Муус устар 15 күнэ. Бу саас Оренбург уобалаһыгар өтөрүнэн буолбатах улахан халаан уута ааҥнаан, тыһыынчанан дьиэ ууга барда, федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ. Инфраструктураҕа улахан содуллаах буолла, элбэх тыһыынча киһи дьиэтэ-уота суох хаалла. Бу алдьархайы Саха сирэ чугастык ылынан, тута эмсэҕэлээбит дьоҥҥо гуманитарнай көмөнү эрэгийиэннэртэн биир бастакынан хомуйууну саҕалаата. Көмө бастакы партията уобаласка ыытылынна. Маннык көмө улуустартан, тэрилтэлэртэн киирэр. Ил Дархан Оренбург уобалаһын олохтоохторугар ыарахан кэмнэригэр көмөлөспүт өөрспүүбүлүкэ дьонугар-сэргэтигэр махтанна.
Муус устар 16 күнэ. Ил Дархан Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикованы кытта дойду Бэрэсэдьиэнэ көҕүлээбит саҥа национальнай бырайыактары Саха сиригэр олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Ол курдук, «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Каадырдар», «Уһун уонна көхтөөх олох» уонна «Дааннайдар экэниэмикэлэрэ» диэн биэс саҥа национальнай бырайыак дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ, оҕо төрөөһүнүн үрдэтиигэ, эдэр көлүөнэҕэ көмөлөһүүгэ, үөрэх уонна үрдүк технологиялаах экэниэмикэ эйгэтин сайыннарыыга туһуланар. Итиэннэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ туһуламмыт сокуоннар барылларын уонна сокуоннары дьүүллэстилэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ биир сүрүн хайысханан кинилэртэн киирбит төлөбүрдэргэ уонна чэпчэтиилэргэ сыһыаннаах боппуруостары быһаарыы буолар.
Муус устар 17 күнэ. Айсен Николаев «Ростелеком» хампаанньа бэрэсэдьиэнэ Михаил Асеевскайы кытта көрсүһүүтүгэр «Арктика синергията» социальнай хайысхалаах бырайыагы олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин өйөөбүт бырайыага 2023 сылтан олоххо киирэр. Арктика улуустарыгар уонна уустуук сырыылаах сирдэргэ 7 тыһ. км волоконнай-оптическай сибээс утаҕын тутан, 72 тыһ. тахса киһи олорор 86 нэһилиэнньэлээх пуунун түргэн интернетынан хааччыйыахтаахтар. Бастакынан Эдьигээҥҥэ ВОЛС утаҕын «Ростелеком» кыттыытынан тутан, улуус киинигэр, Бэстээххэ, Баахынайга түргэн интернеккэ холбонууну хааччыйдылар. Ил Дархан уонна «Ростелеком» бэрэсэдьиэнэ сыыппара бырайыактарыгар бииргэ үлэлэһэри салгыыр туһунан кэпсэттилэр.
Муус устар 17 күнэ. Ил Дархан «РусГидро» хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Роман Бердниковы кытта «Якутскэнерго» хампаанньа үлэтин-хамнаһын көрдүлэр. Сүрүн болҕомтону өрөспүүбүлүкэни уотунан уонна сылааһынан эрэллээхтик хааччыйыы боппуруостарыгар уурдулар. Саха сирин уһук сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар эргэрбит дизельнэй электростанциялар оннуларыгар булкаас энергетическэй комплекстар оҥоһуллаллар. Хас биирдии энергокомплекска аныгы көдьүүстээх дизельнэй электростанция, күн энергиятынан үлэлиир станция уонна энергияны мунньар систиэмэ биир кэлим автоматизированнай ситиминэн холбоммуттар. Бу комплекстар уматыгы тиэйиини 30% диэри кэмчилиэхтэрэ. 2022-2023 сылларга саҥа энергокомплекстар алта нэһилиэккэ киирбиттэрэ. Быйыл 10-тан тахса бөһүөлэккэ киллэрэргэ былааннанар. Уопсайа сөбүлэһии быһыытынан дизельнэй генерация 72 эбийиэгин сөргүтүллүөхтээх.
Муус устар 17 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан Арктикаҕа анал бэрэстэбиитэлэ Александр Акимовы кытта хоту таһаҕаһы тиэйии көдьүүһүн үрдэтии, федеральнай киини кытта Арктика улуустарын сайдыытын боппуруостарыгар үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. Ол курдук, Уһук Илин уонна Арктика министиэристибэтин, «Росатом» госкорпорацияны кытта Арктика сайдыытыгар туһуламмыт сокуоннары тупсарыыга үлэ ыытыллар. Саха сириттэн Магадаҥҥа тимир суолу тутуу кэскиллээх бырайыагын кытта сибээстээх соруктар тураллар.
Муус устар 18 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаевы кытта көрcүһүүтүгэр бииргэ үлэлээһин кэскиллээх хайысхаларын дьүүллэстилэр. Казахстан Бэрэсидьиэнэ үгүс өрүттээх сибээстэр тэтимнээхтик сайдалларын бэлиэтээтэ. Ол туоһутунан хардарыта атыы-эргиэн кээмэйин икки төгүл улаатыыта буолар. Касым-Жомарт Токаев Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытылларынан эҕэрдэлээтэ. Айсен Николаев Касым-Жомарт Токаевка махтанна. Кини Казахстан норуотугар өйөбүл тылларын эттэ уонна халаан түмүгэр тахсыбыт бары ыарахаттары суһаллык туоруурга баҕарда. Ил Дархан ааспыт көрсүһүүттэн ыла Саха сирин уонна Казахстан икки ардыларыгар сыһыаны сайыннарыыга улахан үлэ ыытылынна, атыы-эргиэн, информационнай технологиялар, креативнай индустриялар, үөрэх, култуура, успуорт уонна туризм эйгэлэригэр бииргэ үлэлээһин көдьүүстээх түмүктэрэ көстөллөр диэн бэлиэтээтэ. Көрсүһүүгэ бырааттыы сибээһи бөҕөргөтүү уонна кэҥэтии туһунан этилиннэ.
Муус устар 18 күнэ. Ил Дархан Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ инвестицияҕа уонна туризмҥа кыаҕын билиһиннэриигэ кытынна. Саха сирин уонна Казахстан икки ардыгар атыы-эргиэн ааспыт сыл түмүгүнэн 160 мөл. доллартан тахсыбытын, аҕыйах сыл аннараа өттүгэр 4 мөл. долларга эрэ тэҥнэһэрин, салгыы улаатар кыахтааҕын бэлиэтээтэ. Саха сирин бырамыысаланнаска, креативнай индустрияҕа, информационнай технологияҕа, туризмҥа бырайыактарын туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Казахстан бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Серик Жумангарин бу тэрээһин өрүттэр икки ардыларыгар сибээһи сайыннарыыга улахан кылааты киллэрэригэр эрэнэрин, Казахстан Саха сиригэр атыы-эргиэн миссиятын ыытарга бэлэмин туһунан эттэ. Саха сирэ Хотугу Казахстан уобалаһын Акиматын кытта атыы-эргиэн, билим-тиэхиньикэ, социальнай-гуманитарнай хайысхаларга бииргэ үлэлээһин тэрээһиннэрин былаанын ылыннылар. Саха сирин сайдыытын корпорацията Казахстан креативнай индустрияларын альянсын, Саха сирин Б8 акселератора Казахстан интерактивнай технологияларын уонна үөрэхтээһин бырагыраамаларын киинин кытта бииргэ үлэлээһин туһунан докумуоннарга илии баттастылар.
Муус устар 18 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Казахстан өрөспүүбүлүкэтин премьер-миниистирэ Олжас Бектенов атыы-эргиэн сайдыытыгар бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. Олжас Бектенов Саха сирэ Казахстан уонна Арассыыйа икки ардыгар атыыга-эргиэҥҥэ дьоһун кылаатын киллэрэрин бэлиэтээтэ. Ол сайдыытыгар Казахстаҥҥа Арассыыйа кыраныыссатын таһыгар «Евразия» баараҕай атыы киинэ олоххо киирдэҕинэ төһүү буолуоҕа. Айсен Николаев Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин тэрийии араас хайысхаҕа сыһыаны бөҕөргөтөрүн туһунан эттэ. Көрсүһүүгэ өрүттэр бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар, информационнай технологияларга сибээһи сайыннарыыга болҕомтону уурдулар. Креативнай индустрия, цифровизация, саҥа технологиялар, үөрэх, билим эйгэлэригэр уопут атастаһыытын боппуруостарыгар тохтоотулар.
Муус устар 19 күнэ. Ил Дархан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ Астана куоракка Аҕа дойдуну көмүскээччилэр монуменнарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Айсен Николаев ССРС бары норуоттара Улуу Кыайыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрин, казах сирин буойуннара сахалар курдук фроннарга хорсуннук сэриилэспиттэрин бэлиэтээтэ. Тэрээһиҥҥэ Астана куорат Алматы оройуонун акима Саматулы Максат кытынна. Кини Айсен Николаевка монумент уонна Аҕа дойду улуу сэриитигэр хорсуннук кыттыбыт казах буойуннарын туһунан кэпсээтэ. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Казахстантан 1,3 мөл. тахса киһи сэриигэ барбытыттан, аҥаардара сэрии толоонугар охтубут. 500-тэн тахса киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк аатын сүкпүтэ. 37,5 миэтэрэ үрдүктээх монумент «Отан коргаушылар» диэн болуоссакка баар. 101 куоластан турар стела Казахстаҥҥа олорор араас омук доҕордоһуутун туоһулуур.
Муус устар 19 күнэ. Казахстан киин куоратыгар Саха сирин күннэрин чэрчитинэн мас тардыһыытыгар уонна көҥүл тустууга Саха сирин уонна Казахстан спортсменнара күрэхтэстилэр. Жаксылык Ушкемпиров аатынан спорткомплекса ыытыллар күрэхтэһии аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ тылы этэригэр, мас тардыһыытын уонна тустуу күрэхтэһиилэрин ыытыы сүрүн соругунан туһааннаах көрүҥнэри сайыннарыы, киэҥ араҥаҕа билиһиннэрии буоларын бэлиэтээтэ. Казахстаҥҥа тустуу киэҥник тарҕаммыт буоллаҕына, мас-рестлинг саҥа кэрэхсэнэн эрэр. «Сахалар өбүгэлэрбититтэн үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үгэспитин — мас тардыһыытын эмиэ биир тарбахха баттанар успуорт көрүҥүн быһыытынан билинэргэ үлэлэһэбит. Аан дойдуга мас-рестлинг саҥа тарҕанан эрэр эрээри, бүгүҥҥү күҥҥэ 55 дойдуга мас-рестлинг федерацията баар буолла. Онон сотору кэминэн бу дьон болҕомтотун тардар успуорт көрүҥэ Олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирэригэр эрэнэбин. Казахстан сиригэр мас тардыһыытын күрэхтэһиитин ыытан эрэллэригэр махталбын биллэрэбин, — диэн эттэ Айсен Николаев. Күрэхтэһиигэ 40 спортсмен кытынна. Түмүккэ мас тардыһыыга Саха сирин спортсменнара тэҥнээхтэрин булбатылар. Көҥүл тустууга Казахстан бөҕөстөрө кыайыылаах таҕыстылар.
Муус устар 20 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин туризмҥа уонна успуорка миниистирэ Ермек Маржикпаев көрсүһүүлэригэр быйыл икки дойдунан успуорт эйгэтигэр ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр тустарынан сүбэлэстилэр. Дьокуускайга «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга уонна балаҕан ыйыгар Астанаҕа буолар V аан дойдутааҕы кочевниктар оонньууларыгар спортсменнар кыттыыларын дьүүллэстилэр. Ермек Маржикпаев быйыл күһүн ыытыллар күрэхтэһиигэ мас-рестлинг көрүҥүн киллэрбиттэрин иһитиннэрдэ. Миниистир «Азия оҕолоро» оонньуулар Казахстан эдэр спортсменнарын сайдыыларыгар улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ. Ил Дархан Айсен Николаев 1996 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрүттээбит оонньуулара саҕаланыахтарыттан Казахстан оҕолоро мэлдьи кыттан, үрдүк ситиһиилэнэллэрин бэлиэтээн туран, быйыл 259 эдэр спортсмен кыттарыгар сайаапкалаабытын иһитиннэрдэ.Көрсүһүүгэ Саха сирэ уонна Казахстан өрөспүүбүлүкэлэрэ салгыы бииргэ үлэлиир кэккэ тосхолу торумнаатылар.
Муус устар 20 күнэ. «Ньургун Боотур» операны омук сиригэр аан бастаан көрдөрдүлэр. Ол курдук, «Астана Балет» тыйаатыр 700-тэн тахса миэстэлээх саалатыгар көрөөччү толору мустан, 200 артыыс кыттыылаах саха оператын дуоһуйакөрдүлэр. «Бу көннөрү опера буолбатах. Биһиги планетабыт айыллыытын, үтүө уонна кырыктаах санаа күөн көрсүһүүтүн туһунан норуот уус-уран тылынан хоһуйуутун эпоһа. Хотугу түүр омугун символа биһиги бырааттыы норуоттарбыт доҕордоһууларын бөҕөргөтүөҕэ, — диэн казах норуотугар санаатын тиэртэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Казахстаҥҥа «Ньургун Боотур» операны Алматыга Абай аатынан национальнай академическай опера уонна балет тыйаатырыгар эмиэ көрдөрүөхтэрэ. Операны аан бастаан Санкт-Петербурга Мариинскай тыйаатырга уонна Москва Большой тыйаатырыгар Саха сирин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр 2022 сыллаахха туруорбуттара. Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Казахстаҥҥа ыытыллар гостуруоллар федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэллэр. «Ньургун Боотур» операны салгыы Кыргызстаҥҥа эмиэ көрдөрүөхтэрэ.
**
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сылааһынан угуттуур, айылҕабыт уһуктар үтүө кэмэ үүнэн лаппа сэргэхсийдибит. Күүскэ ириэрэн, үрэхтэргэ, эбэлэргэ уу эрдэ киирэн эрэрин бэлиэтииллэр, онуоха сэрэхтээх буолан, тэрээһиннээхтик сааскы халаан уутун аһардыаххайыҥ.
Афанасий Ноев
This post was published on 23.04.2024 09:33 09:33