Ил Дархан нэдиэлэтэ: Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ анаммыт эбийиэктэри тутуу тэтимириэҕэ

Атырдьах ыйын 22 күнэ. Арассыыйа Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Чуолаан кини бу курдук бэлиэтээн эттэ: «Россия үс өҥнөөх былааҕа хас биирдиибитигэр көҥүл, тутулуга суох буолуу, ыччаты Ийэ дойдуга таптал тыыныгар иитии бэлиэтинэн буолар. Судаарыстыбаннай былаах устуоруйата төрөөбүт дойдуларын туһугар турууласпыт үгүс көлүөнэ дьон сыралаах үлэтин уонна албан аатын кытта ыкса ситимнээх. Уустук кэмнэр тирээтэхтэринэ Саха сирин олохтоохторо мэлдьи Аҕа дойдубут көмүскэлигэр туруналлара. Бүгүн эмиэ кинилэр аан дойдуну нацизмтан босхолуур туһугар, Россия кэнэҕэскитин атын дойдулар туора өйү-санааны соҥнуур бэрээдэктэриттэн, кыһарыйыыларыттан уонна сабыдыалларыттан тутулуга суох көҥүл судаарыстыба буоларын туһугар дойдубут былааҕын аннынан Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга кытталлар. Бу үрдүк миссияны толоро сылдьар хас биирдии киһинэн биһиги киэн туттабыт! Бүгүн Саха сирин олохтоохторо үтүөҕэ дьулуурдарын көрдөрөллөр, саҥа былааннары оҥороллор, уустук соруктары быһаараллар. Ол түмүгэр Сахабыт сирин экэниэмикэтэ бигэтик сайдар. Төрөөбүт дойдубут өссө эбии күүстээх, сайдыылаах держава буоларын туһугар салгыы бары бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбин», – диэн бэйэтин эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.

Атырдьах ыйын 22 күнэ. Ил Дархан бу күн  Мииринэй оройуонун 2030 сылга диэри социальнай-экэнэмическай сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаата. «Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оройуонугар дьон олорор усулуобуйата тупсарыллыахтаах. Мииринэйгэ бырамыысыланнаһы сэргэ социальнай эйгэ эмиэ күүскэ сайдыахтаах. Бу оройуон оҥорон таһаарыыга, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа саҥаны киллэрии киининэн буолуохтаах», – диэн Ил Дархан быһаарар.

Ыйаахха сөп түбэһинэрэн, оройуоҥҥа 2030 сылга диэри нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуута 85%-ҥа тэҥнэһиэхтээх, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥоруу көрдөрүүтэ 2018 сыллааҕар 1,5 төгүл үрдүөхтээх, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү түмүктэниэхтээх. СӨ бырабыыталыстыбата, Мииринэй оройуона “АЛРОСА” хампаанньаны кытары “МИР-Глубокий” руднигы тутууга ылсыаҕа. Арыылаахха агропромышленнай комплекс тутуллуоҕа. Чернышевскайдааҕы балык собуота үлэтин хаҥатыаҕа. Ону таһынан былааҥҥа Мииринэй куоракка, Таас Үрэххэ, Арыылаахха гаастааһын садгыы ыытыллыаҕа, ууну ыраастыыр тиһиги тардыахтара, култуура кииннэрин, спортивнай саалалары, баһаарынай чаастары тутуохтара. Бырамыысалыннаска каадыры бэлэмнииргэ Мииринэй куоракка үөрэх кластера аһыллыаҕа. Ону сэргэ ыйаахха суолу-ииһи оҥоруу, доруобуйа харыстабылын тупсарыы, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү сыыппараҕа көһөрүү биир сүрүн миэстэни ылаллар.

Атырдьах ыйын 22 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга кыстыкка бэлэмнэнии мунньаҕын ыытта. Быйыл сайын халаан уутуттан Дьааҥы уонна Кэбээйи улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннара улаханнык эмсэҕэлээннэр,  дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө кэмигэр оҥоһуллуохтаахтарын, социальнай эбийиэктэр кыстыкка бэлэм буолуохтаахтарын санатта. Туох-ханнык иннинэ болҕомто сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ барыахтаах. Дьааҥыга оту тиэйии уустугунан, миэстэтигэр уонна атын улуустарга мобильнай биригээдэлэри тэрийэн үлэлэтиини хонтуруоллуурга, тиэхиньикэни элбэтэргэ сорудахтаата. Ону таһынан кини өрөспүүбүлүкэҕэ оскуолалар тутууларын, өрөмүөнү ыытыы ураты болҕомтоҕо ыларга, суолу-ииһи оҥоруу болдьоҕор түмүктэниэхтээҕин ыйда.

Атырдьах ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ыыппыт мунньаҕар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр оттооһун тэтимин күүһүрдэргэ ыҥырда. Кыстыкка оту тастан аҕалбакка, өрөспүүбүлүкэ ис өттүттэн тиэйэр туһугар, инники күөҥҥэ сылдьар улуустар саппаас оту хаһааналларыгар сорудахтаата. Көһө сылдьан оттуур биригээдэлэр үлэлэрин тэрийиигэ итэҕэстэри ыйда. Кыстыкка өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 443 880 туонна от, 30 184 туонна сиилэс уонна 12 994 туонна сенаж бэлэмнэниллиэхтээх. нуоха оттооһуҥҥа былааны толорууга халаантан Үөһээ Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Горнайга, аһыҥаттан Чурапчыга кэккэ ыарахаттар үөскээбиттэрэ.

Атырдьах ыйын 23 күнэ. Үөрэх үлэһиттэрин үгэс буолбут атырдьах ыйынааҕы пленарнай мунньахтарыгар Ил Дархан эҕэрдэлииригэр  педагогтар оруоллара сүҥкэнин бэлиэтээтэ. Бэйэтин этиитигэр кини судаарыстыбаннас олохтонуоҕуттан уопсай үөрэхтэһин национальнай идиэйэ буоларын санатта. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 36 саҥа оскуола, 66 уһуйаан үлэҕэ киирбит. Быйыл 15 оскуола, 7 уһуйаан саҥа дьиэлэниэҕэ. Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан федеральнай киин көмөтүнэн 24 улууска уонна Дьокуускайга  58 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. «Сорук улахан, ол эрээри, биһиги булгуччу толоруохпут. Инфраструктура сайдар, ол аата куораттарга эрэ буолбакка, сэлиэнньэлэргэ эмиэ үөрэхтэһин хаачыстыбата тупсуохтаах. Улуустарга 207 “Үүнүү туочуката” цифровой-гуманитарнай үөрэх, 238 сыыппара үөрэҕин эйгэтэ олохтонно, педагогическай маастарыстыбаны үрдэтэр киин тэрилиннэ, Өктөмҥө СӨ Билим дьоҕус академията аһылынна”, — диэн эттэ. Бу барыта үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга, оҕолорбут билии инники күөҥҥэ турар сатабылларын иҥэриниилэрэ тоҕоостоох буоларыгар туһаайылларын чопчулаата.

«2018 сыллаахха үөрэх хаачыстыбатынан өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаҕа 15 бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэр соругун туруорбутум. Үгүс ситиһилиннэ, ол гынан өссө элбэҕи толоруох соруктаахпыт. Бу материальнай кыһалҕа, инфраструктурнай боппуруос эрэ буолбатах. Манна чопчу былаан баар, ону кэлимник олоххо киллэриэхпит. Билигин сүрүн соругунан ыччаппытыгар гражданственность уонна патриотизм тыынын олохсутуу буолар. Бу хайысхаҕа үлэни өрөспүүбүлүкэҕэ “Большая перемена” Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо, ыччат хамсааһынын салаатын тэрийииттэн саҕалыахтаахпыт. Бу кэтээн көрөр киини РФ бэрэсидьиэнэ В.В.Путин салайыаҕа», — диэн иһитиннэрдэ. Саха сирин үөрэҕин сүрүн соруктарын алтынньы саҥатыгар ыытыллар СӨ Учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһигэр быһаарсыахпыт диэн эттэ.

Атырдьах ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев национальнай бырайыактарынан уонна судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан эбийиэктэри тутууну сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ анаммыт эбийиэктэри уонна оскуолалары тутууну тэтимирдэргэ эттэ. Нерюнгри, Ленскэй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Аллайыаха, Эбээн Бытантай улуустарыгар уонна Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах 11 олорор дьиэни болдьоҕор киллэрэргэ үөскээбит боппуруостары быһаарарга сорудахтаата. Дьокуускайга 68 кыбаарталга 990 миэстэлээх, Кэбээйи Сайылыгар 275 миэстэлээх, Уус Алдан Бороҕонугар 450 саҥа оскуолалары, итиэннэ киин куоракка 5 №-дээх оскуолаҕа 274 миэстэлээх, 12 №-дээх оскуолаҕа 326 миэстэлээх, Хатас оскуолатыгар 120 миэстэлээх салҕааһыннары тутууну ураты хонтуруолга ыларга сорудах биэрдэ.

Атырдьах ыйын 24 күнэ. Ил Дархан тырааныспарга, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар эбийиэктэргэ, үөрэх тэрилтэлэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга өрөспүүбүлүкэҕэ терроризмы утары боппуруостарга анаммыт хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Айсен Николаев быраабы харыстыыр уорганнар, Бырабыыталыстыба, олохтоох былаас тэрээһиннээхтик терроризмтан көмүскэллээх буолуу таһымын үрдэтэр миэрэлэри ылыналларыгар эттэ. Чуолаан тимир суолга, поездтарга сэрэхтээх буолууга  туһуламмыт быһаарыныылары ыллылар.

Атырдьах ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин энергосистиэмэтин салайар киинҥэ сырытта. Ил Дархан Юрий Трутнев салайааччылаах дойду Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын быһаарыытынан Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматынан үп көрүллэн бөдөҥ инвестиция бырайыага олоххо киирбитин бэлиэтээтэ. «Хандыга – Нежданинскай» үрдүк күүрүүлээх уот линията Нежданинскай көмүс баайдаах сири эрэ уотунан хааччыйар эрэ буолбакка, Томпо улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тэтимирдиэҕэ диэн эттэ. 254 км уһуннаах уот линията санкциялары аахсыбакка түргэнник тутулунна. Билигин Теплый Ключ бөһүөлэги бу линияҕа холбооһун боппуруостара быһаарыллаллар.

Атырдьах ыйын 24 күнэ. “Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар  Го оонньууга Саха сирин Ил Дарханын кубога уонна Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук турнира үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Саха сирин Ил Дарханын кубога 54 спортсмены, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук күрэхтэһиитигэр 48 спортсмены, тас дойдулартан тиийэ түмтэ. Кыттааччылар ортолоругар Арассыыйа 4 гроссмейстера, 3 үтүөлээх маастар, 12 маастар баар. Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар бу курдук бэлиэтээтэ: «Кэнники сылларга Го оонньуу биһиги дойдубутугар киэҥник тарҕанар. Бу оонньуу киһини сытыытык толкуйдуурга, баар балаһыанньаны араас өттүттэн сыаналыырга, сөптөөх быһаарыныыны ылынарга үөрэтэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу былыргы оонньууну сөбүлээччи ахсаана эбиллэр. Бу оонньууну сөбүлээччи буоларбынан, Владивостоктан саҕалаан Калининградка тиийэ уонунан эрэгийиэнтэн күүстээх оонньооччулары, оҕолортон улахан дьоҥҥо тиийэ түмпүт турнир биһиэхэ өрөспүүбүкүлэҕэ ыытылларын биһириибин”, — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга. Итиэннэ тэрээһини ыытарга спонсордаабыт «Полиметалл» уонна «Росатом» курдук бөдөҥ хампаанньыйаларга махталын тиэртэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ эбии үөрэхтээһин тиһигэр саахыматы, дуобаты, Го уо.д.а. киллэрэн сайыннарыахха наадатын ыйда.

Атырдьах ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев Саха сиригэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин приемнайыгар нэһилиэнньэ туруорсар боппуруостарынан көрүстэ. Элбэх оҕолоох Яндреевтар дьиэ кэргэттэрэ Сэргэлээх шоссетыгар туттубут саҥа дьиэлэригэр гааһы киллэртэрии боппуруоһугар көмөлөһөллөрүгэр Айсен Николаевтан көрдөстө. Үс оҕолоох (биирдэстэрэ инбэлиит) ыал билигин дьиэ түүлэһэн олорор. Айылҕа гааһын үллэрэр ситимнэри тутуу  2025 сылга былааннанар. Айсен Сергеевич гаастааһын бырагырааматын көрөргө уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн кыах баар буоллаҕына, эһиилгиттэн үлэни саҕалыырга сорудахтаата. Тустаах сорудах Бырамыысыланнас министиэристибэтигэр, “Сахатранснефтегаз” хампаанньаҕа бэрилиннэ. Бу күн элбэх оҕолоох ийэ Любовь Гермогеноваҕа көмөлөһөр туһунан быһаарылынна. Ийэ улахана оҕолоро үөрэнэр оскуолаларыгар кыра оҕотун эмиэ биэрэригэр кыһалҕаны көрсүбүт. Айсен Николаев оҕону куорат 3 №-дээх орто оскуолатыгар бэһис кылааска ылыыны тус хонтуруоллууругар куорат мэрэ Евгений Григорьевка сорудахтаата.

Атырдьах ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ойуур баһаардарын умуруорууга видео-кэмпириэнсийэ көмөтүнэн ыыппыт мунньаҕар кытынна. Владимир Путин эрэгийиэннэр салайааччыларыгар ойуур баһаардарын умуруорууга  сөптөөх суһал миэрэни ылынан иһэллэригэр сорудахтаата. Владимир Путин федеральнай таһымҥа ойуур баһаардарын утары охсуһууга, умуруорууга биир систиэмэлээх быһаарыныы ылыллыбытын уонна эрэгийиэннэргэ сөптөөх үп-харчы тиэрдиллибитин иһитиннэрдэ.  «Дойду үрдүнэн ойуур баһаарын туруута былырыыҥҥытааҕар үс төгүл кыра. Ол эрээри Рязань, Нижегородской уобаластарга уонна Марий Эл өрөспүүбүлүкэтигэр балаһыанньа уустук. Эрэгийиэннэр уонна ЫБММ-ин салайааччылара федеральнай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай таһымнарга хонтуруолу кытаанахтык тутаҥҥыт, саамай сүрүнэ, дьону харыстыырга сөптөөх миэрэни ылан иһэргит наада», — диэн сорудахтаата.

Мунньахха ойуур баһаардарын утары охсуһууга Саха сирин уопута ахтылынна.  МРФ айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов Саха сирэ ойуур баһаардарын умуруорууга сөптөөхтүк үлэни ыыппытын түмүгэр,  ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, ойуур баһаара туруута 13 төгүл аҕыйаабытын туһунан иһитиннэрдэ.

Атырдьах ыйын 25  күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев «Хоту тент» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Афанасий Махатыровы кытта көрүстэ. Саха сирин хампаанньата соторутааҕыта итиини тутар нанокомпозитнай матырыйаалынан оҥорор оҥоһуктарын, балааккаларын, көстүүмнэрин Москваҕа «Аармыйа-2022» форумҥа көрдөрөн биһирэммитэ. РФ Оборонаҕа Министиэристибэтэ  болҕомтотун уурбута. Ол түмүгэр «Хоту тент» хампаанньа «ЭРА» байыаннай инновационнай технополиһы уонна «Бурлак» экстремальнай тиэхиньикэни оҥорон таһаарар «Уралмашвагонзавод» тэрилтэни кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсибитэ. Бу хас да хос итиини тутар кэмпилиэги байыаннай тиэхиньикэҕэ туттарга былаанныыллар. «Хоту тент» хампаанньа оҥоһугун бастыҥ хаачыстыбата — хомуллара түргэнэ, илдьэ сылдьарга табыгастааҕын Ил Дархан бэлиэтиир.

Атырдьах ыйын 26 күнэ. Федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэлэр салайааччылара, экспертэр, дьокутааттар, уопсастыбанньыктар кыттыылаах Ленскэйдээҕи кулууп мунньаҕар Айсен Николаев ойуур баһаарын утары охсууга Саха сирин уопутун кэпсээтэ. Кэмигэр сөптөөх миэрэлэр ылылланнар, быйылгы сезоҥҥа ойуур баһаарын туруута өрөспүүбүлүкэҕэ 13 төгүл кыччаабыт. Эбии үбүлээһин көрүллэн, ойуур баһаарын умулларааччылар штаттара эбиллэн уонна сыыппара технологиятын туһаныы киирбитэ төһүү буолбут. Ойуур баһаарын быһаарыыга биир кэлим сыыппара киинэ олоххо киирбитин түмүгэр тустаах иһитиннэриилэр түргэнник түмүллэр кыахтаммыттар. Ил Дархан итинники технологияны Уһук Илин, Сибиир эрэгийиэннэригэр туһанарга этии киллэрдэ. Итини сүрүннээччинэн Уһук Илиҥҥи уокурукка Дьокуускайдааҕы IT-пааркатын оҥорорго эттэ.

Ил Дархан Подмосковьеҕа баар «Авиалесоохрана» үөрэтэр киинин курдугу Уһук Илин уокурукка аһарга этиини киллэрдэ. Маны тэҥэ Ил Дархан ойуур баһаарын умулларыыга киирэр эргимтэни улаатыннарарга уонна хонтуруолга киирэр эргимтэни кыччатарга эттэ. Холобур, Саха сиригэр 250 мөл гектар иэннээх ойууртан баара-суоҕа 50 мөл. гектарыгар эрэ ойуур баһаарын умулларар тустаах үлэ ыытыллар. Санатар буоллахха, туруорсуу түмүгүнэн быйыл эбии 10 мөл гектар эбиллэн биэрбитэ. Уоннааҕы хаалбыт ойуур иэнэ  хонтуруолга эрэ тутуллар аналлаах. Айсен Николаев ити этиллибиккэ олоҕуран, субвенция ааҕыллыыта учуоттаныллыахтааҕын туһунан эттэ.

Атырдьах ыйын 27 күнэ. Ил Дархан Нерюнгри оройуонугар үлэлээтэ. Куорат суолларын өрөмүөннээһин хаамыытын уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин көрдө. Серебрянай Бор бөһүөлэккэ хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүүнү бэрэбиэркэлээтэ. Манна олохтоохтор көрдөһүүлэринэн Айсен Николаев 4-с уонна 6-с кыбаарталлар эргэ дьиэлэрин көтүрэргэ сорудах биэрбитэ. Икки кыбаартал ыраастаныллыбыт. Ил Дархан балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри дьону саҥа дьиэлэргэ көһөрөргө сорудахтаата.

«Профессионалитет» федеральнай бырайыак чэрчитинэн бырамыысыланнаска аналлаах каадыры бэлэмниир киини тэрийиэр, сайыннарар туһунан Нерюнгри оройуона, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ уонна бырамыысыланнай хампаанньалар бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр. Манна Ил Дархан кытынна. Тустаах бырайыакка үс сылга барыта 220 мөл. солк. үп көрүллүбүтэ. Бырайыакка «Колмар» ХЭУо, «Якутуголь» АУо, «Эльгауголь» ХЭУо кытталлар.

Айсен Николаев Нерюнгри оройуонуттан төрүттээх, Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьан, күн сириттэн дьоруойдуу суох буолбут ыстаарсай разведчик Денис Козновка «Эр санааланыы»уордьаны кини төрөппүттэригэр Сергей Александрович, Наталья Валерьевна Козновтарга туттарда. Ил Дархан ону тэҥэ мотострелковай рота пулеметчигар Данил Васильевка «Хорсунун иһин» мэтээли туттарда.

Ил Дархан Шахтер күнүн иннинэ таас чоҕун бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин кытары көрсөн кэпсэттэ. Саха сирэ дойду үрдүнэн таас чоҕу хостооһуҥҥа үс бастыҥ кэккэтигэр киирэр. Таас чох бырамыысыланнаһыгар сыл аайы үлэ миэстэтин ахсаана эбиллэр, аҥардас «Колмар» хампаанньаҕа 6,5 тыһ. киһи үлэлиир. Сүрүн соругунан дьон олорор усулуобуйалтын тупсаран, Нерюнгри Уһук Илин уонна Сибиир биир бастыҥ куората буоларын ситиһиллиэхтээҕин Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ

This post was published on 31.08.2022 17:28 17:28