Бэс ыйын 24 күнэ. Бу күн Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ. Улуус баһылыга Валерий Николаевтыын улуус киинин маастар-былаанын оҥоруу боппуруоһун көрдүлэр. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ суолун-ииһин фондатыттан 112 мөл. солк. уонна тыа сирин кэлимник сайдыытын бырагырааматынан 81 мөл. солк. Нам нэһилиэгин Сургуулук-Баҕадьа уонна Андреевскай сэлиэнньэлэрин суолларыгар көрүлүннэ. Кэнтик нэһилиэгэр, Үөһээ Бүлүүгэ паромунан туорааһыҥҥа диэри уонна Кырыкыйга диэри суоллары оҥорууга эбии 126 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Айсен Николаев улуус баһылыгар өрөспүүбүлүкэ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин кытта Үөһээ Бүлүүгэ Култуура уонна искусство дыбарыаһын тутууга техническэй сорудахтары уонна бырайыак докумуоннарын оҥорорго эттэ. Ил Дархан тустаах биэдэмэстибэлэргэ Бүлүү өрүс кытыытын бөҕөргөтөр үлэни былаан быһыытынан түмүктүүргэ сорудахтаата.
Ил Дархан Андреевскай сэлиэнньэтигэр улуус киин балыыһатын оҕолорго аналлаах саҥа куорпус «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуутун саҕаланыытын сиэригэр-туомугар кытынна. Икки мэндиэмэннээх 1200 кв. м. эбийиэккэ симиэнэҕэ 64 оҕо көрдөрөр поликлиникалаах, 13 куойкалаах стационардаах буолуо. 2025 сылга үлэҕэ киллэрии былааннанар.
Айсен Николаев Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас уонна улууска Түмсүү сылыгар анаммыт ыһыахха кытынна. Аҕыйах хонуктааҕыта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Дьокуускайга кэлэ сылдьан, Саха сирин сайдыытын былааннарын кытта билсэн өйөөбүтүн уонна алҕаабытын, элбэх омуктаах норуоппут култууратын тыыннаах хаалларыыга көдьүүстээх үлэ ыытылларын иһин махтаммытын уонна бу нэһилиэстибэни салгыы хаҥатарга баҕа санаатын тиэрдибитин эттэ. Ил Дархан М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интэринээт выпускнига Сергей Игнатьевка кыһыл көмүс мэтээли туттарда.
Бэс ыйын 24 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Ойуур баһаара үксэ уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сытар сирдэргэ тахсар, ол эрээри тыаллаах буоллаҕына, кылгас кэмҥэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһыан сөп, онон бары сулууспалары түргэнник хомуллан, уот күөдьүйэ илигинэ умуруорар туһунан Ил Дархан бэлиэтээтэ. Баһаары умулларыыга 1100-тэн тахса киһи үлэлиир. Икки зондировщик сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ 16 оройуонугар көттө. Бэс ыйын бүтүүтэ Саха сирин сайаапкатынан «Авиалесоохрана» тэрилтэ сөмөлүөтэ эбии көмөҕө кэлиэҕэ.
Бэс ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан гранын куонкуруһун кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Быйылгы алтыс куонкуруска 400 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэттэн 474 сайаапка киирбитэ. Кыайбыт 77 бырайыакка өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн уонна Бэрэсидьиэн граннарын фондатыттан 102,6 мөл солк. үп көрүлүннэ.
Бэс ыйын 25 күнэ. Ил Дархан «Триумф» спортивнай комплекска «Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньууларга кыттар Саха сирин икки сүүмэрдэммит хамаандатын кытта көрүстэ уонна оҕолорго ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕарда. Уопсайа 23 улуустан 370 эдэр спортсмен кыттар.
Бэс ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Успуорка уонна туризмҥа миниистирэ Сергей Ковальчугу кытта көрүстэ. «Азия оҕолоро» оонньууларга Беларусь аан бастаан кыттар, 144 эдэр спортсмен күрэхтэһэ кэлбитэ. Өрүттэр Беларусь уонна Саха сирин икки ардыларыгар успуорт уонна туризм хайысхаларыгар бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ил Дархан туризмы кытта холбоһуктаах бэстибээллэри, бэлиэ тэрээһиннэри айар-кут индустриятын сайыннарыы чэрчитинэн ыытарга этии киллэрдэ.
Бэс ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу уотун эстафетатын түмүктүүр түһүмэҕэр кытынна. Факелы илдьэ Кыайыы болуоссатыттван саҕалаан куорат уулуссаларынан 80 киһи, ол иһигэр «Азия оҕолоро» бастакы оонньуулар кыайыылаахтара, биллэр спортсменнар, олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, успуорт салайааччылара сүүрдүлэр.
Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняковтыын оробуочай көрсүһүүтүгэр Олимпийскай кэмитиэт уонна Саха сирэ бииргэ үлэлэһэргэ түһэрсибит сөбүлэһиилэрин түмүктэрин туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев бииргэ улахан үлэни ыыппыппыт түмүгэр, «Азия оҕолоро» оонньууларга 24 дойдуттан, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн таҥыллыбыт 6 хамаандаттан 3 тыһ. тахса кыттааччы кэллэ диэн бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтяреву кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо-ыччат успуордун, ГТО тиһигин, успуорт инфраструктуратын сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Миниистир Саха сирэ успуорка көрдөрүүлэринэн уонна инфраструктуранан хааччыллыытынан спортивнай өрөспүүбүлүкэ буоларын бэлиэтээтэ, «Азия оҕолоро» VIII оонньууларга бэлэмнэнии үлэтин үрдүктүк сыаналаата.
Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Беларусь өрөспүүбүлүкэтин национальнай олимпийскай кэмитиэтин бэрэсэдьиэнэ Виктор Лукашенконы кытта көрһстэ. Айсен Николаев Саха Сирэ уонна Беларусь икки ардыгар чиҥ сибээстэр олохтоммуттарын, эрэгийиэн тэрилтэлэрэ Беларуська оҥоһуллубут тиэхинькэнэн хамаҕатык тутталларын туһунан бэлиэтээтэ. Виктор Лукашенко Ил Дарханы Беларуська кэлэ сылдьарга ыҥырда уонна ол сырыыга бииргэ үлэлэһиини кэҥэтии боппуруостарын көрөргө эттэ.
Бэс ыйын 26 күнэ. Ил Дархан «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар үөрүүлээх аһылыыларыгар Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа мустубут 18 тыһыынчаттан тахса кыттааччылары, тэрийээччилэри, көрөөччүлэри киэҥ далааһыннаах тэрээһин саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. Бу күнү өр күүппүппүт, биһиги бары киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиринэн киэн туттабыт диэн эттэ. Дойдубут Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин уонча хонуктааҕыта бу стадиоҥҥа сылдьан, оонньууларга бэлэмнэнии хайдах баран иһэрин көрбүтэ уонна ситиһиилэри баҕарбыта диэн санатта. Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрүттээбит «Азия оҕолоро» — аан дойдуга оҕолорго аналлаах саамай бөдөҥ күрэхтэһии буолар, бары кыттааччылар дойдуларыгар тиийэн, эйэ, доҕордоһуу посоллара буолуохтара диэн бэлиэтээтэ. Ил Дархан ахсыс төгүлүн ыытыллар «Азия оҕолорун» аһыллыбытынан биллэрдэ.
Бэс ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев дойду субъектарын сокуону оҥорор уорганнарын салайааччыларын кытта көрүстэ. Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Башкортостан Курултайын спикерэ Константин Толкачев, Хотугу Осетия — Алания парламенын бэрэссэдээтэлэ Таймураз Тускаев, Ростов уобалаһын олохтоох салайыныыга, административнай–территориальнай тутулга, парламеннар икки ардыларынааҕы сибээскэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Влазнев кытыннылар. Ил Дархан Саха сирэ дойду эрэгийиэннэрин парламеннарын кытары сибээһи бөҕөргөтүүгэ улахан болҕомтону уурарын эттэ. Итиэннэ бу көрсүһүү сокуону оҥоруу эйгэтигэр уопут атастаһыытыгар, бииргэ үлэлээһин салгыы сайдарыгар туһалаах буолуоҕун бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 28 күнэ. Ил Дархан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Александр Шолоховы, Николай Валуевы, Андрей Марковы кытта көрсөн, култуура, туризм уонна өрөспүүбүлүкэ экологиятын тула кэпсэттилэр. Парламентарийдар «Азия оҕолоро» оонньууларын уонна Туймаада ыһыаҕын курдук бөдөҥ тэрээһиннэр бүтүн Арассыыйа култуурнай уонна спортивнай олҕор дьоһун суолталаахтарын, болҕомто киинигэр сылдьаллара тоҕоостооҕун бэлиэтээн эттилэр.
Бэс ыйын 28 күнэ. Дьокуускай куорат бу күннэргэ доҕордоһуу, успуорт уонна эйэ туонатынан буолан, аан дойдуттан тыһыынчанан оҕону түмтэ. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» VIII оонньууларга кыттыыны ыла кэлбит хамаандалар салайааччыларыныын көрсөн, бу бырайыак инникитин тула кэпсэттилэр. Бастатан туран, Ил Дархан бары кыттааччылары оҕо успуордун сайдыытыгар уонна норуоттар икки ардыларыгар доҕордоһууну бөҕөргөтүүгэ кылааттарын иһин махтанна. Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн олохтоммут оонньуулар номнуо отучча сыл устата ыытылланнар, араас омук оҕолорун сомоҕолуур күүс буолбуттарын уонна бу сылга аан дойдуга оҕолорго успуорт эйгэтигэр ыытыллар саамай улахан тэрээһин буолалларын киэн тутта ааттаата. Оҕолор бу күрэхтэһииттэн кынаттанан улахан успуорка бастакы хардыыларын оҥорон, кэлин олимпиада дьоруойдара буола үүнүөхтэрэ. Онуоха ааспыт 7 оонньуу кыттыылаахтарын ситиһиилэрэ бастыҥ холобур буолаллар. Эдэр спортсменнарга доҕордоһуу түһүлгэтэ, күрэхтэһии күүрээнэ, Саха сирин култуурата, үгэстэрэ үйэ-саас тухары биир бастыҥ өйдөбүл быһыытынан хаалыаҕа диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга. Узбекистан, Монголия, Таиланд, Урал, Сибиир хамаандатын салайааччылара оонньуулар олус үрдүк таһымнаахтык тэриллэн, ыытылла туралларын иһин махтаннылар уонна бу «Азия оҕолоро» Саха сирин дьиҥ-чахчы брендэ, киэн туттуута буоларын астына бэлиэтээтилэр.
Бэс ыйын 28 күнэ. Дьокуускайга 7-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин аһыллыытыгар кыһыл көбүөр устун Ил Дархан Айсен Николаев кэргэнэ Людмила Валерьевнаны кытта артыыстар, режиссердар, киинэни устааччылар курдук эмиэ бииргэ хаамтылар. Киинэ бэстибээлин аһыллыыта Саха тыйаатырыгар буолла.
«Бэстибээл 2013 сыллаахха хайдах үөскээн тахсыбытын өйдүүбүн. Бу кэмтэн саха киинэтэ »феномен» диэн ааттанна, Арассыыйаҕа, аан дойдуга аатырбытынан киэн туттабын! Былырыын Арассыыйа аан дойдутааҕы бэстибээллэргэ кыайбыт киинэлэриттэн 25%-на Саха сиригэр уһуллубут. Ол курдук, 20-тэн тахса киинэ хампаанньата уонна айар устуудьуйата 200-тэн тахса киинэни устубут. Ол эбэтэр биир сыл устата атын эрэгийиэннэр бары холбоон устубуттарынааҕар быдан элбэх киинэ оҥоһуллубут. «Желанный берег» форуму сыллата ыытарга быһаардыбыт. Тиэмэтэ сыл аайы уларыйа сылдьыаҕа: киинэ, эпос, тыйаатыр, муусука. Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына, киинэ павильонун бырайыагын көрдөрбүппүтүн өйөөбүтэ. 2027 сылга диэри киинэ павильона тутуллуо диэн эрэнэбин. Оччоҕо өссө үрдүк таһымнаах киинэлэр уһуллуохтара», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Бэс ыйын 29 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Туймаада Ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ. Быйылгы Ыһыах – дойдуга ыытыллар Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо сылыгар уонна «Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларыгар ананар. Ыһыахха бэйэбит төрүт үгэстэрбитин, ураты култуурабытын, доҕордоһуубутун, норуот маастардарын ситиһиилэрин көрдөрүөхпүт, өрө тутуохпут диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин эдэр олохтоохторун Ыччат күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Биһиги ыччаппыт үөрэх, наука, култуура, духуобунай сайдыы эйгэтигэр араас бырайыактары сайыннараары түмсэрин олус астынан бэлиэтиибин, дьиҥнээх брендинэн»Муус устар» ыччат бэстибээлэ буолла, быйыл 4500 талааннаах эдэр ыччаты түмтэ диэн эҕэрдэҕэ этиллэр. Саха сиригэр сыллата патриотическай тэрээһиннэр ыытыллаллар — баларга кэнники сылга 178 тыһ. эдэр киһи хабылынна. Волонтердар ахсааннара кэнники сылга 114,7 тыһ. киһиэхэ тиийдэ. Кинилэр байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмөнү тэрээһиннээхтик тиэрдэргэ, госпиталларга көмөлөһөргө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ төһүү күүс буолаллар. Волонтердары кытта устудьуоннар тутар этэрээттэрин байыастара туора турбаттар. Бу оҕолор бэлиэ суолталаах тэрээһиннэригэр куруук көмөлөһөргө бэлэмнэр. Билигин «Азия оҕолоро» VIII оонньууларга 1900 волонтер үлэлиир.
Бэс ыйын 29 күнэ. Ил Дархан Туймаада Ыһыаҕын аһыллыытын түһүлгэтигэр мустубут дьону эҕэрдэлээтэ. Ыһыах ыалдьыттарбытыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитин, култуурабытын, улуу дойдубутун, эйэҕэ уонна үтүөҕэ дьулуһуубутун көрдөрөр диэн эттэ. Кини Саха сирин олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэни салайарыгар итэҕэллэрин иһин махтанна уонна өссө күүскэ сайдыахпыт диэн эрэннэрдэ. Алгыспыт Аҕа дойдубут туһугар туруулаһар биһиги уолаттарбытыгар көмөлөстүн, кинилэр кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ дойдуларыгар эргилинниннэр диэн бэлиэтээтэ.
Туймаада ыһыаҕар сыл аайы 240 тыһыынча кэриҥэ киһи мустар. Ыһыах бүгүҥҥү аһыллыытын дьон-сэргэ кэрэхсээбит, сэргээбит буолуохтаах диэн сиэр-туом ыытыллыбытын кэннэ Айсен Николаев эттэ. Ыһыахха үгэс, сиэр-туом өрүү тутуһулларын, ону таһынан куруук туох эрэ саҥа сүүрээн киллэриллэрин, ол аныгы үйэ тэтимин кытары тэҥҥэ хардыылыырын бэлиэтээтэ. Бу тэрээһин Саха сирин, Арассыыйа түмүллүбүт өйүн-санаатын, салгынын аан дойдуга тиэрдэн дьолу-соргуну уонна үтүөнү түстүүргэ көмөлөһөрүн туһунан Ил Дархан эттэ.
Ыһыах түһүлгэтигэр Ил Дархан Бахрейн Арассыыйаҕа суһал уонна боломуочуйалаах посола Ахмед Абдулрахман Махмуд Исмаил Аль-Саатины кытта көрүстэ. Өрүттэр Королевство уонна Саха сирин икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһии кэскилин туһунан ырыттылар, итиэннэ Посольство уонна Саха сирин Бырабыыталастыбатын икки ардыгар сибээһи бөҕөргөтөргө сөбүлэстилэр. Ол курдук, көмүстэн оҥоһуктарынан эргиэҥҥэ, айти, туризм эйгэтигэр хардарыта үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр.
Айсен Николаев «Кымыс — айыы аһа» куонкурус-бэстибээл кыттыылаахтарын көрүстэ, кинилэр биэ үүтүттэн оҥорбут саха төрүт утахтарын сыаналаата. Ил Дархан маннык куонкурустар көмөлөрүнэн кымыһы оҥоруу үгэстэрин сүтэрбэккэ илдьэ сылдьабыт, ол түмүгэр технология тупсар диэн бэлиэтээтэ. Быйыл куонкуруска Хаҥалас, Нам, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Горнай, Уус Алдан, Горнай улуустарыттан уонна Дьокуускайтан 11 хаһаайыстыба кытынна.
Ил Дархан «Симэх түһүлгэтигэр» «Уран мас ураты ойуута-оһуора» диэн мастан кыһан оҥоруу быстаапкаҕа норуот талааннаах тарбахтаахтарын үлэлэрин көрдө. Бэйэлэрин үлэлэрин быыстапкаҕа 22 киһи билиһиннэрэр. Салгыы Айсен Николаев «Кудай Бахсы» түһүлгэтигэр «Утум уус» уустар бэстибээллэрин кыттыылаахтарын кытта көрүстэ. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан барыта 54 уус түмүстэ, алта анал аат иһин күрэхтэһэр. Ил Дархан ыһыахха уустар быыстапкаларыгар сылдьарын олус сөбүлүүрүн, хас биирдии оҥоһуктара сөхтөрөрүн бэлиэтээтэ.
«Дьүкээбил түһүлгэтигэр» Айсен Николаев ыһыах биир норуот бырааһынньыгыттан Саха сирин бары норуоттарын бырааһынньыгар кубулуйбутун, Арассыыйа күүһэ — кини норуоттарын түмсүүтүгэр уонна сомоҕолоһуутугар буоларын, ону ыһыах көрдөрөрүн туһунан эттэ. Ил Дархан Хоту аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын бэрэстэбиитэллэрин кытта кэпсэттэ. Хабаровскайтан ыалдьыттыы кэлбит эбээннэр уус уран оҥоһуктарын, көстүүмэрин көрдөрдүлэр. Айсен Николаев кинилэргэ эрэгийиэннэр икии ардыларыгар сибээһи бөҕөргөтүүгэ кылааттарын иһин махтанна.
Ил Дархан «Туймаада ыһыаҕын оһуохайа» күрэх кыттааччыларын эҕэрдэлээтэ. Оһуохай олох саҕаланыытын көрдөрөр, бу көннөрү үҥкүү буолбатах — биһиги сомоҕолоһуубут уонна историябыт, биһиги мантан норуоппут күүһүн билэбит, өбүгэлэрбит үгэстэрин кытта ыкса ситимнээхпитин өйдүүбүт диэн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев оһуохайга кытынна.
Мантан салгыы Ил Дархан XII «Саха инновациялара: креативнай Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэ быыстапкатыгар саҥа айыллыбыт бородууксуйалары көрдө. Манна 20-тэн тахса экспозиция инновацияларга, билимҥэ, айар талааннар индустрияларыгар ананар.
Айсен Николаев Туймаада Ыһыаҕыар үтүө үгэскэ кубулуйбут күнү көрсүү сиэригэр-туомугар кытынна. Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга аал уоту оттон, алгыс тылы этииттэн саҕаланна.
Бэс ыйын 30 күнэ. Ил Дархан Туймааада Ыһыаҕар икки күн устата ыытыллыбыт Дыгын оонньууларын кыайыылааҕын Дьулустаан Ноговицыны эҕэрдэлээтэ. Горнай улууһун Таас Боотура күрэхтэһиигэ быйыл онус сылын кытынна. «Дыгын оонньуулара дьон олус кэтэһэр уонна таптыыр Туймаада Ыһыаҕын биир күүтүүлээх тэрээһинэ, мин эмиэ көтүппэккэ, сыл аайы тыһыынчанан көрөөччүнү кытары боотурдарга ыалдьабын», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 30 күнэ. Ил Дархан Үс Хатын «Дьөһөгөй» ипподромугар Ил Дархан бирииһигэр 2400 миэтэрэ уһуннаах дистанцияҕа ат сүүрдүүтүн кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна бириистэри туттарда. Айсен Николаев күрэхтэһии түмүгэ соһуччу буолла, сытыы киирсии түмүгэр фавориттар ахсааннарыгар киирбэт сылгылар бастаатылар диэн бэлиэтээтэ. Биэтэккэ бастыкынан Дьокуускайтан Йортен («Саха тент») кэллэ, иккис — Басар Барс (Сунтаар улууһа), үһүс — Лансье (Уус Алдан улууһа). 20-с үбүлүөйдээх Ил Дархан бирииһигэр Туймаада Ыһыаҕын сүүрдүүтүгэр Дьокуускай ата кыайбыта бэлиэ түгэн буоларын Ил Дархан эттэ. Сүүрүүгэ түөрт саастаах ыраас боруодалаах 10 сылгы кытынна. Бириис пуондата — 5 мөлүйүөн солкуобай.
Күндү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо! От ыйа саҕаланан, үгэс быһыытынан саха киһитигэр кыстыгы быһаарар кэмнэр үүннүлэр, тэрээһиннээхтик от үлэтин саҕалаан, уйгуну-быйаҥы сомсуоҕун.
Афанасий Ноев
This post was published on 02.07.2024 09:34 09:34