Ил Дархан нэдиэлэтэ: Арктикатааҕы эпос киинэ былыргы култуураны уонна аныгы технологияны ситимниэҕэ

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

Тохсунньу 3 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара, Арассыыйа биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера, Бразилияҕа ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара Василий Егоровы кытта көрүстэ.

Василий Егоров 2024 сылга успуортка  карьератын түмүктээтэ. Ил Дархан Василий ситиһиилээх киирсиилэринэн, кыайыыларынан сүгүрүйээччилэригэр, успуорду сэҥээрээччилэрин үөрдүбүтүн, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду чиэһин үрдүк таһымнаах күрэхтэһиилэргэ чиэстээхтик көмүскээбитин бэлиэтээтэ.

 «13 сыл устата Арассыыйа буоксаҕа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Василий төһөлөөх умнуллубат, долгутуулаах түгэннэри, чаҕылхай киирсиилэри бу сыллар усталарыгар бэлэхтээбитэ буолуой!  Биһиги чулуу спортсмеммытынан киэн туттабыт», — диэтэ Айсен Николаев уонна инникитин даҕаны Василий сыалын-соругун толорон тэйэр дьулуурдааҕынан бэйэтин саҕалааһыннарыгар ситиһиилэнэригэр эрэнэрин биллэрдэ.

Тохсунньу 5 күнэ. Эдьигээн улууһугар хочуолунайдары чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕар кэккэ соруктары туруорда. Ол курдук, Бэстээх сэлиэнньэтигэр тутуллар саҥа хочуолунайы быйылгы сылга үлэҕэ түргэнник киллэрэргэ, ол инниттэн күн-дьыл туруга арыый сымнаатаҕына үлэни тэтимирдэргэ дьаһайда, сэлиэнньэҕэ наадалаах матырыйааллары тиэрдиэхтэрэ.  Санатар буоллахха, Эдьигээн Бэстээҕэр тохсунньу 1 күнүгэр хочуолунай умайан, чөлүгэр түһэриллэр кыаҕа суох буолбута. Олорор дьиэлэри уотунан итиитигэ көһөрбүттэрэ, онуоха Дьокуускайтан анал тиэхиньикэ ыытыллыбыта.

 Оттон улуус кииинин хочуолунайыгар хочуоллары суһаллык өрөмүөннээн, олорор дьиэлэринэн нуормаҕа температура эрэсиимэ ситиһиллиэхтээҕин ыйда. Ньурбаттан  чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ анаан саппаас чаастаах биригээдэ тиийбитэ, Дьокуускайтан «Полярные авиалинии» рейсинэн тэхиниичэскэй таһаҕаһы ыыппыттара. Ону таһынан киин куораттан матырыйаалынай-тэхиниичэскэй маллардаах «Урал» массыына тиийбитэ.  Тохсунньу 7 күнүгэр алдьаммыт хочуоллары барытын чөлүгэр түһэрэннэр, хочуолунай толору кыамтатынан үлэтин сөргүппүтэ.

«Бу күннэргэ суһаллык үлэлээбит бары сулууспаларга махтанабын. Бастатан туран, таһаҕаһы, тэхиниичэскэй бородууксуйаны тиэрдибит үлэһиттэргэ, чуолаан, «Полярные авиалинии», ону тэҥэ «Саханефтегазсбыт» үлэһиттэригэр, — диэтэ Ил Дархан.

Тохсунньу 7 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин олохтоохторун Ороһуоспанан эҕэрдэлээтэ. Кин бу күн Преображенскай таҥара дьиэтигэр литургияҕа сырытта. Сулууспаны архиепископ Роман салайан ыытта.

«Ороһуоспа биир сомоҕо буоларга, хардарыта көмөлөһөргэ, өйөбүлгэ  наадыйар дьоҥҥо болҕомтолоох буоларга сирдиир, үөрэтэр. Саха сиригэр Православие киириитэ дириҥ историческай силистээх уонна биһиги уопсастыбабыт духуобунай олоҕун быстыспат сорҕотунан буолар. Уопсастыбаҕа суолталаах, өйөбүлгэ наадыйааччыларга тирэх буолар, ыччаты духуобунай сайдыыга көҕүлүүр уонна үтүө үгэстэри харыстааһыҥҥа көмөлөһөр. Биһиги улаханнык махтанабыт уонна киэн туттабыт Аҕа дойдуларын интэриэһин көмүскүүр эр санаалаах хоодуот байыастарбытынан. Эһиги этэҥҥэ буоларгыт туһугар көрдөһөбүт уонна кыайыы көтөллөөх дьиэҕитигэр эргиллэн кэлэргитин күүтэбит. Бу судургута суох кэмҥэ сомоҕолоһуубут, бэйэ-бэйэни өйөһүүбүт, уустук быһыыга-майгыга түбэспит дьоҥҥо өйөбүл буоларбыт ордук суолталаах», -– диэн Ил Дархан эттэ.

Тохсунньу 9 күнэ. Айсен Николаев академик Владимир Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи билим кэмпириэнсийэтин аһыллыытыгар кытынна. Ил Дархан 29 сыл устата өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэрин түмэр «Инникигэ хардыы» оҕолор чинчийиилэрин билиһиннэрэр былаһаакка эрэ буолбатаҕын, манна Саха сирэ уонна Арассыыйа билимин уонна технологиятын лиидэрдэрэ буолуохтаах ыччат үүнэрин-сайдарын бэлиэтээтэ. Тэрээһин Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович  Николаев өйөбүлүнэн бастыҥ бырайыактары уонна технологиялары оҥорор платформа буолбутун, бу сыллар устата кыайыылаахтар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга ситиһиилэрэ ыытыллар үлэ үрдүк таһымнааҕын бигэргэтэрин туһунан эттэ. Быйылгы тэрээһиҥҥэ  5-тэн 11-с кылааска диэри 1,5 тыһыынчаттан тахса оҕо 44 хайысхаҕа бырайыак көмүскээтэ.

Тохсунньу 9 күнэ. Ил Дархан Норуодунай фронт эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүтүгэр былааннары дьүүллэстэ. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр оҥоһуллар көмөлөрүн, национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин уонна дойду Бэрэсидьиэнин сорудахтарын толорууну хонтуруоллааһыҥҥа, ону тэҥэ «Быһа линия» кэмигэр олохтоохтортон киирбит боппуруостары көрөргө үлэлэспиттэрин иһин махтанна. Кэлэр өттүгэр үүнэр көлүөнэни, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ үлэ күүһүрүө.

Тохсунньу 10 күнэ. Айсен Николаев доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр туһуламмыт мунньаҕар дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит саҥа национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. «Уһун уонна көхтөөх олох», «Дьиэ кэргэн» уонна «Доруобуйаны харыстыыр аныгы технологиялар» диэн саҥа национальнай бырайыактар иитинэн бигэргэтиллибит былаанынан өрөспүүбүлүкэҕэ 2028 сылга диэри өссө 15 саҥа эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. 2025 сылга аҕыс эбийиэк тутуллуоҕа: Аммаҕа поликлиника, Бүлүүгэ, Намҥа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүү Андреевскай эмтиир куорпустар, Майаҕа балыыһа комплекса, Сангаарга поликлиникалаах комплекс, Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа. 2027 сылга Черскэйгэ уонна Белай Гораҕа стационар уонна поликлиника, Сангаарга уонна Өлөөҥҥө стационар үлэҕэ киириэхтэрэ. 2028 сылга — Дьокуускай куоракка 1 №-дээх поликлиника, Бороҕоҥҥо эмтиир куорпус, Сунтаарга балыыһа комплексын иккис уочарата. Ону тэҥэ 109 түргэнник тутуллар модульнай эбийиэктэр оҥоһуллуохтара, 88 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. 239 тырааныспары уонна 1014 медицинскэй тэрили атыылаһар былааҥҥа киирдэ. Итиэннэ «Арктиканы сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан алта нэһилиэнньэлээх пууҥҥа фельшерскай-акушерскай пуун тутуллуоҕа.

Тохсунньу 10 күнэ. Ил Дархан тутуу хайысхатын сайыннарыы боппуруостарын көрдө. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сыл түмүгүнэн 744 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэни тутан, 1990 сыллаахха олохтоммут рекорду куоһардыбыт диэн бэлиэтээтэ. 61 социальнай эбийиэк тутуллубут, ол иһигэр 15  уопсай үөрэхтээһин, 4 уһуйаан, 3 үөрэхтээһин атын, 6 физическэй култуура уонна спорт, 18 доруобуйа харыстабылын  уонна 15 култуура эбийиэктэрэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «2019–2025 сылларга дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 46,89 тыһ. киһи саҥа дьиэлэннэ. 2025 сыл бүтүөр диэри өссө 48 тыһ. тахса киһини көһөрүөхтэрэ. Быйыл 690 тыһ. кв. миэтэрэттэн итэҕэһэ суох дьиэ тутуллара былааннанар. 41 социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх, онтон 10 уопсай үөрэхтээһин эбийиэгэ, 2 уһуйаан, 2 эбии үөрэхтээһин, 1 үөрэхтээһин атын, 5 физическэй култуура уонна спорт, 13 доруобуйа харыстабылын, 7 култуура уонна 1 социальнай хааччыйыы эбийиэктэрэ.

Тохсунньу 11 күнэ. Ил Дархан «Тута» диэн ааттаах, байыаннай дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрбүт Андрей Григорьевы кытта көрүстэ. Байыас кыргыһыы күүрээннээх күннэрин туһунан кэпсээтэ. Аан дойду үрдүнэн видеота тарҕаммыт кырыктаах кыргыһыы кэнниттэн, кини өстөөх тыылыгар хас да күн хаалан, соҕотоҕун утары киирсибит, бронетехниканы, сэрии сэптээх ыскылааттары дэлби тэптэрбит. Ол эрэ кэнниттэн бэйэтин дьонугар төннүбүт. Айсен Николаев хорсун байыаска бэриниилээх сулууспатын иһин махтанна.

«Кини бэрт сэмэй саха уола. Видео тарҕамматаҕа буоллар, хорсун быһыытынан туһунан ким да билиэ суох этэ, бэйэтэ кимиэхэ да сиһилии кэпсээбэтэх. Андрей курдук дьон улуу Арассыыйаны күүстээх, ньыгыл кытаанах оҥороллор. Бу көрсүһүү кэмигэр мин саха буойуннарынан киэн туттуум өссө күүһүрбүтэ, — диэн Айсен Николаев үллэстэр.

Манна эбэн эттэххэ, тохсунньу 11 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ефрейтор Андрей Григорьевка Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты иҥэрэр туһунан ыйааҕы таһаарда.

Ааптар тиксэриитэ

Тохсунньу 11 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.

«Ааспыт сылга улахан кээмэйдээх үлэ ыытыллыбыт: эбийиэк монолитнай каркааһа бүппүт, үс ураһа куупал турбут. Сэттэ мэндиэмэн тухары үлэ бара турар, итиэннэ сцена оборудованиетын таҥаллар. Бу ураты эбийиэк былыргы култуураны  уонна аныгы технологияны ситимниэҕэ, Саха сиригэр искусство салгыы сайдарыгар сүрүн тирэх буолуоҕа», — диэн кини бэлиэтиир.

Айсен Николаев балаҕан ыйын 27 күнүгэр — Судаарыстыбаннас күнүгэр баараҕай тутууну үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата. Уопсайа 33 тыһ. кв. м. иэннээх эбийиэк бэлэмэ 70%. Онно 165 киһи үлэлии сылдьар. Ититии бэриллибит буолан, бэл, тымныы күннэргэ дьиэ иһигэр үлэ ыытылынна. Тыйаатырга туттуллар тэриллэр аҕалыллыбыттар.

Тохсунньу 11 күнэ.  Айсен Николаев Дьокуускайга үөрэх эйгэтигэр тутулла турар улахан эбийиэк – доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах Адаптивнай комплекс тутуутун хаамыытын көрдө. Манна 550 миэстэлээх оскуола, 200 миэстэлээх уһуйаан уонна 150 миэстэлээх интэринээт тутуллар. Комплекс дойду  Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн  Сэргэлээх шоссетыгар дьэндэйэр. Билигин эбийиэк иһигэр үлэ бара турар, эркинин, муостатын, уотун-күөһүн оҥороллор. Барыта 130 киһи үлэлии сылдьар. Айсен Сергеевич саҥа комплексы балаҕан ыйын 1 күнүгэр толору үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата.

«Үөрэтэр кластерга оҕолору сайыннарарга уонна чэбдигирдэргэ анаммыт сөптөөх усулуобуйа тэриллиэҕэ. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, бу Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа тиийэ ураты суолталаах эбийиэк буолар», — диэтэ Айсен Николаев.

Оҕолор  сүрүн үөрэхтэрин таһынан, эбии дьарыктанар, эмтэнэр уонна идэ ылар кыахтаныахтара. Иистэнэ, уһана, туойунан ону-маны оҥоро, баттах кырыйа, хаартыскаҕа түһэрэ үөрэниэхтэрэ, үүнээйини бүөбэйдиир, көрөр-харайар буолуохтара.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саҥа сылга бигэтик үктэнэн, тохсунньу ортолоон, төһө да сымнаһыар буолан соһуттар, өссө да тымныы тыынын биллэрэригэр бэлэмнээх, чөл доруобай буолуоҕун!

Афанасий Ноев

This post was published on 14.01.2025 17:01 17:01