Кулун тутар 25 күнэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба, итиэннэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салалтатын кытта мунньаҕар хоту таһаҕаһы таһыыны кэтээн көрөр федеральнай судаарыстыбаннай иһитиннэрэр тиһик туһунан уураах бигэргэммитин туһунан иһитиннэрдэ. Бу тиһик хоту таһаҕаһы тиэйиини кииннээн былаанныыры хааччыйыаҕа, табыгастаах логистиканы оҥорорго көмөлөһүөҕэ диэн бэлиэтээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан тыа сиригэр, улуус кииннэригэр уонна кыра куораттарга үлэлиир миэдиктэргэ ыйдааҕы социальнай төлөбүр кээмэйэ кулун тутар 1 күнүттэн үрдээбит. Төлөбүрү миэдиктэр муус устарга ылыахтаахтар. Ил Дархан төлөбүрү өрөспүүбүлүкэ миэдиктэрэ ылалларын хонтуруоллуурга сорудахтаата. «Жатайдааҕы судоверфь» АУо аахсыйатын өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирбитинэн, үрдүк технологиялаах суудунаны тутууну тэрийии инвестиционнай бырайыагын бастакы түһүмэҕин үлэтин тэтимирдэргэ ыйда. Айсен Николаев федеральнай хааһынаттан эрэгийиэннэргэ эбии үбүлээһин көрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрдэ уонна онно үлэлэһэргэ сорудахтары биэрдэ. Ол курдук, 1 млрд солк. Арассыыйаҕа социальнай гаастааһын бырагырааматыгар ананар. Кырдьаҕас дьону уонна инбэлииттэри уһун кэмнээх көрүүгэ көмөлөһөр бырагырааманан 4 млрд солк. тахса эбии үп эрэгийиэннэргэ көрүллүбүт.
Кулун тутар 25 күнэ. Ил Дархан сыл аайы ыытыллар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнарын салайааччыларын үөрэтэр-методическай хомуурга кытынна. Ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолууну хааччыйыыга соруктары туруорда. Сүрүн болҕомтону ол үлэни нуорма-быраап өттүнэн сүрүннээһини тупсарыыга, былааннааһыҥҥа, иһитиннэрэр-биллэрэр ситим бэлэм буолуутугар уурарга ыйда.
Кулун тутар 25 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа сааскы халаан уутун куттала суох аһарыыга бэлэмнэнии боппуруостарыгар мунньаҕын ыытта. Улуустарга муус устар 10 күнүгэр диэри хамаанданан-ыстаабынан үөрэҕи ыытарга, ыксаллаах быһыыга-майгыга нэһилиэнньэҕэ суһал көмөнү оҥорууга резервэ пуондатын эбии бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата. Горнайга уонна илин эҥэр улуустарга аччыгый өрүстэр хааларын ыраастыырга, гидротехническэй тутууларга бэлэмнэнии үлэтин ыытарга ыйда. Туһааннаах уорганнарга былаан быһыытынан улуустарга бэрэбиэркэни, итэҕэһи туоратарга бириэмэ баар буоларын курдук билигин ыытарга эттэ.
Кулун тутар 26 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ бэрээдэги хааччыйыыны сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын ыытта. VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын кэмнэригэр Дьокуускайга уопсастыбаннай сирдэргэ куттал суох буолуутун хааччыйыы, экстремизми сэрэтии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев «Азия оҕолорун» кэмигэр бары эбийиэктэри, аэропортан саҕалаан, кыттааччылар аһыыр сирдэригэр тиийэ харыстыырга кэлим соруктары толоруохтаахпыт диэн ыйда. Экстремизми сэрэтэргэ эбии миэрэлэри ылынарга соруктары туруорда.
Кулун тутар 27 күнэ. Айсен Николаев Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Уһук Илиҥҥэ бөдөҥ култуура киинэ 2025 сылтан үлэтин саҕалыаҕа. Үлэ тигинэччи бара турар, болдьох тутуһуллар. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын саҕаланыытыгар эбийиэк тас өттө бэлэм буолуоҕа. Ил Дархан тутуу тэтимин ыһыктыбаттарыгар сорудахтаата.
Кулун тутар 27 күнэ. Ил Дархан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Билии» уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын Кэтээн көрөр сэбиэтин мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна улуустарыгар сырдатар лиэксийэлэри элбэтэргэ сорудахтаата. Уопсастыбаҕа сырдатар, билиини тарҕатар үлэ хас биирдии салааҕа өйөнүллүөхтээх, тэрилтэлэр салайааччылара тус бэйэлэрэ кыттыахтаахтар диэн бэлиэтээтэ. 2024 сылга 560 сырдатар тэрээһини ыытан, 14,5 тыһ. киһини хабар сорук турар.
Кулун тутар 27 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссээдээтэлин солбуйааччы Виктория Абрамченко ыыппыт ойуур баһаарын бохсуу үлэтигэр бэлэмнэнии мунньаҕар видеосибээһинэн кытынна. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэн, ойуур баһаарын бохсууга үлэлиир баһаарынай тэрилтэлэр үлэһиттэрин ахсаана 1 203 киһиэхэ тиийэ улааппытын, авиациянан кэтээн көрүү устата 4, 5 тыһ. км тиийэ, сиринэн хонтуруоллааһын уһуна 1 тыһ. км тиийэ улааппытын иһитиннэрдэ. Былаас федеральнай уорганнарын кытта ыкса сибээстээх үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Салгын аалларынан искусственнай ардаҕы аҕалыы үлэтэ салгыы ыытыллыаҕын эттэ. Виктория Абрамченко өрөспүүбүлүкэ салалтата ааспыт сылга ыыппыт үлэтин үрдүктүк сыаналаата, махтанна уонна быйылгы сылга ити тэтими тутуһулларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Кулун тутар 28 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа суутун бириистэптэрин федеральнай сулууспатын дириэктэрин солбуйааччы Игорь Савченконы кытта көрүстэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр суут кылаабынай бириистэбинэн анаммыт ис сулууспа майора Сергей Чеглаков кытынна. Ил Дархан хамнаска уонна элимиэҥҥэ иэстээхтэри хонтуруоллуур үлэни күүһүрдүү ирдэнэрин туһунан эттэ. Анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бырааптарын харыстааһын үлэ инники күөнүгэр буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 28 күнэ. Айсен Николаев 2035 Национальнай технологияны көҕүлээһин университетын ректора, Национальнай технологияны көҕүлээһин бырайыактарын өйүүр пуонда генеральнай дириэктэрэ Вадим Медведевы кытта көрсүһүүтүгэр пилота суох көтөр тиһик эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин туһунан кэпсэттилэр. Ойуур баһаарын бохсууга, таһаҕаһы тиэйиигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа технологиялары туттуу боппуруостарын дьүүллэстилэр. Креативнай экэниэмикэ эйгэтигэр салгыы бииргэ үлэлээһин, каадыры бэлэмнээһин уонна үлэнэн хааччыйыы, Саха сирин устудьуоннара Национальнай технологиялар олимпиадаларыгар кыттыыларын, пилота суох көтөр тиһик кииннэрин өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийии боппуруостарын көрдүлэр.
Кулун тутар 28 күнэ. Ил Дархан «Университеттар уонна Арассыыйа геостратегическэй сирдэрин-уоттарын сайдыыта» III форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Манна дойду бөдөҥ билимин институттарыттан, университеттарыттан, хампаанньаларыттан экспертэр Арассыыйа национальнай интэриэстэрин тарҕатыыга-сырдатыыга уонна уопсастыбаҕа итэҕэйиини үөскэтиигэ университеттар оруолларын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Айсен Николаев Саха сиригэр экэниэмикэ, социальнай эйгэ, демография көрдөрүүлэрин улаатыыта бу уопсастыба уонна бизнес өрөспүүбүлүкэ сайдыытын стратегията олоххо кииритигэр итэҕэйии буолар диэн эттэ. Ол курдук, кэнники 6 сылга 329 улахан социальнай эбийиэк тутуллубут. Дьон олоҕо ортотунан 73,67 сааска тиийэ уһаан, дойду үрдүнэн көрдөрүүттэн үрдээбит. Дьадайыы таһыма 14,8% диэри аччаабыт, кэлэр сылларга икки төгүл кыччатар сорук турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын стратегията эрэгийиэн стратегиятын кытта дьүөрэлэһэн, каадыры бэлэмнииргэ кэм ирдэбилигэр эппиэттиир уларыйыылар киирэллэр.
Кулун тутар 29 күнэ. Ил Дархан «Тырааныспары уонна энергетика инфраструктуратын түргэтитэн сайыннарыы» уонна «Олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы» диэн стратегическай ыйаахтарга илии баттаата. Тырааныспарга уонна энергетика инфраструктуратыгар биэс сыл иһигэр 600 млрд солк. инвестиция угуллуоҕа. Ити салааларга 2030 сылга сиринэн сырыы массыына магистралларын ситимигэр уонна тимир суолга тиийэр кыаҕын 4 төгүл үрдэтии, салгын тырааныспарынан пассажирдары таһыыны 30% улаатыннарыы, уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын 75% саҥардыы, Өлүөнэ бассейнын флотугар 55-тэн итэҕэһэ суох уу тырааныспарын саҥардыы уонна да атын соруктар туруоруллуннулар. 2030 сылга диэри 250 км магистральнай уонна 750 км усталаах бөһүөлэктэр иһинээҕи гаас ситимнэрэ тутуллан уонна саҥардыллан, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас оройуоннарыгар 45-тэн итэҕэһэ суох нэһилиэнньэлээх пууну гааһынан хааччыйыыны тупсарыыга уонн гаастааһыҥҥа үлэ ыытыллыаҕа. Энергетикаҕа уонна хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа 2023 сылга тэҥнээтэххэ эбийиэктэр эргэриилэрин 10%-нан аччатыы былааннанар.
Онтон олохтоох оҥорон таһаарыыны 2030 сылга диэри 1,5 төгүл улаатыннарыы соруга туруоруллубут. Ис ырыынагы сайыннарарга анаан олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы 15 сирэ-уота тэриллиэҕэ. Салаа уопсай баалабай бородууксуйатыгар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын 70%-ҥа диэри улаатыннарарга, эт ас бородууксуйатын сылга 8 тыһ. туоннаҕа уонна үүт бородууксуйатын 15 тыһ. туоннаҕа тиэрдэргэ, олохтоох аһы-үөлү судаарыстыбаннай сакааска 7 %-тан 45%-ҥа диэри, муниципальнай сакааска 26-тан 60%-ҥа диэри элбэтэргэ, туттуллар бааһына иэнин 70 тыһ. гектарга кэҥэтэргэ, тас ырыынакка таба, убаһа этиттэн, мүөттэн, Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэриттэн оҥоһуллар 10 араас бородууксуйаттан итэҕэһэ суоҕу таһаарыы сорудахтанна.
Итини сэргэ кырыылыыр уонна ювелирнай салаалары чөлүгэр түһэрии, тимиртэн олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны сайыннарыы уонна да атын соруктар турдулар. 15 улууска бытовой өҥөнү оҥорор кииннэри тэрийиэхтэрэ. 2030 сылга диэри туристар өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиилэрэ 2023 сылтан үс төгүл улаатыахтаах.
Кулун тутар 29 күнэ. Айсен Николаев 21 улуус уонна Дьокуускай куорат бэтэринээринэй сулууспаларыгар дезинфекциялыыр тэриллээх УАЗ массыыналар күлүүстэрин туттарда. Бэтэринээринэй сулууспа автопаарката уонунан сылларга маннык саҥардыллыбатаҕын, өрөспүүбүлүкэ бэтэринээринэй-санитарнай куттала суох буолуутун хааччыйыыга улахан хардыынан буоларын бэлиэтээтэ. Анал техника Пенза «Автомедтехника» собуотугар оҥоһуллубут.
Кулун тутар 29 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыыппыт VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии туһунан иһитиннэрдэ. Күрэхтэһиилэр 16 успуорт эбийиэгэр ыытыллыахтара, оттон 13 эбийиэккэ хамаандалар эрчиллиэхтэрэ. Билигин биир эбийиэк тутулла турар, 11 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ бара турар. Сүрүн үлэлэр муус устарга түмүктэниэхтээхтэр, ол кэнниттэн сылаас кэмҥэ ыытыллар кыра үлэлэр оҥоһуллуохтара. Ыам ыйыгар бары эбийиэктэр бэлэм буолуохтара. Куораты тупсарыы үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уонна тас дойдулартан волонтердааһыҥҥа сайаапкалар киирэллэр. Билигин 5 тыһ. кэриҥэ сайаапка киирбит, олортон 1,9 тыһыынча киһи талыллан, 20 хайысхаҕа көмө үлэтигэр кыттыахтара.
Кулун тутар 29 күнэ. Ил Дархан «Саха сирэ, инники диэки!» биэриигэ быһа эпииргэ кулун тутар ый түмүктэрин таһаарда, тырааныспары уонна энергетика инфраструктуратын, олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыыга туһуламмыт саҥа ыйаахтарга туруоруллубут соруктар туһунан кэпсээтэ. Сааскы халаан уутун куттала суох аһардарга 56 харыы тахсыан сөп учаастактара хонтуруолга ылылыннылар, мууһу хараардыы уонна эрбээһин үлэтэ ыытыллар. Тыа баһаарын утары үлэ чэрчитинэн нэһилиэнньэлээх пууннарга минерализованнай балаһалары саҥардаллар уонна оҥороллор. Ыам ыйыттан оҥоһуу ардаҕы түһэрэргэ икки көтөр аал үлэтин саҕалыаҕа. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө үс хайысханан кэҥиэҕэ Ол курдук, оскуолаҕа оҕону аһылыгынан хааччыйыыга, уопсастыбаннай тырааныспарга айаннааһыҥҥа, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрдэргэ көмө саҥа миэрэлэрэ киирэллэр. Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээбит «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулара киэҥ далааһыннанан, быйыл дойдуга ыытыыллар успуорт биир бөдөҥ тэрээһининэн буоларынан, Саха сирин олохтоохторо бииргэ түмсэн, үрдүк таһымнаахтык ыытыахпыт диэн бэлиэтээтэ. Биэриигэ биир дойдулаахтарбытын, Россия Дьоруойдара Игорь Юргины уонна Николай Соболевы дойду үрдүк наҕараадатын туппуттарынан эҕэрдэлээтэ, махтанна.
Кулун тутар 30 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр «Крокус сити холл» теракт сиэртибэлэрин кэриэһигэр мемориалга сибэкки дьөрбөтүн уурда. Теракт кэмигэр чугас дьоннорун уонна аймахтарын сүтэрбиттэргэ Саха сирин норуотун аатыттан кутурҕанын тиэриэртэ. «Биһиги сомоҕолоһоммут, маннык өһүөнү хайаан да кыайыахпыт», — диэн эттэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Кулун тутар ириэрбэккэ, өлгөм соҕустук хаардаан, түбүкпүтүн эптэр даҕаны, сылыйыы тыына биллэн, кыра оҕоттон аҕам саастаахха тиийэ таһырдьа тардыһар, уу-хаар улаханнык тахса илигинэ, сибиэһэй салгыҥҥа чэбдигирэр үтүө кэммитигэр бары чөл, этэҥҥэ буолуоҕуҥ, сылгы, сүөһү төрүөҕүн энчирэтимиэҕиҥ.
Афанасий Ноев
This post was published on 02.04.2024 14:00 14:00