Алтынньы 23 күнэ. Ил Дархан ювелирдары, алмааһы кырыылааччылары идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. 1992 сыллаахха алтынньы 23 күнүгэр Саха сиригэр бастакы алмаас кырыыламмытын, бу салааны сайыннарыыга олук уурбутун, алмааһы кырыылыыр салаа инникитин өссө да сайдыаҕа диэн бэлиэтээтэ. Саха норуотун уустарын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит дьоҕурдарын, үөрүйэхтэрин илдьэ сылдьар төрүт оһуордаах сахалыы симэхтэр өрөспүүбүлүкэбит киэн туттуута буоларын, Саха сирин ювелирдарын ураты оҥоһуулаах, көстүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэрин Арассыыйаҕа, тас дойдуларга үрдүктүк сыаналыылларын туһунан эҕэрдэҕэ этиллэр.
Алтынньы 23 күнэ. Айсен Николаев биир дойдулаахпыт Сергей Андреевскайы «Арассыыйа лидердэрэ» куонкуруска 11 бастыҥ иһигэр киирбитинэн эҕэрдэлээтэ. Владивостокка бэһис сылын ыытыллар күрэхтэһии түмүктүүр түһүмэҕэр Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн 127 киһи кытынна. Сергей Андреевскай Мииринэй оройуонун дьаһалтатыгар үлэлиир, «Арассыыйа лидердэрэ» куонкуруска бэһис төгүлүн кыттыбыт.
Алтынньы 23 күнэ. Ил Дархан Суһал ыстаап мунньаҕар өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансеры тутууну бу сыл бүтүүтэ түмүктүүр соругу туруорда. Эбийиэги кэмигэр үлэҕэ киллэрэргэ аҕалыллыбыт мэдиссиинэ тэрилин төлөбүрүн бэрээдэгэр уларытыылары киллэрэр туһунан быһаарыы ыллылар. Сотору кэминэн бэдэрээччит таҥан, үлэҕэ киллэриэҕэ. Симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрөр поликлиникалаах, 180 куойкалаах стационардаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах, уопсайа 26 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх онкоклиническэй киин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагын «Искэн ыарыыларын бохсуу» федеральнай бырайыагынан уонна «СӨ доруобуйа харыстабылын сайдыыта» эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар.
Алтынньы 24 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа» быыстапка-форумҥа өрөспүүбүлүкэ «Саха сирэ — Олоҥхо дойдута» экспозициятын билиһиннэрдэ. Тэрээһин ВДНХ-ҕа бу дыл сэтинньи 4 күнүттэн кэлэр сыл муус устар 12 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна дойду экэниэмикэтин араас салааларын дьоһун ситиһиилэрэ, бары эрэгийиэннэр бастыҥ уопуттара киэҥник сырдатыллыаҕа. Саха сирин экспозициятын сэтинньи 12 күнүгэр сүрэхтиэхтэрэ. Хас биирдии сылдьыбыт киһи Саха сирин туһунан элбэх саҥаны билиэҕэ. Манна ураты култуурабытын уонна духуобунаспытын тэҥэ, аныгы креативнай салаа бырайыактарын, бырамыысалыннаска, тутууга, тыа хаһаайыстыбатыгар, мэдиссиинэҕэ туттуллар дэҥҥэ көстөр оҥоһуктары көрдөрүөхтэрэ.
Алтынньы 24 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штырову кытта эрэгийиэн тырааныспар-логистическай комплексын сайыннарыы туһунан ырыттылар. Айсен Николаев тимир суолунан соҕурууҥҥу Саха сирин Кытай Хэйлунцзян бырабыынсыйатын Мохэ куораты кытта ситимниир бырайыак суолталааҕын бэлиэтээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кытайга «Биир эргимтэ – биир ситим» пуорумҥа бырайыак туһунан тыл этэригэр иһитиннэрбитэ. Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ массыына суолун тутуутун боппуруоһун көрдүлэр. Вячеслав Штыров кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр тырааныспар ситимин тупсарыыга үгүс үлэ барбытын, бу бары хайысханан сайдарын бэлиэтээтэ. Биэс сыл иһигэр 2,5 тыһ. км массыына суола уонна 49 муоста тутуллунна, тимир суол үлэлиир, аэропортар саҥардыллаллар.
Алтынньы 25 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа «Бэс Чагда» санаторий доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киинигэр Саха сириттэн сылдьар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытары көрүстэ. Санаторийга тэриллибит кииҥҥэ байыаннай сулууспалаахтар былырыыҥҥыттан эмтэнэллэр. Саха сирин салалтата киини өрөмүөннээн, оборудованиенан толору хааччыйбыта. Билигин манна 10 киһи эмтэнэр. Кинилэр ортолоругар «Барс-2» этэрээтин уонна «Ахмат» подразделение байыастара бааллар. Байыастар «Бэс Чагдаҕа» усулуобуйа үчүгэйин бэлиэтээтилэр. Ил Дархан Егор Гороховы төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарда. Мичил Павловка ураты 3Д-протеһы олордорго ыытыллыахтаах эпэрээссийэ этэҥҥэ ааһарыгар баҕарда. Айсен Николаев Афанасий Тихоновтыын уонна кини уолун кытта кэпсэттэ. Афанасий дьоҥҥо байыаннай дьайыы сиригэр көтөн иһэр хааһы ытан түһэриини көрдөрөр ролиги айбыт ааптарынан биллэр. Кини уола Артур дьиэ кэргэн тутаах киһитинэн буолбутун туһунан киэн тутта кэпсээтэ.
Алтынньы 26 күнэ. Ил Дархан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл эбии көрүҥнэрин олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаата. Докумуон эрэгийиэннэргэ өйөбүлү оҥоруу биир кэлим федеральнай стандартыгар олоҕурар. Ол курдук, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ олорор дьиэлэрин төлөбүрүн ороскуотугар уонна хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлөбүрүгэр 50% компенсация көрүллэр. Маны таһынан, култуурунай тэрээһиннэргэ сылдьыыга чэпчэтии киирдэ. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар эбии бэлэмнэнии бөлөхтөрүгэр босхо сылдьаллар. Төгүрүк суукканы быһа үлэлиир уһуйааннарга бастакы уочаратынан ылыллаллар, дьиэ кэргэн баҕарар буоллаҕына, оскуола үөрэнээччитэ олорор сиринэн оскуолаҕа көһүөн сөп. Араас куруһуоктарга, спортивнай сиэксийэлэргэ босхо сылдьаллар, спортивнай таҥаһынан хааччыллаллар. Өйөбүл эбии миэрэлэрин олоххо киллэрии бэрээдэгин бырабыыталыстыба сэтинньи 15 күнүгэр диэри бэлэмниэҕэ.
Алтынньы 26 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев РФ цифровой сайдыыга, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияҕа миниистирэ Максут Шадаевы кытта көрсөр, «Арктика синергията» бырайыак олоххо киириитини, үбүлээһинини туһунан кэпсэттилэр. Бу бырайыагынан 7 тыһ. км оптоволокно тардыллан, түргэн интернет арктическай улуустар кииннэригэр кэлэр кыахтаныаҕа. Быйыл бастакы түһүмэххэ 373 км ВОЛС 3 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа – Бүлүү Хаҕыныттан Эдьигээҥҥэ, Бэстээххэ, Бааханайга тиийиэҕэ, ол эбэтэр 3,7 тыһ. киһи хабыллыаҕа.
Алтынньы 27 күнэ. Айсен Николаев Александр Акимовы кытары көрсөн, Александр Константиновичка өр сыллаах көдьүүстээх үлэтин иһин махтанна. Кини Александр Акимов өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика улуустара сайдыытыгар кылаатын бэлиэтээтэ. Чуолаан хотугу сиргэ таһаҕаһы тириэрдии туһунан сокуон барылын оҥорууга кыттыбыта. Бырайыак судаарыстыбаннай тэрээһиннэр кыттыылаахтарын сыһыаннарын бэрээдэктээбитэ уонна бастакы уочаратынан тириэрдиллиэхтээх таһаҕастары быһаарбыта. Саха сирин өттүттэн киирбит элбэх этии сокуон оҥоһулларыгар учуоттаммыта.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Номнуо алтынньы түмүктэнэн эрэр. Төһө да кыһын арыый хойутаан, бытаардар да, өбүгэбит саҕаттан илдьэ сылдьар үгэспитинэн билигин идэһэ астааһынын, муус ылыытын, муҥхалааһын үгэнэ. Тымныйыан иннинэ үлэҕит үмүрүйдүн, этэҥҥэ буолуҥ.
Афанасий Ноев
This post was published on 02.11.2023 11:11 11:11