Ил Дархан нэдиэлэтэ: Күнүс 12 чааска Айсен Николаев Анал этиитин оҥорор

Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 9— 12 күннэринээҕи үлэтин сүрүн түгэннэрин пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев кэпсиир. 

Ил Дархан нэдиэлэтэ

Айсен Николаев Анал этиитин бүгүн 12 чаастан “Саха” НКИХ, “Якутия 24” ханаалларга, “Тэтим” араадьыйаҕа, социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ көрүөххэ-истиэххэ сөп.

Ону тэҥэ,  киэһэ 6 чаастан Ил Дархан “Россия 24” ханаалга “Прямой разговор” биэриигэ быһа эпииргэ кыттыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо быһа эпиир кэмигэр ыйытыыларын 8(4112) 32-03-03 нүөмэринэн эрийэн, биэриэхтэрин сөп. Биэрии кэмигэр иһиллибэккэ хаалбыт ыйытыылары Ил Дархаҥҥа тиэрдиэхтэрэ.

This post was published on 15.12.2021 09:15 09:15