22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ. Коронавирустан быһыыны биэрии тэтимин ыһыктыбат наада

13:02, 16 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньу 8 күнүгэр Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар Саха сиригэр быһыы-майгы арыый да тупсубутун, ол эрээри балаһыанньаны мөлтөтөр наадата суоҕун, бары үөрэх тэрилтэлэригэр санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили тутуһууну хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ сорудахтаата. Вакцинацияны ыытыыга аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда.    


Ааспыт нэдиэлэ устата сууккаҕа 80-90 киһи ыалдьыбыта биллэр. Ыарахан туруктаах киһи ахсаана аччаабат. Хамсык дьаҥа тарҕаныаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 31 тыһ. тахса киһи ыарыйда, ол иһигэр Дьокуускайга – 17 тыһ. тахса киһи. Билиҥҥитэ киин куораты таһынан Мирнэйгэ, Томпоҕо, Уус Маайаҕа элбэх киһи ыалдьыбыт, ол иһигэр оскуола оҕолоро. Оскуолаларга, уһуйааннарга булгуччу харыстанар мааска кэтиллиэхтээх, температура мээрэйдэниэхтээх, дезинфекция оҥоһуллуохтаах. Бары улуустарга вакцинация ыытыллар. Бу күннэргэ эбии 15 тыһ. доза вакцина кэлиэхтээх.

Олунньу 8 күнүгэр Арассыыйаҕа наука күнэ бэлиэтэннэ. Ил Дархан сахалартан бастакы академик, уһулуччулаах учуонай Владимир Ларионов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин наукатын эргимтэтин кытта видео-сибээһинэн көрүстэ, эҕэрдэлээтэ. Дойдубут Бэрэсэдьиэнин, Бырабыыталыстыбатын уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн Саха сирин науката тэтимнээхтик сайдыа диэн бэлиэтээтэ. Кини үүммүт сыл Арассыыйаҕа Наука уонна технология сылынан биллэриллибитин, аан дойдуга килиимэт уларыйыыта, коронавирус тарҕаныыта учуонайдарга саҥа соруктары туруорарын эттэ. Ил Дархан чугастааҕы сылларга «Хоту» наука-үөрэх киинин  (НОЦ) сайыннарар сорук турарын ыйар. Киин үлэтигэр Саха сирин сэргэ Магадан, Сахалин, Чукотка, Камчатка кытталлар. Билиҥҥитэ «Наука» национальнай бырайыак федеральнай сүүмэрдиир куонкуруһугар бэлэмнэнии барар. Саҥа киин ирбэт тоҥу үөрэтии уонна сир баайын табыгастаахтык туһаныы хайысхаларын тутуһуо.

Олунньу 8 күнүгэр регион салайааччыта өрөспүүбүлүкэҕэ хаһаайыстыбаннай субъектар патеҥҥа олоҕуран омук гражданнарын үлэлэтэр сорох көрүҥнэригэр бобууну киллэрэр туһунан  ыйааҕы таһаарда. Бу ыйааҕынан тыа хаһаайыстыбатыгар, ойуур хаһаайыстыбатыгар, балыктааһыҥа, балык үөскэтиигэ, сүөһү иитиигэ, бултааһыҥҥа, ойуур үүннэриигэ, мас соҕотуопкатыгар, миэбэл, аһылык оҥорууга, таҥас тигиигэ, дьиэни көтүрүүгэ, тутууну бырайыактааһыҥҥа, пассажирдары, таһаҕаһы тиэйиигэ омук гражданнарын патенынан үлэлииллэрин быйыл тохтотто. Маны таһынан миграннар массыынаттан, мотоциклтан ураты эргиэн бары көрүҥэр кууһунан, кэлиминэн атыылыыллара бобуллар. Итиэннэ үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, наука эйгэтигэр үлэ эмиэ көҥүллэммэт. Визата суох уонна наһымах квалификациялаах омук күүһүн хааччахтыыр инниттэн кэлиҥҥи түөрт сылга патент сыаната РФ субъектарын ортолоругар биһиги өрөспүүбүлүкэбит саамай үрдүк. 2020 сылга 9772 солк. эбит буоллаҕына, быйыл 10 063 солк. тэҥнэһэр.

Олунньу 9 күнүгэр Ил Дархан улуустар, куорат уокуруктарын баһылыктарын кытары эпидемиологическай быһыы-майгы туругун дьүүллэстэ. Саха сиригэр вакцина бастакы дозатын 26 298 киһи ылбыт, иккиһи – 2 628 киһи. Айсен Николаев коронавирустан быһыыны биэриигэ субъектар ортолоругар өрөспүүбүлүкэ инники көрдөрүүлээҕин, онон бу тэтими ыһыктыбат туһунан эттэ. Ил Дархан быһыы-майгы тупсан эрэринэн холкутуйар наадата суоҕун бэлиэтээтэ. Онон баһылыктар, тэрилтэ салайааччылара балаһыанньаны кытаанах хонтуруолга туталларыгар соруйда. Өрөспүүбүлүкэҕэ маассабай тэрээһин бобуулааҕа, ОРВИ, грипп дьаҥа тарҕамматыгар кэтээн көрүү ирдэнэрэ ыйылынна.

Олунньу 9 күнүгэр Ил Дархан салалтатынан  «Газпром трансгаз Томск» хампаанньа ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн, быйылгы былаанын көрдүлэр.  Хампаанньа 14 субъекка 11,5 тыһ. км ньиэп, гаас магистральнай ситимин үлэтин хааччыйар. 24 млрд куб. м. гааһы сыл устата тиэрдэр. 2019 сылтан хампаанньа 2 тыһ. тахса км усталаах «Сибиир күүһэ» экспорга тахсар гаас ситимин көрөр-истэр, итинтэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 1 291 км ааһар. Маны таһынан «Газпром» ситим иккис уочаратын 800 км тутар, Саха сиринэн 200 км ситими тардар. Бу учаастагы эмиэ «Газпром трансгаз Томск» хааччыйыа. Компрессорнай станция тутуллар. Тэрилтэҕэ Саха сиригэр олорор тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. 2020 сылга 55 олохтоох устудьуон практикатын барбытыттан, 24 выпускник үлэҕэ киирбит. Айсен Николаев хампаанньа региоҥҥа үлэтэ чочпу былааннаахтык ыытылларын, олохтоох каадыры үлэлэтиигэ болҕомто уурарын, сыллата ахсааны элбэтэрин эттэ. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улуустарга бюджекка нолуок киириитин улаатыннарарын, региону кытта үлэни сайыннарарын, Саха АССР 100 сылыгар анаммыт дьаһаллары олоххо киллэриигэ кыттыһыа диэн эрэнэрин биллэрдэ.

Эмиэ бу күн өрөспүүбүлүкэ салалтата «Газпром добыча Ноябрьск» хампаанньа үлэтин көрдө. 2020 сылга хампаанньа Чайыҥдаҕа 4,7 млрд куб. м. гааһы, 193,5 тыһ. туонна ньиэби, 74,3 тыһ. туонна конденсаты хостообут. Быйыл 10 млрд куб. м. гааһы, 889 тыһ. туонна ньиэби, 169 тыһ. туонна конденсаты хостуур былааннаах.

Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ 942 киһини вахтовай ньыманан үлэлэтэр, ол иһигэр 88 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн. Айсен Николаев Саха сириттэн үлэлээччи ахсаана эбиллиэхтээҕин, маныаха орто анал үөрэх кыһаларыгар, ол иһигэр Ленскэй, Мирнэй колледжтарыгар үлэ ырыынагар эппиэттэһэр ыччаты бэлэмнээн  таһаарар соругу тутуһаллар. Онон бу хайысхаҕа Бырабыыталыстыба үлэни күүһүрдүө диэн Ил Дархан эттэ.

Олунньу 10 күнүгэр Айсен Николаев  Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ, улуус төрүттэммит күнүгэр бэлиэ тэрэһиннэргэ кытынна. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр  аэропорт дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.  1961 сыллааҕы тутуу эргэрэн, федеральнай авиационнай ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолбута. Объегы көтүрэннэр, магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии кэлим былаанынан саҥа дьиэ тутулунна. Санатан эттэххэ, 2023 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 16 авиапорт саҥардыллыа.

Киин балыыһаҕа Ил Дархан рентген кабинетыгар компьютер томографиятынан хааччыллыбытын көрдө. КТ-аппарат кэлэн, олохтоохтор миэстэтигэр чуолкай диагноз туруортарар, ыарыы дириҥии илигинэ эрдэтинэ быһаартарар буоллулар. Номнуо 111 киһи диагностиканы ааспыт. Балыыһа коллектива Чэбдигирии сылыгар аныгы томограф кэлиитэ улуус олохтоохторугар үтүө бэлэх буолбутунан Ил Дархаҥҥа, Бырабыыталыстыбаҕа  махталларын биллэрдилэр, эмтээһин хаачыстыбата тупсуо диэн эттилэр.

Айсен Николаев кииннэммит модельнай библиотекаҕа сылдьан, «Подари книгу с любовью» Бүтүн Арассыйатааҕы аахсыйаҕа кыттан, библиотека фондатыгар Улуу Кыайыы 75 сылыгар тахсыбыт биэс туомнаах кинигэни бэлэхтээтэ, 100 кинигэни ылыыга туоһу суругу туттарда. «Мин бэйэм бу библиотекаҕа оҕо эрдэхпиттэн ааҕааччы буоламмын, элбэхтэ сылдьарым. Уонунан сыллар ааспыттарын кэнниттэн тапталлаах кинигэм кыһатыгар кэлбиппиттэн долгуйабын», —  диэн эттэ.

Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр икки мэндиэмэннээх успуорт саалата аһылынна. «Мин Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһынынан тутуллубут. Саҥа объект аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев Чэбдигирии сыла нэһилиэккэ үөрүүлээх түгэнтэн саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ уонна бу тутууга быһаччы олохтоохтор бэйэлэринэн көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махтанна.

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ “Якутлесресурс” филиалын саҥа дьиэтигэр сырытта. Бу объект улуус бүддьүөт таһынааҕы дохуотуттан тутуллубут. Былырыын дойду Бэрэсидьиэнэ субъектар баһылыктарын кытары көрсүһүүтүгэр Айсен Николаев элбэх ойуур баһаара буоларын, ону умуруорарга үбүлээһин регионнарга тэҥэ суохтук үллэриллэрин туһунан тыл эппитэ. Владимир Путин Ил Дарханы өйөөбүтэ уонна федеральнай бүддьүөттэн бэриллэр үбү сөпкө тыырарга сорудахтаабыта. Ол быһаарыы кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын утары охсуһарга анаммыт тиэхиньикэни атыылаһарга анаан үп көрүллүбүтэ. Бу тиэхиньикэни улуустарга ыытыахтара. Ону туоһулуур суругу Айсен Сергеевич Үөһээ Бүлүү филиалыгар туттарда.

Олунньу 11 күнүгэр Айсен Николаев Эстрада тыйаатырыгар Юрий Платонов аатын иҥэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаата. РСФСР үтүөлээх, Саха АССР норуодунай артыыһа Юрий Егорович Платонов 50-ча сыл үлэлээн, эстрада искусствота Саха сиригэр сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбитэ, сахалартан бастакы анал үөрэхтээх эстрада артыыһа. Эстрада искусствотыгар айар мастарыскыайы тэрийбитэ, элбэх артыыһы үөрэппитэ. Эстраданы наука таһымыгар таһаарбыта, 20-чэ сыл СГУ-га (ХИФУ)  профессордаабыта. Юрий Платонов аатын иҥэриини театр кэлэктиипэ көҕүлээбитэ.

Олунньу 11-12 күннэригэр Ил Дархан Москваҕа федеральнай министиэристибэлэргэ үлэлээтэ. Олунньу 11 күнүгэр Саха сирин баһылыга РФ экологиятын миниистирэ Александр Козловтуун көрсөн,  ойууру харыстааһын тиһигин сайыннарыы, ол иһигэр  баһаары утары тэрээһиннэри хааччыйыы уонна ойууру солколоох үрүмэччиттэн көмүскээһин боппуруостарын дьүүллэстэ. Регион баһылыга хоту улуустарга ойуур баһаарын умулларыыга Дьааҥы Баатаҕайыгар авиация көмөтүнэн ойууру харыстыыр арктикатааҕы салаа тэриллэрин  иһитиннэрдэ. Маны сэргэ Бүлүү, Дьааҥы өрүстэргэ инженернэй тутуулары ыытыы, Арктикаҕа айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр холбоһуктаах дирекцияны тэрийии  боппуруоһун көрдүлэр. Кэпсэтии түмүгүнэн федеральнай миниистир солбуйааччыларыгар көрүллүбүт боппуруостарынан чопчу үлэлэһэллэригэр сорудахтаата.

Олунньу 11 күнүгэр Москваҕа саха киинэтин фестивала аһылынна.  «Пионер» киинэ тыйаатырыгар кириитиктэр сыанабылларын ылбыт, биһирэммит түөрт киинэни көрдөрүөхтэрэ. Бастакынан  режиссер Степан Бурнашев «Хара хаар» триллерэ экраҥҥа таҕыста. Салгыы Эдуард Новиков «Тойон кыыл», Костас Марсан «Мой убийца», Дмитрий Давыдов «Нет бога кроме меня» уус-уран киинэлэрин билиһиннэриэхтэрэ. Фестиваль үөрүүлээх аһыллыытыгар Айсен Николаев Саха сирин киинэлэригэр улахан интэриэс үөскээбитин, бу биһиги талааннаах режиссердарбыт айар үлэлэрин түмүгэ буоларын, кинилэр ураты кинематограбы тэрийбиттэрин, саха киинэтин өйүөхпүт уонна салгыы сайыннарыахпыт диэн бэлиэтээн эттэ. «Пионер» киинэ тыйаатырын дириэктэрэ Кирилл Хованскай Саха сирин салалтатыгар фестивалы тэрийиигэ көмөтүн иһин махтанна. Саха киинэтэ тэтимнээхтик сайдан, холобурга сылдьарын этэн туран, фестиваль сыл аайы ыытыллыаҕын иһитиннэрдэ.

Олунньу 12 күнүгэр Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр Айсен Николаев РФ вице-премьерэ Андрей Белоусов салалтатынан Бырабыыталыстыба тырааныспарка хамыыһыйатын президиумугар кытынна. Сүбэ мунньахха таас чоҕу хостуур бырамыысыланнаска тырааныспарынан-логистиканан хааччыйыы боппуруоһа көрүлүннэ. Эмиэ бу күн регион баһылыга РФ вице-премьерэ Татьяна Голикова сүрүннүүр үлэ ырыынагын уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун ахсаанын чөлүгэр түһэриигэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөх мунньаҕар кыттыыны ылла. Тыл этэригэр Айсен Сергеевич Саха сиригэр экономика бары салааларыгар 2020 сыл түмүгүнэн үлэтэ суох буолуу таһыма 0,5% пуунунан үрдээбитин, кириисиһи туоратар дьаһаллар ылылланнар, дьарыктаах киһи ахсаана 13 тыһ. улааппытын эттэ. Маныаха кэккэ салааҕа оробуочай каадырга наадыйыы оннунан хаалбытын эттэ. Ил Дархан Саха сиригэр олохтоох каадыры бырамыысалыннаска кытыннарар бырайыак 2017 сылтан олоххо киирэрин, бырайыак ис хоһооно тутуу, суолу оҥоруу, энергетика, тыраанспар салааларынан кэҥэтиллибитин эттэ. Бырайыак көмөтүнэн 8 тыһ. тахса киһи үлэ булбут. 2020 сылга Дьарыктаах буолуу киинэ 18 тыһ. тахса киһини үлэ миэстэтинэн хааччыйбыт.

Олунньу 13 күнүгэр Айсен Николаев үлэтинэн Нерюнгри оройуонугар тиийдэ. Ил Дархан бырамыысыланнай тэрилтэлэр үлэлэрин түмүгүн, 2021 сыллааҕы былааннарын билистэ. «Якутуголь» хампаанньа туруоруллубут соруктары ситиспит, хайа фабрикатыгар саҥардыллыы барбыт. Хампаанньа 5,5 мөл. туонна чоҕу хостообут, үксэ АТР дойдуларыгар экспорга барар. Бу көрдөрүү иннинээҕи сылтан намыһах. Ол төрүөтүнэн хайа байытар оборудованиены чөлүгэр түһэриини уонна техническэй өттүнэн саҥалыы сэбилэнии барыытын кытта сибээстээх. 523 олохтоох каадыры 2018 сылтан үлэлэтэр. 2021 сылга тэрилтэ 5,6 мөл. туонна чоҕу атыылыыр былааннаах. Ил Дархан чох салаатын биир кырдьаҕас тэрилтэтэ бигэтик салгыы үлэлиэ уонна кэлэр өттүгэр сыллааҕы былааны 10 мөл. туонна таһымыгар таһаарыа диэн бэлиэтээтэ.

2020 сылга  «ЭльгаУголь» хампаанньа 7 мөл. туонна таас чоҕу хостообут. Үүммүт сылга 18 мөл. туоннаны хостуур былааннаах.  Ааспыт сылга «ЭльгаУголь»  хампаанньаны Альберт Авдолян  «А-Проперти» хампаанньата ылбыта.  Айсен Николаев Элгэтээҕи бырайыак Саха сирин экономикатыгар дьоһун суолталааҕын эттэ. «Биһиги бу бырайыак дойдубутугар баараҕай суолталаах буолуохтааҕын уруккуттан этэрбит, ол эрээри  урукку бас билээччи туох баар кыаҕын туһанан үлэлии сатаабыта да, улаханы ситиспэтэҕэ. Бас билээччи уларыйыаҕыттан балаһыанньа таһыччы уларыйда», — диэтэ Айсен Николаев. 2018 сылтан  «ЭльгаУголь» олохтоох каадыры үлэлэтиигэ кыттар. Хампаанньаҕа 576 киһи үлэлиириттэн 262-тэ — Саха сирин дьоно.

Маны сэргэ Ил Дархан Нерюнгрига хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Айсен Николаев «Сосновка» микро-оройуоҥҥа Емцевтар дьиэ кэргэҥҥэ сырытта. Кинилэри кытта 2019 сыллаахха көрсүбүтэ, ол саҕана бу дьиэ кэргэн хаарбах дьиэҕэ олороро. Балтараа сыл ааспытын кэнниттэн кинилэр олорор усулуобуйаларын тус бэйэтинэн бэрэбиэркэлээтэ. Емцевтар 10 мэндиэмэнээх саҥа дьиэҕэ 5 хостоох кыбартыыраҕа көһөн киирбиттэр. Кинилэри кытары 133 киһи бу дьиэҕэ малааһыннаабыт. Ил Дархан Емцевтэри саҥа дьиэлэммиттэринэн эҕэрдэлээтэ, бытовой техника ылалларыгар туоһу сурук туттарда. Нерюнгри мэрэ Леонид Олейник Айсен Николаевка бу өрөспүүбүлүкэ бырагыраамата Нерюнгрига олоххо киириитигэр өйөбүлүн иһин махтанна.

Айсен Николаев Нерюнгрига альпинистары кытары көрүстэ. «Якутуголь» хампаанньа үлэһиттэрэ — каадыры кытта үлэҕэ департамент дириэктэрэ Роман Щегельняк уонна слесарь Игорь Ледов өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар аналлаах бырайыагы билиһиннэрдилэр. Кинилэр бырайыак бастакы түһүмэҕинэн Россия үрдүк чыпчаалыгар — Эльбрус хайаҕа ыттан, Саха сирин былааҕын тэлимнэппиттэр уонна бары улуустар гербэлээх болотунаны күөрэппиттэр. Аны иккис түһүмэҕинэн Коммунизм үрдүн уонна Гималаига Манаслу хайатын (8156 м)  дабайыахтара. Итиэннэ Саха сиригэр аата суох чыпчаалга тахсан, «Саха сирин автономиятын 100 сыла» ааты иҥэрэр соруктаахтар. Ил Дархан альпинистар бырайыактарын өйүүрүн биллэрдэ, Саха сирин ааттаталларын иһин махтанна. Өрөспүүбүлүкэбит үйэлээх кэрдииһин аатын сүгүөхтээх чыпчаал инникитин дьон-сэргэ аан дойдуттан дьулуһар сиринэн буолуо диэн эрэнэрин эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА