Ил Дархан нэдиэлэтэ: Баһылык бырабыыталыстыбаҕа производственнай учаастагы кэҥэтэргэ сорудахтаата

Ыам ыйын 29 күнэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрүстэ. Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, бырамыысыланнас, үлэ ырыынагын, инвестиционнай бырагыраамалар, информационнай технологиялар тустарынан  кэпсэттилэр.

«Владимир Владимирович, Саха сирэ куһаҕана суохтук сайдан иһэр, билиҥҥи быһыыны-майгыны учуоттаан туран, үчүгэй диэм этэ. Саха сирэ судаарыстыба экэнэмиичэскэй тыыла буолар соруктаах, урут даҕаны оннук этэ. Кэнники  сыллааҕы көрдөрүүлэр биһиги инники баран иһэрбитин туоһулууллар», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга иһитиннэрдэ.

Айсен Николаев демография туһунан бэлиэтээбитинэн, оҕо төрөөһүнүгэр Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ, дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ сылдьар. Саамай сүрүнэ, дьон көһөн барыыта аччаабыт. Айсен Сергеевич биэс сыллааҕыта Ил Дархан буолуутугар өрөспүүбүлүкэҕэ 960 тыһ. киһи олорор эбит буоллаҕына, билигин нэһилиэнньэ ахсаана 996 тыһ. киһиэхэ тиийдэ. Быйыл 1 мөлүөйүөннээх олохтоох төрүүрүн күүтэбит.

Салгыы эрэгийиэн баһылыга бырамыысалыннас сайдыытыгар уонна бөдөҥ инвестиционнай бырайыактарга болҕомтону туһаайда. Айсен Николаев Владимир Путины үүнэр сылга Саха сиригэр бэйэтинэн кэлэн, өрөспүүбүлүкэ олоҕун уларыйыытын көрөрүгэр ыҥырда. Биир кэскиллээх бырамыысалыннаска бырайыагынан Нерюнгри оройуонугар Эльгатааҕы чох хостуур комплекс буолар. Хампаанньа ааспыт сылга 39 мөл туонна чоҕу хостообут. «Эльгауголь» билигин  530 км бэйэтин чааһынай тимир суолун тутар, сир баайдаах сиртэн саҕалаан Хабаровскай кыраайынан эргийэн туран. Маны сэргэ 30 мөл туоннаҕа сөптөөх порт, уонтан тахса фабрика, аэродром тутуллар. Бу дойдуга саамай бөдөҥ бырамыысыланнас тутуута буолар.

Биир бөдөҥ инвестиционнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Мир — Глубокий» руднигы ааттаата, үлэтин бу сылга АЛРОСА-ны кытта саҕалаабыт: «Бырамыысыланнас таһымыгар бастакы хостооһуну 2030-2031 сылларга былаанныыбыт. Бу Мииринэй куорат сайдыытыгар уонна АЛРОСА хампаанньа өссө 50 сыл үлэлииригэр уонна үрдүк хаачыстыбалаах алмааһы хостооһуҥҥа кыах биэрэр», – диэтэ Ил Дархан.

Көрсүһүүгэ ойуур баһаарын сезонугар бэлэмнэнии туһунан кэпсэттилэр.

«Владимир Владимирович, бастатан туран, 2021 сыллаахха оҥорбут  көмөҥ, өйөбүлүҥ иһин махтанабын. Эн сорудаххынан федеральнай бүддьүөттэн бэйэтин хайысхатынан алта төгүл үбүлээһини улаатыннарда, оттон биһиги үс төгүлтэн ордугу.  2021 с. 7 мөл. тахса гектар тыа умайбыта. 1600 баһаар тахсыбыта. Ааспыт 2022 с. 500 баһаар тахсыбыта (үс төгүл кыра), оттон уот сиэбит сирэ 500 тыһ. гектар кэриҥэ этэ. Ити дойду Бырабыыталыстыбата уонна биһиги эбии тыырбыт үппүтүнэн баһаары утары үлэҕэ дьону элбэтиибит түмүгэ буолар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Эрэгийиэн былааныгар – ойуур баһаарын иэнин аҕыйатыы турар. Ити сыалы ситиһэргэ 20 мөл. гаҕа диэри көрөр-харайар сири кэҥэтилиннэ. Итини таһынан авиация маршрута, сиринэн кэтээн көрүү кэҥээтэ, 1,2 тыһ. киһи ойуур баһаарын утары үлэлиэҕэ.

«Ааспыт сылга биһиги аан бастаан баһаар буолуон сөптөөх сирдэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэн, ардаҕы түһэрэргэ авиацияны туһанныбыт. Ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар ол улаханнык туһалаабыта», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, эрэгийиэн 2022 с. көмө суотугар үбүлээһини ылан  баһаар тахсыытын 14 төгүл аччатта. 2021 с кытары тэҥнээтэххэ, үбүлээһин 5,5 төгүл – 1,6 млрд солк. диэри улааппыта. Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ойуур баһаарын утары 2,4 төгүл улаатан 912 мөл. солк. тэҥнэспитэ.

Көрсүһүү кэнниттэн Ил Дархан бу курдук санааты үллэһиннэ: «Владимир Владимировичка өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын, кэлиҥҥи сыллардааҕы көрдөрүүлэрбитин кэпсээтим. Бэрэсидьиэн биһиги үлэбитин үрдүктүк сыаналаата. Мин киллэрбит этиилэрбинэн РФ Бырабыыталыстыбатыгар сорудахтар бэриллиэхтэрэ. Бу биһиэхэ көннөрү бырайыактар эрэ буолбатах, бу — хас биирдии киһи олоҕо уонна сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуу. Саха сирин бары олохтоохторун аатыттан биһигини куруук өйүүрүн иһин Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр махтанным. Өрөспүүбүлүкэбит, дьон олоҕо сайдарын туһугар маннык курдук салгыы өссө күүскэ үлэлиэхпит».

Айсен Николаев быыбарга турарын дойду Бэрэсидьиэнэ өйөөбүтүн уонна быйыл күһүҥҥү быыбарга ситиһиини баҕарбытын туһунан Владимир Путин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрбитин ТАСС  биллэрдэ.

Ыам ыйын 30 күнэ. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, «Биир ньыгыл  Арассыыйа» баартыйа ыыппыт барыллаан куоластааһыныгар Саха сиригэр 500-тэн тахса хандьыдаат уонна 90 тыһ. тахса быыбардааччы кытынна.  Өрөспүүбүлүкэ куоластааһын көрдөрүүтүнэн Арассыыйаҕа бастакы миэстэҕэ таҕыста. Айсен Николаев барыллаан куоластааһыҥҥа кыттан, өрөспүүбүлүкэ инникитин туһугар кыһаллар уонна Бэрэсидьиэн баартыйатын тутуһар бэлиитикэтин өйүүр быыбардааччыларга махтанна. Саха сирэ кыттааччытынан даҕаны, быыбардааччытынан даҕаны улахан көхтөөҕүн, сомоҕолоһуу баарын көрдөрдө.

Ыам ыйын 30 күнэ. Дойду бэрэсидьинэ Владимир Путин креативнай индустрия бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ.

«22 бастыҥ креативнай экэниэмикэ бэрэстэбиитэллэрин ортотугар СӨ сайдыытын корпорациятын салайааччыта Афанасий Саввин уонна СӨ  киинэ прокатын дириэктэрэ Петр Чиряев кыттыыны ылбыттарыгар олус үөрэбин уонна киэн туттабын. Кинилэр Саха сирин креативнай экэниэмикэтин сайдыытын кэпсээтилэр уонна тус бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Маладьыастар!», — диэн Ил Дархан бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйбут.

Санатан эттэххэ, 2022 сыл түмүгүнэн, Саха өрөспүүбүлүкэтэ «Бастыҥ креативнай регион» аатын ылбыта.

Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев «РусГидро» генеральнай дириэктэрэ Роман Бердниковы кытта көрүстэ. Роман Николаевич «Якутскэнерго» саҥа генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Николаевич Алексеевы билиһиннэрдэ.

 «Гаврил Николаевич бу эйгэҕэ уруккуттан үлэлиир, онон кимнээҕэр билиҥҥи балаһыанньаны билэр. 10 сыл устата кини Сахаэнерго» хампаанньаҕа үлэлээбитэ, кэлиҥҥи үс сылга кини хампаанньаны салайбыта. Кини салалтатынан  «Якутскэнерго»  хампаанньа  өрөспүүбүлүкэ уотун ситимин комплексын үлэтин бигэтик хааччыйыаҕа, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэригэр АЛРОСА хампаанньа саҥа генеральнай дириэктэрэ – бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Павел Маринычевы билиһиннэрдэ.

«Биһиги Павел Алексеевиһы салайар үлэҕэ буспут-хаппыт профессионал, Саха сирин дьиҥнээх патриотун быһыытынан билинэбит. Кини үлэтин бастаан оттук бырамыысалыннаһын уонна энергетика министэристибэтигэр саҕалаабыта, оттон билигин аан дойду биир бөдөҥ корпорациятын салайааччытыгар тиийэ үүннэ. Өр кэмҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ.   Кэлиҥҥи сылларга АЛРОСА структуратыгар «Анаабыр алмаастара» хампаанньаны салайарыгар үлэни сөпкө аттаран, 2022 сылга кризис иннинээҕи көрдөрүүтүн ситиһэн тупсарда, пандемия кэмигэр тохтотуллубут саппаастаах сирдэри туһаҕа таһаарыыны сөргүттэ. Хампаанньа үлэһитин 98% — олохтоох каадыр. Билигин АЛРОСА хампаанньаны судургута суох кэмҥэ салайа кэллэ. Онон улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ, онон киниэхэ ситиһиини баҕарабын. Итиэннэ бырабыыталыстыба өттүттэн бииргэ үлэлииргэ бары күүһү уурарга ыҥырабын», – диэтэ Ил Дархан.

Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи бэлитиичэскэй сэбиэтин мунньаҕын ыытта. «Куоластааһыҥҥа хас биирдии сэттис быыбардааччы кыттыбыт диэххэ сөп. Ол аата дьон барыллаан куоластааһыҥҥа «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа кинилэр санааларын учуоттуур сөптөөх мэхэньиисимнээҕин уонна өрөспүүбүлүкэ инникитигэр сабыдыаллыыр күүстээҕин көрдүлэр. Биһиги баартыйабытыгар саҥа сүүрээн киирэригэр сыалы-соругу туруорабыт. Барыллаан куоластааһыны дьоһуннаахтык ааспыт хандьыдааттар билигин биһиги хамаандабытыгар киирдилэр. Кинилэр бары баартыйа үлэтигэр кыттыспытынан барыахтара уонна Саха сирэ сайдарыгар бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ», – диэтэ кини.

Ыам ыйын 31 күнэ. Дьокуускайга «Биисинэс туһугар: эрэгийиэннэр рейтиннэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн урбаанньыттар Бүтүн Арассыйатааҕы пуорумнара буолла. Манна бизнескэ административнай ыгыыны аччатыыны, хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир уорганнар урбаанньыттары кыһарыйыыларын уонна  урбаанньыттар туруорсууларын быһаарыыга киирбит үлэ саҥа ыстандаартарын  дьүүллэстилэр. Кэмпириэнсийэни Ил Дархан бэйэтэ салайан ыытта. Тэрээһиҥҥэ борокуратуура, ИДьМ, Силиэстийэлиир управление бэрэстэбиитэллэрэ, предпринимателлэр бырааптарын көмүскүүр боломуочунай кыттыыны ыллылар.

Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ урбаанынан дьарыктанааччы ахсаана эбиллэн 126 тыһ. киһиэхэ тиийдэ. Бэйэ дьарыктаах буолуутугар Уһук Илиҥҥэ үһүс миэстэҕэ, инвестиционнай актыыбынаһынан инники сылдьабыт. Кэлиҥҥи биэс сылга Саха сирин экэниэмикэтигэр инвестиция кээмэйэ  2 трлн солк. тэҥнэстэ. Ааспыт сылга 616 млрд солк. инвестиция таржылынна, иннинээҕи сылтан бу көрдөрүү 30%  үрдүк.

Кэлиҥҥи үс сылга административнай ыгыыны аччатыыга улахан үлэ ыытыллар. «Судаарыстыбаннай хонтуруол туһунан» федеральнай сокуонунан профилактикаҕа, бэрэбиэркэ ыытыыга улахан болҕомто уууруллар. Бу хайысхаҕа эрэгийиэммит Уһук Илиҥҥи уокурукка бастыҥ көрдөрүүлээх буолан, профилактикаҕа ыытыллар дьаһаллар 22,6% улааппыттар. Бу сэрэтэр үлэ хонтуруоллуур бэрэбиэркэ ахсаанын 1,5 төгүл куоһарар. Онон хонтуруоллуур уорганнар  аччыгый, дьоҕус бизнескэ бэрэбиэркэни ыытыылара 33,4% аччаппыттар. Быйыл мораторий быһыытынан 2886 былааннах бэрэбиэркэ барыыта тохтотуллубут. Урбаанньыттар уонна хонтуруоллуур уорганнар бииргэ үлэлээһиннэрин хаачыстыбата тупсубут. Билигин былааска бизнес итэҕэлин бөҕөргөтүү тоҕоостоох. Маныаха «ЗаБизнес.РФ» цифровой платформа административнай харгыһы аччатыыга, урбаанньыттар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ көдьүүстээх түмүгү биэриэҕэ.

Бэс ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлииригэр Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэринэн биллэрин, дойдуга оҕо төрөөһүнүнэн сэттис көрдөрүүлээхпитин, Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьарбытын аҕынна.  «Үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһ. солк. суумалаах тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо өссө биэс сылга уһатыллан, 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр маннык хапытаалынан туһанарга 13 837 быһаарыы ылылыллыбыт.

«Күн бүгүн ураты болҕомтону Аҕа дойдуну көмүскээччилэр – байыаннай дьайыыга кыттааччылар оҕолоругар уурабыт. Кинилэр оскуолаҕа босхо аһынан хааччыллаллар, уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрдэриттэн босхолоноллор, эбии истипиэндийэ төлөнөр, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ киирэргэ тус сыаллаах миэстэ көрүллэр, сайыҥҥы сынньалаҥ уонна чэбдигирдии тэриллэр». Байыастарбыт биллиннэр – кинилэр оҕолоругар уонна дьиэ кэргэннэригэр биһиги кыһанабыт», – диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Бэс ыйын 1 күнэ. Үүнэр көлүөнэни өйүүр тус сыаллаах пуонда тэрийииитинэн анаан «Сайын» фестиваль Дьокуускайдааҕы сынньалаҥ пааркатыгар ыытылынна. Оҕолору кытта наука, успуорт, искусство, креативнай индустрия эйгэтигэр туох үлэ ыытылларын араас былаһааккаларга билиһиннэрдилэр. Бырааһынньык кыттыылаахтарын Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. Кини науканан, саахыматынан, дуобатынан, буулдьанан ытыынан, мас тардыһыытынан, хабылык, Го, хаамыска оонньууларынан дьарыктанар оҕолору кытта көрүстэ. Успуорт былаһааккатыгар көҥүл тустууга олимпийскай чемпион Сослан Рамонов, оҕунан ытыыга олимпийскай призер Баир Баденов маастар-кылаас биэрдилэр. Пааркаҕа сырыытын кэмигэр Айсен Николаев паарка оҕолор сынньанар зоналарыгар туох тупсарыы, саҥардыы үлэтэ ыытыллыахтааҕын билистэ. Ол курдук, инникитин спортивнай-чэбидигирдэр комплекс, успуорт былаһаакката, национальнай павильоннар, скейт-паарка, ыччат зоната, патриотическай паарка оҥоһуллуохтара.

Бэс ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев «Саҥа кэм күүстээх идиэйэлэрэ» пуорумҥа өрөспүүбүлүкэттэн талыллыбыт уон  идиэйэни уонна көҕүлээһини кытта билистэ.  «Биһиги бу пуорумҥа өрүү көхтөөхтүк кыттабыт — былырыын өрөспүүбүлүкэттэн 146 көҕүлээһин барбыта. Онтон 7 бырайыак дойду 1000 бастыҥ көҕүлээһинин ахсааныгар киирбитэ. Ирбэт тоҥ туһунан бырайыак 200 бастыҥ ахсааныгар ааҕыллыбыта, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Ил Дархаҥҥа бэйэлэрин идиэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай  агротехнологическай университет ветеринарнай мэдиссиинэ 3 кууруһун усутудьуона Виктория Шамаева  мобильнай микролабораторияны, Үлэ уонна социальнай  сайдыы министиэристибэтин үлэһитэ Ольга Степанова дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүл калькуляторын,  Дьокуускайдааҕы Мэдисиинэ киинин тэрээһин үлэҕэ кылаабынай бырааһа Артем Тимофеев оператор быраас дуоһунаһын олоххо киллэрии,  С.Н. Донской-II аатынан педүлэһиттэр идэлэрин үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов элбэх предмети үөрэтэр учууталы бэлэмнээһини уо.д.а. бэрт кэрэхсэбиллээх  бырайыактары кэпсээтилэр. Ил Дархан бары идиэйэлэри биһирээтэ уонна тустаах министиэристибэлэргэ бу бырайыактары сайыннаран, олоххо киллэрэргэ сүбэлээтэ. Санатар буоллахха, дойду таһымыгар 10 бастыҥ бырайыагы 5-тии мөл. солк., 50 финалиһы – 1-дии мөл. солкуобай үбүнэн өйүөхтэрэ.

Бэс ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Арктикатааҕы  Эпос уонна ускуустуба киинин тутуутун хаамыытын көрдө. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна 250 киһи үлэлиир. Тутааччы ахсаанын 360 киһиэхэ тиэрдэн, суукканы эргиччи икки симиэнэнэн үлэлиэхтэрэ. Бу аарыма эбийиэги Бүтүн Арассыыйатааҕы тутуунан ааҕыахха сөп. Пандемия кэмигэр үлэ  тохтоон баран, ааспыт сылтан сөргүтүллэн, билигин үлэ күөстүү оргуйар. Сэттэ мэндиэмэннээх 33 тыһ. кв. м иэннээх 1500  миэстэлээх эбийиэк сыбаайата оҥоһуллан, туттааччылар дьиэ монолитнай каркааһын бэлэмнииллэр. 13,5 тыһ. тахса кубометр бетон кутуллан турар. 2024 сылга ахсынньыга тутуллан бүтэн, үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Маны таһынан, манна улахан тэрээһиннэргэ анаммыт саала уонна быыстапкалыыр сир, тыаһы-ууһу устар, таҥар устуудьуйалар баар буолуохтара. Бу кииҥҥэ Саха филармонията, Олоҥхо уонна Саха академическай тыйаатырдара киириэхтэрэ. Култуура кластерыгар классическай кэнсиэрдэртэн саҕалаан, тыйаатыр туруорууларыгар тиийэ улахан тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Саҥа киин Сайсары күөл кытыытыгар турар. Бырайыак дьон сылдьарыгар уонна сынньанар табыгастаах гына оҥоһуллуоҕа.  Ил Дархан үлэ графигар киирэн, тутуу хаамыытын  тэтимирдэргэ сорук туруорда.

Бэс ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Аллайыаха улууһугар үлэлээтэ. Улуус киинигэр, Чокуурдаахха,  «Арктика суоллара» тэрилтэ  производственнай баазатыгар сырытта.  Тэрилтэ улууска  1 тыһ. км кыһыҥҥы суолу көрөр-истэр.

Ил Дархан  суол учаастагын үлэһиттэрин кытары көрсөн кэпсэттэ.  2021 сыллаахха Айсен Николаев сорудаҕынан,  тэрилтэ   3 бульдозеры  уонна  ТРЭКОЛ снегоболотоходу ылбыта. Онон олус туһалаах техниканан хааччыллыбыттарын иһин, үлэһиттэр  өрөспүүбүлүкэ баһылыгар махтаннылар. Санатан эттэххэ, икки сыллааҕыта  өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр үс кыһалҕалаах учаастак бэриллибитэ. Ол иһигэр  Русскай Устье, Ныычалаах, Чкалов сэлиэнньэлэригэр киирэр суоллар.  Урут СӨ бырабыыталыстыбатыгар туһааннаах учаастактарга суол-иис быста мөлтөҕүн туһунан  олохтоохтор үгүстүк этинэр этилэр.  Онтон «Арктика суоллара»  тэрилтэ бу учаастактары көрөр-истэр буолбутун кэнниттэн, итиэннэ анал техниканан хааччылланнар,  балаһыанньа лаппа тупсубут.

Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа производственнай учаастагы кэҥэтэргэ сорудахтаата.  Бастатан туран, анал техника турар  иккис гарааһын  тутуу соруга туруорулунна.Маны таһынан Ил Дархан кыра уйуктаах суол техникатын атыылаһыыны көрөргө эттэ. Оччотугар кыһыҥҥы суол арыый эрдэ аһылларыгар кыаҕы биэриэ этэ. Билигин Аллайыахатааҕы суол учаастагар 21  киһи үлэлиир. 9 техника баар, ол иһигэр  бульдозердар, самосвал, хаары ыраастыыр техника.

Бэс ыйын 2 күнэ. А.Чикачев аатынан Чокуурдаах орто оскуолатын үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэрэ эргэ, саахалланар туруктаах  мас дьиэҕэ үөрэнэ сылдьаллар. Спортивнай дьарыктар бөһүөлэк саалатыгар ыытыллаллар. Алын сүһүөх кылаастар 60-с сылларга тутуллубут таас дьиэҕэ үөрэнэллэр. Манна эмиэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллара ирдэнэр.

Айсен Николаев Чокуурдаахха бара сылдьан, 275 миэстэлээх таас оскуола тутуутун хаамыытын көрдө. Оскуола тутуута 2014 сыллаахха саҕаламмыта. Онтон бэдэрээтчиттэр моҥкурууттаабыттарын кэннэ, тутуу тохтуу сылдьыбыта. 2020 сыллаахха оскуола тутуутун сөргүппүттэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу 60% бүтэн турар.

2 мэндиэмэннээх саҥа эбийиэк 5 тыһ. кв.м. иэннээх. Манна аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир успуорт саалата, анал тэрилинэн хааччыллыбыт кэбиниэттэр, о.д.а. бааллар. Билигин тутууга 30 киһи үлэлии сылдьар. Инженернэй ситимнэри, вентиляцияны тардыы, истиэнэни, муостаны халыҥатыы, о.д.а. үлэлэр ыытыллаллар.

«Бу хас да сылы быһа тутуллубакка, тохтоон турбут эбийиэк буолар. Ол эрээри тутуу сөргүтүлүннэ, сыл бүтүөр диэри тутуллуон сөп. Арктика тыйыс сиригэр-уотугар оҕолорго үчүгэй усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Бу кэтэһиилээх эбийиэк тутулларын туһугар, биһиги барытын оҥоруохпут, — диэтэ кини уонна тутуу хаамыытын тэтимин намтаппакка, үбүлээһини уонна тутуу матырыйаалын кэмигэр хааччыйан, саҥа үөрэх дьылын 2-с чиэппэригэр тутуу үлэтэ түмүктэнэригэр сорук туруорда.

Бэс ыйын 2 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Чокуурдаахха Аллайыаха оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар мунньах ыытта. Ил Дархан чугастааҕы кэмҥэ сүрүн соругунан Чокуурдаахха атыы-эргиэн-логистическай киинин тутуу буолар диэн бэлиэтээтэ. 2025 с. үлэҕэ киириэхтээх киин бородууктаҕа сыананы чэпчэтии курдук социальнай көдьүүһү биэриэхтээх.

Чокуурдаахха саҥа оҕо саадын тутуу наадатын эттилэр. Ил Дархан туһааннаах эх министиэристибэлэргэ бу эбийиэги бастакы соругунан киллэрэргэ уонна бырайыактыыр-симиэтэтин докумуонун оҥорорго соруйда. Оленегорскайга Култуура дьиэтин уонна Чокуурдаахха этнокултуура киинин хапытаалынай өрөмүөннэри ыытыы боппуруостарын өрөспүүбүлүкэ биэдэмистибэлэрэ көрөллөрүгэр ыйдылар.

«Чокуурдаах – өрөспүүбүлүкэ, Арктикаҕа даҕаны маастар-былаан оҥоһуллан ылыныллыбыт биир бастакы бөһүөлэгинэн буолар. Архитектура салалтатын кытары маастар-былааны олоххо киллэрэргэ, эбийиэктэрбит бары тутуллалларыгар үлэни ыытаргытыгар көрдөһөбүн», – диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан Чокуурдаахха саҥа канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйаны тутуу боппуруоһа быһаарыллыахтааҕын, эбийиэги тутууну үбүлээһин араас варианын көрүөххэ наадатын уонна сөптөөҕү талары эттэ.

Тырааныспар министиэристибэтигэр суудуналар тиксэр сирдэригэр таһаҕаһы тиэйиигэ уонна хаарбах тимири таһыыга анаан үрдүк технологиялаах уонна аныгы оборудованиенан хааччыйыыны көрөллөрүгэр сорудахтанна.

Аллайыаха оройуона хаарбах дьиэттэн көһөрүү уонна бөҕү хомуйууга үчүгэй көрдөрүүлээх. Айсен Николаев оройуоҥҥа хапытаалынай тутуу тэтимнээхтик барарын уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата олоххо киирэрин бэлиэтээтэ. Оройуоҥҥа бу бырагыраамаҕа 44 кыбартыыралаах дьиэ киирэн турар, ол иһигэр Чокуурдаахха – 27. Быйыл оройуоҥҥа икки дьиэ киириэ, оттон 2024 с. бүтүөр диэри өссө үс дьиэ тутуллара былааннанар. Сир учаастагар уонна сибээс лиинньийэтигэр кэккэ кыһалҕа баарынан бырабыыталыстыбаҕа уонна муниципалитекка бу боппуруостары суһаллык быһааралларыгар соруйда.

Айсен Николаев Аллайыаха оройуонугар саҥа үлэлээн эрэр бөҕү-саҕы суох оҥорор бырайыагы чорботон бэлиэтээтэ.Саҥа установка көмөтүнэн нэдиэлэ аайы 137 куб.м. бөҕү-саҕы уматаллар. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, маннык бөҕү уматар установкалар Арктика усулуобуйатыгар сөптөөхтөр. Муниципалитет утилизацияҕа анаан олохтоох бүддьүөттэн эбии ороскуоту көрсөрүнэн, Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидияны көрүүнү өйөөтө.

Итини сэргэ Ил Дархан Чокуурдаахха баар «Арктика суоллара» тэрилтэ үлэтин-хамнаһын үчүгэйинэн сыаналаата. Кини тэрилтэ көдьүүстээх үлэтинэн кыһыҥҥы суол туруктаах буолуутун хааччыйан, нэһилиэнньэ үҥсүүтэ кыччаабытын эттэ.

Ил Дархан быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Арктикаҕа үлэлэрин саҥа бырагыраамата көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Быйыл быраастар биэс бөһүөлэккэ сылдьыбытын нэһилиэнньэ астыммытын биллэрдэ.

Айсен Николаев  ааспыт сылга Ил Дархан туруорбут соруктарын туолууларын көрөн баран, Яков Елисеев баһылыктаах улуус дьаһалтатын хамаандата дьоһуннаах үлэни ыыппытын бэлиэтээтэ.

«Аллайыаха улууһугар түмүктээх үлэҕэ чопчу сыал-сорук туруоруллара көстөр. Манна сайдыы боппуруостара өрөспүүбүлүкэ киин оройуоннарыттан быдан атын усулуобуйаҕа быһаарыллаллар. Саамай уустук килиимэттээх уонна суола-ииһэ харгыстаах сиргэ олорор Аллайыаха дьонугар истиҥ махталбын биллэрэрбин», – диэн кини бэлиэтээн эттэ.

Бэс ыйын 3 күнэ. Айсен Николаев Чокуурдаахха байыаннай сулууспалаах Алексей Березкин дьиэ кэргэнигэр сырытта.

«Алексей ийэтэ Лидия Ильинична уолун туһунан киэн туттунуулаахтык кэпсээтэ. Кини элбэх мэтээллээх бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, Чокуурдаах бөһүөлэктээҕи сэбиэтин дьокутаата, олохтоох хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар түмсүүлэрин уонна бойобуой дьайыыга сылдьыбыт бэтэрээннэр түмсүүлэрин чилиэнэ. Үлэҕэ-хамнаска, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх киһи. Байыаннай дьайыы саҕаламмытын кэнниттэн Алексей төрөөбүт дойдутун көмүскүү барбыта», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Алексей дьиэ кэргэнигэр дойду, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн бары көмө оҥоһуллар.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бэс ыйа саҕаланан, тулабыт чэчирии көҕөрөн, бастакы итии күннэр тураннар, чараастык таҥнан, сайын кэлбитин эппитинэн-хааммытынан биллибит эрээри, билгэһиттэр тымныйыа диэбит икки- үс күннэрин этэҥҥэ аһаран, олордубут уонна олордуохтаах үүнээйибитин энчирэппэккэ, дьыл кэтэһиилээх куйаас кэмигэр күөх окко бигэтик үктэниэххэ.

 Афанасий Ноев

This post was published on 09.06.2023 12:01 12:01