Тохсунньу 17 күнэ. Ил Дархан суһал ыстаап мунньаҕын түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыалдьыбыт дьон ахсааныттан 75% Дьокуускай ыларынан, киин куоракка 1-8 уонна 10 кылаастарга онлайн-үөрэтиигэ көһөрөр туһунан сорудахтаата. Маныаха бу оҕолор төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ дьиэттэн олорон үлэ көрүҥэр көһүөн сөп. Мунньахха ыарыы тарҕаныыта, ол иһигэр «омикрон» штамма элбээбитэ, бу хамсык дьаҥын саҥа долгуна кэлбитин туоһута буолар. Оҕолор, ордук кыра оҕолор ыалдьалларын хонтуруолга тутары ыйдылар. Уһуйааннарага кырачааннарга температураны күҥҥэ иккитэ мээрэйдиири сүбэлээтилэр. Омикрон ОРВИ уонна грипп симптомугар майгынныыр, онон тумуу баара билиннэ да, тута бырааска көрдөрөллөрүгэр нэһилиэнньэҕэ быһааран биэриэххэ наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Ил Дархан омикрон инкубационнай тарҕаныыта 2-3 күн иһинэн буоларынан, теһи оҥорууну түргэтэргэ ыҥырда. Чуолаан хоту улуустарга, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннары экспресс-тестэринэн хааччыйарга сорудахтаата. Итиэннэ ыарыы саҥа штаммынан сүрүннээн вакцина ылбатах дьон хаптаралларынан, быһыыны ылыыны күүһүрдэргэ эттэ. Билиҥҥитэ Нерюнгри, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү, Нам, Чурапчы улуустара вакцинацияҕа көрдөрүүлэрэ намыһах. Тэрилтэлэргэ үлэһиттэри төһө кыалларынан тэйиччиттэн үлэлииргэ сүбэлииллэр. Суһал көмө биригээдэлэрин уонна көлө ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Чааһынай медицинскэй тэрилтэлэр уоппускаттан тахсар дьонтон босхо экспресс-тест оҥоруохтара. Дьон тоҕуоруһар сирдэригэр, автобустарга дезинфекцияны ыыталларыгар, мааскалаах сылдьыыны тутуһалларыгар, култуура, успуорт тэрээһиннэрин олохтоммут нуорманы тутуһан ыыталларыгар эттэ. «122» нүөмэрдээх быһа линия үлэтин чуолкай оҥорорго сорудахтанна.
Тохсунньу 17 күнэ. Ил Түмэн ХХХIII (уочарата суох) ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар сүрүн көрүллүбүт боппуруоһунан «Аһаҕас былаас тиһигэр олохтоох салайыныы биир кэлим бириинсиптэрин олохтооһун» диэн олохтоох салайыныыга уларытыылары киллэрэр федеральнай сокуон саҥа барыла буолла. Дьокутааттар Саха сирин парламенын этиилэрин Госдуумаҕа бэлэмнээн киллэриэхтэрэ. Тустаах көҕүлээһиҥҥэ Ил Дархан өйөбүлүн биллэрдэ. Пленарнай мунньах иннинэ бу сокуон барылын уопсастыбанньыктар, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, дьокутааттара элбэхтэ дьүүллэстилэр, санааларын этиннилэр. Сокуон олохтоох бэйэни салайыныыны биир таһымнаах оҥорон, норуоту былааска чугаһатар, үлэни сүрүннүүрү судургутар соруктаах. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ кылгас кэм иһигэр киэҥ дьүүллэһии түмүгэр үгүс боппуруос быһаарыллан бэбиэскэҕэ турбаттар. Ол курдук, муниципальнай тэриллиилэр кыраныыссаларын боппуруоһа – өрөспүүбүлүкэ административнай-территориальнай тутула уларыйыа суоҕа. Нэһилиэктэр бары оннунан хаалыахтара. Сыана тарыыбын бэлиитикэтигэр, тыа сиригэр чэпчэтиилэргэ, социальнай инфраструктураны сайыннарыыга боппуруостар уларыйбаттарынан, дьүүллэһиигэ турбаттар. Баһылыктары талыы бэрээдэгин субъект бэйэтэ быһаарар. Муниципальнай тэриллиилэр экэнэмичэскэй балаһыанньаларын уонна үбүлээһиннэрин быһаарыы – сүрүн боппуруос. Ол эбэтэр дьон олоҕун-дьаһаҕын таһыма уонна хаачыстыбата тупсан иһиэхтээх. Бу – уларыйыы хайысхатын бастакы соруга. Былаас биир кэлим таһымыгар муниципальнай боппуруостары быһаарыы судургутуйуоҕа. Дьон билиҥҥи курдук бэйэ-бэйэлэрин хатылаһар үлэни толорор олохтоох былаас араас таһымынан төттөрү-таары сүүрбэккэ, чопчу биир былаас уорганыгар кыһалҕатын быһаарар буолуоҕа. Муниципальнай былаас кэнэҕэски тутула оройуон таһымыгар тирээн турар боппуруоһу чопчутук быһаарар, бэйэ-бэйэлэрин боломуочуйаларын хатыласпат күүстээх хамаанда буолар курдук тэриллиэхтээх. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас сүрүн соругунан олох хаачыстыбатын тупсарыы буолар, — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бэйэтин этиитин түмүктүүрүгэр Ил Дархан Айсен Николаев: «Олохтоох салайыныы уорганын уларытыы өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай тэриллиилэр сайдыыларыгар көдьүүстээх буоларыгар эрэнэн туран, Ил Түмэн дьокутааттара сокуон барылыгар уларытыылары киллэриигэ Госдуума дьокутааттарын анал хамыыһыйаларга киллэрэргэ сүбэлиибин. Маны таһынан, норуот дьокутааттара, олохтоох салайыныы, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах холбоһуктаах хамыыһыйа тэриллэн, буолар уларыйыыга туһаайыллыбыт үлэ былаана торумнанан, олоххо киирэригэр эрэнэбин”, — диэн санаатын тиэртэ.
Тохсунньу 19 күнэ. Бу күн Дьокуускайга РФ айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов кэллэ. Ойуурдары баһаардартан харыстыырга федеральнай бүддьүөттэн эбии үп-харчы көрүллүбүтүнэн сибээстээн, федеральнай миниистир 2022 сылга баһаар сезонугар бэлэмнэниигэ сүбэ мунньаҕы ыытта. Ону тэҥэ Козлов 2022-2024 сылларга көрүллүбүт үбүлээһин чэрчитинэн эрэгийиэн сирин-уотун, нэһилиэнньэлээх пууннары харыстыыр инженернэй тутуу эбийиэктэрин боппуруоһун көрдө. Маны сэргэ геологияҕа федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. «Айылҕаны чөл хаалларыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн эбээһинэһэ. Маны хааччыйыыга Арассыыйа салалтата сөптөөх көмөнү оҥороро махталлаах дьыала. РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ уонна РФ Бырабыыталыстыбата ойуур баһаардара сытыырхайан турар кэмнэригэр, ону этэҥҥэ быһаарыыга сөптөөх көмөнү оҥорбуттара. Быйыл сайын эмиэ кураан буолара күүтүллэр, ол иһин билиҥҥиттэн ойуур баһаардарын бохсууга аналлаах бэлэмнэнии бара турар. Мунньахха аны сайын тустаах боппуруоска туох-ханнык миэрэлэр уталытыллыбакка ылыллыахтаахтарын дьүүллэстибит уонна өрөспүүбүлүкэ үлэлиэхтээх хайысхата федеральнай таһымнаах былааҥҥа киириитин быһаарыстыбыт», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.
Бэрэсэдьиэн уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин сөптөөх быһаарыыларынан ойуур уотун кытта охсуһууга эрэгийиэннэргэ көрүллэр үбүлээһин 8,2 млрд солк. эбилиннэ. Саха сирэ эбии 1,1 млрд солк ылыаҕа. Билигин сүрүн сорук — баһаар турар сэрэхтээх кэмин иннинэ чуолкай бэлэмнэнии үлэтин ыытыы.
Тохсунньу 19 күнэ. Санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы кытаатан уонна өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһа этии киллэрбитинэн, Саха сиригэр коронавирус дьаҥын тарҕаныытын утары миэрэ күүһүрдэ. Манна аналлаах Ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата. Онно сөп түбэһиннэрэн успуорт бары тэрээһиннэрэ көрөөччүтэ суох ыытыллыахтара. Бары тыйаатырдарга, култуура дьиэлэригэр көрөөччүлэр сааланы 50% толороллор. Ыраахтан олорон үөрэтии кэмигэр оҕолор аралдьытар-оонньотор кииннэргэ сылдьаллара бобулунна. Дьиэ кэргэҥҥэ биирдэстэрэ вируска хаптардаҕына (ОРВИ) уонна коронавируһунан ыалдьыбыт дьону кытта хантаактаах буоллахтарына, ону тэҥэ тас дойдуттан кэлбит дьон хааччахтанан олоруулара 14 күнтэн 7 күҥҥэ диэри кыччаан биэрдэ.
Тохсунньу 20 күнэ. «Алмаасэргиэнбаан» ааспыт сыллааҕы үлэтин көрдүлэр. Кэлиҥҥи үс сылга баан бигэ туруктаахтык, барыстаахтык үлэлиирин бэлиэтээтилэр. 2021 сылга сүрүн түмүктэрин ситиспит, маны сэргэ «Саха сирин олохтооҕо» бөдөҥ социальнай бырайыагы олоххо киллэрбит. Ил Дархан баан өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларга кыттан, социальнай инфраструктураны сайыннарыыга кылаатын киллэрэрин эттэ. Алмаасэргиэнбаан Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Өлүөхүмэҕэ уһуйааннары туттарда. Өлүөхүмэҕэ писхоневрологическай диспансер, Ытык Күөлгэ поликлиника, Эбээн Бытантай улууһугар оскуола тутуутугар кыттар. Баан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Долгунов иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ баан 120 тыһ. киһини уонна 4 тыһ. корпоративнай килийиэни хааччыйар. Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар биэрбит кирэдиитинэн Уһук Илин уокуругар бэһис көрдөрүүлээх. Баан 2033 сылга диэри сайдыы стратегиятын оҥорууга үлэлэһэр.
Тохсунньу 20 күнэ. Ил Дархан улуустар, куорат уокуруктарын баһылыктарын нэһилиэктэргэ быһаччы тиийэн, олохтоохтору кытта көрсөн олорон отчуоттары ыытары тохтоторго ыҥырда. Бу туһунан кини суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕар эттэ. «Олус сыстыганнаах вирус кэлбитинэн, билигин биир сүрүн ирдэбилинэн түргэнник дьаһаныы ирдэнэр. Онон чуолкай уонна түргэн быһаарыныылары ылынан, суһаллык олоххо киллэрэн иһиэхтээхпит», — диэтэ кини. Ыарыы тарҕаммыт сирдэригэр түргэнник дьаһана охсон, миэрэ ылыахтаахтар, быһыыны ылыы тэтимин бытаардыа суохтаахтар, дьон бары харыстанар ньыманы тутуһалларын ситиһиэхтээхтэр. Үөһэттэн ыйыыны кэтэспэккэ, үөрэх тэрилтэлэрин тэйиччиттэн үөрэххэ ыытар бырааптаахтар. Ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэктэр биэлсэр пууннара эминэн үчүгэйдик хааччыллыахтаахтар. 100 тыһыынча киһиэхэ хас киһи ыалдьарын быһаарбыттарынан, Саха сирэ дойду үрдүнэн 4-5 миэстэлээх. Ыалдьар дьон 80%-ра Дьокуускайга бааллар. Оттон улуустары ыллахха, Мэҥэ Хаҥаласка, Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Горнайга, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ эпидемиологическай балаһыанньа уустук. Коронавирус тарҕанарын уонна дьон ыараханнык ыалдьарын тохтотор ньыма – быһыыны биэрии. Өрөспүүбүлүкэҕэ улахан дьон 77%-на быһыыны ылбыт. Оттон ревакцинацияны 110 тыһыынча киһи ааспыт.
Тохсунньу 21 күнэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар коронавируһунан ыалдьыы балаһыанньата сытыырхайбытын бэлиэтээтилэр. Бүтэһик түөрт күҥҥэ ыалдьыбыт дьон 80% Дьокуускай куоракка тиксэр. Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка, Алдаҥҥа, Уус Алдаҥҥа уонна Чурапчыга быһыы-майгы кытааппыт. 62 ыарыһах реанимацияҕа сытарыттан 10 киһи туруга ыарахан. Бу бары вакцината суох дьон. «Билигин ыалдьыбыт дьонтон үгүстэрэ дьаҥы арыый чэпчэкитик аһарыналлар эрээри, саҥа штамм салгыы хайдах буолара биллибэт. Балыыһаҕа ордук хат дьахталлар уонна кырдьаҕас дьон киириилэрэ элбээтэ. Нэдиэлэ саҕаланыытыттан кыра оҕолор ыалдьаллара элбээтэ. Ыалдьыбыт дьон 28% оҕолор ылаллар», — диэн Ил Дархан эттэ. Улуустар баһылыктарыгар вакцинация тэтимин ыһыктыбаттарыгар этилиннэ. Бүгүҥҥү туругунан 6 улуус вакцинацияҕа 70% кирбиигэ тиийэ илик.
Тохсунньу 22 күнэ. Айсен Николаев төрөөбүт күнүгэр Котогоровтар-Фурсо диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаата. Айсен Сергеевич бэйэтэ этэринэн, төрөөбүт күнүгэр уруккуттан улуустарга, куорат таһыгар сылдьар, дьону-сэргэни кытары көрсүһэр үгэстээх. «Маннык айаҥҥа сылдьан, мин Котогоров-Фурсо диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни кытары билсибитим. Онтон ыла мин эйэлээхтик, сылаас сыһыаҥҥа бигэнэр 25 оҕолоох дьиэ кэргэни кытта билсэбин. Соторутааҕыта социальнай ситиминэн төрөөбүт күммэр өссө төгүл кинилэргэ тиийэ сылдьарым туһунан ыҥырыы туппутум. Онуоха бу Саха сиригэр Ийэ сылынан көрсүһүү ураты бэлиэнэн буолар. Кэнники көрсүһүүбүтүттэн бэттэх оҕолор биллэ улааппыттар. Ким эрэ бэйэтэ номнуо ыал буолбут, биэс сиэн улаатан эрэр. Онтон Бэрэсидьиэн буолуон баҕарар Рома номнуо 9 сааһа. Бу дьиэ киэргэн соһуччу бэлэх оҥордо — ырыа ыллаатылар, минньигэс туордунан күндүлээтилэр уонна төрөппүттэрбин кытары миигин уруһуйдаабыттарын бэлэхтээтилэр. Улахан хаһаайыстыбалаах ыал оҕолоро кыраларыттан үлэлии үөрүйэхтэр, төрөппүттэригэр туһа дьоно. Хаһаайыстыбаларыгар сылгылаахтар, понилаахтар, козалаахтар, индейкалаахтар, оннооҕор страус баар! Төрөппүттэрин кытта хаһаайыстыбаҕа үлэлэрин-хамнастарын, судаарыстыба оҥорор өйөбүлүн туһунан кэпсэттибит. Хомойуох иһин, бу көмөнөн сорох дьиэ кэргэттэр туһаналлара арыт кыаллыбат. Ыйыллыбыт көмөнү кэмигэр биэрии боппуруоһугар көмөлөһүөх буоллум. Маннык дьиэ кэргэттэр көлүөнэ утумнааһынын салгыыллар, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит чэлгийэригэр тирэх буолаллар!», — диэн Ил Дархан бэйэтин Инстаграмыгар суруйбут.
Тохсунньу 22 күнэ. Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ. Миэстэтигэр тиийээт, кини өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Онлайн-сибээскэ ыаллыы улуустар баһылыктара таҕыстылар. Айсен Николаев Бүлүү бөлөх улуустарга эпидемиологическай балаһыанньа хайдаҕын билистэ. «Дьокуускайы уонна атын улуустары кытта тэҥнээтэххэ, Бүлүү бөлөх улуустарыгар быһыы-майгы оннук тыҥааһына суох. Ол эрээри кэлиҥҥи күннэргэ ыалдьааччы ахсаана эбиллибит, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа икки-үс төгүл улааппыт. Балаһыанньа Сунтаарга уустук эрээри, бырыһыанынан тэҥнээтэххэ, Үөһээ Бүлүүгэ ордук үрдээбит», — диэтэ Николаев. Кини баһылыктарга коронавируһу утары быһыыны биэриини уонна ревакцинацияны күүһүрдэргэ соруйда. Ньурбаҕа уонна Бүлүүгэ вакцинаны улахан дьон 80% ылбытын холобурга аҕалла. Доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тохтоло суох үлэлииллэрин, эпидемиологическай быһыыттан-майгыттан көрөн эбии хааччахтааһыны, ол иһигэр ыраахтан олорон үөрэнии боппуруоһун суһаллык быһааралларын ыйда. Ил Дархан ураты хонтуруолга атын улуустартан, Дьокуускайтан, ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлээччилэри, ол иһигэр дистанционнай үөрэтии киирбитинэн дьиэлэригэр төннөр устудьуоннары ылалларыгар сорудахтаата. Эминэн-томунан, коронавируһу бэрэбиэркэлииргэ тиэһинэн ордук кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга болҕомтону уурарга эттэ.
Салгыы Үөһээ Бүлүүгэ Айсен Николаев элбэх кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирэр бэлиэ түгэнигэр кыттыыны ылла. Исидор Барахов уулуссатыгар олорбут 28 ыал хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан саҥа квартираланнылар. Кинилэргэ күлүүстэри Ил Дархан Айсен Николаев үөрүлээх быһыыга-майгыга туттарда. «Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыага мөлүйүөнүнэн киһи олорор усулуобуйатын тупсарарыгар кыаҕы биэрэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бырагырааманан мөлүйүөнтэн тахса кв.м. иэннээх сиртэн көһөрүү былааннанар. Маннык далааһыннаах үлэҕэ Үөһээ Бүлүү олохтоохторо кыттар кыахтаммыттарыттан долгуйа үөрэбин», — диэтэ Ил Дархан. Үс мэндиэмэннээх 1700 кв.м. иэннээх саҥа, сырдык дьиэ биирдии уонна үстүү хостоох кыбартыыралардаах. Санатар буоллахха, национальнай бырайыагынан Саха сиригэр 2021 сылга хаарбах дьиэлэртэн 18 тыһ.тахса киһи көһөрүллүбүт. 2022 сылга 25 тыһ. тахса киһи көһөрө былааннанар.
Улууска сырыытын кэмигэр Ил Дархан быйыл сайын бэс ыйын 20-21 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии уонна тэрийэн ыытыы боппуруостарын көрдө. «Олоҥхо ыһыаҕа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар ыытылларынан, үрдүк таһымнаахтык тэриллиэхтээх. Бэлэмнэнии 2020 сылтан былааннаахтык ыытыллыбыт. Улахан үлэ оҥоһулунна, тутууну ситэрии-хоторуу уонна эбийиэктэри өрөмүөннээһин салҕанар. Билигин саамай сүрүнэ — бары бэлиэтэммит тэрээһиннэри олоххо киллэрэргэ үлэ тиһэҕэр диэри ымпыктаан-чымпыктаан оҥоһуллуохтаах«, — диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ. 15-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар IV төгүлүн ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ —норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл буолуоҕа. 2200 миэстэлээх трибуналаах түһүлгэ, кымыс иһэр киин, Аал Луук мас, күнү көрсөр сир, Аар-Баҕах сэргэ, Өрөспүүбүлүкэ аллеята тутуллаллар. Үтүө дьыала хамсааһынынан хас да тутууну ыам ыйа бүтүөр диэри түмүктүүр былааннаахтар. Ипподрому өрөмүөннүөхтэрэ. Тэрийэр кэмитиэт Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр массыына суолун аспааллыыры, ыһыах ыытыллар сиригэр киирэр суолу оҥорууну хонтуруоллуур. Куорамыкы биэрэгин, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын, Үөһээ Бүлүүгэ оҕо былаһааккатын тупсарыы үлэлэрэ болдьоҕор түмүктэниэхтэрэ.
Тохсунньу 22 күнэ. Москватааҕы уонна Русь бүттүүнүн Сибэтиэй Патриарха Кирилл өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаевы кинээс «Александр Невскэй» Нуучча Православнай таҥара дьиэтин уордьанынан наҕараадалыыр туһунан ыйаахха илии баттаата. Сибэтиэй Патриарх аатыттан үрдүк наҕарааданы уонна эҕэрдэ суругу Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман туттарда. «Россия саамай улахан эрэгийиэнин салайааччыта буоларгынан Саха сирэ сайдарыгар улахан сыраҕын уураҕын. Эн туруорбут соруккун көдьүүстээхтик быһаарарга дьулуһууҥ дойду салалтатын итэҕэлин уонна дьон-сэргэ ытыктабылын ылар», — диэн эҕэрдэ сурукка этиллэр. Ил Дархан Патриарх Кириллгэ улахан махталын биллэрдэ, наҕараада өрөспүүбүлүкэ сайдарын, тупсарын туһугар туруулаһааччыларга барыларыгар ананарын эттэ.
Тохсунньу 22 күнэ. Бу күн киэһэтин Айсен Николаев Дьокуускайга Уопсастыбаннай кииҥҥэ аһыллыбыт саҥа колл-кииҥҥэ сырытта. «122» биир кэлим нүөмэринэн быһа сибээс үлэтин кытта билистэ. Кииҥҥэ куорат биэс поликлиникатын линията холбоммут. Сарсыарда 8 чаастан киэһэ 18 чааска диэри өрөбүлэ суох 100 оператор үлэлиир. Күннэтэ 15 тыһ. киһи эрийэн тиийэр. Түүҥҥү өттүгэр Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суһал линията эмиэ «122» нүөмэринэн үлэлиир. Кэлэр нэдиэлэҕэ колл-киин инники түүннэри үлэлиир эрэсиимин быһаарыахтара. Бу «122» нүөмэргэ эрийэн бырааһы дьиэҕэ ыҥырыахха, поликлиникаҕа приемҥа суруттарыахха, социальнай көмүскэл боппуруостарыгар, психологическай сүбэлэри ылыахха, волонтердары кытта сибээстэһиэххэ сөп.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ