Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 7 — 10 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар анаабыт үлэтин сүрүн түгэннэриттэн пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев СИА-ҕа иһитиннэрдэ. Федеральнайдааҕы таһымҥа ылыллыбыт соруктар туолууларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ахсынньы 7 күнүгэр Айсен Николаев «Бизнес без границ» диэн онлайн-конвент тэрээһинигэр кытынна. Губернатордар, экспертэр, бөдөҥ хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ экономикаҕа технологическай хамсааһыны оҥорууга Уһук Илиҥҥи регионнар баһылыктарын оруолун туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан Саха сирэ IT-өҥөнү оҥорууга Уһук Илин уокуругар көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ тахсыбытын, бу эйгэҕэ макрорегион экспорын 90% хааччыйарын бэлиэтээтэ. IT-хампаанньалары өйүүр хайысханан стартап-экспедиция буолар. Экспедиция кыттыылаахтара бөдөҥ хампаанньалар үлэлэригэр туһаналларыгар технологическай бырагыраамалары айдылар. «Скайберия» резидент томографияҕа сэбиргэхтэтиини быһаарар бырагырааманы оҥорон, уонунан тыһыынча киһиэхэ сөптөөх диагноз туруорулунна. Кэлэр өттүгэр биотехнологическай чинчийиини ыытыыга, климаты уларыйыытын быһаарыыга, судаарыстыбаннай салайыыга бырайыактары оҥоруохтара.
Гражданскай авиация аан дойдутааҕы күнүгэр, ахсынньы 7 күнүгэр, салгынынан сырыыны салайар бөдөҥсүтүллүбүт киин Дьокуускайга үөрүүлээхтик аһылынна. Манна 5 тыһ. кв. м. аан дойду таһымыгар эппиэттир аныгы киин дьиэтэ тутуллубут. Куттала суох көтүүнү хааччыйар аныгы автоматизированнай тиһик таҥыллыбыт. Итиэннэ структураны уонна салгын трассатын саҥардыыга үлэ ыытыллыбыт. Айсен Николаев бу объект дойду аҕа баһылыга Владимир Путин уонна РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыыларынан федеральнай бырагырааманан тутуллубутун эттэ. 2021 сыл бүтүөр диэри тулатынааҕы учаастагы тупсарыахтара, аттынааҕы уулуссалары асфаллыахтара.
Эмиэ бу күн Айсен Николаев Росавиация салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Ядровы кытта көрсөн, региоҥҥа авиация салаатын сайдыытын уонна аэропортары саҥардыы боппуруостарын көрдүлэр. 2020 сылга Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Эдьигээн аэропортарын балаһаларын тупсарыыга үлэ барбыт. 2021 сылга Үөһээ Бүлүү аэропордун саҥардыахтара. «АЛРОСА» көмөтүнэн Мирнэйгэ аэровокзал дьиэтин, көтөр-түһэр балаһаны тутуохтара. Дмитрий Ядров региоҥҥа үлэ болдьоҕун тутуһан ыытылларын бэлиэтээтэ. 2024 сылга диэри Саха сиригэр 16 аэропорт саҥардыллыа. Росавиация 2030 сылга диэри эбии 10 аэропорду тупсарар боппуруоһу көрөр.
Саха сиригэр грипп, ОРВИ ыарыыттан быһыы биэрии иккис түһүмэҕэ бүтэн эрэр, нэһилиэнньэ 60% ылыахтаах. Бу туһунан ахсынньы 8 күнүгэр Айсен Николаев баһылыктары кытта мунньахха эттэ. Улуустар икки ардыларыгар сырыыны хонтуруолга тутарга, түһэр сирдэри, айан суолунааҕы кафелары бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата. Хоту улуустарга тиийээччилэр ИФА, ИХА анализтары туттаралларын ыйда. Саҥа дьылга улуустарга аймахтарыгар тиийэр оҕолору болҕомтоҕо ылары соруйда.
Ахсынньы 8 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сиригэр 2021-2023 сылларга суол-иис үлэтин былаанын дьүүллэстэ. Суолу тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ 32 млрд солк. тахса суумалаах үп көрүллүө. «Куттала суох уонна тупсаҕай айан суоллара» национальнай бырайыагынан 236 км суол оҥоһуллуо. Регион суолларыгар 25 объекка капитальнай өрөмүөн ыытыллыа. 2021 сылга Нам суолугар 22,5 км асфаллыахтара. Амма суолугар 36 км өрөмүөннэниэ. Дьааҥы суолугар үс сыллаах үлэ барыа. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө Дьокуускайга Ленин проспега өрөмүөннэниэ.
Ахсынньы 9 күнүгэр Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ «Мин кыһыҥҥы Сахам сирэ» фотокуонкурус түмүгүн таһаарда. Куонкуруһу сэтинньи 1 күнүгэр биллэрбитэ. Ил Дархан бары кыттааччыларга махтанна, тыйыс айылҕабыт хатыламмат көстүүтүн итэҕэтиилээхтик көрдөрбүттэрин бэлиэтээтэ уонна үс кыайыылаахха анал бирииһи анаата.
Ахсынньы 9 күнүгэр «Якутия», «Полярные авиалинии» авиакомпаниялар уонна «Дьокуускай» аэропордун сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн таһаардылар. Быйыл пандемиянан авиация салаата ночооту көрсүбүтүн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Ол эрээри маннык уустук быһыыга-майгыга «Полярные авиалинии» компания сылы этэҥҥэ түмүктээн эрэрин, көрдөрүүтэ куһаҕана суоҕун, үлэ сөпкө аттарыллан турбутун бэлиэтээтэ. Быйыл элбэх санитарнай рейси оҥороннор, үгүс киһи олоҕун быһаабыттар. Кэлэр өттүгэр техниканы саҥардыы наадатын Ил Дархан ыйда.
«Якутия» авиакомпания үбүн туругун тупсарар инниттэн 620 мөл. солк. кредит уонна заем ылбыт. Сэтинньигэ Боинг-737-700 үһүс самолет аҕалыллыбыт. Итинник 4-с уонна 5-с самолеты саас атыылаһар былааннаахтар. Авиакомпания тиһигин быспакка көтүү былаанын 7% үрдэппит. Дьокуускайга авиабилет атыылыыр саҥа офиһы арыйбыт. Айсен Николаев Үп министиэристибэтин кытары бюджет кредитин боппуруоһугар үлэлэһэри ыйда. Итиэннэ үп-экономика өттүгэр көдьүүстээх быһаарыы ылыллыахтааҕын эттэ.
Дьокуускай аэропорда бу сыл устата 583 тыһ. пассажиры хааччыйбыт, бу ааспыт сылтан 39 бырыһыан намыһах. 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ, самолет көтүүтэ 17,5 бырыһыан аччаабыт. Таһаҕаһы, почтаны тиэйии 5,2 бырыһыан улааппыт. Сүрүн үлэттэн тэрилтэ 2020 сыллааҕы дохуота 1,5 млрд солк. тэҥнэһиэ. Айсен Николаев аэропорт дохуотугар авиакомпаниялар көтүүлэрэ быһаччы сабыдыаллааҕынан, онон атын источниктартан дохуоту киллэриигэ, ороскуоту аччатыыга болҕомтону уурары ыйда.
Ахсынньы 9 күнүгэр Ил Дархан наҕараадалары туттарда. Кини саллааттар үтүө ааттарын үйэтитиигэ улахан үлэ ыытыллыбытын эттэ. Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх Иннокентий Матвеевич Готовцев 1942 сыллаахха сураҕа суох сүппүт. Ржев аннынааҕы кыргыһыы толоонуттан кини медальона булуллубут. Медальон дойдутугар төннөрүллүбүтүн Айсен Николаев Танда музейыгар туттарда. Сунтаар Хаданыттан Тит Степанович Васильев сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт, Ильмень күөл кыргыһыытыгар хайыһар биригээдэтигэр кыттыбыт. Прибалтиканы босхолооһуҥҥа Албан аат III степеннээх уордьаныгар түһэриллибитин оҕолоро архыыптан билбиттэр, Ил Дархаҥҥа сурук суруйбуттар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата Оборона министиэристибэтин кытта үлэлэһэн, наҕараада дойдутугар төнүннэ. Айсен Николаев уордьаны сержант уолаттарыгар уонна сиэнигэр туттарда
Бу Аҕа дойду Геройдарын күннэригэр Айсен Николаев пандемияҕа бэйэлэрин харыстаммакка үлэлии сылдьар медиктэргэ, волонтердарга наҕараадаа туттарда.
Ахсынньы 9 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тустаах ыйаахха уларытыылары киллэрдэ. Ыйаах ахсынньы 10-31 күннэригэр кууһунан уонна биирдиилээн атыылыыр, аһылык уонна өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр үлэлэригэр уларытыылары киллэрэр. Бу тэрилтэлэр күннэтэ үлэ чааһын кэнниттэн дезинфекция ыытыахтаахтар. Компьютер кулууптара, саалалара үлэлииллэрэ көҥүллэнэр,18 сааһын туола илик ыччаты кулуупка киллэриэ суохтаахтар. Доруобуйаны чэбдигирдэр, скандинавскайдыы хаамыынан, сүүрүүнэн дьарыктанар дьоҥҥо анаан спортивнай саалалар, манежтар үлэлэрэ сарсыарда 6-тан 10 чааска диэри көҥүллэннэ.
Ахсынньы 10 күнүгэр Ил Дархан Уһун Илиҥҥи федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Владивостокка ыыппыт мунньаҕар кытынна. Губернатордар Уһук Илиҥҥэ коронавирус дьаҥын эмтээһиҥҥэ, ыарыыны сэрэтэр дьаһаллар тустарынан боппуруоһу көрдүлэр. Юрий Трутнев РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр Саха сиригэр эмтиир препараттары уонна медиктэргэ, социальнай үлэһиттэргэ анаммыт вакцинаны түргэнник тиэрдэргэ сорудахтаата. Мунньахха Байкал-Амур уонна Транссибирскэй тимир суолун магистралын саҥардан оҥорууну дьүүллэстилэр. «Колмар», «Эльгауголь» чох хампаанньаларын бэйэлэрин кыамталарын улаатыннаран, өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар нолуок киириитин элбэтэр, экспоры улаатыннарар былааннаахтар. Онно эппиэттэһэр гына БАМ магистрала саҥардыллара ирдэнэрин Айсен Николаев эттэ. Мунньах түмүгүнэн федеральнай министиэристибэлэргэ чопчу сорудах бэрилиннэ.
Ахсынньы 10 күнүгэр губернатордар «Баҕа санаа харыйата» үтүө санаа акциятыгар кытыннылар. Юрий Трутнев регион баһылыктарыгар оҕолор Саҥа дьылга баҕа санаалаах суруктарын харыйаттан ылан биэрдэ. Айсен Николаев икки оҕо Саҥа дьыллааҕы баҕа санаата туоларыгар көмөлөһүө. Ил Дархан Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтин иитиллээччитэ, 10 саастаах Владислав Старковка бэлисипиэт, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин иитиллээччитэ, 17 саастаах Жанна Чувакинаҕа суотабай төлөпүөн бэлэхтиэ.
Айсен Николаев COVID-19 утары үлэлиир эмчиттэргэ сэтинньи 1 күнүгэр киирбит саҥа быраабыланан төлөбүрү тус хонтуруолугар ылла. «Биһиги регионнааҕы эбии төлөбүрү сэргэ хотугу эбии төлөбүрү оннунан хаалларыыны федеральнай киини кытта үлэлэһэн ситистибит. Төлөбүр ахсынньы 10 күнүттэн медиктэр тус счеттарыгар түһэр. Ким эмит ыйытыылаах буоллаҕына, социальнай ситимнэргэ аккауммар суруйуоххутун сөп. Бу боппуруоһу тус бэйэм хонтуруоллуубун», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 15.12.2020 12:01 12:01