Сэтинньи 13 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитэр туһунан ыйааҕы таһаарда. Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр докумуоҥҥа илии баттанна. Ыйаахха Саха сирин олохтоохторун, тэрилтэлэрин, судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарын этиилэрэ киирдилэр. Айсен Николаев Бастакы Бэрэсидьиэн Саха сирин уонна Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннаһын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын конституционнай төрүтүн үөскэтиигэ кылаата муҥура суох диэн бэлиэтээтэ. М.Е.Николаев аатынан «Өрөспүүбүлүкэ албан аатын уонна туһатын туһугар» бочуоттаах бэлиэ олохтонно. Дьокуускай Киин уокуругар Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ пааматынньык туруоруллуоҕа. Төрөөбүт дойдутугар Өктөмҥө мемориальнай комплекс тутуллуоҕа. Хаҥалас улууһугар «Өлүөнэ кыраайа» билим-технология кластера тэриллиэҕэ. Москваҕа «Бэс чагда» санаторийга М.Е.Николаев аата иҥэрилиннэ. «Билиигинэн кыайыаҥ!» диэн Бастакы Бэрэсидьиэн истипиэндьийэтэ судаарыстыбаннай буолла. «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньуутун саамай эдэр кыайыылааҕар М.Е.Николаев Кубога олохтонно. Бастакы Бэрэсидьиэммит туһунан киинэ уһуллуоҕа. Дьокуускай дьаһалтатыгар Автодорожнай уулуссаны Михаил Николаев проспегар уларытарга үлэни тэрийэргэ сорудахтанна.
Сэтинньи 14 күнэ. Айсен Николаев Кэлим сүрүннүүр киин исполкомун мунньаҕын ыытта. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар тиэхиньикэни, чуолаан квадроцикллары уонна дроннары, анал байыаннай дьайыыга тиэрдиини улаатыннарар соругу туруорда. Уһук Илин уокурукка «Патриотическай» урутаан сайдар сир чэрчитинэн маннык тиэхиньикэни оҥорон эрэллэр. Ил Дархан бастыҥ байыаннай чаастар салалталарын кытта үлэлиибит, онон тиэхиньикэҕэ ирдэбил таһыма хайдаҕын билэбит диэн эттэ. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр тирэх пууннар хаачыстыбалаах үлэлэрин бэлиэтээтэ. Былаас уорганнара, бөдөҥ хампаанньалар, пуондалар, биисинэс эйгэтэ, уопсастыбаннас кыттыылаах байыастарга көмөнү оҥоруу тиһигэ тэриллэн, дойдуга биир бастыҥ практика быһыытынан холобурга сылдьарын санатта. Мунньахха 120 тырааныспар, ол иһигэр квадроцикллар, итиэннэ 500 пилота суох көтөр аппараат, тепловизор, сибээс тэрилэ уо. д. а. бэриллэн, суолталаах көмө оҥоһуллубута этилиннэ. Байыаннай дьайыы тирэх пууннарыгар таҥас-сап, эмп ыытыллар, «Боотур» кииҥҥэ бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ байыастарга анал үөрэх ыыталлар. Саха сирэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Кировскай куоратын чөлүгэр түһэриигэ Кэлим сүрүннүүр киин тэтимнээх үлэни ыытар. Айсен Николаев үлэ быйылгы былаана туолбутун, бу күннэргэ эһиилгигэ былааннаммыт үлэ саҕаламмытын бэлиэтээтэ.
Сэтинньи 15 күнэ. Ил Дархан Росгидромет салайааччыта Игорь Шумаковы кытта өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 и 2023 сылларга ойуур баһаарыттан кутталлаах кэмҥэ зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлэрин түмүгүн ырыттылар. Дойду Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Айсен Николаев этиитин өйөөн, 2022 сыл сайыныттан Саха сиригэр искусственнай ардаҕы түһэриигэ эспэримиэн ыытыллыбыта. Ил Дархан эспэримиэн ойуурга баһаар тахсыбатын туһугар эрдэттэн профилактика үлэтин ыытарга туһуланарын бэлиэтээтэ. Икки сыл устата иккилии сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ 13 оройуонугар үлэлээн, ити сирдэргэ ойуур баһаарын иэнэ уонна ахсаана 30-тан тахса төгүл аччаабыт. Көрсүһүүгэ өрүттэр эһиил сайын үлэни Саха сиригэр салгыырга уонна бу уопуту атын эрэгийиэннэргэ тарҕатарга тоҕоостооҕун туһунан быһаарыы ылыннылар.
Сэтинньи 15 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа тырааныспарка министиэристибэтэ сылын аайы тэрийэр тырааныспар нэдиэлэтин сиэссийэ мунньаҕар кытынна. Дойдуга логистиканы сайыннарыыга киэҥ далааһыннаах кэпсэтии буолбутун бэлиэтээтэ. Пекиҥҥэ ыытыллыбыт «Биир эргимтэ — биир аартык» пуорумҥа Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саҥа тырааныспар көрүдүөрэ Азия-Тиихэй акыйаан дойдуларын Хотугу муора суолун кытта холбуоҕа диэн ыйбыта. Манна биир сүрүн суолталаах эбийиэгинэн Өлүөнэ күргэтэ буоларын уонна тутууну дойду Бэрэсидьиэнэ 2028 сылга түмүктүүргэ сорудахтаабытын Айсен Николаев санатта. Билигин Саха сиригэр саҥа суоллары, муосталары, тимир суолун, авиапортары уонна өрүс, муора пуортарын оҥоруу, тутуу күүскэ бара турар. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ааспыт биэс сылга 2,5 тыһ. км уһуннаах суол саҥардылынна, 50 муоста тутулунна. Өрөспүүбүлүкэ аэпортарын саҥардан оҥоруу ыытыллар. Саамай сүрүнэ — үлэ салгыы ыытыллар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Сэтинньи 16 күнэ. Айсен Николаев Черскэй аэропордун хапытаалынай өрөмүөнэ бүтэн, «салгынынан олох суола» аһыллыбытынан олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Дьокуускайтан көппүт бастакы сөмөлүөт Аллараа Халыма улууһун киинин саҥардыллыбыт аэропордугар түстэ. Дойдуга «Тырааныспар нэдиэлэтин» чэрчитинэн видеосибээс нөҥүө ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин кытынна уонна аэропорт кыамтата улаатан, айанньыттарга тупсаҕай усулуобуйа тэриллибитин бэлиэтээтэ. «Магистральнай инфраструктураны саҥатытыы уонна кэҥэтии кэлим былаана» Бэрэсидьиэн национальнай бырайыагын чэрчитинэн 1630 м уһуннаах, искусственнай бүрүөһүннээх саҥа көтөр-түһэр балаһа тутулунна, күнү-дьылы кэтиир оборудование туруорулунна, уу сүүрэр, барар-кэлэр ханааллара оҥоһулуннулар, порт кытыл диэки өттө бөҕөргөтүлүннэ.
Сэтинньи 16 күнэ. Айсен Николаев салгын-десантнай сэриилэрин анал гвардейскай биригээдэтигэр оробуочай сырыытыгар салалтаны кытта Саха сиригэр пилота суох көтөр ааллар оператордарын бэлэмнээһин, көтөр аппарааттары оҥорууну тупсарыы туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан сырдык тыыннара быстыбыт разведчиктар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу тэрээһинигэр кытынна уонна FVP дроннары бэлэмниир кылаас үлэтин көрдө. Полигоҥҥа анал этэрээт байыастара дроннары, «Сокол» квадроциклы, таанка утары тэриллэри, ытар сэрии сэбин туттууну көрдөрдүлэр. Десантниктар «Сокол» квадроциклы тутталларын, байыаннай дьайыыга бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүтүн бэлиэтээтилэр.
Сэтинньи 19 күнэ. Ил Дархан Саха сиригэр Нуучча тылын күнүнэн өрөспүүбүлүкү олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Бу бэлиэ күн 2001 сылтан Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан бэлиэтэнэр. Бу күн 1711 сыллаахха Арассыыйа бастакы академига Михаил Васильевич Ломоносов төрөөбүтэ. Кини аныгы нуучча литературатын тылын төрүттээбитэ, таба суруйууга бастакы научнай үлэлэри суруйбута. Билигин аан дойду үрдүнэн 300 мөлүйүөн киһи нуучча тылын билэр, онтон 160 мөлүйүөнэ төрүт тылынан билинэр. Айсен Николаев нуучча тыла баайынан уонна кэрэтинэн биһиги киэн туттабыт, тылын саппааһынан биһиги ханнык баҕарар санаабытын чопчутук тиэрдэбит диэн бэлиэтээтэ. Саха сиригэр быйыл Наукалар академияларын иһинэн төрүт тыллары сайыннарыыга, үөрэтиигэ киин тэрилиннэ. Киин үлэтэ тыллары, ол иһигэр нуучча тылын чинчийиигэ, сайыннарыыга туһуланар.
Сэтинньи 19 күнэ. Ил Дархан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ сырыытын кэмигэр Кировскайдааҕы 2 №-дээх оскуолаҕа биһиги өрөспүүбүлүкэбит өйөбүлүнэн аныгы ИT-киин аһыллыбытын көрдө.
«Үлэ үтүө түмүктэрин көрдүм, манна оҕолор астына дьарыктаналлар, үрдүк технология эйгэтигэр бастакы хардыыларын оҥороллор. Оҕолору кытта кэпсэттим, олус астыммыттар, бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрдүлэр. Маны сэргэ ИT-кииҥҥэ баҕалаахтар үөрэх куурустарын ааһыахтарын уонна технологическай стартаптары тэрийиигэ көмө ылыахтарын сөп», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга үллэһиннэ.
Ил Дархан ДНР баһылыга Денис Пушилинныын Кировскай куоракка саха сэргэтин туруорууга кыттыыны ыллыллар. «Бары сиэри-туому тутуһан алгыс оҥоһулунна, үрдүкү күүстэртэн кыайыыны, эйэни, бары үтүөнү көрдөстүбүт. Бу кэм устата Кировскай куорат олохтоохторо биһиэхэ олус чугас буоллулар. Саха сэргэтэ доҕордоһуубут бэлиэтинэн, сомоҕолоһуутунан буоллун!» — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев
Санатар буоллахха, Кировскай куораты сөргүтүү үлэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна ДНӨ кытта сөбүлэҥ түһэрсии чэрчитинэн былырыын ыам ыйыттан саҕаламмыта. Бу кэм устата куорат инфраструктуратын 52 эбийиэгэ, ол иһигэр хас да оскуола, балыыһа, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр чөлүгэр түстүлэр. Хас даҕаны уулусса, куорат паарката өрөмүөннэннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа быраастара алтынньы 25 күнүттэн Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ төрдүс командировкаларыгар кэлэннэр, 407 эпэрээссийэни оҥордулар.
Айсен Николаев Денис Пушилины кытары бииргэ үлэлэһиини салгыы хайдах ыытар туһунан кэпсэттилэр. Быйылыг сылга былааннаммыт үлэ барыта ситтэ. 2035 сылга диэри куорат маастар-былаана оҥоһуллубут. 2024 сылга былаан быһыытынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит 46 эбийиэккэ өрөмүөн ыытыаҕа, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах 8 дьиэҕэ, уһуйааҥҥа, музыкальанй оскуолаҕа, коммунальнай хаһаайыстыба 14 эбийиэгэр. Итиэннэ суолу-ииһи, уулуссалары сырдатыыны тупсарыахтара.
Денис Пушилини Саха сирин олохтоохторугар, Ил Дархаҥҥа көмөлөрүн, амарах санааларын иһин махтанна.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Сэтинньи ый кэнники сылларга буолбатах сылааһынан илгийэн, дьикти көстүүлэринэн соһуттар да, тымныыбыт тыынын биллэрэн эрэр, хаар да халыҥаан иһэр. Ол эрээри эбэлэрбит муустара саҥардыы туран, халыҥыы илигинэн, өрүстэри туоруур сырыы эрдэ, сэрэхтээх буоларга, бэйэни, чугас дьону, тиэхиньикэни харыстыырга ыҥырабын.
Афанасий Ноев
This post was published on 22.11.2023 10:06 10:06