Ахсынньы ый 2 күнэ. Ил Дархан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайыгар гражданнары кытта көрүстэ. Дьокуускай куорат оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ Мирон Потапов ИТ-кулуупка «Робототехника» хайысхатыгар үөрэнэр. Маҥнайгы кылаастан ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуу боппуруоһун үөрэтэр. Айсен Николаевка элбэх кыбартыыралаах дьиэ макетын уонна тутуу үлэтин оҥорор, бэйэтэ бырагыраамалаабыт робот-массыыналарын көрдөрдө. Ил Дархан Мирон программист буолар баҕа санаата туоларыгар уонна бырайыактары оҥорууга ситиһиилэри баҕарда.
Ил Дархаҥҥа байыас огдообото, элбэх оҕолоох ийэ Евгения Д. дьиэлэрин тутуутун түмүктүүргэ материальнай көмөнү оҥорорго көмөлөһөрүгэр эттэ. Кэргэнэ уоппускатыгар кэлэ сылдьан, олохтон туораабыт буолан, байыаннай биэдэмэстибэттэн төлөбүр ылбатахтарын, киниэхэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин статуһа бэриллибэтэҕин, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн үбүнэн-харчынан көмө оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтэ. Айсен Николаев тутууну түмүктүүргэ көмөлөһөргө, дьиэ кэргэҥҥэ волонтердар көмөлөрүн тэрийэргэ, «Дьокуускай куорат аҕаларын сэбиэтэ» уопсастыбаннай түмсүү ыкса сибээһи тутарыгар сорудахтаата.
Ахсынньы ый 2 күнэ. Ил Дархан видеосибээс нөҥүө Арассыыйа Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова ыыппыт «Дойду доруобуйаҕа харыстабылын бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥыта» сэминээригэр мэдиссиинэ каадырдарынан хаччыллыы боппуруостарын көрдүлэр. Саха сиригэр 5243 быраас, 11694 орто уонна 3688 алын сүһүөх мэдиссиинэ каадыра үлэлиир. Быраастарынан хааччыллыы 78,5%, орто сүһүөх мэдиссиинэ каадырынан — 92%, алын сүһүөх мэдиссиинэ каадырынан — 95,1% тэҥнэһэр. Быраастарынан уонна орто сүһүөх мэдиссиинэ каадырынан хааччыллыы үрдээбитин туһунан бэлиэтээтилэр.
Ахсынньы ый 2 күнэ. Айсен Николаев «Саха», «Якутия 24» теле-ханаалларга уонна «Тэтим» араадьыйаҕа «Саха сирэ, иннин диэки!» биэриигэ быһа эфирга таҕыста. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтэ уустук, санкция кэмигэр ылыныллыбыт да буоллар, дойду эрэгийиэннэрин 15 улахан бүддьүөтүн ахсааныгар киирэрин туһунан иһитиннэрдэ. Ороскуотун чааһа 332 млрд тахса солк. тэҥнэһэр. Социальнай политика, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура, спорт эйгэлэрэ бүддьүөт ороскуотун 45% ылаллар. Айсен Николаев кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатыгар аан бастакытын 15 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтүн туһунан эттэ. Онуоха араас хамыыһыйаларынан улахан, дьоһуннаах үлэ барбытын бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Саха сиригэр «Аваиалесоохрана» тэрилтэ биэс саҥа салаатын тэриллэрин туһунан эттэ. Тыаны баһаартан көмүскүүр тэрээһиннэргэ федеральнай үп эбии көрүллэн, 2025 сылга Өлүөхүмэҕэ Саныйахтаахха, Ленскэйгэ Витимҥэ, 2026 сылга Эдьигээҥҥэ уонна Орто Халымаҕа, 2027 сылга Абыйга авиаотделениелар баар буолуохтара. Онно анаан материальнай-тиэхиньиичэскэй базаларын тутуохтара. «Авиалесоохрана» тэрилтэҕэ эбии 375 саҥа үлэһити ылыахтара.
Ил Дархан Кыргызстааҥҥа үлэтинэн сырыытын түмүгүнэн иһитиннэрдэ. Бэрэсидьиэн Садыр Жапаровтыын 2026 сыллаахха «Азия оҕолоро» Кыргызстааҥҥа аан бастаан атын киэбинэн ыытыллыаҕын туһунан кэпсэппиттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Холобур, стритбол, брейкинг, роллинг уо.д.а. көрүҥнэргэ.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үрдүк таһымнаахтык ааспытын, Саха сиригэр дойду үрдүнэн бастакынан Саҥа дьыллааҕы харыйа уоттара сандаарбытын, бу өрөспүүбүлүкэни көрдөрөр тэрээһини 12 сыл аннараа өттүгэр саҕалаабыттарын, инникитин өссө да сайыннарар, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сорук турарын туһунан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Ахсынньы ый 3 күнэ. Айсен Николаев юрист күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирин юристара күннэтэ ытык иэстэрин толороллорун, билиҥҥи кэмҥэ анал байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ ыытар үлэлэрэ дьоһуннааҕын бэлиэтээтэ.
Ахсынньы ый 3 күнэ. Ил Дархан «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаны аһан, бастакынан кытынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэргэ көмө оҥорор киин иитиллээчитэ түөрт саастаах Элиза уонна 22-с №-дээх коррекционнай оскуола иккис кылааһын үөрэнээччитэ Петя баҕа санааларын толордо.
Ахсынньы ый 3 күнэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба мунньаҕар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босхо учаастагы биэриигэ уочараты түргэтэтэр мэхэньиисимнэри оҥорорго сорудахтаата. Билигин көмө миэрэтин 14 тыһ. тахса ыал күүтэр, ол иһигэр 9 тыһ. ыал — Дьокуускайга. Учаастактар баар сирдэригэр суолу оҥоруу, уот, гаас ситимин тардыы боппуруостарын быһаарарга этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата. 2022 сылтан босхо учаастактан аккаастаммыт дьоҥҥо 200 тыһ. солк. биэрэллэр. Ил Дархан харчынан толуйууну сыллата индексациялыырга ыйда.
Ахсынньы ый 4 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиция килиимэтин тупсарыыга мунньаҕы ыытта. 2023 сыл түмүгүнэн эрэгийиэн Арассыыйаҕа инвестиция үүнүүтүнэн 10 иһигэр киирбитэ уонна Уһук Илиҥҥэ иккис миэстэ буолбута. Ол да буоллар, дьоҕус, орто уонна бөдөҥ биисинэһи кытта үлэ ситэтэ суоҕун, урбаанньыттар экспорка үлэлэрин өйөөһүн таһыма аччаабытын бэлиэтээтэ. Кыһалҕалары быһаарыыга биисинэһи кытта сүбэлэһиини куруутун ыытарга, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин нэдиэлэтээҕи планеркатын бэбиэскэтигэр эппиэтинэстээх салайааччыларын отчуоттарын киллэрэргэ эттэ. Муниципалитеттарга, ол иһигэр Дьокуускайга, үлэни күүһүрдэргэ ыйда.
Ахсынньы ый 4 күнэ. Ил Дархан Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хабаровскайга Генеральнай консула Цзян Сяояны кытта көрсүһүүтүгэр бииргэ үлэлээһин тула кэпсэттилэр. Саха сирин уонна Кытай икки ардыларынаҕы тас эргиэн кээмэйэ 2019 сылтан биэс төгүл үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Саха сирэ уонна Кытай провинциялара эргиэни уонна экэниэмикэни сэргэ гуманитарнай эйгэҕэ, култуураҕа, искусствоҕа, үөрэххэ, успуорка сибээстэрин сайыннараллар.
Ахсынньы ый 4 күнэ. Ил Дархан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыннарын сайыаннарыы боппуруоһун хоруупсуйны утары үлэни сүрүннэүүр хамыыһыйа мунньаҕар көрдө. 2023 сылга хоруупсуйаны бохсуу ирдэбиллэригэр үөрэтии куурустарын 198 киһи ааспыт, быйыл 258 киһи үөрэниэхтээх. Айсен Николаев үлэ ыытылларын үрдүнэн, хатыланар алҕастар тахсалларын туһунан эттэ. Мунньахха маны тэҥэ гражданскай уонна муниципальнай сулууспалаахтартан ирдэнэр дохуот уонна ороскуот, баай-дуол ыспыраапкаларын бэрэбиэркэлээһин түмүгүн көрдүлэр. Декларация хампаанньатын түмүктэринэн ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ кэһии аччаабыта бэлиэтэнэр.
Ахсынньы ый 4 күнэ. Айсен Николаев Норуоттар дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба салайааччыта Игорь Бариновы кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ норуоттар икки ардыларыгар эйэлээх сыһыаны хааччыйыыны уонна судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэ олоххо киириитин дьүүллэстилэр. Игорь Баринов өрөспүүбүлүкэҕэ норуоттар икки ардыларыгар сыһыан хонтуруолланарын, итиэннэ бу туһугар араас хайысхаҕа үлэ ыытыллара көстөрүн бэлиэтээтэ.
Ахсынньы ый 5 күнэ. Ил Дархан оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын бэрэстэбиитэллэрин Саха сиригэр оҕо хамсааһынын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 800-тэн тахса оҕо уопсастыбаннай холбоһугун түмэр «Дьулуур» биир кэлим оҕо хамсааһына таһаарыылаахтык үлэлиир. Онно 100 тыһ. тахса оҕо көхтөөхтүк кыттар. Айсен Николаев оҕолор уонна тэрийээччилэр күүстэринэн кэнчээри ыччаты көҕүлүүр, угуйар, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр улахан бырайыактар олоххо киирэллэрин бэлиэтээтэ. Оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннарын өйөөһүн чэрчитинэн Ил Дархан Грана олохтоммута. Быйыл аҕыс бырайыак 1 мөл. солк. суумалаах үбү-харчыны ылыахтара.
Ахсынньы ый 5 күнэ. Ил Дарханҥа Уһук Илиҥҥэ «Муравьев-Амурскай 2030» каадыры бэлэмниир бырагыраама кыттыылаахтара бэйэлэрин бырайыактарын быстах түмүктэрин билиһиннэрдилэр. Хамаандалар көҕүлээһиннэрэ аан дойду бастыҥ үөрүйэхтэрин туһанан эрэгийиэни сайыннарыыга туһуланаллар. Сырьеттан атын бородууксуйаны экспорга таһаарыыны сайыннарыыга болҕомто уурулунна. Айар индустрия, ИT, биотехнология уонна туризм хайысхаларыгар көҕүлээһиннэри ырыттылар. Айсен Николаев бырагыраама кыттыылаахтарын кытта хардарыта үлэлэһэр үтүө уопут баарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, иккис сүүрээн хамаандата Саха сиригэр туризмы сайыннарыы кэнсиэпсийэтин бэлэмнээбитэ.
Ахсынньы ый 5 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ биэдэмистибэлэрин уонна кэккэ салаа тэрилтэлэрин кытта сүбэ мунньахха сырьеттан атын бородууксуйаны тас дойдуга атыылааһыны сайыннарыыга кэлим көрүүлэр суохтарын бэлиэтээтэ уонна бу үлэ тиһиктээх буоларын ирдээтэ. Манна дьоҕус уонна орто урбааны көҕүлүүр үлэни ситимнээхтик тэрийэргэ ыйда. Экспорты сайыннарыыга чуолкай стратегияны оҥорорго сорудахтаата.
Ахсынньы ый 5 күнэ. Айсен Николаев «Берегиня» оҕо дьиэтин настаабынньыктааһыҥҥа бырайыагын чэрчитинэн бэйэтэ эппиэкэлиир иитиллэччилэрин Айтаны уонна Настяны көрүстэ. Кинилэри 2015 сылтан эпиэкэлиир. Билигин кыргыттар оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы хомунаалынай-тутуу техникумугар үөрэнэллэр. Настя судаарыстыбаттан ылбыт саҥа кыбартыыратын көрдөрдө. Кыргыттар инники былааннарын үллэһиннилэр.
Ахсынньы ый 6 күнэ. Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнин Стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ Сэбиэтин мунньаҕар кытынна. Владимир Путин 2018 сылтан ыла национальнай бырайыактары олоххо киллэрии кэмигэр туох үлэ оҥоһуллубутун сиһилии ырытта уонна 2030 сылга диэри соруктары туруорда. Счетнай палаатаҕа 2019 сылтан 2024 сылга диэри национальнай бырайыактар хайдах олоххо киириилэрин ырытан көрөргө, тустаах түмүктэри уонна сүбэлэри оҥорорго, Бырабыыталыстыбаҕа — саҥа национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ этиилэри учуоттуурга сорудахтаата. Владимир Путин Арктика уонна Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ ураты болҕомтону уурарга эттэ.
Ахсынньы ый 6 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа Стратегическай көҕүлээһин ааҕыныстыбатын тэрээһинигэр Саха сиригэр креативнай экэниэмикэни сайыннарыы стратегиятын туһунан иһитиннэрии оҥордо. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2030 сылга диэри креативнай индустрия эйгэтигэр үлэлиир дьон ахсаанын 70 тыһ. киһиэхэ диэри улаатыннарар, бу салааҕа оҥорон таһаарыыныы икки төгүл үрдэтэр сорук турар. Билигин эрэгийиэҥҥэ креативнай экэниэмикэ салааларыгар 48 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиир. Кэнники сылларга бу эйгэ бырайыактарын өйөөһүҥҥэ биир миллиардтан тахса инвестиция тардыллыбыта.
Ахсынньы 7 күнэ. Москваҕа «Арассыыйа» Национальнай кииҥҥэ Саха сирэ Запорожскай уобалаһы кытта бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Запорожскай уобалас баһылыга Евгений Балицкай докумуоҥҥа илии баттаатылар. Сөбүлэҥ эргиэн-экэниэмикэ, научнай-техническэй, култуурунай-гуманитарнай эйгэлэргэ бииргэ үлэлэһиини, ыччат бэлиитикэтин, патриотическай иитиини уонна ИТ-индустрияны таарыйыаҕа. «Саха сирэ төһө да ыраах буоллар, ис туругунан биһиэхэ чугас регион. Илии баттаабыт докумуоммут доҕордоһуу арыаллаах сайдыы төрүөтэ буолар», — диэн Запорожскай уобалас баһылыга иһитиннэрдэ.
Ахсынньы 8 күнэ. Аҕа Дойду Дьоруойун күнүн көрсө Москваҕа «Арассыыйа» Национальнай кииҥҥэ «Алдан» диэн уус-уран киинэ премьератын иннинэ көрдөрдүлэр. Маҥнайгы көрөөччүлэринэн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Ил Дархан Айсен Николаев, Запорожскай уобалас губернатора Евгений Балицкай, Херсонскай уобалас губернатора Владимир Сальдо, Россия Дьоруойдара, СВО кыттыылаахтара уонна оҕолор байыаннай патриотическай хамсааһыннара.
«Алдан» киинэ — Арассыыйаҕа анал байыаннай дьайыы туһунан бастакы уус-уран киинэ буолар. Киинэни устууну Запорожскай уобалас өйөөбүтэ. Онон бырайыак эрэгийиэннэр биир түмсүүлээхтэрин көрдөрөр.
«Мин саҥа киинэни сөбүлээтим. Бу биһиги байыастарбыт туһунан кэпсээн эрэ буолбатах, сырдык олох туһугар олохторун толук уурбут дьоҥҥо ытыктабыл бэлиэтэ. Киинэни оҥорбут дьон сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу күүһүн, хайдах да түгэҥҥэ ыарахаттары кыайарбытын көрдөрбүттэр. Бүгүн Саха сирин байыастара хорсуннук дойдубутун көмүскүү сылдьаллар. Саха байыастара уонна волонтердара биһиги уопсай кыайыыбытын чугаһаталлар. Кинилэр дьиҥнээх дьоруойдар. Киэҥ эйгэҕэ сүрэхтэниитэ кэлэр сыл олунньутугар буолар. Бу киинэни хас биирдии киһи сүрэҕэр олус чугастык ылыныа дии саныыбын!», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Кыһыммыт сымнаҕастык саҕаланан, ахсынньы ый саҕаланыытыгар будулҕан туманы билбэтибит. Ол эрээри тымныы бэйэтин кыаҕын ылар кэмэ кэллэ, онуоха бэйэни, олоҕу-дьаһаҕы сөпкө көрүнэн, чөл туруктаах, этэҥҥэ буолуоҕун, сылы түмүктүүр түбүктэрбитин үмүрүтүөҕүн!
Ааптар: Афанасий Ноев
This post was published on 09.12.2024 18:01 18:01