусука уруоктара ыытыллаллар. 2023 сылтан үөрэтии бары оскуолаларга киирэр. Муусука куруһуоктара арыллыахтара, духовой уонна норуодунай инструменнар оркестрдарын, вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар, хордар тэриллиэхтэрэ. Айсен Николаев «хореография» салаатын бырайыакка эбэр туһунан этиини киллэрдэ.

Тохсунньу 10 күнэ. Ил Дархан Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьеваны кытта уопсай эпидемиологическай балаһыанньа уонна үлэ былаанын туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев СӨ Доруобуйа харыстабылын уонна Үөрэх, наука министиэристибэлэригэр үөрэх тэрилтэлэригэр грипп, ОРВИ ыарыылар тарҕамматтарыгар эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыыталларыгар, оскуолаларга, уһуйааннарга дезинфекцияны ыытыыны, тэрилтэлэр дьиэлэригэр салгыны ыраастыыр миэрэни тутуһарга сорудахтаата. 2024 сылга «Азия оҕолоро» оонньуулары тэрийиигэ эбийиэктэри бэлэмнээһиҥҥэ соругу туруорда. Нерюнгри, Алдан, Өлүөхүмэ, Ленскэй оройуоннарын олохтоохторугар клещ энцефалитын утары босхо быһыыны туруоруу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэниэ диэн эттэ. Бу оройуоннарга клещтэн сири-уоту эмтээһин ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 10 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин сайдыытын корпорациятын сыллааҕы үлэтин түмүгүн көрдө. Ааспыт сылга Уһук Илиҥҥэ бастакынан аһыллыбыт «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер быйыл резиденнэригэр технологическай өҥөнү толору оҥорор буолан, бырайыактаммыт кыамтатыгар толору тахсарыгар сорудахтаата. Аны аҕыйах сылынан дохуота ороскуотун толуйуохтаах. 2025 сылга резиденнэрин ахсаана 150 тиийиэҕэ, 1250 тахса саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ валовай регионнааҕы бородууктатыгар креативнай индустриялар 3,1% ылар буолуохтара. Маны тэҥэ инвестиция атын бырайыактарыгар тохтоотулар. Жатайдааҕы судоверфька үлэһиттэргэ аналлаах уопсай дьиэ уонна олорор дьиэ тутуута саҕаламмыт. Мииринэйгэ чааһынай үбүлээһин суотугар икки дата-киини оҥоруохтара. Оччоҕо Саха сирин арҕаа өттүгэр уотунан хааччыллыы тупсуоҕа, Светлэй и Сүлдьүкээр бөһүөлэктэрин уотунан ититиигэ көһөрөргө кыах үөскүөҕэ.

Тохсунньу 10 күнэ. Ил Дархан «СӨ ОДьКХ» ГУП 2022 сыллааҕы үлэтин түмүгүн көрдө. Ааспыт сылга РФ ОДьКХ-н реформалааһыҥҥа фондатын үбүлээһининэн Бороҕоҥҥо «Восток-1» автоматизированнай хочуолунай үлэҕэ киирбитэ. Быйыл тэрилтэ фонда көмөтүнэн 9 эбийиэги тутар былааннаах. Автоматизированнай хочуолунайдар Уус Алдаҥҥа, Томпоҕо, Чурапчыга, Тааттаҕа, Аммаҕа уонна Мэҥэ Хаҥаласка тутуллуохтара. Өлүөхүмэҕэ водозабор, Аммаҕа улуус киинигэр уонна Алтаҥҥа уунан хааччыйыы ситимэ салгыы тутуллар. Дьокуускайга кытаанах коммунальнай тобохтор полигоннара салгыы оҥоһуллар. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа энергетика ресурсаларын көдьүүстээхтик туһаныыны үрдэтии мэхэньиисимин ырытан оҥорорго соруйда. Үлэ икки хайысханан барыахтаах – олорор дьиэ-уот коммунальнай комплексын тэрилтэлэрин уонна туһанааччыларын ортотугар, бастатан туран, бүддьүөт тэрилтэлэригэр.

Тохсунньу 10 күнэ. Айсен Николаев «Водоканал» хампаанньа ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн көрдө уонна инники соруктары туруорда. Хампаанньа РФ ОДьКХ-н реформалааһыҥҥа фондатын үбүлээһининэн Жатайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйалары туттаран үлэҕэ киллэрдэ. «Ыраас уу» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүгэ улуус киинигэр уонна Андреевскайга магистральнай уу ситимин киллэрдэ. Билигин Сунтаарга водозабор тутуллар. Дьокуускай соҕуруу өттө уунан хааччыллыытын тупсарыыга хампаанньа инвестиционнай бырагырааматынан 5 №-дээх уу түмүгүн уонна 3№-дээх канализация коллекторын тутуу түмүктэниэҕэ. Нам улууһун киинигэр уунан хааччыйыы тиһигин бырайыактыыр-смета докумуона оҥоһулла сылдьар. Аллараа Бэстээххэ уунан хааччыйыы тиһигин бырайыактыырга техническэй өттүн бэлэмнииллэр.

Тохсунньу 10 күнэ. Ил Дархан Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцовы кытта суол тутуутун боппуруоһун ырыттылар. Айсен Николаев туһааннаах тэрилтэлэргэ «Нам» суолун учаастагын тупсаран оҥорууну 2025-2026 сылларга буолбакка, быйыл саҕалыырга сорудах биэрдэ. Дьокуускай куорат уокуругун кытта кыраныыссаттан Эҥсиэли хочотугар түһүүгэ диэри суолу оҥоруохтара. 44 км-58 км уонна 86 км-90,5 км учаастактарга суол бүрүөһүнүн уларытыахтара, 58 км-59 км учаастагы аспааллыахтара.

Тохсунньу 11 күнэ. Айсен Николаев «Алмаасэргиэнбаан» ааспыт сыллааҕы үлэтин уонна былааннарын көрдө. Баан анал бырагыраамаларынан олохтоох урбааҥҥа 2,2 млрд солк. сууммалаах 8%-наах, онтон тутуу, эргиэн, ОДьКХ, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 1,5 млрд солк. суумалаах 9%-наах чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрбит. Кириисиһи утары миэрэлэри олоххо киллэрэргэ бииргэ үлэлээһин түмүгэр ас-үөл рынога бигэтийиитигэр, тутуу уонна суолу оҥоруу салаатын үбүлээһиҥҥэ, ОДьКХ уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин өйөөһүҥҥэ төһүү күүс буолла диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 11 күнэ. Горнай улууһугар социальнай эбийиэктэри уонна дьиэни-уоту тутуу хаамыытын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев уонна муниципальнай тэриллии баһылыга Никита Андреев кэпсэттилэр. Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан Бэрдьигэстээххэ элбэх кыбартыыралаах сэттэ дьиэ (176 кыбартыыра) тутулла турар. Үлэ 97% бэлэм, дьиэлэргэ сылаас бэриллибит. Сыл бастакы кыбартаалыгар улуус киинигэр 550 миэстэлээх үс мэндиэмэннээх саҥа оскуола дьиэтэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тутуллар Бэс Күөлгэ оскуола уонна элбэх хайысхалаах киин үһүс кыбаарталга үлэҕэ киириэхтээхтэр.

Тохсунньу 12 күнэ. Айсен Николаев Уус Алдан муниципальнай тэриллии баһылыга Алексей Федотов кытта көрсүһүүтүгэр улуус сайдыыытын боппуруостарыгар тохтоотулар. Быйыл Бороҕоҥҥо ыраастыыр-канализационнай эбийиэк тутуута саҕаланыаҕа. Онон 2024 сылга Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо ыраас иһэр уунан хааччыллыахтара. СӨ Суолга фондатын үбүн суотугар муниципальнай суоллары өрөмүөннүөхтэрэ. ОДьКХ уона энергетика эбийиэктэрин тутуу салҕаныаҕа.

Тохсунньу 12 күнэ. Айсен Николаев борокуратуура үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. 11 бэтэрээн үлэһиккэ «Саха АССР 100 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэни туттарда. Өрөспүүбүлүкэ бигэ туруктаах буолуутугар бииргэ үлэлээһин сайдыыны түстүүрүн бэлиэтээтэ. Урбаанньыттар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, аччыгый уонна орто биисинэскэ административнай күһэйиини намтатыыга, байыаннай сулууспалаахтары өйөөһүҥҥэ тэрээһиннэри бииргэ ыыталларын иһин махтанна.

Тохсунньу 12 күнэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Ил Дархан «Эр санааланыы» уордьанын анал байыаннай дьайыы толоонугар дьоруойдуу олохтон туораабыт разведчик, гвардия ефрейтора Ярослав Греков ийэтэ Жанна Грековаҕа туттарда. Кини уола кыра сааһыттан байыаннай буолар баҕалааҕа, анал байыаннай дьайыы бастакы күнүттэн кыттыыны ылбыта. Жанна Грекова – педагог-психолог, уйулҕа киинигэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ чугас дьоннорун сүтэрбит дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр.

Тохсунньу 13 күнэ. Айсен Николаев суруналыыстары, бэчээт, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, интэриниэт-таһаарыылар үлэһиттэрин уонна бэчээт эйгэтин бэтэрээннэрин Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Дойдубут анал байыаннай дьайыыны ыытар, арҕаа дойдулар биһигини утары үлэлиир, сымыйа иһитиннэриилэр кутулла турар кэмнэригэр суруналыыстан хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыларыйар кырдьык, хорсун санааланыы, чиэһинэй буолуу ирдэнэр диэн бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 13 күнэ. Саха сиригэр быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт дьон, байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэри кытары бииргэ олорор дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ хомунаалынай өҥө, хапытаалынай өрөмүөн иһин төлөбүргэ пеня ааҕылларыттан босхолоннулар. Бу туһунан ыйаахха Ил Дархан илии баттаата.

Тохсунньу 13 күнэ. Айсен Николаев «Якутскэнерго» хампаанньа уонна  тэрилтэлэрин – «Сахаэнерго» и «Теплоэнергосервис» ааспыт сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн көрдө. Үүмүт сыл бастакы кыбаарталыгар бырабыыталыстыбаны кытта бииргэ энергетика инфрастуктуратын көрүүгэ-үлэлэтиигэ, өҥөнү туһанааччылары хааччыйыыны тупсарыыга этиилэрин киллэрэргэ сорудахтаата. Тарыыптар араастаһыылара технологияҕа кэһии улаатыытын биир төрүөтүнэн буоларын бэлиэтээтэ. Ити боппуруоска үлэлэһэргэ эттэ.

Тохсунньу 13 күнэ. Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр Ил Дархан Саха сириттэн байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытары көрүстэ. Кинилэр Арассыыйатааҕы спецназ университетыгар бэлэмнэнии ааспыттарын уонна анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэр миэстэтигэр тиийэн, суһал уонна кырдьыктаах матырыйааллары оҥорон, сырдаталларын иһин махтанна.

Тохсунньу 13 күнэ. Айсен Николаев Өлөөн улууһугар үлэлээтэ. Улуус баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Иванов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Ил Дархан «Күөнэлэкээн» көс оскуола үөрэнээччилэрин уонна «Өлөөн»тэрилтэ табаһыттарын кытта көрүстэ. Төрүт дьарык култуураны, билиини оннунан тутан хаалар эйгэ быһыытынан салгыы сайдарыгар эрэллээҕин туһунан эттэ. Манна эбэҥки тылын уонна култууратын үөрэтэллэр, табаны иитиигэ уһуйаллар.

Салгыы Айсен Николаев улууска аан бастаан ыытыллыбыт «IT гукчан — 2023» кибермарафон 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «IT–хакатонҥа» кытынна. Күрэхтэһии төрүт тылы сыыппара көмөтүнэн сайыынарыы туһунан буолла. Ид Дархан оскуолаҕа оҕону сыыппараҕа үөрэтии киинин, «Точка роста» киини, доруобуйаны бөҕөргөтөргө тууһунан тыынар хоһу көрдө. Кибермарафон кыайыылахтарын наҕараадалаата.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Өлөөннөөҕү хотугу норуоттар историко-этнографическай музейдарын үлэһитэ, историк Прокопий Саввиновы кытта музей инники сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан музейга саҥа дьиэни тутар туһунан боппуруоһу көрөргө култуура уонна духуобунас министиэристибэтигэр сорудахтаата. Прокопий Саввиновка «Саха АССР 100 сыла» бэлиэни туттарда.

Ил Дархан эбэҥки национальнай оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын көрдө. Министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ видео-кэмпириэнсийэ нөҥүө кытыннылар, оройуон салалтата уонна олохтоохтор этиилэрин киллэрдилэр. Айсен Николаев Өлөөн өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика оройуоннарыттан биир бастыҥ көрдөрүүлээх, онуоха оройуон салалтата уонна олохтоохтор үтүөлэрэ үгүс диэн бэлиэтээтэ. Манна саамай улахан дизельнэй ыстаансыйата туттуллубута. Ээйиккэ өссө биир ыстаансыйа үлэҕэ киирдэ. Накыын – Ээйик – Үөһээ Муна хайысхатынан тардылла сылдьар. 2023 с. Өлөөҥҥө 30 кыбартыыралаах, Харыйалаахха 12 кыбартыыралаах, Дьэлиндэҕэ 10 кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллан киирэллэрэ былааннанар. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа хочуолунайдары уларытыы, Ээйиккэ балыыһа уонна оскуола өрөмүөннээһин, саҥа музейы тутуу, радиосибээһинэн хааччыйыы, улуус киинин уулуссаларын аспааллааһын боппуруостарыгар үлэлэһэллэригэр сорудахтаата.

Харыйалаах сэлиэнньэтигэр Ил Дархан икки уола анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүлэринэн кытта сылдьар Елена Тихонованы кытта көрүстэ. Кини өрөспүүбүлүкэ өттүттэн улахан болҕомто уурулларын уонна көмө оҥоһулларын туһунан эттэ. Улуус дьаһалтата дьиэтин өрөмүөннүөхтээх. Айсен Николаев Елена Тихонованы Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна ноутбук бэлэхтээтэ.

Тохсунньу 14 күнэ. Дьокуускайга 5-с №-дээх уонна Пригороднай 12-с №-дээх оскуолаларыгар эбии икки дьиэни арыйдылар. 5-с №-дээх оскуолатыгар үс мэндиэмэннээх 2 тыһ. кв. м иэннээх эбийиэк Саха сирэ уонна РФ ВЭБ сайдыытын судаарыстыбаннай корпорациятын бииргэ үлэлээһиннэрин сөбүлэһиитин чэрчитинэн тутулунна. Оскуола сүрүн куорпуһугар быйыл хапытаалынай өрөмүөн барыаҕа. 12 №-дээх оскуолаҕа үс мэндиэмэннээх, 5,2 тыһ. кв. м. иэннээх эбии тутуу «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһулунна. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэн, оҕолор биир симиэнэнэн үөрэниэхтэрэ. Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ Ил Дархан быйыл Дьокуускай куоракка 6 оскуоланы тутуу саҕаланарын бэлиэтээтэ.

Ааптар: Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА