Бэс ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев Евразия олохтоох уонна регионнарын былаастарын VIII Конгреһын аһыллыытыгар кытынна. Конгресс тэрийээччилэринэн «Олохтоох былаас уонна куораттар холбоһуктара» аан дойдутааҕы тэрилтэ Евразиятааҕы салаата, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук буоллулар. Манна Ил Дархан киһи олоҕун уонна доруобуйатын харыстааһын сүрүн суолталаах буолбутун бэлиэтээтэ. «Доруобуйа диэн киһи ис уонна тас туруга, тулалыыр эйгэтэ чөллөөх, социальнай өттүнэн этэҥҥэ, духуобунай өттүнэн бөҕөх буолуутун барытын хабар. Итинник улахан суолталаах боппуруос быһаарыллыыта олохтоох былаастан, куораттан, бөһүөлэктэн уонна регионтан саҕаланар», – диэн эттэ кини.
Бэс ыйын 21 күнүгэр Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ. «Өбүгэлэрбит үгэһинэн уйгу-быйаҥы түстүүр бэлиэ күммүт үгүс үйэлэри уҥуордаан, ситимин быспакка, билигин даҕаны биһиэхэ, саха дьонугар, саамай күүтүүлээх күн буолар. Төһө даҕаны иккис сылын Ыһыаҕы хааччахтаммыт быһыыга-майгыга бэлиэтииргэ күһэллибиппит иһин, бу ытык-мааны күн суолтата симэлийбэт, сүппэт. Бука бары биир сомоҕо буолан, түмсэн, үтүө үгэһинэн бу күнү чугас дьоммутунаан бииргэ көрсөбүт. Сылы быһа энчирээбэт эрчими, көҕүрээбэт күүһү биэрдин! Өлгөм үүнүүлээх өҥ-быйаҥ сайын буоллун! Чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну, ситиһиилэри баҕарабын!» — диэн эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 22 күнүгэр ойуур баһаарыгар суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын быһаарыыга уонна умуруорууга эппиэттээх биэдэмэстибэлэр үлэлэриттэн астымматын эттэ. «Регион туһааннаах структуралара ойуур баһаардарыгар суһаллык хардарыахтаахтар. Уот хас да суотай гектар сири ылбытын эрэ кэнниттэн умулларыы — бу күүһү уонна үбү көдьүүһэ суохтук туһаныыга тиэрдэр, баһаар ахсаанын элбэтэр, тарҕанар иэнин улаатыннарар», — диэтэ Ил Дархан.
Гидрометеосулууспа чахчытынан, куйаас күннэртэн улуустарга төрдүс-бэһис кылаастаах баһаар куттала суоһуур. Маннык күн-дьыл бэс ыйын бүтүөр диэри туруоҕа. Кураанах этиҥ этэн, уот барыытын элбэттэ. Итини сэргэ киһи дьалаҕайа эмиэ төрүөт буолар. Тустаах уорганнар буруйдаахтары көрдүүллэр. Административнай эппиэккэ тардар туһунан 157 уураах таҕыста, 6 муниципальнай тэриллиигэ 11 холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ улахан куйаас сатыылаан, ойуур баһаардара түргэнник улаатыытыгар тиэрдиэн сөбүнэн кини ыксаллаах быһыыны биллэрэр туһунан ыйаахха илии баттыам диэтэ. Кини эппиэттээх структуралар салайааччыларыгар, баһылыктарга баһаары умулларыыга суһаллык дьаһаналларыгар, ойуур уотун хонтуруолга тутуохтаахтарын ыйда.
Бэс ыйын 22 күнүгэр дойдубутугар Өйдөбүл уонна кутурҕан күнүн бэлиэтээтибит. 80 сыл анараа өттүгэр бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта, фашистскай Германия сэриини биллэрбэккэ эрэ Сэбиэскэй Сойууска саба түспүтэ. «Бүгүн биһиги Аҕа дойдуну көмүскээн, билигин олорор эйэлээх олохпут иһин бэйэлэрин толук уурбут, дойдуларыгар төннүбэтэх, күүтүүлээх Кыайыы күнүгэр тиийбэтэх ытык дьоммутун ахтар-саныыр күммүт. Норуоппут хорсун быһыытын туһунан сырдык өйдөбүл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үйэтитии — биһиги ытык иэспит буолар», — диэн Саха сирин салайааччыта санаатын эттэ.
Бэс ыйын 23 күнүгэр регион баһылыга өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы тупса илигин, нэдиэлэ анараа өттүнээҕи турук оннунан турарын иһитиннэрдэ. Реанимацияҕа 60 киһи ыарахан туруктаах сытар, ааспыт сууккаҕа 5 киһи олохтон туораабыт. Бу күн өрөспүүбүлүкэҕэ 2700 вакцина кэлэн, Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай оройуонугар ыытыллыбыт. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрээһиннэрин — Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕын уонна Горнайга Манчаары оонньууларын куттала суох ыытыллыытыгар туһаайда. Горнайга билиҥҥитэ ыарыы аччаабат уонна быһыыны ылыы бытаан. Хаалбыт кэмҥэ балаһыанньа көммөтөҕүнэ, Оонньуулары ыытыы уларыйыан сөп. Маны сэргэ мунньахха быһыыны ылбыттары биһирээһин туһунан этиилэри ырыттылар.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Ил Дархан Нерюнгри оройуонугар үлэлээтэ. Миэстэтигэр тиийээт, Айсен Николаев Чульман аэропордугар саҥардыы үлэтэ бара турарын көрдө. Билиҥҥитэ үлэ 38% оҥоһуллубут. Аэропорт үлэтигэр хааччахтааһын от ыйын 1 күнүттэн алтынньы 30 күнүгэр диэри буолуоҕа, ол кэннэ самолеттар сырыыларын урукку режимэ сөргүтүллүөҕэ.
Чугастааҕы сылларга Нерюнгри куоракка «Колмар» хампаанньа көмөтүнэн 26 дьиэлээх, 2 тыһ. квартиралаах олорор комплекс тутуллар. Бырайыакка 220 миэстэлээх уһуйаан, 420 миэстэлээх оскуола, 100 миэстэлээх поликлиника көрүллүбүттэр. Бастакы 140 квартиралаах дьиэ быйыл сэтинньигэ үлэҕэ киириэҕэ. Тутуу хаамыытын Айсен Николаев көрдө. Саҥа кыбаартал уопсайа түөрт түһүмэҕинэн тутуллуоҕа.
Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта салгыы суолу өрөмүөннээһини бэрэбиэркэлээтэ. Нерюнгри олохтоохторо Ил Дархаҥҥа үҥсүүлээх тахсаллар. Кырдьык, бу үҥсүү оруннааҕын кини көрдө, бэдэрээччиттэн сылтаан сорох уулуссаларга үлэ барбакка турар. Холобур, Аммосов уулуссатыгар саҕалана илик. Онон куорат дьаһалтатыгар өрөмүөн үлэтин түргэтэтэри соруйда.
Маны сэргэ Ил Дархан саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо кииритин хонтуруоллаата. Серебрянай Бор бөһүөлэккэ элбэх квартиралаах үс дьиэ тутулла турар. Үлэ хаамыыта 90-тан тахса % cиппит. Регион баһылыга бу объектары сайын бүтүөр диэри түмүктүүргэ сорудахтатаа.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Айсен Николаев Нерюнгрига РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллины кытары көрүстэ. Вице-премьери кытары РФ тырааныспарын миниистирэ Виталий Савельев, «Арассыыйа тимир суоллара» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Олег Белозеров уонна тырааныспар биэдэмистибэлэрин салайааччылара сырыттылар. Көрсүһүүгэ Саха сиригэр БАМ Илиҥҥи полигонун сайдыытын, аэропортары саҥардыы, Нерюнгри аэропордун сөргүтүү, Дьокуускайга, Нерюнгрига саҥа кыбаарталлары тутуу боппуруостарын кэпсэттилэр. Айсен Сергеевич Марат Шакирзяновичка Саха сирин этиилэрин мэлдьи өйүүрүн иһин махтанна.
Бэс ыйын 23 күнүгэр Айсен Николаев ойуур баһаарынан регион таһымыгар ыксаллаах быһыы-майгы режимин олохтуур туһунан 1912 №-дээх ыйаахха илии баттаата. Онон сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы режимэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын уорганнарыгар эмиэ олохтонно.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев Таджикистан Өрөспүүбүлүкэтин Новосибирскайга генеральнай консула Давлатходжа Ятимы кытта көрүстэ. Өрүттэр атыы-эргиэн, култуура уонна гуманитарнай эйгэлэргэ бииргэ үлэлээһин туругун уонна инники кэскилин туһунан кэпсэттилэр. Маны тэҥэ үлэ миграциятын бэрээдэктээһин боппуруостарын ырыттылар. Ил Дархан Саха сиригэр таджиктар диаспоралара норуоттар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт көҕүлээһиннэргэ, култуура, успуорт тэрээһиннэригэр, аһымал акцияларга, холобур, Марха оскуолатыгар кыаммат ыал оҕолоругар көмө оҥорууга, көхтөөхтүк кыттарын бэлиэтээтэ. Давлатходжа Ятим Саха сирин салалтатыгар бииргэ үлэлээһин хайысхаларын кэҥэтиини, бэйэ бородууксуйатын хардарыта тириэрдиини өйүүллэрин иһин махтанна уонна атыы-эргиэн кээмэйин улаатыннарыыга интэриэстээхтэрин туһунан эттэ.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Москватааҕы А.С.Логинов аатынан клиническэй научнай-практическай киин дириэктэрэ Игорь Хатьковы кытта көрсүһүүтүгэр салгыы бииргэ үлэлээһин уонна уопут атастаһыы туһунан кэпсэтии барда. Бу күннэргэ Игорь Хатьков маастар-кылаастары ыытта, өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер үлэтин кытта билистэ. Кини специалистар таһымнара үрдүгүн уонна балыыһа оборудованиенан үчүгэй хааччыллыылааҕын, онон ыарыһахтарга таһымнаах көмө оҥоһулларын, тутулла турар онкологическай киин дьиэтэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиирин бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев Евразия олохтоох уонна регионнарын былаастарын VIII Конгреһын аһыллыытыгар кытынна. Конгресс тэрийээччилэринэн «Олохтоох былаас уонна куораттар холбоһуктара» аан дойдутааҕы тэрилтэ Евразиятааҕы салаата, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук буоллулар. Ил Дархан тэрээһин аһыллыытыгар пандемия уопсастыба доруобуйатын көмүскүүргэ саҥа сыһыаны олохтууру түргэтэтэн биэрдэ диэтэ уонна онуоха бары күүһү түмэн, бэйэ-бэйэни өйөһөн, төһө да харгыстар баалларын иһин, бииргэ үлэлээһин саҥа көрүҥнэрин тобулар тоҕоостооҕун туһунан эттэ.Айсен Николаев киһи олоҕун уонна доруобуйатын харыстааһын сүрүн суолталаах буолбутун бэлиэтээтэ. «Доруобуйа диэн киһи ис уонна тас туруга, тулалыыр эйгэтэ чөллөөх, социальнай өттүнэн этэҥҥэ, духуобунай өттүнэн бөҕөх буолуутун барытын хабар. Итинник улахан суолталаах боппуруос быһаарыллыыта олохтоох былаастан, куораттан, бөһүөлэктэн уонна регионтан саҕаланар», –диэн эттэ Ил Дархан.
Евразия регионнарын былааһын бэрэстэбиитэллэрэ, экспертэр видеоконференция нөҥүө уонна сирэй кыттан стратегическай суолталаах уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын ситимин сайыннарыы, климат уларыйыыта, ирбэт тоҥ ууллуута, куорат усулуобуйатыгар олоххо тулуурдаах буолуу уо.д.а. боппуруостары ырыттылар. Кэпсэтиигэ «Олохтоох былаас уонна куораттар холбоһуктара» тэрилтэ генеральнай сэкирэтээрэ Эмилия Сайз, Казань куорат мэра Ильсур Метшин, Бүтүн аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин Россияҕа анал бэрэстэбиитэлэ Мелита Вуйнович, мэрдар Азиятааҕы форумнарын генеральнай сэкирэтээрэ Гоштаб Мозафари, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кытыннылар Икки күн устата конгресс чэрчитинэн питч-сессиялар, төгүрүк остуоллар, семинардар ыытылыннылар.
Бэс ыйын 24 күнүгэр хамсык дьаҥа тарҕаныытын сэрэтэр уонна бопсор дьаһаллар тустарынан Айсен Николаев Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Романы кытта дьүүллэстэ. Айсен Николаев Дьокуускай Епархиятыгар эрэгийиэн социальнай суолталаах боппуруостарын быһаарыыга бииргэ үлэлэһэрин иһин махтанна. Судургута суох санитарнай-эпидемиологическай быһыыга-майгыга Епархия үлэһиттэрэ итэҕэллээхтэри кытта доруобуйаны харыстаныыга вакцина туһатын, санитарнай ирдэбили тутуһуу туһунан өйдөтөр-быһаарар тус сыаллаах үлэни ыыталлар. Архиепископ Роман Ил Дархаҥҥа Саха сирин 37 медицинэтин үлэһитин, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисованы уонна вице-премьер Ольга Балабкинаны хамсык дьаҥы утары охсуһууга тус кылааттарын иһин Москва уонна Бүтүн Русь патриарха Кирилл ыйааҕынан «Патриарх махтала» мэтээлинэн наҕараадалаабытын, медик бырааһынньыгар – бэс ыйын 20 күнүгэр туттарбыттарын туһунан кэпсээтэ.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев Россия Федерациятыгар Турция Өрөспүүбүлүкэтин суһал уонна боломуочуйалаах посола Мехмет Самсары кытта көрсүһүүтүгэр атыы-эргиэн эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин хайысхаларын ырыттылар. Ил Дархан Турция уонна Саха сирэ бизнескэ бииргэ үлэлээһиннэрин төрүтэ 2017 сылга ууруллубутун туһунан эттэ. Ол сыл Стамбулга Дьокуускай куорат күннэрэ ыытыллыбыттара, икки куорат икки ардыгар бырааттыы сибээс олохтоммута. Саха сирин хампаанньаларыгар уонна урбаанньыттарыгар анаан Стамбулга 2017 сылга, онтон Дьокуускайга Турция хампаанньаларыгар анаан 2020 сылга бизнес-миссия ыытыллыбыта. Турция хампаанньалара эрэгийиэн убатыллыбыт айылҕа гааһын, туризм, Жатайдааҕы судоверфэ бырайыактарыгар интэриэстээхтэрин биллэрбиттэрэ. Мехмет Самсар Россия уонна Турция икки ардыгар табаар эргиирин улаатыннарыыга Саха сирин кытта дьыалабыай сибээс бөҕөргүүрэ төһүү күүс буолуоҕа диэтэ.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Айсен Николаев РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хамыыһыйатын «Орто анал үөрэхтээһин» оробуочай бөлөҕүн мунньаҕын салайан ыытта. Оффлайн уонна онлайн дьүөрэлээн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хамыыһыйатын салайааччыта, Кировскай уобалас губернатора Игорь Васильев, РФ үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччыта Александр Бугаев, РФ үөрэҕин министиэристибэтин Орто анал үөрэхтээһинин Департаменын салайааччыта Виктор Неумывакин, Ворлдскиллс Россияҕа генеральнай дириэктэрэ Роберт Уразов, регионнар, экономика реальнай секторын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Айсен Николаев дойдуга орто анал үөрэхтээһин кэнники үс сыллааҕы көрдөрүүтүнэн выпускник 40% ылбыт идэтинэн кыайан үлэ булбатын, ол каадыры бэлэмнээһин экономика ирдэбилигэр сөп түбэспэтин көрдөрөр диэтэ. Ил Дархан орто анал үөрэх тиһигин каадыр, методическай уонна инфраструктура ресурсатын холбоон үбү ороскуоттуур буолбакка, инвестицияны тардар экономика тэтимин үрдэтэр үрдүк технология, цифровизация эйгэтин курдук көрүөххэ наадатын туһунан эттэ..Орто анал үөрэхтээһин тулалыыр эйгэҕэ уларыйыыларга тута эппиэттиир, түргэнник уларыта тутууну ыытар кыахтаах эрэ буоллаҕына экономика реальнай секторын көрдөбүлүнэн күрэстэһэр кыахтаах буолуоҕа. Биир кэлимник аныгы инфраструктураны тэрийии холобурунан Саха сирэ көҕүлээбит Суперкамус бырайыага буолар.
Бэс ыйын 25 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев коронавирустан утары «ыраас» зоналары тэрийэр туһунан ыйаах таһаарда. Бу уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр, фитнес-кулууптарга, тренажернай, спортивнай саалаларга, сабыылаах манежтарга, сабыылаах хаҥкылыыр сирдэргэ, түүҥҥү кулууптарга, караоке-саалаларга, букмекерскай хонтуораларга, тотализатордарга сыһыаннаах. Килийиэннэри QR-куодунан эбэтэр 72 чаас иһинэн оҥоһуллубут, коронавирус дьаҥынан ыалдьыбатах диэн ПЦР-тиэс түмүгүнэн киллэриэхтэрэ. Маннык хайысханан үлэлиир тэрилтэлэргэ хааччахтыыр миэрэлэр тутуһуллуохтара суоҕа, талбыт миэстэҕэ олорон, төһө баҕарар киһи биир остуолга аһынан, сынньаныан сөп, ону тэҥэ «ыраас» зоналаах аһыыр сирдэр үлэлиир бириэмэлэрэ хааччаҕа суох буолуоҕа. Ол эрээри бу тэрилтэлэр бэрэбиэркэттэн босхоломмоттор. Кэһиилэр баар буоллахтарына, урбаанньыт административнай эппиэтинэскэ тардыллыаҕа уонна кини бу быраабыланан үлэлиирин бобуохтара. Ыйаах от ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр. Маныаха саҥа быраабыланан үлэлиэн баҕалаахтар Урбаан министиэристибэтигэр сайаапка ыыталлар, сөбүлэһии түһэрсэллэр.
Бэс ыйын 26 күнүгэр Олоҥхо ыһыаҕа саҕаламмытынан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. «Олоҥхо ыһыаҕа Сахабыт сирин бар дьонун түмэр, биһиги баай култуурабытын, доҕордуу сыһыаммытын көрдөрөр. Былырыын дьаҥ тарҕанан, уустук быһыы-майгы үөскээн, хомойуох иһин, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбатаҕа. Быйыл хааччахтыыр уонна харыстыыр дьаһаллары барытын тутуһан ыытарга быһаарынныбыт. Бу сырыыга Өлүөхүмэ оройуонун олохтоохторо саха норуотун улууканнаах айымньытын чөл хаалларыыга, былыргы эпоһы аныгы уопсастыбаҕа таһаарыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр чиэстэннилэр. Онон быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, чаҕылхай тэрээһин буоллун! Өбүгэлэрбит кэс тылларын энчирэппэккэ, төрүт култуурабытын харыстаан, байытан кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдиэҕиҥ!», – диэн эҕэрдэҕэ этилиннэ.
Бэс ыйын 26 күнүгэр Айсен Николаев өлгөм үүнүүлээх өҥ буордаах Өлүөхүмэ сиригэр XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кытта тиийдэ. Ыһыах бары хааччахтыыр уонна харыстанар миэрэлэри тутуһан ыытылынна. Кыттааччылартан туох-ханнык иннинэ быһыыны ылбыттара ирдэммитэ. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар Аал Дууп Хатыҥ Маһы сөҕө-махтайа көрдүлэр. Өлүөхүмэ ытык кырдьаҕастара Капиталина Трынкина уонна Борис Чичирбынов күүтүүлээх Олоҥхо ыһыаҕынан мустубут ыалдьыттары уруйдуу көрүстүлэр, үтүөнү-кэрэни баҕардылар. Өлүөхүмэҕэ эбэҥки тылын илдьэ сылдьааччы Ляна Яковлева аал уоту отунна, айах тутан күндүлээтэ, Ростислав Крижановский алҕаата. Сиэр-туом силигэ ситэриллибитин кэнниттэн салгыы театрализованнай дьүһүйүү буолла. Олоҥхо тыйаатырын, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдарын артыыстара, АГИКИ устудьуоннара, Өлүөхүмэ оройуонун айар кэлэктииптэрэ кытыннылар. Ол кэннэ ыһыах сүрүн түгэнинэн Ытык дуоҕаны Ил Дархан сэргэҕэ аста. «Өлүөхүмэ дьонугар-сэргэтигэр, ыарахаттары аахсыбакка туран, күүстэрин түмэн бырааһынньыгы тэрийбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Өлүөхүмэҕэ араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, үйэлэр тухары иллээхтик, эйэлээхтик олороллор, өрөспүүбүлүкэлэрин, оройуоннарын, дойдуларын сайыннарар туһугар үлэлииллэр. Мин бүгүн манна элбэх улуустан, дойдуттан ыалдьыттар мустубуттарыттан олус үөрэбин. Өлүөхүмэ улууһа — тыа хаһаайыстыбатын, ойуур хаһаайыстыбатын сайыннарар, бырамыысыланнай производствоны көҕүлүүр, үлэни-хамнаһы өрө тутар сиринэн буолар. Бу үрдүк култуура уонна хаачыстыбалаах үөрэх сирэ. Олоҥхо ыһыаҕа дьону-сэргэни өссө сомоҕолууругар уонна саҥа соруктары ситиһэргэ төһүү буоларыгар эрэнэбин», — диэн Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ. Салгыы СӨ Олоҥхо иккис уон сылын тэрийэн ыытар Национальнай кэмитиэт Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин эҕэрдэлээтилэр. Олоҥхо ыһыаҕын өрөгөйүнэн оһуохай түстэннэ.
Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Өлүөхүмэ улууһа уонна Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Спасскай муниципальнай оройуона сөбүлэһии түһэристилэр, Николай Харбин уонна Фаргат Мухаметов илии баттаатылар. Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Сөбүлэҥ чэрчитинэн регионнар икки ардыларыгар эргиэн уонна экэниэмикэ, култуура уонна үөрэхтээһин боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Ыһыах кэмигэр Айсен Николаев олоҥхоһуттар, хомусчуттар күөн-күрэстэрин түһүлгэлэригэр сырытта. Олонхону толорууга 13 улуустан 80 киһи кытынна. Кинилэр ортолоругар аҕыс кэлэктиип Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Дьокуускайтан бааллар. Эдэрдэргэ эмиэ туһунан күрэхтэһии ыытылынна. Уран тарбахтаах уустар быыстапкаларыгар Айсен Николаев норуот маастардарын, уустары кытары көрсөн кэпсэттэ. Тимир оҥоһуктары, киэргэллэри, дьиэҕэ-уокка туттуллар малы-салы көрдө, саха быһаҕын хаачыстыбатын сыаналаата.
Бу күн Ил Дархан волонтердары кытта көрүстэ. Олоҥхо ыһыаҕар волонтердар хайдах үлэлэһэ сылдьалларын Евгений Амбросьев кэпсээтэ. Барыта 100 волонтер успуорт, култуура уонна пресс-киин хайысхаларынан үлэлииллэрин сырдатта. Волонтердар Ил Дархан ыһыахха дьиэ кэргэнин үгэһин, Өлүөхүмэ улууһун сайдыытын туһунан, өрөспүүбүлүкэҕэ волонтердар хамсааһыннарыгар туох өйөбүл оҥоһулларын, о.д.а. ыйыталастылар. Айсен Николаев оҕолорго үлэҕэ көхтөөхтүк ылсыбыттарын, төрөөбүт улуустарын туһугар көмөлөһөргө бэлэмнэрин иһин махтанна, үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарда.
Бэс ыйын 27 күнүгэр регион баһылыга өрөспүүбүлүкэ эдэр олохтоохторун Ыччат күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Саха сирэ талааннаах ыччатынан киэн туттар. Бу курдук көхтөөх эдэр дьону кытта Олоҥхо ыһыаҕын волонтердарын кытары бэҕэһээ көрүстүм. Биһиги волонтердарбыт өрө көтөҕүллүүлээхтик бу улахан тэрээһини олоххо киллэрэргэ үлэлэстилэр. Улахан махтал эһиэхэ, оҕолор! Ыччаты кытта мин куруутун алтыһабын. Кинилэр ис сүрэхтэриттэн төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин таптыыллара, сайдарын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэрэ, кыһаллаллара көстөр. Саха сирин кэскилэ эрэллээх илиигэ тиксэригэр эрэллээхпин. Бэйэҕит күүскүтүгэр эрэнэргитигэр, олоххо мэлдьи үтүө санаалаах буоларгытыгар баҕарабын!», – диэн ыччакка туһаайан эттэ.
This post was published on 29.06.2021 11:01 11:01