Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Ил Дархан национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ тутулла турар эбийиэктэргэ үлэ хаамыытын сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Чуолаан «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн Өлүөхүмэ куоракка 200 миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ, Нам сэлиэнньэтигэр 65 миэстэлээх интэринээт-дьиэ, Уус Алдан Бороҕонугар элбэх хайысхалаах спорткомплекс, Мындаабаҕа 32 миэстэлээх интэринэттээх спорткомплекс, Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Нам Хамаҕаттатыгар 240 миэстэлээх, Алдаҥҥа 120 миэстэлээх, Бороҕоҥҥо, Амма Өнньүөһүгэр 75 миэстэлээх уһуйааннар тутуулара бүгүҥҥү күҥҥэ хайдах барарын ырыттылар. Айсен Николаев бу эбийиэктэргэ ыгым балаһыанньа үөскээбэтэҕин бэлиэтээтэ, үбүлээһин боппуруоһугар Бырабыыталыстыба быһаарыы ылыммытын, сорох бырайыакка үп бүддьүөтү чуолкайдааһыҥҥа көрүллүөҕүн туһунан эттэ.
Былааннаммыт болдьохтон хаалыан сөп кэккэ бырайыагы «СӨ судаарыстыбыннай сакаасчыт сулууспата» хонтуруолга ыларыгар, кэмигэр көмө оҥоһулларыгар сорудахтанна. Айсен Николаев этэринэн, мунньахха таарыллыбыт тирээн турар боппуруостары министиэристибэлэр, олохтоох дьаһалталар быһаарыахтаахтар.
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар кыттыыны ылла. Үөрэх эйгэтигэр оскуолалары, уһуйаннары тутуу биир сүрүн сорук буолар. Төһө да хамсык дьаҥа олох бары эйгэтигэр дьайбытын үрдүнэн, тутуу урукку тэтиминэн барар. Сыл түмүктэниэр диэри 12 оскуола, 13 уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ. Быйыл биир кэлим эксээмэҥҥэ үрдүк бааллаах оҕо ахсаана эбиллибит, 100 баалга 29 оҕо туттарбыт. Саха сирин 5 оскуолата Уһук Илин уокуругар 20 бастыҥ рейтиннээх оскуола ахсааныгар киирбит. Ол эрээри биэс предмеккэ БКЭ орто баала үрдээбитин иһин, билигин да биһиги региоммут дойду орто көрдөрүүтүттэн хаалан иһэр.Үөрэх хаачыстыбатынан өрөспүүбүлүкэбит 49 миэстэҕэ сылдьар. Онон СӨ Үөрэҕин, наукатын министиэристибэтигэр үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии бырагырааматын оҥорорго сорудахтаата. Бу үөрэх хаачыстыбатынан 15 бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар киирэр соругу ситиһэргэ көмөлөһүөхтээҕин ыйда. «Земскэй учуутал» бырагырааманан 2023 сылга диэри дойду, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 106 мөл.солк. суумаҕа 53 квота көрүллүөҕүн иһитиннэрдэ. «Арктика учуутала» бырайыагынан арктика улуустарыгар үлэлиир 70 эдэр учуутал аадырыстаах көмөнү ылыаҕа. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сирин педагогтарын идэлэрин маастарыстыбатын үрдэтэр киин үлэлиэҕин эттэ. Үөрэх үлэһитин идэтин уонна социальнай статуһун үрдэтэр тэрээһиннэри СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ СӨ Ыччатын министиэристибэтин кытта оҥороллоругар сорудахтаата. Үөрэнээччилэри хаачыстыбалаах итии аһылыгынан хааччыйыыга болҕомто ууруллуохтаах. «Чугастааҕы уон сылга оҕо аймах бэйэтин доруобуйатыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыытын саҥа култууратын олохсутар соругу тутуһуохтаахпыт», — диэн быһаарда. Үөрэх үлэһиттэрэ ураты усулуобуйаҕа идэлэригэр бэриниилээхтээхтэрин көрдөрөллөрүн иһин махталын биллэрдэ.
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ баһаары умулларыыга көмөлөспүт Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Тулатааҕы, Ногинскайдааҕы быыһыыр кииннэрин 200 үлэһитин атаарыыга кытынна. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан ЫББМ миниистирэ Евгений Зиничевка, миниистири бастакы солбуйааччы Александр Чуприянҥа, баһаары умулларыыга үлэлэспит бары сотрудниктарга махтанна. «Атырдьах ыйын 11 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан көмөҕө кэлэҥҥит, сорунуулаахтык уоту кытта охсуһаҥҥыт, билигин Нам, Горнай, Чурапчы улуустарыгар куттал суоһаабат, улахан баһаардар умулларыннылар. Биһиги эһиги хорсун быһыыгытын өрүү махталлаахтык саныахпыт. Саха сирэ ыарахан түгэннэргэ өрүү эһиги сулууспа көмөтүн билэр», — диэн туран, Ил Дархан наҕараадалары туттарда.
Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Горнай улууһугар ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөл сэлиэнньэтин чөлүгэр түһэрии үлэтигэр анаммыт мунньах буолла. «Кылгас кэм иһигэр сэлиэнньэни чөлүгэр түһэриэхтээхпит, олохтоохтору дьиэнэн хааччыйыахтаахпыт, хаһаайыстыбаннай тутуулары, хотоннору саҥардыахтаахпыт, баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ социальнай өйөбүлү оҥорууну түргэн быһаарыахтаахпыт», — диэтэ Ил Дархан.
АЛРОСА үбүлээһининэн Үүнэр көлүөнэ фондатын сакааһынан 34 дьиэ тутуллуохтаах. Билиҥҥитэ 7 дьиэ кэмпилиэгэ бүтэн, иккитэ Бэс Күөлүгэр тиэрдиллибит. Айсен Николаев тутууну ураты хонтуруолга ылары эттэ. Дьиэлэри тутууга 10 тэрилтэ үлэлэһэр. «Туймаада строй» тэрилтэ бу күннэргэ дьиэлэр сыбаайаларын 60% түһэрбит, атыттар бу күннэргэ саҕалыахтара. Тутуулар барыахтаах сирдэригэр 10 тыһ. кубометр бөх-сыыс хомуллубут, 9 тыһ. кубометр кумах тиэллибит. Уот, гаас ситимэ тардыллыбыт. Дьиэлэри сэргэ 1 км суол оҥоһуллуоҕа.
Баһаартан 26 кэтэх хаһаайыстыба эмсэҕэлээбит, 61 мөл. солк. хоромньу тахсыбыт. «Атамай» хаһаайыстыба 100 төбөҕө анаммыт хотонун чөлүгэр түһэриэхтэрэ итиэннэ кэтэх хаһаайыстыбалар хотоннорун тутуохтара. Тутуулар оннуларыгар дьон харчы ылыан сөп. Сүөһүлэри атын хаһаайыстыбалартан ылыахтара. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар баар боппуруостары быһаарар туһуттан Бырабыыталыстыба нормативнай правовой базаны кылгас кэм иһигэр бэлэмниэхтээҕин, үлэ тэтимириэхтээҕин Ил Дархан ыйда.
Олохтоохтор 30 тыһ. солк. ылбыттар. Кыаммат дьоҥҥо биирдиилээн көмө оҥоһуллар. Итинник көмө 15 дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит. 100 тыһ.солк. федеральнай көмөнү 142 киһи ылыаҕа. Прописката суох олорбут 18 киһини, ол иһигэр 15 оҕону болҕомтоҕо ыларга,үлэни ыытары Ил Дархана эттэ.
Киин куораттарга эмтэниини, чэбдигирдиини 250 киһи ааһыаҕа. Итинтэн бастакы бөлөх атырдьах ыйын 29 күнүгэр Тюмень куоракка барбыта, салгыы атырдьах ыйын 31, балаҕан ыйын 1 күннэригэр Москваҕа көтөллөр. Сорохтор бэйэлэрин баҕаларынан балаҕан-алтынньы ыйдарга сынньана барыахтара. 24 киһи Дьокуускайга эмтэнэр. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Бэс Күөлүн чөлүгэр түһэрии боппуруоһа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тус хонтуруолугар сылдьар.
Атырдьах ыйын 25 күнүгэр «Саха сирэ» уонна «Саха сирин соҕуруу өттө» урутаан сайдыы территорияларын (ТОР) кэтиир сэбиэттэрин мунньаҕар ыытыллар үлэ барыллаан түмүгүн дьүүллэстилэр. Билиҥҥи кэмҥэ 43 резидент, ол иһигэр бу сылтан 5 саҥа резидент үлэлиир, 66 млрд солк. үбү бырайыактарыгар укпуттар, 7700 үлэ саҥа миэстэтин тэрийбиттэр. Былаан быһыытынан 124 млрд солк. капитальнай угууну, 10 тыһ. тахса саҥа үлэ миэстэтин оҥоруохтаахтар. Бу сыл бэс ыйын 10 күнүгэр Россия Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин баттаабыт уураҕынан «Саха сирэ» ТОР территориятыгар Аллараа Бэстээхтээҕи кууһунан тарҕатар киин киирбитэ олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна бородууктаны тутарга, харайарга, переработкалыырга уонна батарарга табыгастаах усулуобуйаны үөскэтэр. Ил Дархан инвестиция бырайыактарын олоххо киллэрэргэ чэпчэтиилээх усулуобуйаны салгыы тэрийэр тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. Кини Жатайдааҕы судоверфы уотунан хааччыйыы үлэтэ быйыл бүтүөхтээх диэтэ. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыытылыстыбатыгар былаантан хаалан иһэр сорох бырайыактар кыһалҕалаах боппуруостарын быһаарыыга этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата. Мунньахха урутаан сайдыы территорияларыгар Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер, Нерюнгри оройуонун Сыллаахтааҕы чоҕу хостуур тэрилтэ кииритин өйөөтүлэр.
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр суһал ыстаап мунньаҕар Ил Дархан Горнай, Нам улуустарыгар ойуур баһаардара умуруоруллубуттарын иһитиннэрдэ. «Төһө кыалларынан баһаары түргэнник умуруора охсон, кыстыкка, саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэниэхпитин наада. Онон хаалбыт баһаардары умуруорууга бары күүһү түмүҥ», – диэн улуустар суһал ыстааптарыгар туһаайан эттэ. Сүрүн болҕомто Уус Маайа улууһугар баар ойуур баһаардарын умуруорууга туһуланар. Ону таһынан Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Мииринэйгэ, Чурапчыга баһаардары умуруора сылдьаллар. Чурапчы улууһугар баһаары умуруорууга көмөҕө түөрт байыаннай тиэхиньикэ кэлбитэ. Айсен Николаев балаҕан ыйыгар ойуур баһаардарынан улахан мунньах ыытыллыаҕын туһунан иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтииринэн, РФ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын көмөлөрүнэн эһиил ойуур хаһаайыстыбатын үбүлээһинэ лаппа үрдүөхтээх, оччотугар ойуур хаһаайыстыбатыгар эбии үлэһиттэри ыларга, тиэхиньикэнэн хааччыйарга төһүү буолуоҕа.
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускайга «Саханефтегазсбыт» саҥа сапыраапкалыыр ыстаансыйатын үлэтин көрдө. Хатыҥ үрэх шоссетын 4 км аһыллыбыт ыстаансыйа массыыналары уматык биэс көрүҥүнэн сапыраапкалыырын тэҥэ, электромобиллары эмиэ зарядтыыр. Килийиэннэргэ бары табыгастаах усулуобуйа тэриллибит. Айсен Николаев эбийиэги дойду технологическай оборудованиетынан таҥмыттарын, ол иһигэр Жатайга резервуардары оҥорбуттарын бэлиэтээтэ. Маннык аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир ыстаансыйа Саха сиригэр элбии туруоҕа диэн кини эттэ.
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Аллараа Бэстээххэ паромҥа массыыналар уочараттаан киирэр накопителлэрин үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Накопитель Айсен Сергеевич сорудаҕынан оҥоһуллан атырдьах ыйын 13 күнүттэн үлэлиир. Манна түөрт балаһанан 170 легковой уонна 42 таһаҕас тиэйэр массыына киирэр. Тустаах инфраструктура барыта баар — тэҥнэммит былаһаакка, диспетчер пууна, уот лиинийэтэ, видеонан кэтээн көрүү тиһигэ, светофордар, суол бэлиэлэрэ, шлагбаумнар. Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна «Паромы Якутии» хампаанньа салалталарын кытта эбийиэк үлэлиирин тухары куттал суох буолуутун, «Экология» нацбырайыак чэрчитинэн кытылы бөҕөргөтүү үлэтин тула кэпсэттилэр.
Айсен Николаев Аллара Бэстээххэ бастакы кэтэх бизнес-инкубатор арыллыытыгар сырытта. Ил Дархан бэлиэ түгэн өрөспүүбүлүкэҕэ суолталааҕын, тыа сиригэр аан бастаан дьоҕус биисинэскэ кэтэх производственнай инкубатор арылларын бэлиэтээтэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата дьоҕус урбааны өйүүргэ улахан болҕомтону уурар. Бу тыа сиригэр нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутугар, дохуота үрдүүрүгэр көмөлөһүөҕэ. Оҥорон таһаарар пааркаҕа тутуу салаатын бородууксуйатын оҥоруохтара. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бу уопуту Саха сирин улуустарыгар тарҕатарга эттэ.
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Айсен Николаев Нерюнгри улууһугар үлэлээтэ. Ил Дархан аан бастаан Аллараа Бэстээхтэн поеһынан айаннаан тиийдэ. Чульманҥа аэропорду саҥардан оҥорууну көрдө. Үлэ былаан быһыытынан барар, графиктан хаалыы суох. Уу сүүрэр сирдэрин, көтөр-түһэр балаһаны бүрүйүү аллараа бүрүөһүнүн уонна бетонтан үөһээҥҥи бүрүөһүнүн, сырдатар-сигналлыыр тэрили таҥыы ыытыллар. Мантан сэтинньи 1 күнүттэн самолеттар көтүөхтэрэ. Салгыы суол өрөмүөнүн үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Ленин проспегыгар капитальнай өрөмүөн саҕаламмыт, үс сыл ыытыллыахтааҕын улуус баһылыга Роман Щегельняк көрдөһүүтүнэн 2022 сылга түмүктэниэҕэ. Үбүн сорҕото өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан көрүллүбүт. Быйыл өссө Чурапчы уонна Аммосов уулуссаларын учаастактара өрөмүөннэммит. Маны тэҥэ Чульман, Иенгра, Золотинка, Беркакит бөһүөлэктэрин уулуссаларыгар үлэ ыытыллар.
Ил Дархан салгыы Серебряный Бор бөһүөлэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэригэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыытын бэрэбиэркэлээтэ. Кини сорудаҕынан 27 мөл. солк. үп көрүллүбүт. Хаарбах дьиэттэн көспүт дьон олорор элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэ территорията бетоннаммыт, тротуардар, оҕо былаһааккалара оҥоһуллаллар. Балаҕан ыйын бүтүөр диэри силигин ситиэҕэ. Айсен Николаев Нерюнгрига технологическай колледжка «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут 4 саҥа мастарыскыайы көрдө. Манна устудьуоннар IT-компетенциялары баһылыахтара.
Ил Дархан Нерюнгрига сырыытын сүрүн түгэнинэн улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын торумнуур мунньах буолла. Айсен Николаев урукку өттүгэр дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга, ол иһигэр доруобуйа харыстабылыгар улуус хаалан испитин, онон сайдыы бары хайысханан тэтимириэхтээҕин бэлиэтээтэ. Нерюнгри оройуонун 2022-2026 сылларга сайдыытын туһунан ыйаах бэлэмнэниллиэҕэ. Айсен Николаев оройуон социальнай сайдыытыгар улахан бизнес кыттыыта күүһүрүөхтээҕин эттэ. Муниципальнай тэриллии баһылыга Роман Щегельняк олохтоохтор ааттарыттан Айсен Николаевка оройуон сайдыыта тэтимирбитин иһин махтанна уонна ыйааҕы олоххо киллэрэргэ Бырабыытылыстыбаны, министиэристибэлэри кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин туһунан эттэ. Ыйаах бэлэмнэнии быһыытынан Нерюнгри оройуонугар суол ситимин биир кэлимник сайыннарыы туһунан сөбүлэҥи Тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна улуус дьаһалтатат түһэристилэр. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ суолун фондатыттан оройуоҥҥа 100 мөл. солк. итэҕэһэ суох үп суол тутуутугар, өрөмүөнүгэр бэриллиэҕэ.
Бу күн Айсен Николаев Саха сирин соҕуруу өттүгэр чох комплексын баһылааһыҥҥа олохторун толук биэрбит дьону кэриэстиир миитиҥҥэ кытынна уонна Алексей Столыпин пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Ил Дархан Нерюнгрига Шахтер күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут дьону идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Чох салаатын сайдыытыгар Нерюнгри дойдуга инники күөҥҥэ сылдьарыгар кылааттарын иһин махтанна, үлэ бастыҥнарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
This post was published on 31.08.2021 15:33 15:33