Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар саҥа соруктары туруорда

Тохсунньу 10 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар саҥа соруктары туруорда. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри былаан быһыытынан олоххо киллэриэхтэрэ. Судаарыстыбаннай бырагыраамаларга уларыйыылар киирбиттэр. Ол курдук, тохсунньу 5 күнүгэр  тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах федеральнай бырагыраамаҕа  кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы туспа хайысха быһыытынан киирбит. Онон быйылгыттан  кэтэх хаһаайыстыбалаах уонна бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияламмыт дьон анал субсидиянан туһанар кыахтаннылар. «Култуураны сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа уларытыы чэрчитинэн,  креативнай оскуоланы тэрийиигэ  эрэгийиэннэргэ куонкуруска олоҕуран федеральнай бүддьүөттэн үс сыл устата 5 млрд солк. үп тыырыллыа. Дойду бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Арктика эрэгийиэннэригэр олорор 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ Арассыыйа курортарыгар сынньанарга босхо путевканан туһаныахтара.

Тохсунньу 10 күнүгэр Ил Дархан хамсык ыарыы тарҕаныытын улаатыннарбат туһугар кэккэ дьаһаллары ыларга сорудахтаата. Саҥа сылга киирэн баран, оробуочай нэдиэлэ саҕаланыытыгар ыарыы ахсаана элбээбит. Хамсык, ол иһигэр «омикрон» штамм, тарҕанар куттала өрөбүллэр кэмнэригэр дьон улуустарга, дойду устун уонна кыраныысса таһыгар элбэхтик айаннаабыттарын кытта сибээстээх. Ыарыы түргэнник тарҕанар түбэлтэтигэр миэстэтигэр суһал ыстаап салайааччылара хааччахтааһын миэрэлэрин киллэрэргэ бэйэлэрэ суһал быһаарыылары ылынар бырааптаахтар. Быһыыны ылыыны, ордук кутталлаах араҥаҕа киирэр дьоҥҥо, ону тэҥэ вакцинация көрдөрүүтүнэн хаалан иһэр улуустарга күүһүрдэргэ этилиннэ, Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрбитинэн, барыллаан көрүүнэн «омикрон»  штамм баар буоллаҕына, үс нэдиэлэ иһигэр ыарыы ахсаана түөрт төгүл эбиллиэн сөп.

Тохсунньу 13 күнүгэр Айсен Николаев суруналыыстары, бэчээт, сонуну киэҥник тарҕатар эйгэ үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Билигин Саха сиригэр сүүһүнэн сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэ үлэлиир, интернет таһаарыылара элбииллэр. Ил Дархан аныгы пресса үгэстэри утумнаан, үрдүк таһымнаахтык тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтээтэ. Ол бэчээт көҥүлүн уонна аһаҕас сырдатар үлэ былаас, уопсастыба уонна бизнес бииргэ ыытар үлэлэрин тирэҕинэн буолалларын туоһулуурун бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын саҥа сүүс сыллаах түһүмэҕэ саҕаланар ураты суолталаах сылыгар бииргэ элбэҕи ситиһиэхпит диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

 

Тохсунньу 13 күнүгэр Ил Дархан Федерация Сэбиэтин спикерэ Валентина Матвиенконы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кытынна. Айсен Николаев эрэгийиэн бүгүҥҥү туругун, ааспыт сыллааҕы ситиһиилэрин уонна көрдөрүүлэрин, өрөспүүбүлүкэ ыччата көҕүлээбит «Сүүс сыллааҕы сайдыы былаана» бырайыагы билиһиннэрдэ.  Валентина Матвеенко Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сыла уонна «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылыгар нэһилиэнньэ ахсаана мөлүйүөҥҥэ тиийэригэр  көҕүлүүр күүс буоларын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев Валентина  Матвиенкоҕа өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһиннэрин, элбэх бырайыактарын өйүүрүн иһин махталын биллэрдэ. Көрсүһүүгэ Өлүөнэ өрүс муостатын тутуу боппуруоһа таарылынна – Федерация Сэбиэтэ бу боппуруоһу куруутун өйүүр. Ону тэҥэ доруобуйа харыстабылын уонна үрдүк үөрэх инфраструктуратын сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр.

Тохсунньу 13 күнүгэр Ил Дархан Хотугу муора суолун сайдыыта Арктика хостонор баайдаах сирин баһылааһыны барыстаах оҥорор диэн Гайдар форумугар геологияҕа туругун уонна инники кэскилин ырытыыга анаммыт сессияҕа эттэ. Арктика сирин геологическэй туругун чинчийиигэ кластердары тэрийии тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Холобур, Күчүскэ кыра кыамталаах атомнай станцияны тутуу чоҕу, көмүһү уонна да атын сир баайын хостуур бырамыысыланнас технологическай кластерын тэрийэргэ кыах биэрэр. Айсен Николаев бу эйгэ киэҥ далааһыннаахтык сыыппараҕа көһүөхтээх, хампаанньалар материальнай базалара бөҕөргүөхтээх диэтэ. Сир баайын хостуур салаалар Саха сирин эрэ буолбакка, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын төрүтүн хааччыйаллар.

Тохсунньу 13 күнүгэр Ил Дархан хамсыгы бохсууга суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Саха сиригэр «омикрон» штаммыгар сутуллуу бастакы түгэнэ бэлиэтэммит.  Ыалдьыбыт киһи Турцияттан сынньанан кэлбит. Кини кимнээҕи кытта алтыспыта быһаарыллыбыт, анаалыстары хомуйаллар. Айсен Николаев эбии хааччахтыыр миэрэлэри ылынар туһунан ыйааҕы бэлэмнииргэ сорудахтаата. Ыарыыны эрдэттэн быһаарар туһуттан тестированиены киэҥник ыытарга, хамсык утары быһыыны ылыыны тэтимирдэргэ, ордук үөрэх тэрилтэлэригэр хонтуруолу кытаатыннарарга эттэ. Үлэни тэрийээччилэр үлэһиттэрин доруобуйаларын туругун көрүөхтээхтэр, ыарыы сибикитэ билиннэ даҕаны хааччахтыахтаахтар. Дезинфекция, мааска эрэсиимэ, термометрия, ОРВИ сибикилээх дьон бэйэни хааччахтаналларын ирдээһин тутуһуллуохтаах. Сall-кииннэр уонна «суһал көмө» биригээдэлэрин үлэлэрин күүһүрдэргэ ыйылынна.

Тохсунньу 14 күнүгэр Айсен Николаев дойду инновационнай эрэгийиэннэрин ассоциациятын уопсай мунньаҕар кытынна. Дойду тутууга уонна олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Ирек Файзуллины кытта көрсүһүүгэ Ил Дархан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамматын олоххо киллэриини тупсарыыга этиилэри киллэрдэ. Чуолаан, дьиэни хаарбаҕынан билимиттэрин кэннэ бас билиигэ ылбыт кыра дохуоттаах дьон кыһалҕатын быһаарар туһунан. Хаарбах дьиэлээх дьоҥҥо чааһынай дьиэни туттар кыаҕы биэрэр туһунан эттэ. Аны сайын ассоциация мунньаҕа Дьокуускайга ыытылларын туһунан быһаарыы ыллылар.

Тохсунньу 14 күнүгэр  Гайдар форумугар дойду эрэгийэннэригэр тэриллибит наука-үөрэх аан дойду таһымнаах кииннэрин (НОЦ) тула кэпсэтии барда. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев наука-үөрэх кииннэрэ атахтарыгар турар кэмнэригэр былаас, бизнес уонна наука бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар итэҕэл күүһүрэригэр үлэлиэхтээхпит диэн эттэ. Арассыыйа наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков наука-үөрэх кииннэриттэн түргэнник көдьүүс кэлэрэ күүтүллүбэтин, бастакы түмүктэр хас да сылынан ситиһиллиэҕэ диэн бэлиэтээтэ. Ол курдук, «Хоту: бигэ сайдыылаах сир-уот» наука-үөрэх киинин кыттыылаахтара – киэҥ сиргэ тайаан сытар биэс эрэгийиэн наукаҕа уонна технологияҕа биир бэлитиикэҕэ кэлэн, олоххо киллэрэллэригэр бириэмэ наада. Айсен Николаев наука-үөрэх киинин үлэтин сүрүннүүр бырайыак офиһа тутулуга суох буолуохтаах, кэтээн көрөр сэбиэти хас биирдии эрэгийиэн сыл аҥардыыта салайыахтаах диэтэ. «Хоту: бигэ сайдыылаах сир-уот» наука-үөрэх киинэ дойду бэрэсидьиэнэ иһитиннэрбит Уһук Илини уонна Арктиканы өйүүр  бырагыраамаларга төһүү күүс буолуо.

 

Тохсунньу 14 күнүгэр Ил Дархан Саха сиригэр коронавируска бэлэмнээх буолуу эрэсиимин уонна хааччахтыыр миэрэлэри 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатар туһунан ыйаахха илии баттаата. Эпидемиологическай быһыыны-майгыны аахсан туран, тохсунньу 15 күнүттэн Дьокуускай куоракка баар атыылыыр-аралдьытар, атыы-эргиэн кииннэргэ, атыы комплекстарыгар  сокуоннай саастарын туолбут дьонтон хамсык утары быһыы ылбыттарын эбэтэр ыалдьыбыттарын туоһулуур куйаар куоду, эбэтэр мэдиссиинэ көрүүтүнэн быһыы ылаллара көҥүллэммэт дьон ыалдьыбатах диэн түмүктээх ПЦР-анаалыһы ирдээһин киирэр. Онтон атын муниципальнай тэриллиилэргэ атыы дьиэлэригэр киирэргэ куйаар куоду улуустааҕы суһал ыстаап быһаарыытынан киллэриэхтэрин сөп. Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ, ол иһигэр банкеттыыр саалалар, сарсыарда 6 чаастан түүн 12 чааска диэри үлэлииллэрэ көҥүллэнэр.

Саха сирин тас өттүгэр сылдьыбыт дьон уоппускаттан эбэтэр сынньалаҥ күннэриттэн үлэҕэ тахсалларыгар хамсыгынан ыалдьыбаттарын туоһулуур, 72 чаастан уһаабатах ПЦР эбэтэр ИХА-тестын көрдөрөллөрө ирдэнэр. Тас дойдуттан кэлбит, хамсык дьаҥынан ыалдьыбыт киһини кытта алтыспыт дьон 14 күн устата дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһуохтаахтар. Бу барыта кэлиҥҥи алта ыйга быһыы ылбыт эбэтэр ыалдьыбыт дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Үлэлиир дьон  үлэ биэрээччини дьиэҕэ олороллорун туһунан сэрэтиэхтээхтэр. Онтон үлэ биэрээччи кинилэргэ үлэлэрин эбээһинэһин тэйиччиттэн толорору хааччыйыахтаах. Оттон тэйиччиттэн үлэлиир кыаллыбат буоллаҕына, үлэһиккэ сыллааҕы төлөнөр уоппуска эбэтэр үлэ сокуонугар олоҕуран икки өттүттэн сөбүлэһэн, төлөммөт уоппуска бэриллиэхтээх.

Тохсунньу 14 күнүгэр Айсен Николаев дойду атыы-эргиэн, бырамыысыланнай палаататын  тэрийиитинэн ыытыллыбыт «Ситиһиилээх дьиэ кэргэн – Арассыыйа ситиһиитэ» диэн форумҥа кытынна. Эрэгийиэннэргэ  биисинэһи өйүүр миэрэлэр туһунан санаа атастастылар,  дьиэ кэргэн бастыҥ тэрилтэлэрин үлэтин быыстапкатын билистилэр. Саха сирин «Оһуор утум» оҥоһуктарын истиэндэтин дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин көрдө-иһиттэ. Любовь уонна Станислав Заболоцкайдар «Оһуор утум»  тэрилтэлэрэ дойду үрдүнэн биэс бастыҥ иһигэр киирдэ.

Ил Дархан  өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата экэнэмиичэскэй кириисиһи утары  утумнаах үлэни ыытан,  биисинэһи хонтуруоллуур-кэтиир ноҕорууска биллэ аччаабытын бэлиэтээтэ. 2020 сыл саҥатыгар аччыгый уонна орто урбаан тэрилтэлэригэр  87 тыһ.  киһи үлэлиир буоллаҕына, быйыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 117 тыһ. тэҥнэспит.

«Михаил Мишустин аччыгый биисинэһи өйүүр хайысханы чопчу ыйда.  Дойду тэрилтэтин үстэн иккитэ дьиэ кэргэн төрүттээх. Ханнык да биисинэстэн тутулуга суох,  дьиэ кэргэн эргимтэтигэр өбүгэ үгэстэрэ уонна ураты үөрүйэхтэр араҥаччыланаллар. Ол иһин Саха сирин урбаанньыттара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар өрүү ситиһиилээх буолуохтара», — диэн эттэ Айсен Николаев.

Тохсунньу 15 күнүгэр Айсен Николаев ойуур баһаарыттан кутталлаах кэмҥэ бэлэмнэниигэ соруктары туруорда. Урутаан миэрэлэр биир кэлим былаан бырайыагар киирбиттэр. Ол иһигэр көтөр ааллары тардыы уонна уларыта тутуу, «Авиалесоохрана» уонна «Якутлесресурс» тэрилтэлэр штаттарын ахсаанын улаатыннарыы. Дойду бэрэсидьиэнин быһаарыытынан бу сылга авиамониторины ыытарга, кэтээн көрүүгэ, ойуур баһаарын умулларар дьаһалларга туттуллар үп хас эмит бүк үрдээбит. «Якутлесресурска» федеральнай үбүнэн атыылаһыллар бульдозердары уонна соһор тиэхиньикэни туһанарга үлэһиттэринэн хааччыйыыга ураты болҕомто ууруллар. Баһаартан кутталлаах кэм саҕаланна да, өрөспүүбүлүкэ искусственнай сөҥүүнү түһэрэр тэриллээх авиациялаах буолуоҕа. Миэстэтигэр муниципальнай тэриллии салалтата баһаары утары балаһалары хаачыйыахтаах, тиэхиньикэ уонна эбии күүстэр  бэлэм буолуохтаахтар. Биир кэлим былаан ситэриилээх былаас бары уорганнарын, федеральнай структуралары кытары сөбүлэһилиннэ уонна бырабыыталыстыба салалтатын кытта түмүктүүр сөбүлэһии кэнниттэн Ил Дархаҥҥа бигэргэтиигэ киллэриллиэ. Бу сылга ойуур баһаарыттан кутталлаах кэмҥэ бэлэмнэнии дьаһаллара муус устарга түмүктэниэхтээхтэрэ.

Тохсунньу 15 күнүгэр Ил Дархан социальнай ситим нөҥүө быһа эфиргэ боппуруостарга эппиэттээтэ. Билигиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ локдаун киллэрэргэ төрүөт суох диэн кини эттэ. Үөрэх үгэс буолбут көрүҥүнэн салҕанар. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэр. Маныаха үөрэх тэрилтэлэрэ санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһаллара, быһыыны-майгыны хонтуруоллууллара ирдэнэр. Хамсыгынан ыалдьыбыт оҕо баар буоллаҕына, оскуолаларга кылаастар, уһуйааннарга бөлөхтөр сабыллыахтара. Дьокуускайга эбии үөрэхтээһин дистанционнай көрүҥҥэ көспүт. Спортивнай күрэхтэһиилэр аны көрөөччүтэс уох ыытыллыахтара. Улуустарга, нэһилиэнньэлээх пууннарга дьаҥ-дьаһах хайдах турарыттан көрөн хааччахтыыр миэрэлэр ылыллыахтарын сөп.

Афанасий НОЕВ,

                                                        Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ

This post was published on 17.01.2022 15:01 15:01