Ил Дархан нэдиэлэтэ: Быһыыны ылыы тэтимириэхтээх

Ыам ыйын 9 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Кини улуустарга суһал ыстааптар үлэлэрин күүһүрдэргэ сорук туруорда. Хамсык дьаҥын тарҕаныытын утары үгүс миэрэ ылыллыбытын үрдүнэн, ыалдьааччы ахсаана эбиллэ турар.


Бу сүрүннээн олохтоохтор уопсастыбаннай миэстэҕэ санитарнай миэрэлэри тутуспаттарыттан тахсар. Кэлиҥҥи кэмҥэ коронавируһунан оҕолор ыалдьаллара элбээтэ. Үгүс киһи мааска кэппэтэ, социальнай арыты  тутуспата, бөлөҕүнэн мустуу ыарыы тарҕаныытыгар төрүөт буолар. Онон Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин доруобуйаларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара ирдэнэр. Ил Дархан суһал ыстаабы Дьокуускай куорат административнай хамыыһыйатын кытта дьону аһатар, аралдьытар сирдэринэн эриэйдэлэри күүһүрдэргэ эттэ. «Билиҥҥи быһыы-майгы тыҥааһыннаах. Хааччахтыыр миэрэни булгуччу тутуһуу эрэ өрөспүүбүлүкэҕэ үөскээбит балаһыанньаны аһарар кыахтаах. Онон хааччахтыыр миэрэлэр салҕанан барыахтара. Дьон түмсүүтүн таһаарымаҥ», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ уонна бары хайысханан үлэни күүһүрдэргэ ыҥырда.

Ыам ыйын 11 күнүгэр Айсен Николаев Казань куорат 175 №-дээх гимназиятыгар тахсыбыт алдьархайга сырдык тыыннара быстыбыт үөрэнээччилэри уонна учууталлары кэриэстээн, кинилэр чугас дьонноругар, дьиэ кэргэттэригэр Саха сирин олохтоохторун аатыттан дириҥ кутурҕаны тириэртэ. Регион баһылыга телеграмманы Татарстан Бэрэсидьиэнэ Рустам Миннихановка уонна Казань куорат мэрэ Ильсур Метшиҥҥа ыытта.

Ыам ыйын 12 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар эргиэн тэрилтэлэрэ хааччахтыыр миэрэлэри аанньа тутуспаттарын, уопсастыбаннай миэстэлэргэ, тырааныспарга дезинфекцияны мөлтөхтүк ыыталларын, мааскалаах сылдьыы режимин, итиэннэ социальнай арыттаах буолууну тутуспаттарын ыйда. Бу барыта ыарыы ахсаана элбиитиргэр төрүөт буоларын эттэ. Киин куоракка уонна улуустарга балыыһаларга эбии куойкалар аһыллыбыттар. Оҕо күүтэр дьахталлар ыалдьаллара элбиир, ол иһигэр ыарахан туруктаахтар. Оҕолорго 7-тэн 14 саастарыгар диэри ыалдьаллара эмиэ эбиллэр. Региоҥҥа вакцинация салҕанар. Бу кэмҥэ 113 тыһ. тахса киһи быһыы ылбыт, ол иһигэр 91 тыһ. киһи толору кууруһу, итиэннэ 29 тыһ. аҕам саастаах дьон. Айсен Николаев бары ирдэниллэр хааччахтыыр миэрэлэри кытаанахтык тутуһар, оптовай базаларга, уопсастыбаннай миэстэлэргэ, тырааныспарга дезинфекцияны ыытыыны, булгуччу мааскалаах уонна социальнай арыты тутуһан сылдьыыны өссө төгүл санатта.

Ыам ыйын 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Уһук Илиннээҕи таможня управлениетын Хабаровскайдааҕы таможнятын салайааччыта, таможня сулууспатын генерал-майора Владимир Игнатьевы кытта көрүстэ. Хабаровскайдааҕы таможня  дойдуга биир бөдөҥнөрө, Амурскай уобалас, Еврейскэй автономнай уобалас, Хабаровскай кыраай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 16 таможня поһун үлэтин сүрүннүүр. Дьокуускай уонна Нерюнгри постара бу иннинэ Благовещенскайдааҕы таможняҕа киирсэллэрэ, ааспыт сыл алтынньы 1 күнүттэн Хабаровскай таможнятын структуратыгар холбоммуттара. Ил Дархан уонна биэдэмистибэ салайааччыта регион салалтата уонна таможня бииргэ үлэлээһиннэрин, ол иһигэр чох, ойуур бырамыысалыннаһын экспорга тахсар кыаҕын сайыннарыы, экономика сырье секторыгар киирсибэт бородууксуйатын тас ырыынакка тахсыытын, сэлии муоһун кыһалҕалаах боппуруостарын, Арктика сирин-уотун сайыннарар бырайыактар тустарынан кэпсэттилэр.

Ыам ыйын 13 күнүгэр Айсен Николаев Ярославльтан Россиятааҕы Ф.Волков аатынан академическай драматическай театр уус-уран салайааччыта, Россия үтүөлээх артыыһа, биллэр киноактер Сергей Пускепалиһы уонна театр дириэктэрэ Арат Тухватуллины кытта көрүстэ. Ил Дархан Саха сирэ баай театральнай үгэстээҕинэн 1750 сыллаахха төрүттэммит Россия саамай кырдьаҕас театра бу күннэргэ Дьокуускайга аан бастаан гастроллуу кэлбитэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу сырыы «Улахан гастроллар» диэн федеральнай бырагыраама көмөтүнэн оҥоһулунна. Бу курдук театрдар икки ардыларыгар култуурунай, доҕордуу сыһыан олохтооһун инники сайдыыга туһалаах буоларын эттэ. Айсен Николаев Саха сирин театрдарын үлэлэрин уонна инники былааннарын тустарынан билиһиннэрдэ. Ыалдьыттар истиҥ көрсүһүү иһин махтаннылар. Ярославль театра Саха сиригэр үс спектаклы көрдөрө аҕалбыт. А.С. Пушкин аатынан Нуучча театра уонна Ф. Волков аатынан театр бииргэ үлэлэээһиҥҥэ меморандум түһэристилэр.

Ыам ыйын 13 күнүгэр Айсен Николаев «Хозяин Арктики» экологическай бырайыак тэрийээччилэрин кытары көрүстэ. Бу күннэргэ Саха сиригэр «Хозяин Арктики» экологическай бырайыак кыттыылаахтара уонна тэрийээччилэрэ Арктикаҕа үрүҥ эһэлэр ахсааннарын ааҕа кэллилэр. Бырайыак Росприроднадзор көҕүлээһининэн «Чистые моря» аан дойдутааҕы экологическай пуонданы кытары ыытыллар. Тэрийээччилэр Лаптевтар уонна Илиҥҥи Сибиир муораларыгар үрүҥ эһэлэр ахсааннарыгар авиаучуот ыытыахтара. Айсен Николаев бырайыак тэрийээччилэригэр Арктика экологиятыгар болҕомто ууралларыгар махтанна. «Үрүҥ эһэлэр ахсааннарын, үөскүүр эйгэлэрин үөрэтии экологическай бырайыага научнай уонна үөрэтии бэрээдэгинэн ыытыллара суолталаах. Хомойуох иһин, уларыта тутуу кэнниттэн үрүҥ эһэлэри ааҕыы систиэмэтэ суох ыытыллыбыта.  Экспедиция кэнниттэн научнай тэриллиилэргэ чопчу соруктар туруохтара диэн эрэллээхпин», — диэн эттэ. «Чистые моря» экологическай пуонда генеральнай дириэктэрэ Василий Богословскай туһааннаах бырайыак икки түһүмэҕинэн ыытыллыахтааҕын иһитиннэрдэ. Бастакы түһүмэҕэ Саха сиригэр ыытыллыахтаах, Тиксии аэропуордуттан  L-410 көтөр аалынан үрүҥ эһэлэри көрдөөһүн уон хайысханан ыытыллыаҕа.

Ыам ыйын 14 күнүгэр Ил Дархан каадыры аныыр туһунан ыйааҕы таһаарда. Ол курдук, кини ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччыта Виктор Романовы миниистир бастакы солбуйааччытынан анаата. Оттон кини оннугар Дмитрий Шуваловы миниистир солбуйааччытынан анаата. Бу иннинэ Шувалов «Якутскэнерго» хампаанньа Киин электрическай ситимигэр кылаабынай инженер солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

Ыам ыйын 14 күнүгэр Саха сирин баһылыга улуустар уонна куорат уокуруктарын баһылыктарыгар суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ хамсык дьаҥынан ыалдьыы ахсаана үрдээбитигэр болҕомтону туһаайда. Коронавируска сутуллуу хас биирдии түгэнин оройуон баһылыктара хонтуруоллуохтара. Ил Дархан бары хааччахтыыр миэрэлэри булгуччу толорууну ирдээтэ. Баһылык быһыыны ылыы булгуччулааҕын уонна дьон быһыыны ылыыларын тэтимирдэр наадатын ыйда.

Мунньахха суһал ыстааптар миэстэтигэр дьон кэлиитин-барыытын көрөллөрүгэр ыҥырда. Маассабай тэрээһиннэри ыытыыттан туттунарга сүбэлээтэ, ордук оскуола кэлэктииптэригэр. Бүгүн суһал ыстааптар иннилэригэр биир сорук турар – коронавирус дьаҥа тарҕаныытын тохтоторго уонна өрөспүүбүлүкэҕэ эпидбалаһыанньаны туруктаах оҥорорго. Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Айсен Николаев оройуон уонна куораттар суһал ыстааптарыгар балаһыанньа мөлтөөһүнүгэр түргэнник дьаһанарга, тэтимнээхтик үлэлииргэ, быһыыны ылыы тэтимин аччаппат туһунан ыҥырда.

Ыам ыйын 14 күнүгэр регион баһылыга уонна «Сколково» пуонда вице-бэрэсидьиэнэ Юрий Сапрыкины бииргэ үлэлээһин туһунан көрсөн кэпсэттилэр. Айсен Николаев туһааннаах пуонданы кытары Саха сирэ инновационнай экономиканы сайыннарыыга, аныгы технологияны, өҥөнү киллэриигэ хаһыс да сыл көхтөөхтүк үлэлэһэрэ үтүө түмүктэри биэрэрин эттэ. Саха сирэ уон сыллааҕыта түһэрсиллибит сөбүлэһии быһыытынан эбэһээтилистибэлэри толорууга үс бастыҥ көрдөрүүлээх регион ахсааныгар сылдьар. Ол курдук, резидент-хампаанньа, стартап ахсаана эбиллэр. Билиҥҥитэ Сколково пуонда резиденинэн Саха сирин 14 хампаанньата буолан, федеральнай чэпчэтиинэн туһанар. Бу ааспыт сылларга 19, 5 мөл. солк. грант бэриллибит. Юрий Сапрыкин Айсен Николаевка ураты болҕомто уурарын иһин махтанна. Икки өрүттэр Саха сиригэр биомедицинаны сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр.

Муус устар 14 күнүгэр Ил Дархан СӨ Уопсастыбаннай палататын саҥа талыллыбыт төрдүс састаабын кытары видеосибээһинэн көрүстэ. Палаатаҕа 66 киһи араас эйгэттэн, бары социальнай бөлөхтөн улуус бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэр, орто саастара – 53. Айсен Николаев саҥа чилиэннэри уонна бэрэссэдээтэлинэн Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Николай Бугаев талыллыбытынан эҕэрдэлээтэ. «Киһи үөрэрэ, Уопсастбыннай палаата саҥа састаабыгар эдэр дьон киирбиттэр. Хас биирдиигит олоххо, үлэлиир эйгэтинэн ситиһиилээх, аптарытыаттаах дьон буолаҕыт. Эһиги уопуккут бу уопсастыбннай үлэҕитигэр туһалыаҕа», – диэтэ кини уонна ситиһиилээх үлэни баҕарда. Уопсастыбаннай палаата гражданскай биир тутаах институт буоларынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин интэриэһин көмүскүүр, судаарыстыбаннай бэлиитикэ олоххо киириитигэр дьон-сэргэ быраабын, көҥүлүн хааччыйар аналлаах. Көрсүһүү кыттыылаахтарын Ил Дархан дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата ылыммыт быһаарыылара миэстэтигэр олоххо хайдах киириилэрин хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ ыҥырда, ол иһигэр национальнай бырайыактары, хамсык дьаҥын тарҕаныытын таһаарбат дьаһаллар туолууларын. Маны сэргэ Айсен Николаев СӨ Төрүт сокуонуугар уларыйыы киириитин дьүүлэһиигэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. Палаата чилиэннэрэ нэһилиэнньэттэн киирэр кыһалҕалаах боппуруостарга суһаллык хардаралларыгар, былаас уорганнарын, бизнес уонна дьон-сэргэ ортотугар  тахсар мөккүөрдээх түгэннэри бэрээдэктээһиҥҥэ көмөлөһөллөрүгэр ыҥырда.

Ыам ыйын 15 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус тарҕаныытыгар хааччахтыыр миэрэлэр тустарынан ыйаахтарга саҥа көннөрүүлэри киллэрдэ, ыйаахтарга илии баттаата. Ол быһытыынан саҥа хааччахтыыр миэрэлэр ылыллыахтара. Бу  дьаһаллар каникул эрэ кэмигэр буолбакка, оҕолор билиҥҥитэ кэлиилэрин-барыыларын таарыйар. Дьокуускайга уонна кэккэ оройуоннарга  үөрэнээччилэр тэйиччиттэн олорон үөрэххэ көспүттэринэн, оҕолор үөрэх дьыла бүтэ илигинэ улуустарга айанныахтарын сөп. Өскөтүн оҕо атын улууска, куоракка бардаҕына, төрөппүт ол туһунан олохтоох дьаһалтаҕа биллэрэрэ ирдэнэр. Миэстэтигэр куорат, нэһилиэк баһылыктара кэлэр оҕолору учуокка ылыахтаахтар. Кэлбит күннэриттэн икки нэдиэлэ устатыгар медиктэр оҕолорго профилактическай кэтээн көрүүнү ыытыахтаахтар. Оҕолор ортолоругар ыарыы элбээбитинэн  оҕо оонньуур хосторун, аралдьытар кииннэр үлэлэрэ ыам ыйын 31 күнүгэр диэри тохтотулунна.

Маны сэргэ рестораннарга, кафеларга, остолобуойдарга, буфеттарга, баардарга уо.д.а уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр ыам ыйын 31 күнүгэр диэри дискотекалар, атын аралдьытар тэрээһиннэр, ол иһигэр артыыстар кыттыылаах тэрээһиннэр, музыкальнай оборудованиелары, инструменнары туһаныы, караокенан ыллааһын, үҥкүүлээһин тохтотулунна. Банкет саалалара киэһэ 22:00 чааска диэри үлэ бириэмэтин тутуһан үлэлииллэр, мустар киһи ахсаана 50-тэн тахсыа суохтаах, остуоллар бэйэ бэйэлэриттэн 1,5 м тэйиччи туруохтаахтар, биир остуолга элбээбитэ 10 киһи олоруохтаах. 22 уонна онтон элбэх нэдиэлэлээх хат дьахталлары үлэ биэрээччилэрэ тэйиччиттэн олорон үлэҕэ көһөрөллөрүгэр сүбэлэнэр. Үлэ биэрээччилэр административнай, үлэлиир сирдэргэ (үлэһиттэр да, атын да сирэйдэр) маасканы кэтии режимин тутуһууну хааччыйар уонна дезинфекцияны ыытар эбээһинэстээхтэр.

Ыам ыйын 15 күнүгэр Айсен Николаев Дьокуускай куорат поликлиникаларын, балыыһаларын, медицинскэй кииннэрин кылаабынай быраастарын кытары көрүстэ. Кини өрөспүүбүлүкэ бары медицинскэй тэрилтэлэригэр вакцинация тэтимин түргэтэтэр соругу туруорда. Балаһыанньа тупсубатын, ордук тыҥааһыннаах быһыы-майгы киин куоракка уонна Мэҥэ Хаҥаласка бэлиэтэнэрин аҕынна. Быһыы биэрэргэ вакцина сөптөөх кээмэйэ баарын эттэ. Эбиитин чугастааҕы күннэргэ 10 тыһ. доза кэлиэхтээҕин иһитиннэрдэ. Маны сэргэ Ил Дархан туруорсуутунан федеральнай суһал ыстаап эбии 50 тыһ. дозаны ыытарга быһаары ылыммыт. Ону таһынан Саха сириттэн өссө 100 тыһ. вакцинаны ыытарга сайаапка түһэрилиннэ. Онон Дьокуускайга, Мэҥэ Хаҥаласка быһыы биэрэр биригээдэ ахсаанын элбэтиэхтэрэ, кинилэр үлэлэрэ өрөбүлү аахсыбакка сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 ч. диэри ыытыллар. Вакциналыыр пуун уонна дьиэҕэ кэлэн биэрэр бөлөх ахсаана эбиллиэҕэ. Маны сэргэ автовокзалга, култуура тэрилтэлэригэр, эргиэн кииннэригэр, МФЦ офистарыгар эмиэ быһыы туруоруохтара. Итиэннэ тэрилтэлэр сайаапкаларынан, даача учаастактарыгар кэлэн биэриэхтэрэ. Иккис дозаны ылааччылар бастакы дозаны ылбыт эрэ сирдэригэр буолбакка, ханные баҕарра пууҥҥа кэлэн туруортарыахтарын сөп. Мунньахха ХИФУ, АГАТУ устудьуоннарыгар быһыыны биэрии боппуруоһун кэпсэттилэр. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун вакцинацияҕа көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда

Ыам ыйын 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Саха сирин олохтоохторун Чэбдигирдэр сүүрүү уонна хаамыы күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев көҕүлээһининэн 20-тэн тахса сыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Доруобуйаны бөҕөргөтөр сүүрүү уонна хаамыы күнүн үгэс быһыытынан бэлиэтиибит. Бу күн Аан дойдутааҕы скандинавскай хаамыы күнүн кытта сөп түбэһэр. Ол иһин хаалыктаах хаамыыны пропагандалыыр «Сканди» бөлөҕү бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна кыратыттан улаханыгар диэри араас саастаах дьон дьарыктанар. Бу хамсааһыны төрүттээбит Ольга уонна Матвей Лыткиннар саҥаттан саҥа дьону бэйэлэригэр тардан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кэккэлэрэ хаҥыыр. Кулууп саамай саастаах чилиэнэ Матрена Андреевна Алексеева – 80 саастаах! Өрүү хаалыктаах хаамар буолан, Матрена Андреевнаҕа бэйэтин сааһын биэрбэккин. Эһиэхэ чэгиэн олоҕу тутуһаргыт уонна өрөспүүбүлүкэҕэ спорт сайдыытыгар дьоһун уонна кылааккытын киллэрэргит иһин барҕа махталбын тиэрдэбин», — диэн Ил Дархан туһаайан эттэ.

This post was published on 18.05.2021 11:03 11:03