Алтынньы ыйын 21 күнэ. Ил Дархан Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлээтэ. Саха сирин тирэх пуунугар байыастары кытары көрүстэ. Кинилэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ааттарыттан төрөөбүт дойдубут туһугар хорсун быһыыны көрдөрөллөрүн иһин махтанна. Биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр байыаннай чаастарыгар Ил Дархан «Патриотическай» уруттаан сайдар сир резиденэ — «Якт-Сокол» тэрилтэ оҥорбут 7 вездеходугар сэртипикээттэри туттарда. Тиэхиньикэ бу күннэргэ бастакы кирбиигэ барыаҕа. «Эбии тиэхиньикэни оҥорон таһаара туруохпут уонна тиэрдэн иһиэхпит», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Салгыы Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ шефтээх Докучаевскай куоракка уонна Еленовка бөһүөлэккэ чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хаамыыларын бэрэбиэркэлээтэ. Былааннаммыт 65 эбийиэктэн 40-ча кэриҥэ саҥардыллыбыт. Айсен Николаев Еленовкаҕа оскуолаҕа уонна култуура дьиэтигэр сырытта, манна хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуохтаах. Былааннаммыт түөрт суолтан үһэ аспаалламмыт. Докучаевскайга чөлүгэр түһэриллибит 4-с №-дээх оскуола успуорт былаһааккатын көрдө. Бассейннаах успуорт комплексыгар өрөмүөн үлэтэ былаантан урутаан бүтэн эрэр. Итиэннэ саҥардыллыахтаах оҕо айымньытын дьиэтигэр сырытта. Саха сирэ IT-киини аһар былааннаах. Айсен Николаев бэрэбиркэ түмүгүнэн Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Солнцевы кытта мунньах ыытта. Докучаевскайга өрөмүөннэнэр 65 эбийиэктэн 53 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ. Үлэ барыта былаан быһыытынан баран иһэр. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, үөрэхтээһин эбийиэктэрин, суолу чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ былааннаналлар. Саха сирэ Сибэтиэй Иоанн Кронштадскай таҥаратын дьиэтин чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһөр.
Ил Дархан Саха сириттэн сылдьар байыастары кинилэр байыаннай бэлэмнэниини барар сирдэригэр, байыаннай чаастарга уонна полигоннарга көрүстэ. Кинилэр туохха эбии наадыйалларын, санааларын иһиттэ уонна этии барыта болҕомтоҕо ылыллыаҕын туһунан эттэ. Айсен Николаев хамандыырдарын кытары кэпсэттэ. Итиэннэ пилота суох көтөр тэриллэр кииннэригэр сылдьан үлэни-хамнаһы билистэ.
Алтынньы ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев Докучаевскай куорат балыыһатыгар үлэлии сылдьар Саха сирин быраастарын көрсөн, үлэлэрин-хамнастарын билистэ уонна олохтоох дьоҥҥо көмөлөрүн иһин махтанна. Биригээдэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа, онкология диспансерын уонна 2 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа быраастара бааллар. Харах быраастара Докучаевскайга 200-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорор былааннаахтар.
Алтынньы ыйын 23 күнэ. Ил Дархан ювелирнай уонна алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 675 мөл. солк. тахса суумалаах көмүс оҥоһук оҥоһуллубут, ол иһигэр бриллианнаах – 116,5 мөл. солк. Саха сиригэр ювелирнай-кырыылыыр кластер үлэтин салгыыр, олохтоох хампаанньалары өрө таһаарар соруктаах быыстапкалар, ол иһигэр тас дойдуларга ыытыллаллар. Ювелирнай-кырыылыыр оҥоһук кээмэйин 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2030 сылга сэттэ төгүл үрдэтэр сорук турар.
Алтынньы ыйын 24 күнэ. Ил Дархан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сэбиэтин мунньаҕар кытынна. Мунньаҕы дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев салайан ыытта. Манна оттук сезонугар электроэнергетика, ОДьКХ, социальнай суолталаах эбийиэктэрэ бэлэмнэрин тустарынан кэккэ боппуруоһу көрдүлэр. Саха сиригэр күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ 1165 хочуолунай, 4163 км ититии, 1763 км уу уонна 748 км канализация ситимэ, 853 км уоту тиэрдии, 116 дизельнай ыстаансыйа, 2008 социальнай суолталаах эбийиэк, 39 тыһ. тахса олорор дьиэ бэлэмнэннэ. Уматыгы тиэйии түмүктэннэ.
Маны сэргэ инвестиция боппуруостарыгар тохтоотулар. Уһук Илин инвестицияны тардыыга икки төгүл үрдүк көрдөрүүлээҕин уонна дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьара бэлиэтэннэ. Тоҕус сыл иһигэр (2015–2024 сс.) Уһук Илиҥҥэ судаарыстыбаннай өйөбүллээх бырайыактарга 4,2 трлн солк тыырбыттар. Аны 2030 сылга диэри 12 трлн солк таһымыгар тахсарга сыал туруордулар, ол аата кэлэр 6 сылга 8 трлн солк кэриҥэ инвестицияны тардар былааннанар. Эбии 1,7 тыһ тэрилтэ уонна 230 тыһ. үлэ миэстэтэ тэриллиэҕэ.
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн ыытыллыбыт «Уһук Илин уулуссата» быыстапка түмүгүнэн Саха сирэ «Бастыҥ култуурунай бырагыраама» номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыста. Наҕарааданы Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сэбиэтин мунньаҕар Юрий Трутнев Ил Дархан Айсен Николаевка туттарда. Санатар буоллахха, быйылгы форумҥа 75 дойдуттан 7 тыһ. киһи кыттыбыта. Саха сирэ быйылгы быыстапкаҕа РФ Дьиэ кэргэн сылынан «Саха сирэ – Хотугу сулус кыраайа» кэнсиэри көрдөрбүтэ, манна бастыҥ айар кэлэктииптэр, дьиэ кэргэн династиялара кыттыбыттара. Култуурунай бырагыраама иһинэн ойуун кыырыыта, кыталык үҥкүүтэ көрдөрүллүбүтэ. Бырагыраамаҕа барыта 30-тан тахса артыыс кыттыбыта, кэнсиэртэри таһынан кинилэр хомуска уонна саха национальнай инструменнарыгар маастар-кылаастары ыыппыттара.
Алтынньы ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев уонна «Курчатов института» билим-чинчийии киинин бэрэсидьиэнэ Михаил Ковальчук бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар. Өрүттэр энергетикаҕа социальнай туһалаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, билим уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр прикладной үлэлэри уонна чинчийиилэри ыытыыга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ. Институт дьоҕус күүстээх атомнай ыстаансыйаны сайыннарар бырагырааманы оҥорор уонна олоххо киллэрэр үлэлэргэ, Арктика уонна Уһук Илин ядернай энергетикатыгар олохтоох каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ кыттыаҕа.
«Курчатов институтун кытта бииргэ үлэлээһин өрөспүүбүлүкэ энергетикатын сайыннарыыга биир улахан хардыы буолуоҕа уонна бу Саха сирин билимин уонна технологическай сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйырыгар эрэнэбин», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга эттэ.
Санатарбыт курдук, Курчатов института ядернай физика уонна энергетика, биология уонна генетика, информационнай технология уонна мэдиссиинэ хайысхаларыгар дьоһуннаах чинчийиини ыытар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Үгэс буолбут кыстыкка хаһааспытын бэлэмнээн күргүөмүнэн муҥхалыыр, муус ылар, идэһэ астыыр үтүө кэммитигэр барыта санаа хоту буоллун, табылыннын!
Афанасий Ноев
This post was published on 30.10.2024 16:02 16:02