Кулун тутар 27 күнэ. Ил Дархан Национальнай гвардия күнүнэн сулууспалыы сылдьар үлэһиттэри уонна гвардия бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр быйылгы бэлиэ күн ордук суолталааҕын эттэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ Росгвардия салаата — «Алмаз» СОБР уонна «Бизон» ОМОН анал дьайыы бөлөхтөрө тэриллибиттэрин 30 сыла туолар. Байыастар анал байыаннай дьайыы саҕаламмыт бастакы күннэриттэн инники кирбиигэ сылдьаллар, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соруктарын толороллор.
Кулун тутар 27 күнэ. Айсен Николаев дойду үрдүк үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Валерий Фалькову кытта көрсүһүүтүгэр климат уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар научнай-практическай конференция түмүгүн ырыттылар. Тэрээһиҥҥэ 200-тэн тахса дакылааты билиһиннэрэн, 500-тэн тахса учуонай, эксперт омук дойдуларыттан уонна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн кыттыбыттар. Ил Дархан уонна миниистир Саха сирин прикладной наукатын уонна «Хоту сир: бигэ тирэхтээх сайдыы сирэ» аан дойду таһымнаах эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы наука уонна үөрэх киинин суолталаах боппуруостарын көрдүлэр. 2022 сыл түмүгүнэн киин үлэтин бырагырааматын толоруу билгэлэнэр. Ону тэҥэ көрсүһүүгэ Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университет эбийиэктэрин өрөмүөннээһин уонна тутуу боппуруостара көрүлүннүлэр.
Кулун тутар 27 күнэ. Быйыл Уһук Илин 25 улахан куоратын 2030 сылга диэри сайыннарар маастар-былааннары Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иннигэр көмүскүөхтэрэ. Айсен Николаев дойду аҕа баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкиҥҥа Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын көрдөрдө. Бырайыактарга, бастатан туран, олохтоохтор туохха наадыйаллара учуоттанар. Холобур, Нерюнгри олохтоохторо доруобуйа харыстабылыгар үлэ тупсуутун, оттон Дьокуускай олохтоохторо хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү, социальнай инфраструктура эбийиэктэрин тутуу боппуруостарын туруораллар. Максим Орешкин маастар-былааннар ис тутулларын өйөөтө. Көмүскээһиҥҥэ бэлэмнэнии үлэтэ салҕанар.
Кулун тутар 28 күнэ. Айсен Николаев «Атомредметзолото» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Владимир Верховцевы уонна кини бастакы солбуйааччыта Алексей Шеметовы кытта хампаанньа Саха сиригэр инники өттүгэр үлэтин туһунан ырыттылар. Дойдуга стратегическай суолталаах металл — уран баайдаах саҥа сири туһаҕа таһаардахтарына эрэгийиэн экэниэмикэтэ сайдарыгар, саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийиигэ туһалаах буолуоҕа. Хампаанньа билигин номнуо Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттар. Эльконнааҕы хайа-металлургическай кэмбинээт кыһыл көмүс уонна уран баайдаах сири биир кэлимник үөрэтиигэ үлэ ыытар. Ааспыт сылга кэмбинээт бастакы 500 кг көмүһү хостообут.
Кулун тутар 28 күнэ. Ил Дархан Арассыыйаҕа Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин ыксаллаах уонна боломуочуйалаах посолун кытта көрүстэ. Чжан Ханьхуэй Саха сирин Ил Дарханын кытта көрсүһүү Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлэ Син Цзиньпин Арассыыйаҕа сырыытын кэнниттэн тута буолбутун бэлиэтээтэ. Айсен Николаев посолга өрөспүүбүлүкэ сайдыытын уонна эрэгийиэн экэнэмикэтин көрдөрүүтэ тэтимнээхтик улаатарын туһунан кэпсээтэ. Саха сиригэр айти уонна креативнай индустрия, чуолаан киинэни оҥоруу ситиһиилэрин туһунан иһитиннэрдэ. 2004 сылтан Пекиҥҥэ Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтэ үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ 19 муниципальнай тэриллиитэ Кытай Хэйлунцзян уонна Цзилинь провинцияларын 24 муниципалитеттарын кытта бииргэ үлэлииргэ сибээһи олохтообуттара. Биир кэскиллээх бырайыагынан «Джалинда – Мохэ (КНР)» тырааныспар-логистика комплексын тутуу буолар. Айсен Николаев посолга Саха сирин урутаан сайдар территорияларыгар Кытай инвестордара резидент быһыытынан кэлэллэрин биһириибит диэн эттэ. Быйыл Саха сирэ Кытайдааҕы партнердарга Дьокуускайга «Саха сирэ уонна Кытай провинциялара: Арассыыйа-Кытай бииргэ буолууларын бөҕөргөтүү» диэн дьыалабыай форуму тэрийэр туһунан этиини киллэрдэ. Посол Саха сиригэр инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ сөптөөх усулуобуйа баарын туһунан эттэ.
Кулун тутар 28 күнэ. Айсен Николаев Азиатскай-Тихоокеанскай баан (АТБ) бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Кайрат Алтынбековы кытта инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрии, сир баайын хостооччулары анал кирэдьииттээһин туһунан кэпсэттилэр. Инники өттүгэр бииргэ үлэлээһин боппуруостарыгар: олорор дьиэни, социальнай эбийиэктэри тутуу бырайыактарын кирэдьииттээһиҥҥэ уонна өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар суолталаах сүрүн тэрилтэлэргэ үп эргиирин өҥөтүн оҥорууга сиһилии тохтоотулар.
Кулун тутар 29 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын иккис сийиэһин мунньаҕар кытынна. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнарын сүрүн соруктарынан өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии киһи олорор усулуобуйата туруктаах буолуутун хааччыйыы уонна олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии буоларын бэлиэтээтэ. Билигин Саха сиригэр дьон олоҕун тупсарыыга национальнай бырайыактарынан, Уһук Илини сайыннарыыга дойду Бэрэсидьиэнин соруктарын чэрчитинэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп көрүллэн, кыах бэриллэр. Айсен Николаев ким да уопсай дьыалаттан туора туруо суохтаах, хас биирдии дьокутаат, баһылык бэйэтин тула норуоту түмэр кэмэ кэллэ диэтэ. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ кыһалҕаларын кытта соҕотоҕун хаалыа суохтаахтар диэн эттэ.
Олохтоох салайыныы уорганнарын уонна муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрин таһымнарын үрдэтии, ону тэҥэ муниципальнай тэриллиилэр сайдыыларыгар анаммыт бырайыактары олоххо киллэрэр үрдүк квалификациялаах исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтону тарта. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ каадырга резервэтин биир кэлим тиһигин туһунан ыйаахха илии баттаабыт. Каадырдары талар, үөрэтэр уонна сайыннарар биир кэлим тиһиккэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы уорганнарыгар үлэлииргэ бары хандьыдааттар кыттыахтара.
Кулун тутар 29 күнэ. Ил Дархан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аналлаах өйөбүл саҥа миэрэлэрин олохтуур туһунан ыйааҕы таһаарда. Ол курдук, байыаннай сулууспалаах уонна кини дьиэ кэргэнэ, байыаннай сулууспаттан уһуллубут байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара хамсаабат баай-дуол уонна сир нолуогуттан, ону тэҥэ муниципальнай, судаарыстыбаннай бас билиигэ сылдьар сир учаастагын куортамын уонна дуогабар быһыытынан куортам иһин төлөөбөккө пеня ааҕыллыытын төлөбүрүттэн босхолоноллор. Кинилэр муниципальнай, куорат иһигэр уонна таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга сылдьар уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо айанныахтара. Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар байыастар оҕолоро култуурунай, спортивнай уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтиинэн туһаныахтара.
Кулун тутар 29 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын эрэгийиэннээҕи бэлиитикэтин уонна олохтоох салайыныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, ЛДПР бэлитиичэскэй баартыйа фракциятын салайааччытын солбуйааччыта Алексей Диденконы кытта олохтоох салайыныыга өрөспүүбүлүкэ бастыҥ быраактыкатын ырыттылар. ТОС-тары, дьону түмэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырайыактары сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр. Итиэннэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэрин туһунан ырыттылар. Саха сирин уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатар оруннааҕын депутат бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 30 күнэ. Ил Дархаҥҥа духуобунас, сиэр-майгы сыаннастарын харыстыырга уонна бөҕөргөтөргө Сүбэ тэриллиэҕэ. Ол туһунан ыйааҕы Айсен Николаев илии баттаата. Сүбэ сүрүн соруктарынан судаарыстыба сакааһынан научнай чинчийиилэри ыытарга, информационнай уонна методическай матырыйааллары, литература уонна ускуустуба айымньыларын, үгэс буолбут сыаннастары харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ өҥөнү оҥорууга, ону сэргэ үлэ толоруллуутун хаачыстыбатын хонтуруоллааһыны хааччыйарга этиилэри оҥоруоҕа. Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Ил Дархан буолар. Сүбэ састаабыгар 120 киһи киириэҕэ.
Кулун тутар 30 күнэ. Айсен Николаев Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сэбиэтин мунньаҕар кытынна. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин эрэгийиэннэрин баһылыктарын кытта байыаннай эпэрээссийэни өйөөһүҥҥэ субъектар үлэлэрин уопутун дьүүллэстилэр. Итиэннэ эрэгийиэннэргэ дьиэ тутуутугар өлүүлэһээччилэр бырааптарын хааччыйарга үлэ хаамыытыгар тохтоотулар. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьон бырааптарын хааччыйарга улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Саха сирэ биир бастакынан «Сир-уот сайдыытын пуондата» федеральнай бырагыраамаҕа киирбитэ. Онон уон кыһалҕалаах эбийиэккэ өлүүлэһээччилэр бырааптарын чөлүгэр түһэрэргэ быһаарыылар ылыллыбыттара. Боппуруос быйыл сыл бүтүөр диэри быһаарыллыаҕа диэн эттэ. Ол курдук, алта кыһалҕалаах эбийиэктэн түөрдүгэр 444 албыннаппыт киһиэхэ төлөбүр оҥоһулунна. 2022 сыл ахсынньытыгар хос үбүлээһин суотугар икки эбийиэк ситэри тутуллан үлэҕэ киллэрилиннэ, 57 киһи бырааба чөлүгэр түһэрилиннэ. Икки хаалбыт эбийиэги тутуу быйыл сыл бүтүөр диэри түмүктэниэҕэ.
Кулун тутар 31 күнэ. Ил Дархан Тиихэй акыйааннааҕы флот килиниичэскэй госпиталыгар эмтэнэр биир дойдулаахтарбытын көрүстэ, дойдуларыттан кэһиини тириэртэ. Уолаттартан сорохторо эмтэнэн баран байыаннай дьайыыга төннөр санаалаахтар, сорохторо доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн баран, Саха сириттэн кэлиэхтэрэ. Кинилэр кыайыы син биир биһиэнэ буолуоҕа диэн бүк эрэллээхтэр, өрөспүүбүлүкэ күүс-көмө буоларын бэлиэтээн эттилэр. Соторутааҕыта ити госпитальга Саха сириттэн быраастар тиийбиттэрэ.
Кулун тутар 31 күнэ. Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков «Муравьев-Амурскай 2030» салайар каадыры бэлэмниир бырагыраама выпускниктарын кытта көрүстэ. Тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев кытынна. Уһук Илин дойдуга инники күөҥҥэ тахсар, сайдыы суолун тутуспут эрэгийиэн буоларын, онуоха каадырдар бэлэмнээх, эрэгийиэн уратытын, социальнай, култуурунай боппуруостарын билэр буолуохтаахтарын диэн эттэ. «Муравьев-Амурский 2030» бырагыраама инники кэскиллээҕин бэлиэтээтэ. Бастакы выпускниктар истэригэр Саха сириттэн сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин бэрэсээдээтэлин солбуйааччы Николай Бочков уонна Арктиканы, хотугу норуоттары сайыннарыы министиэристибэтин департаменын исписэлииһэ Фаина Атласова бааллар.
Кулун тутар 31 күнэ. Ил Дархан Москваҕа патриотическай иитиигэ туһуламмыт «Разговоры о важном для взрослых» диэн уокуруктааҕы үөрэтэр сэминээр саҕаланыытыгар ыччаты иитиигэ Саха сирин быраактыкатын туһунан кэпсээтэ. Элбэх бырайыактар үлэҕэ киирбиттэрин туһунан эттэ. Холобур, 2019 сылтан оҕолор оскуола өрөгөй ырыатын толороллор. «Биһиги – Арассыыйа инникитэбит» бырайыак чэрчитинэн оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кытары төрөөбүт сирдэрин туһунан кэпсиир роликтарынан атастаһаллар. Бырайыагы Арассыыйа эрэгийиэннэрин оҕолоро сэҥээрэн, 89 эрэгийиэнтэн барытыттан, ол иһигэр Донбасстан үөрэнээччилэр кыттыбыта. Оттон «MУУС УСТАР» бэстибээл тыһыынчанан талааннаах ыччаты түмэр. Сэминээргэ Саха сириттэн 36 киһилээх дэлэгээссийэ кытынна.
Муус устар 1 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Булчут күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата булт боппуруоһугар дьоһун болҕомтону уурар. «Булт уонна булт баайын чөл хаалларыы туһунан» эрээгийиэн сокуонугар уларытыылар киирдилэр. Ол курдук, муниципальнай оройуон эбэтэр куорат уокуругун бултанар сирин уопсай иэнигэр ким барыта кэлэн бултуура көҥүллэнэр сирин-уотун иэнэ 30 % итэҕэһэ суох буолуохтаах. Булт баайын харыстааһын уонна чөлгө түһэрии дьаһалларын көмөтүнэн эрэгийиэҥҥэ булт-алт ахсаана элбиир. Ити булт лимиитин уонна кубуотатын улаатыннарарга төһүү буолар. Холобур, 2016-2022 сылларга булт лимиитэ тайахха – 34%, табаҕа – 40%, туртаска – 43%, киискэ 16% үрдээтэ. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ булт сирин-уотун чопчулуур үлэ түмүктэммитэ.
Муус устар 1 күнэ. Айсен Николаев мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр «суһал көмө» уонна ыарыһахтары таһыыга анаммыт саҥа массыыналар күлүүстэрин туттарда. В кылаастаах 2 «Соболь-ГАЗ» уонна 7 «УАЗ» суһал көмө массыыналара Алдан Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Өймөкөөҥҥө, Жатайга барыахтара. Онтон 12 «Лада Нива Трэвэл» ыарыһахтары таһар массыына Айхалга, Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа ананнылар. Бу массыыналар бары Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар үлэлииргэ анаан таҥыллыбыттар.
Муус устар 1 күнэ. Ил Дархан «Саха сирэ эйигин кытта!» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар волонтердары кытары көрүстэ. Манна баҕа өттүнэн оскуола оҕотуттан саҕалаан, эдэр да, аҕам саастаах да дьон кэлэн көмөлөһөллөр. Ыстаап нэһилиэнньэни, тэрилтэлэри, муниципальнай тэриллиилэри, министиэристибэлэри, урбаанньыттары кытары үлэлиир. Хомуллубут таҥаһы-сабы, байыаннай дьайыыларга туттуллар тэрили түмэллэр. Байыаннай дьайыы кыттааччыларынан, ассоциацияларынан, авиахампаанньаларынан, сир суолунан 30-ча туонна гуманитарнай көмөнү байыастарга ыыттылар. Айсен Николаев иистэнньэҥнэри, маскировкалыыр сиэккэни баайааччылары, блиндажка аналлаах чүмэчи оҥорор волонтердары кытта үлэ хайдах барарын туһунан кэпсэттэ. Кини маскировкалыыр сиэккэни баайан боруобалаата. Ил Дархан иистэнэр тэрил ылалларыгар анаан 100 тыһ. солк. сэртипикээт туттарда. Ыстаап салайааччытв Айыл Дьулурҕаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ, байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарга көмөнү оҥорууга кылаатын иһин махтал суругу уонна өйдөбүнньүк бэлиэни туттарда.
Муус устар 1 күнэ. Айсен Николаев ааспыт ый түмүктэрин «Якутия, вперед!» биэриигэ «Якутия 24», «Саха» НКИХ ханаалларга уонна «Тэтим» араадьыйаҕа таһаарда. Сааскы халаан уута куттала суох ааһарын хааччыйыыга бэлэмнэнии үлэ барарын бэлиэтээтэ. Онуоха анаан федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 200 мөл. солк. үп көрүллүбүт. Ил Дархан соторутааҕыта Орто Халымаҕа бу боппуруоска мунньах ыыппыта. Дмитрий Садовников Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарын бэрэбиэркэлээбит. Быйыл киин уонна илин эҥэр улуустарыгар нуорманы таһынан, онтон Нерюнгрига, Алдаҥҥа нуорманы икки бүк куоһарар хаар түспүт. Онон аччыгый өрүстэргэ, үрэхтэргэ быһыы-майгы уустугуруон сөп. Онуоха дьон олоҕор, доруобуйатыгар куттал үөскээбэтин туһааннаах сулууспалар хааччыйыахтара.
Муус устар 2 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Аҕа күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу бырааһынньык оҕо дьиэ кэргэн, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут тирэҕэ буола улаатарыгар дьиэ кэргэн олоҕор, оҕону иитиигэ аҕа сүҥкэн суолтатын билинии буолар. Саха сиригэр аҕалар хамсааһыннара тэнийбитэ ыраатта. Сылын ахсын өрөспүүбүлүкэ аҕалара уонна уолаттара «Аҕа күрэҕэр» куоталаһаллар, бу күрэхтэһии кэрэхсэнэн, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар киэҥник тарҕанна. 2021 сылтан «Сыл аҕата» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус тэриллэр. 2023 сылтан «Уол оҕо күрэҕэ» Ил Дархан кубога успуорка өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытыллыаҕа.
Муус устар 2 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Гражданскай актыбыыс күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 2377 кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ баарыттан, 2289 — социальнай хайысхалаах, волонтердар хамсааһыннарын кэккэтигэр Саха сирин олохтоохторо элбииллэр. Кинилэр бэтэрээннэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору кытары үлэлэһэллэр, социальнай, тиэргэн уонна уулусса тупсаҕай оҥорууга бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Ыччакка бэйэлэринэн холобур буолаллар, уһуйаллар. Коронавируһу, ойуур баһаардарын утары охсуһууга, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ инники кэккэҕэ сылдьаллар. Байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр Саха сирин дьоно сомоҕолоохторун, хардарыта көмөлөсүһэллэрин көрдөрдүлэр.
Муус устар 2 күнэ. Ил Дархан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Владимир Максимовы кытта аны сайын Дьокуускайга ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии хаамыытын көрдүлэр. Азия 20 судаарыстыбатын уонна дойду федеральнай уокуруктарын хамаандалара кыттыахтара. Үс тыһыынчаттан тахса кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт успуорт 22 көрүҥүн бигэргэппит, ол иһигэр кик-боксины, шахматы, спортивнай үҥкүүнү, Го оонньууну. Сотору Беларусь хамаандата кыттыыга сайаапкатын көрүөхтэрэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо, ханна да үгүс дьон өйдүүрүнэн өтөрүнэн түспэтэх хаарынан көмөн, ону ыраастыыртан соло булбатахпыт да иһин, сааскы чэбдик салгынынан дуоһуйа тыынан, күммүт күүһүрэн иһэр уотунан угуттанан этэҥҥэ буолуоҕун.
Ааптар: Афанасий Ноев
This post was published on 05.04.2023 10:01 10:01