Ыам ыйын 9 күнэ. Улуу Кыайыы 77 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр Дьокуускаайга Кыайыы болуоссатыгар баар «Кыайыы буойуннара» монумеҥҥа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланнылар. Ил Дархан уонна өрөспүүбүлүкэ, куорат салайааччылара, норуот дьокутааттара, тыыл бэтэрээннэрэ, байыаннайдар, уопсастыбаннас, ыччат Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар кыргыспыт, тыылга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьоммутугар сүгүрүйдүлэр, кинилэр сырдык кэриэстэригэр иһийэн турдулар.
Ил Дархан эҕэрдэ тылыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн фроҥҥа 62 тыһ. киһи ыҥырыллыбытын, 38 тыһ. тахса киһи олоҕун толук уурбутун санатта. 1945 сыллаахха Рейхстаг эркинигэр «Биһиги эмиэ Саха сириттэн сылдьыбыппыт» диэн суруллубута. «Бүгүн биһиги ортотубутугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 28 фронтовик хаалла. Кинилэр хас биирдиилэрэ – дьоруой, тыыннаах номох. Кыайыыны фроҥҥа эрэ буолбакка, тыылга эмиэ уһансыбыттара. Бүгүн биһигини кытары 2 665 тыыл бэтэрээнэ олорор, кинилэр дойдуга бэриниилээх буолуу, күүстээх санаа холобурдара буолаллар», – диэн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев билигин неонацистар биһиги дойдубутугар уонна аан дойдуга суоһуур кэмнэригэр норуот сомоҕолоһуута ордук күүскэ күүһүрүөхтээҕин туһунан чиҥэтэн эттэ. Итиэннэ Улуу Кыайыыны уһансыбыт көлүөнэ дьон оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, ол иһигэр Саха сириттэн, Аҕа дойдубут көмүскэлигэр туруммуттарын эттэ.
Улуу Кыайыы 77 сылын тэрээһинин биир бэлиэ түгэнинэн Кыайыы болуоссатыгар Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 20-с гвардейскай салгын-десант стрелковай пуолкатын рядовойа Яков Дмитриевич Левин «Кыһыл Сулус» уордьанын кини сиэнигэр туттарда. Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх Яков Левин 1941 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллар. 1943 сыллаахха бойобуой сорудаҕы чиэстээхтик толорбутун уонна хорсун быһыытын иһин наҕараадаҕа түһэриллэр. Ол эрээри буойун уордьанын илиитигэр туппакка 1944 сыллаахха тохсунньу 2 күнүгэр кыргыһыы толоонугар охтор. Украинаҕа Кировоград уобалаһын Аджарскай оройуонун Николаевка дэриэбинэтигэр көмүллэр. 79 сыл кэнниттэн бойобуой наҕараада Арассыыйатааҕы байыаннай-историческай уопсастыба көмөтүнэн Оборона министиэристибэтин архыыбыттан булуллар. Хорсун саллаат туһунан сырдык өйдөбүл өрүү тыыннаах.
Дьокуускайга «Тыыннаах пуолка» сэлэлии хаамсыытыгар икки сыллаах тохтобул кэнниттэн 47 тыһ. киһи кытынна. Аҕа дойду Улуу сэриитэн хас биирдии дьиэ кэргэн олоҕун таарыйбыта, онон бу акция кыттыылаахтара сэриигэ, тыылга Кыайыыны уһансыбыт чугас дьонун мөссүөннэрин тутан хаамтылар. Айсен Николаев эһээтин – Сталинграды босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспит Донской фронт 65 армиятын 252 стрелковай дивизиятын 932 пуолкатын пулеметчига Андрей Титович Титаров мэтириэтин тутан хаамта.
Ыам ыйын 10 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеоконференц сибээһинэн ыыппыт сүбэ мунньаҕар кытынна. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын сезонугар бэлэмнэнии хаамыытын билиһиннэрдэ. Дойду аҕа баһылыгын быһаччы сорудаҕынан баһаартан ойууру харыстааһыҥҥа бу сылга бүддьүөттэн үбүлээһин биэс төгүл улаатта, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 1, 6 млрд солк. тахса үп көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ эмиэ үбүлээһин кээмэйин улаатыннарда. Саҥа авиаотделениелар тэрилиннилэр, үлэһит уонна техника ахсаана эбилиннэ. Хас улуус ахсын ойуур баһаарын утары үлэлиир бөлөхтөр тэрилиннилэр. Эбии 69 техника атыылаһылынна. Ааспыт сайын көрдөрбүтүнэн, ардаҕы ыҥырар ньыма көдьүүстээҕин итэҕэтэн, Авиалесоохрана «Веер» диэн оборудованиелаах көтөр аала улаханнык көмөлөспүтэ. Маннык көтөр аал дойдуга ахсааннаах. Билигин олохтоох авиахампаанньа базатыгар Ан-26 сөмөлүөккэ искусственнай ардаҕы аҕалар тэрили туруорууга үлэ ыытыллар. Айсен Николаев РФ Ойуур кодексатыгар уларытыыны киллэрэргэ туруоруста. Искусственнай ардаҕы ойуур баһаарын умулларыыга эрэ буолбакка, баһаар тахсар кутталын кыччатарга эмиэ туһаныахха наадатын ыйда. Маныаха Саха сирин пилотнай регион быһыытынан көрөргө Ил Дархан этии киллэрдэ. Мунньах кэмигэр РФ айылҕатын ресурсаларын, экологиятын миниистирэ Александр Козлов ыам ыйыгар биир көтөр аалы Саха сиригэр ыытар туһунан иһитиннэрдэ.
Ыам ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын салалтатыгар ыыппыт мунньаҕар халаан уутун хаамыытын уонна ойуур баһаарын сезонун саҕаланыытын боппуруостарын көрдө. Ил Дархан кыра үрэхтэргэ муус ааһыытын кэтэбилгэ ылан, олохтоох былаастары кытта бииргэ суһал түгэн тахсыытыгар бэлэм буолууну хонтуруоллуурга сорудахтаата. Ойуур баһаардарын утары охсуһууга бэлэм буолар туһугар хараардыы балаһаларын өссө биирдэ бэрэбиэркэлиири уонна нэһилиэнньэ өртөөһүнү ыыппатын туһугар үлэни күүһүрдэри тоһоҕолоон эттэ. Ураты болҕомтону Амма уонна Уус Маайа улуустарыгар уонна Саха сирин соҕуруу өттүгэр уурарга сорудахтаата.
Маны сэргэ Айсен Николаев федеральнай таһымҥа ылыллыбыт саҥа быһаарыылары олоххо киллэрии туһунан санатта. Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруу туһунан Владимир Путин быһаарыытын миэстэтигэр толоруу хонтуруолланыахтаах. Байыаннайдар уонна ис дьыала уорганнарын сотрудниктарын оҕолоро үрдүк үөрэххэ киириилэригэр квота көрүллүөҕэ. Саха сирин абитуриеннарыгар итинник өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Бүддьүөт миэстэтэ төһө буоларыгар быһаарыы ылыллыаҕа. Санкция усулуобуйатыгар экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр миэрэлэр салҕаналлар. Арассыыйа Бырабыыталыстыбата хантараак сыанатыттан 80%-ҥа диэри капитальнай өрөмүөнү хааччыйар тэрилтэлэргэ судаарыстыбыннай абаансалааһын боруогун улаатыннарбыт. IT-исписэлиистэргэ чэпчэтиилээх ипотека кээмэйин 5% диэри буоларын РФ Бырабыыталыстыбата бигэргэппит.
Ыам ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышеваны кытары көрүстэ. Кэпсэтии науканы уонна технологиялары, чуолаан «Хоту: бигэтик сайдыы территорията» научнай-үөрэтэр киини, Саха сирин Наукаларын академиятын сайыннарыыны сокуонунан хааччыйыы боппуруостарын тула буолла. Феодосия Габышева Татарстан, Башкортостан уонна Чечня Өрөспүүбүлүкэлэрин уопуттарыгар олоҕуран, норуот дьокутааттара Саха сирин Наукаларын академиятын статуһун уонна тутулун, Арассыыйа Федерациятын субъегын компетенциятын иһинэн сокуонунан бигэргэтэри көҕүлүүллэрин туһунан эттэ. Салгыы болҕомто аан дойду төрүт олохтоохторун тылларын 10 сылын чэрчитинэн ыытыллар үлэҕэ-хамнаска, төрүт тыллар тустарынан өрөспүүбүлүкэ сокуонун уонна тыллары харыстааһын, сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрии хаамыытыгар туһаайылынна. Айсен Николаев көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын сахалыы уонна нууччалыы тылынан ылынар туһунан сокуон барыла ааспыт пленарнай мунньахха бастакы ааҕыыга ылыллыбыта. Бу сокуон барыла сайын бүтэһиктээх ааҕыыга көрүллүөхтээх. Феодосия Габышева кэлэр 2023 сылга Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сыла биллэриллиэхтээҕинэн былааннанар дьаһалларга норуот дьокутааттарын этиилэрин иһитиннэрдэ.
Ыам ыйын 11 күнэ. «Музыка барыбытыгар» Саха сирин бырайыага Арассыыйа эрэгийиэннэригэр уонна атын дойдуларга тарҕаныаҕа. Бу туһунан Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ, судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев Ил Дархан Айсен Николаевы кытары кэпсэтиитин түмүгүнэн иһитиннэрдэ. Санатар буоллахха, бырайыак Михаил Ефимович көҕүлээһининэн Саха сиригэр 2013 сылтан олоххо киирэр. Михаил Николаев бэлиэтээбитинэн, билигин бырайыак сүрүн түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр. Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр киэҥ сэҥээриини ылан, Новосибирскай, Пермь, Саратов консерваториялара бырайыагы федеральнай таһымҥа таһаарары туруорсаллар. Ил Дархан бу этиини эмиэ өйүүр. Кини “Азия оҕолоро” бырайыагы оҥорбуппут курдук талааннаах айар ыччаты өйүүргэ Бүтүн Азиятааҕы Дельфийскай оонньуулары ыытар туһунан эттэ.
Итини таһынан көрсүһүүгэ Михаил Николаев тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан сылгыны иитиигэ санаатын эттэ. Кини бэлиэтииринэн, Саха сиригэр сылгыны иитиигэ наука оруолун күүһүрдэр тоҕоостоох. Санатан эттэххэ, билигин өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыба сылгыһыттары, зоотехниктары, бэтэринээрдэри бэлэмниир Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр институт филиалын Саха сиригэр аһар туһунан боппуруоһу көрө сылдьар. «Бу хайысханы саҥа таһымҥа таһааран, бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытын дэлэтиигэ наукаҕа тирэҕирэн сайдар сөптөөх», – диэн бэлиэтиир Михаил Николаев.
Ыам ыйын 11 күнэ. Орто Халымаҕа ууну хаайар быһыты бөҕөргөтүүгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 8,8 мөл. солк. көрүлүннэ. Бу ууга барар кутталаах даамба Орто Халыма куоратын аҥаарын кэриэтэ харыстыыр. Барыллаан ааҕыынан быйылгы халаан уута уустуктары Орто Халымаҕа уонна Зырянкаҕа үөскэтиэн сөп. Бу курдук гидротехническэй тутууларга болҕомто уурар туһунан халаан уутуттан сэрэхтээх буолууга суһал ыстаап ыстаап мунньаҕар Айсен Николаев иһитиннэрдэ. «Болҕомтону кыра өрүстэргэ, үрэхтэргэ ууруохха наада, таһынан бардылар даҕаны, суһаллык дьаһанар гына. Дьону көһөрөр пууннар бэлэм буолуохтаахтар, нэһилиэнньэҕэ сэрэтэр үлэ барыахтаах», — диэтэ Ил Дархан.
Балаһыанньаны 112 суһал бөлөх хонтуруоллуур. Уопсайа Саха сиринээҕи РСЧС бөлөҕөр 16 тыһ. тахса үлэһит, 3 тыһ. тахса тиэхиньикэ, 505 устар аал, 24 авиационнай тиэхиньикэ, олортон аҕыс пилота суох көтөр тиэхиньикэ, икки ледокол, «Ми-8» бөртөлүөттэр бааллар. Онно эбии быйыл 103 мөл. солк. суумаҕа эбии балаакка, тыы, генератор, уу резервуарын атыыласпыттар. Улуустарга материальнай, ас-үөл, медицинскэй саппаас мал 191 мөл.солк. ылыллыбыт. Ону таһынан 25 тонна дэлби тэптэрэр вещество баар. Муус харар түгэнигэр икки бөлөх эһэргэ бэлэм. Уопсайа 273 эвакуационнай пууҥҥа 28 тыһ. киһини көһөрөргө бэлэмнэммит. Сүөһүнү тутарга 116 пуун оҥоһуллубут. Онон өрөспүүбүлүкэ халаан кэмигэр толору бэлэм.
Ыам ыйын 12 күнэ. Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, тырааныспарга уонна да атын салааларга судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорууну онлайн, ол эбэтэр электроннай көрүҥҥэ көһөрөллөр. Ити үлэ сыыппараҕа көһөрүү бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Саха сирэ Арассыыйаҕа эрэгийиэннэр рейтиннэригэр бэйэтин көрдөрүүтүнэн 25 миэстэҕэ сылдьар. Бу туһунан Айсен Николаев сыыппара эйгэтин сайыннарыыга анаммыт мунньахха иһитиннэрдэ. Ил Дархан судаарыстыбаннай өҥө ахсаанын эрэ буолбакка, хаачыстыбатын тупсарар сорук турарын ыйда. Ону таһынан судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар информационнай куттал суох буолуутун хааччыйыы бастакы уочарат барыахтааҕын, санкция кэмигэр ситим ресурсалара көмүскэллээх буолууларыгар миэрэлэри кытаатыннарар туһунан дьүүллэстилэр. Билигин Саха сиригэр сыыппараҕа 77 өҥө көһөрүллүбүт. Бэс ыйыттан бултуур билиэти биэрии уонна төннөрүү электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллуоҕа. «Цифровой трансформация» национальнай бырайыагынан дойдуга социальнай суолталаах өҥө 95% сыыппараҕа көһөрүллүөхтээх.
Ыам ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Федерация Сэбиэтигэр сенатор Егор Борисовы кытары көрсөн, сааскы халаан уутун, ойуур баһаарын сэрэтии, навигацияҕа таһаҕаһы тиэйии боппуруостарын көрдүлэр. Арҕааҥҥы дойдулар хааччаҕы киллэрбит кэмнэригэр Саха сиригэр сөптөөх дьаһал ылыллан, нэһилиэнньэ олоҕо туруктаах буолуута ситиһиллибитин Егор Борисов бэлиэтээн эттэ. Санатар буоллахха, бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 15 млрд солк. көмө оҥоһуллубута. «Үбү-харчыны, материальнай ресурсалары, тэрилтэлэри түмүүгэ улахан үлэ ыытыллыбыт. Билигин илиҥҥи дойдулары кытары үлэлэһии түмүгэр тас дойдуттан киирэр табаардары, ол иһигэр саппаас чаастары аҕалыы боппуруоһа көрүллэр. Бу барыта Айсен Сергеевич федеральнай киини кытары сөптөөх үлэни ыыппытын түмүгэ буолар», – диэн Егор Афанасьевич чопчулуур. Маны сэргэ көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар тохтоотулар. Егор Борисов бэлиэтииринэн, улахан хаһаайыстыбалары уонна чааһынай кэтэх хаһаайыстыбалаахтары тэҥҥэ тутан үбүлээһини ыытар сөп. «Үүтү туттарыыга киирбит уларыйыы – бу сөптөөх дьаһал. Үбүлээһини көрөр ньыма сылын аайы тупсарыллыахтаах. Бу тыа сирин олохтоохторугар улахан көмө», – диэн бэлиэтиир кини.
Ыам ыйын 12 күнэ. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет сайдыытын уонна кэккэ идэҕэ бүддьүөт миэстэтин ахсаанын элбэтии боппуруостарын Айсен Николаев АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Валерий Федоровы кытта кэпсэттэ. Бастакы кууруска үөрэххэ ылыыга федеральнай бүддьүөттэн 1067 миэстэ бэриллибит. Итиннэ эбии федеральнай квота анамматах электротехника уонна теплотехника, ойуур хаһаайыстыбатын хайысхаларыгар өрөспүүбүлүкэттэн 160 тус сыаллаах миэстэ көрүллэрин туруорсаллар. Холобур, баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэриигэ анал идэлээх исписэлиистэргэ наадыйыы кэм ирдэбилэ буолла. Маны таһынан көрсүһүү кэмигэр үрдүк үөрэх кыһата бэс ыйын 15 күнүгэр Владивостокка «Приоритет-2030. Дальний Восток» диэн бырагыраамаҕа кыттыытын, агробиотехнопарканы тэрийиини, сыыппараҕа көһүүнү, технологическай урбаан хайысхатыгар үлэлэһиини дьүүллэстилэр. Бырагырааманы РФ үөрэхтээһин уонна наука, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэлэрэ сүрүннүүллэр. Бу көҕүлээһин чэрчитинэн университеттарга эрэгийиэннэр наадыйыыларынан үөрэх ураты бырагыраамаларын олоххо киллэриэхтэрэ.
Ыам ыйын 13 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Арассыыйа Сбербаанын Байкаллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкины кытта көрсөн, бииргэ үлэлэһии, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр кирэдиит биэрии, ипотека бырагыраамаларын, ол иһигэр «Дальневосточная ипотека» уонна «Ипотека для IT» диэн чэпчэтиилээх кирэдиит судаарыстыбаннай бырагыраамаларын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Сотору кэминэн баан өрөспүүбүлүкэни кытта айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ бизнес эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыытыгар үлэни ыытар туһунан сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ. Оробуочай бөлөх тэриллэн, Саха сиригэр туһалаах быһаарыылары ылыыга болҕомто ууруллуоҕа.
Ыам ыйын 15 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Хас биирдии киһи олоҕор саамай күндү дьиэ кэргэнэ буолар. Бигэ туруктаах ыал былыр-былыргыттан уопсастыба бөҕө тирэҕинэн буолар. Дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ биһиги дойдубутугар улахан болҕомто ууруллар. Ыал буолбут дьон чэпчэтиилээх ипотеканы, оҕо төрөөтөҕүнэ тус сыаллаах ийэ хапытаалын туһаналлар, элбэх оҕолоох ыалларга уонна кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл оҥоһуллар. Бу ыйтан төрөппүттэргэ Арассыыйа Президенэ Владимир Путин этиитинэн 2022 сылга аан бастаан көрүллүбүт саҥа социальнай төлөбүрдэр киириэхтэрэ. Федеральнай чэпчэтиилэри сэргэ дьиэ кэргэттэргэ өрөспүүбүлүкэ эбии социальнай өйөбүлү оҥорор. Ийэ хапытаала, быйыл төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал бэриллэллэр, элбэх оҕолоох ыалларга кэлим өйөбүл оҥоһуллар. Бу барыта дьиэ кэргэн олоҕор-дьаһаҕар үтүө сабыдыалын көрөбүт. Оҕо төрөөһүнүн ахсаана элбиир, төрөппүттэр оҕолорун сайыннарыыга, талааннарын арыйыыга дьулуурдара күүһүрдэ, бизнестээх дьиэ кэргэн кэккэтэ кэҥээтэ, чааһынай дьиэни туттааччы үксээтэ. Бу кэрэ-бэлиэ күн эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны, хас биирдиигитигэр чугастык саныыр, таптыыр, мэлдьи күүтэр дьонноох буоларгытыгар баҕарабын», — диэн Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр бэлиэтээтэ.
- 2022 сыл түөрт ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 3484 оҕо төрөөтө: 1812 уол уонна 1672 кыыс.
- 907 ыал үһүс оҕо төрүүрүгэр көрүллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы ылар бырааптанна.
- 100 тыһ. солк. суумалаах «Үйэ оҕолоро» хапытаалы ылар туһунан 2454 быһаарыы ылылынна.
- Номнуо 119 дьиэ кэргэн уопсайа 11,8 мөл.солк. суумаҕа хапытаалы ылан, сүрүннээн олорор усулуобуйатын тупсарарга туттуоҕа.
Күн сирин көрбүт кырачааннар чэгиэн буоллуннар, төрөппүттэрин тапталыгар бигэнэн улааттыннар!
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 18.05.2022 09:01 09:01