22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев Нерюнгри оройуонун ыччатын сайдыытыгар соруктары туруорда

14:01, 20 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан ааспыт нэдиэлэҕэ Нерюнгри оройуонугар оробуочай сырыыта буолла. Билиҥҥитэ Нерюнгри Саха сирин ааһан, бүтүн Уһук Илин кэскиллээх оройуона буолар. Чох бырамыысалыннаһа саҥатаһымҥа тахсарынан уонна БАМ кэҥииринэн манна миэстэтигэр бизнес, наука, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар тоҕоостоох усулуобуйа үөскүүр. Айсен Николаев оройуон ыччатын кытта көрсөн, ИТ-эйгэ сайдыытын, сыппараҕа көһүү боппуруостарын кэпсэттэ. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин айбыт үлэлэрин билиһиннэрдилэр.


Муус устар 12 күнүгэр Айсен Николаев космоска киһи аан бастаан көппүтэ 60 сылынан Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Кини ийэ дойдубут куйаары бастакынан баһылаабытынан уонна Юрий Гагарин космоска бастакынан көппүтүнэн киэн туттарбытын бэлиэтээтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит космонавтиканы кытта ыкса ситимнээҕин, Уус Алдан Дүпсүнүгэр Космонавтика уонна авиация ураты музейа 1974 сылтан үлэлиирин холобурга аҕалла. Россия Геройдара Олег Кононенко космоска саха хомуһунан оонньообутун уонна Алексей Кулаковскай хоһоонун аахпытын, Федор Юрчихин аан дойдутааҕы космос ыстаансыйатыгар Саха сирин былааҕын тиэрдибитин, Роман Романенко өрөспүүбүлүкэ ыччатын патриотическай иитиигэ дьоһун кылааты киллэрэрин, кинилэр саха дьонун үтүө доҕотторо буолалларын санатта. К.Э. Циолковскай аатынан космонавтика Илиҥҥи салаатын сиэксийэтин салайааччыта, Москватааҕы авиация институтун доцена, Амматтан төрүттээх Саргылаана Захарова Саха сиригэр 2018 сылтан “Старт в космос” бырайыагы үлэлэтэрин, бырайыак чэрчитинэн быйыл олимпиадаҕа 10 улуустан, Дьокуускайтан 345 оҕо кыттыбытын эттэ. Олимпиадаҕа кыайбыттар, миэстэлэспиттэр “Илиҥҥи” космодромтан космическай хараабылы көтүтүү түгэнигэр, ахсынньыга Ю.А. Гагарин аатынан Космонавтары бэлэмниир киин үөрэтэр бырагырааматыгар ыҥырыллыахтара. Кэлэр сылларга аэрокосмическай үөрэҕи сайыннарар, бу салааҕа инженердэри бэлэмниир, Саха сирин олохтоохторун наукаҕа, космоска сыһыарар бырагыраамалары күүһүрдэр үлэни ыытыахпыт диэтэ Ил Дархан.

Муус устар 14 күнүгэр Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыларынан Дмитрий Садовниковы, Дмитрий Бердниковы, СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар бырааптарыгар Боломуочуйалааҕынан Константин Роббегы аныыр туһунан ыйаахтары таһаарда. Санатар буоллахха, Ил Түмэн ХХVI уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара кистэлэҥ куоластааһынынан Ил Дархан киллэрбит кандидатураларын өйөөбүттэрэ, кинилэр талыллыыларыгар сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ.

Муус устар 15 күнүгэр регион баһылыга Мииринэй оройуонугар үлэлээтэ. Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕын ыытта, улууска санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы туругун, нэһилиэнньэҕэ вакцинация барыытын тэтимин билистэ. Хамсык дьаҥа саҕаланыаҕыттан оройуоҥҥа 5 тыһ. тахса киһи ыалдьыбыт. Билиҥҥитэ 48 киһи эмтэнэр, балыыһаҕа чугастааҕы улуустартан ыарыһахтары аҕалаллар. Вакцина бастакы дозатын 8 тыһ. тахса киһи, иккиһи 4,5 тыһ. киһи ылбыт.  «АЛРОСА» хампаанньа балыыһалары оборудованиенан, ИВЛ, КТ аппараттарынан, кислород станциятынан, эминэн хааччыйыыга, үбүлээһиҥҥэ улахан өйөбүлү оҥордо. Айсен Николаев вакцинация тэтимин ыһыктыбакка, нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттарыгар ыҥырда.

Мииринэйгэ Ил Дархан «АЛРОСА» хампаанньа «Кимберлит» спорт дыбарыаһыгар тэрийбит «Алмаас хостуур куораттар инники кэскиллэрэ» форумҥа кыттыыны ылла. Форумҥа Мииринэй оройуонун куораттарыгар, бөһүөлэктэригэр доруобуйа харыстабылыгар, суолга-иискэ, инфраструктураҕа, култуураҕа, олорор дьиэни тутууга сайдыы ханнык хайысханан барыахтааҕын, социальнай бырайыактар уонна көҕүлээһиннэр тустарынан кэпсэттилэр. Бастакы улахан хамсааһын доруобуйа харыстабылыгар барыаҕа, 2025 сылга диэри 1 млрд солк. үбүлээһин көрүллүөҕэ. Алмаас хампаанньата быйыл 204 мөл. солк. ыытыаҕа. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, Мииринэйгэ поликлиника, Алмазнай бөһүөлэгэр амбулатория, Светлэйгэ балыыһа, төрүүр салаа, Таас Үрэххэ, Сүлдьүкээргэ ФАП, Айхалга уонна Удачнайга поликлиниканы кытта эмтиир куорпустар өрөмүөннэниэхтэрэ. Оройуоннааҕы балыыһаҕа травматология киинэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруоҕа. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ, оройуон бюджетыттан, «АЛРОСА» хампаанньаттан  оройуоннааҕы, Айхаллааҕы балыыһаларга медоборудованиенан хааччыйыыга, анал массыыналары ылыыга үп тыырыллыаҕа.

Култуура уонна спорт эйгэтигэр улахан объектар тутуллуохтара. Эһиил Оҕо дыбарыаһа үлэҕэ киириэҕэ, манна хампаанньа 230 мөл. солк. ыыппыта. Үөһээ Муунаҕа саҥа споркомплекс, Накыыҥҥа спортивнай саала аһыллыахтара. Итиннэ анаан «АЛРОСА» 260 мөл.солк. үбүлүүр. «АЛРОСА» историятыгар саҥа музей тэриллиэҕэ уонна туспа дьиэҕэ үлэлиэҕэ.

Тупсарыы үлэтигэр Иирэлээх өрүс микро-оройуонугар сынньанар зона оҥоһуллуоҕа, итиннэ 106 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманнан көрүллүөҕэ. Быйыл  рейтининэн куоластааһыҥҥа куорат паарката уонна Бобков уулуссатыгар баар сквер кыттыахтара.

Форумҥа «АЛРОСА территорията» диэн алмаастаах кыраай куораттарын, бөһүөлэктэрин кэлимник сайыннарыыны өйүүр саҥа бырайыагы билиһиннэрдилэр. Бу бырайыагы олоххо киллэриигэ хампаанньа сыллата 50 мөл.солк. үбүлүөҕэ.

2025 сылга диэри Мииринэй оройуонугар элбэх квартиралаах 57 дьиэттэн дьону көһөрүөхтэрэ. 2012 сылтан «АЛРОСА» 1, 8 млрд солк. үбүлээһининэн оройуоҥҥа 69 дьиэ көтүрүллэн, элбэх квартиралаах 9 дьиэ тутулунна. 2023 сылга диэри 12 дьиэни көтүрэн, 238 квартираттан дьону көһөрүүгэ  хампаанньа 780 мөл.солк. көрөргө былаанныыр.

2019 сылтан «АЛРОСА» үлэһиттэрэ «АЛРОСА» авиахампаанньа рейстэригэр сынньана тиийэр сирдэригэр диэри 45 тыһ.солк. эбии айан төлөбүрүнэн туһаналлар. 2022 сылтан итинник чэпчэтиини Мииринэй оройуонун самалык уопсастыбаларын үлэһиттэрэ, «Алмазик» тэрилтэҕэ киирсэр уһуйааннар, оройуон үөрэхтээһинин, доруобуйа харыстабылын 3,3 тыһ. үлэһитэ ылыахтара. Бу сыалга АЛРОСА сылын ахсын 80 мөл.солк. көрүөҕэ.

Айсен Николаев форумҥа тыл этэригэр бу уустук кэмҥэ дьон олоҕун быыһыырга бары кыһамньыларын уурар оройуон медиктэригэр махтанна. Маныаха «АЛРОСА» улахан өйөбүл буолан, бизнескэ ыарахан кэмнэр ааҥнаабыттарын аахсыбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ эмп-томп ылыытыгар, балыыһалар хааччыллыыларыгар 800 мөл.солк. тахса суумалаах көмөнү оҥорбутун, коронавируһу утары охсуһууга эппиэтинэһи ылыммытын иһин үлэ коллективыгар уонна генеральанй дириэктэр Сергей Ивановка махтанна.

Муус устар 16 күнүгэр улуус баһылыктарын кытта өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар Айсен Николаев коронавируһунан сутуллуу эбиллибитин, ордук 65 саастарын ааспыт дьон ыалдьарын, ыарахан туруктаах киһи ахсаана аччаабатын, өлүү тахса турарын эттэ. Быйыл Өрөспүүбүлүкэ күнэ уонна Үлэ, саас бырааһынньыга Саха сиригэр тэйиччиттэн барыахтара. Ил Дархан улуус баһылыктарыгар миэстэтигэр харыстанар миэрэлэри толору туһаналларын ирдээтэ, эпидемиологическай хонтуруолу күүһүрдэллэригэр, коронавирустан быһыыны саастаах, дьарҕа ыарыылаах дьоҥҥо хото туруоралларыгар, өрөспүүбүлүкэ таһыттан, ордук омук сирдэриттэн кэлэр дьону хонтуруолга ылары эттэ. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 90 тыһ. киһи бастакы быһыыны, 54 тыһ. тахса киһи иккиһин ылбыт.

Муус устар 16 күнүгэр Айсен Николаев Саха сиригэр аэропортары саҥалыы уларытан оҥорууга мунньах ыытта. Ил Дархан Дьокуускайга, Нерюнгрига үлэ хаамыытын кытта билистэ. Нерюнгрига 2022 сыл алтынньытыгар аэропорт көтөр-түһэр балаһатын уларытан, 9 тыһ. кв. м. иэннээх, чааска 300 киһини аһарар саҥа дьиэтин тутан түмүктүөхтэрэ. Билигин үлэ 30% оҥоһуллубут. Балаһаны өрөмүөннээһин болдьоҕо кылгаабыт, от ыйын 1 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна номнуо сэтинньи 1 күнүттэн аэропорт 1-3 кылаастаах көтөр ааллары хааччаҕа суох түһэриэҕэ, көтүтүөҕэ. Саҥардыы кэмигэр дьон Дьокуускай, Благовещенскай аэропортарыттан айанныахтара.

Айсен Николаев Дьокуускай аэропордун саҥардыыга бырайыактыыр-сметнай докумуону оҥорууга эрдэтээҥҥи сыыһалартан сылтаан, үлэ болдьоҕо көспүтүн ыйда. Ыам ыйын 16 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри 3-4 эрэ кылаастаах ааллар 1 628 м усталаах балаһаттан көтүөхтэрэ. Москваҕа диэри быһа рейстэр Барнаул, Мииринэй нөҥүө оҥоһуллуохтара. Балаҕан ыйыгар анал пандус тутуллан, алтынньыттан аэропорт хааччаҕа суох үлэлиэҕэ. Ил Дархан үлэ болдьоҕуттан кыратык да хаалыы кыһын аэропорт үлэтин харгыстыан сөбүн эттэ уонна мунньах кыттыылаахтарыгар бары боппуруоһу быһаарыыга эппиэтинэһи үрдэтэргэ ыйда.

Муус устар 17-18 күнүгэр Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар оробуочай сырыынан үлэлээтэ. Регион салайааччыта Иенгра, Чульман, Серебрянай Бор, Беркакит бөһүөлэктэригэр сырытта. Кини миэстэтигэр дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата хайдах олоххо киирэрин көрдө, кэккэ бырамыысалыннай, социальнай объектарга сырытта. Бастаан Иенгра бөһүөлэккэ сырытта, манна 1,3 киһи олороруттан үгүстэрэ төрүт дьарыктарын илдьэ сылдьаллар, таба иитиитинэн, бултааһынынан дьарыктаналлар. Нэһилиэнньэ эбэҥки норуотун култууратын, тылын иҥэринэ, сайыннара сылдьар. Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ этнологическай экспертиза туһунан сокуон чэрчитинэн үлэни күүһүрдүү, эбэҥки тылын үөрэтиигэ үөрэтэр-методическай базаны сайыннарыы, бөрө мэнээктээһинин утары охсуһуу, бырамыысалыннай улуустарга тыа нэһилиэктэрин кэнэҕэскитин, баһаарынай депону тутуу, уматыкка хочуоллары ылыыга нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥоруу уо.д.а. боппуруостары туруорустулар. Айсен Николаев быһааран этэригэр, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай политиката тыа сирин бөһүөлэктэрин харыстааһыҥҥа эрэ буолбакка, сайыннарыыга туһуланарын эттэ. Олохтоохтор туруорсубут боппуруостарыттан үгүстэрэ чугастааҕы сылларга быһаарыллыахтара. Номнуо 2022-2024 сылларга бөһүөлэккэ гаас кэлиэҕэ, онон Иенгра олохтоохторугар оттук кыһалҕата туруо суоҕа. Оттон баһаарынай депону Ил Дархан атын бөһүөлэктэргэ курдук үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутарга этии киллэрдэ.  Олохтоох оскуолаҕа буолбут көрсүһүүгэ 14 оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Павел Юдинцевка «Ытык аҕа» бэлиэтин наҕараадатын уолугар туттарда. Кини кэргэнэ Татьяналыын Иенгрига 1997 сыллаахха олохсуйбуттара, манна 14 оҕолоро бары төрөөбүттэр. Ыал аҕата, ийэтэ оскуола-интэринээккэ үлэлииллэр, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кытталар, «Төрөппүт албан аата» уордьан кавалердара.

Беркакикка Айсен Николаев тимир суол үлэһиттэрин кытары БАМ реконструкциятын, тимир суолунан сырыы аһарар кыамтатын улаатыннарыы боппуруоһун дьүүллэстэ, бу үлэ 2024 сылга диэри ыытыллара былааннанар. Кини үлэ хаамыыта графикка эппиэттэһэн барарын туһугар боппуруоһу хонтуруолга тутуоҕун эттэ. Уот саппаас линиятын, ууну ыраастыыр объегы тутуу, хаарбах дьиэлэри көтүрүү боппуруостарын туруорсубуттарын, регион баһылыга  бастакы вице-премьер Дмитрий Садовниковка сорудах биэрдэ.

Чульмаҥҥа нэһилиэнньэ бөһүөлэк төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн 2026 сыллаахха бэлиэтэнэрин өйүүргэ этии киллэрбиттэрин, бу ыҥырыыны Ил Дархан өйөөтө. 2022 сылга манна «Газпром» оҕолорго бырагырааматынан хаҥкылыыр сирдээх физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Чульмаҥҥа Айсен Николаев 7 №-дээх оскуолаҕа «Патриот»  кулууп тэрээһинигэр сырытта, оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаата. Серебрянай Борга  олохтоохтору кытта бөһүөлэги тупсарыы боппуруоһун кэпсэттэ, ол кэнниттэн Нерюнгритээҕи ГРЭС үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Станцияны саҥардыыны дьүүллэстилэр, үлэһиттэргэ вакцинация ыытыы боппуруоһа чугастааҕы нэдиэлэҕэ быһаарыллыаҕа.

Өрөбүл күн сарсыардата Нерюнгри киин балыыһатын «Б» блогун көрүүттэн саҕаланна. Үгэс быһыытынан Ил Дархан медиктэри кытта кэпсэттэ, оройуоҥҥа доруобуйа харыстабылын саҥатытыы боппуруостарын быһаарыста. Суһал ыстаап мунньаҕар нэһилиэнньэҕэ вакцинацияны ыытыыны тэтимирдэр уонна хааччахтааһын миэрэлэрин тутуһууну хонтуруоллуур соругу туруорда.

Урбаанньыттары кытары бэрт интэриэһинэй көрсүһүү буолла. Кинилэр пандемия кэмигэр судаарыстыба оҥорор көмөтүн үрдүктүк сыаналыылларын эттилэр. Ил Дарханы кытары улуус сайдыытын, олох таһымын тупсарыы боппуруостарын кэпсэттилэр. Урбаанньыттар бэйэлэрин бырайыактарын, былааннарын билиһиннэрдилэр.

Киэҥник биллэр «Соловушка» оҕо музыкальнай хоровой оскуолатын отчуоттуур кэнсиэригэр сылдьан, Айсен Николаев Саха сирин киэн туттуута буолбут коллектив айар үлэтин билсэн, оҕолор толорууларын кэрэхсээтэ. Кэнсиэр кэнниттэн Ил Дархан оройуон ыччатын кытта көрсөн, ИТ-эйгэ сайдыытын, сыппараҕа көһүү боппуруостарын кэпсэттэ. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин айбыт үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Билиҥҥитэ Нерюнгри Саха сирин ааһан, бүтүн Уһук Илин кэскиллээх оройуона буолар. Чох бырамыысалыннаһа саҥатаһымҥа тахсарынан уонна БАМ кэҥииринэн манна миэстэтигэр бизнес, наука, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар тоҕоостоох усулуобуйа үөскүүр. Саамай сүрүнэ – бу уларыйыылар аҥардас экономикаҕа көдьүүһү, барыһы эрэ аҕалбакка, туох-ханнык иннинэ дьон-сэргэ олоҕун уйгутун тупсарыыга көмөлөөх буолуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА