Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев аһаҕас эфиргэ ыйытыктарга хоруйдаата

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө СӨ аҕа баһылыга Айсен Николаев Саха тэлэбиидэнньэтинэн, араадьыйатынан аһаҕас эфиргэ тахсан, олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдаабыта. Икки чаас кэриҥэ буолбут быһа биэриигэ төлөпүөнүнэн 150, OneClick Yakutia портал нөҥүө итиэннэ биэрии иннинэ 200-кэ ыйытыы киирбитэ.  


Хамсык ыарыы утары

Хамсыкка, кырдьык, олус ыарахан уонна тыҥааһыннаах  тургутууну ааһан эрэбит. Аан дойдуга сүүһүнэн мөлүйүөн киһи бу ыарыыга хаптарда. Биһиэхэ дьаҥ туруоҕуттан 38 тыһыынча кэриҥэ киһи ыарыйда, 598 киһи олохтон туораата. Билигин биһиги ыалдьааччы ахсаана элбээбэтин туһугар бары күүспүтүн ууруохтаахпыт. Арассыыйаҕа балаһыанньа арыый даҕаны этэ эрээри, билигин ыарыы эмиэ элбээтэ. Онон хааччахтыыр миэрэлэри күүскэ тутуһуу ирдэнэр буолла. Ыарыы баар, ордук аҕам саастаах дьоҥҥо  харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. Төһө кыалларынан, хамсыгы утары быһыыны ылыахпытын наада, – диэтэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана.

Саха сиригэр Чэбдигирии уон сыла

–  Бу ыйааҕы уһуннук уонна кичэллээхтик бэлэмнээбитим. Дьиҥэр, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак, 2021-2022 сылларга быраастары уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин бэлэмнээһиҥҥэ бөдөҥсүтүү бырагыраамата бааллар. Ол гынан баран, дьон-сэргэ доруобуйа – бу биһиги саамай сүрүн хапытаалбыт диэн ситэри өйдүү иликтэр. Хас биирдии киһи доруобуйатыгар кыһаныахтаах. Биһиги балыыһаҕа ыарыйдахпытына биирдэ тиийэбит. Оттон киһи эрдэттэн доруобуйатыгар болҕомтотун ууруохтаах, чөл олоҕу тутуһуохтаах. Иккиһинэн, мэдиссиинэ эмиэ тосту уларыйыахтаах. Саҥа каадырдары бэлэмниэхтээхпит. Аны аһыыр аспытын эмиэ көрүнүөхтээхпит.  Элбэх спортивнай саала куоракка эрэ буолбакка, тыа сиригэр эмиэ баар буолуохтаах. Бу барыта биир эрэ сылынан  быһаарыллыбат үлэ. Инньэ гынан,  Чэбдигирии 10 сылын биллэрбитим. Онон 2030 сылга Саха сирин нэһилиэнньэтин үйэтэ уһаан, киһи 80 сааһыгар тиийэрин ситиһии буолар. Биһиги дьоммут-сэргэбит доруобуйата тупсарыгар сөптөөх усулуобуйаны уонна мэдиссиинискэй көмөнү  тэрийиэхтээхпит, – диэтэ Айсен Николаев.

Дойду аҕа баһылыгын Анал этиитэ

Владимир Владимирович Путин киһи хапытаалын сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар. Бэрэсидьиэн Арассыыйаҕа демография боппуруоһун өссө төгүл бэлиэтээтэ. Ол курдук нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуохтаах, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба көмөтө үлэ сүрүн хайысхата буолуохтаах диэн эттэ. Бу өйөбүл  туһунан Саха сирин олохтоохторо үөрэ иһиттибит. Биһиэхэ элбэх оҕолоох ыал үгүс.

Бэрэсидьиэн эрэгийиэннэр инфраструктураларын сайыннарыыны тоһоҕолоон эппитин сэргии иһиттибит. Биһиги маны кэтэспиппит ыраатта, мунньахтарга куруук туруорсабыт. Ол, дьэ, олоххо киирэринэн бүддьүөт кирэдьииттэрэ 15 сыл болдьохтоон 3 бырыһыаҥҥа бэриллиэхтэрэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит курдук эрэгийиэҥҥэ улахан суолталаах.  

Аны сыыппараҕа көһүү туһунан бэлиэтээн эттэ. Ол курдук  2024 сылга диэри судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр бары сыыппараҕа көһөннөр, дьон докумуон ылаары тэрилтэлэринэн сүүрбэккэ, барытын быһа интэриниэтинэн ылар кыахтаныаҕа, – диэн эттэ Саха сирин салайааччыта.

Өлүөнэ муостата – болҕомто киинигэр

2021 сылтан Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланыаҕа диэн бүк эрэллээхпин. Саамай сүрүнэ, федеральнай үбүлээһиҥҥэ киирии быһаарылынна. РФ Тырааныспарын министиэристибэтигэр муостаны тутууга тиэхиньиичэскэй сэбиэт үстэ ыытылынна. Маннык киччэллик, ымпыгар-чымпыгар диэри хасыһан, өссө ханнык да тутууну кэлиҥҥи сылларга көрө иликтэр диэн миэхэ кэпсээбиттэрэ. Бу саамай сөп. Тоҕо диэтэр, бу ураты, ханна да суох кытаанах килиимэттээх сиргэ тутуллар муоста 3 килэмиэтир 100 миэтэрэ уһуннаах буоларын таһынан, ити  муостаҕа киириигэ уонча килэмиэтирдээх суол тутуллуохтаах, – диэн быһаарда өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга.

Киин куорат сайдар кэскилэ

Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 2032 сылга – 400 сыла. Онуоха диэри сайыннарыы туһунан ыйааҕым бэлэмнэнэн, силигэ ситэн эрэр.  Ол гынан баран, куораты сайыннарыы үлэтэ бүгүҥҥүттэн саҕаланыахтаах. Онон СӨ Бырабыыталыстыбата үбүлээһин кээмэйин улаатыннарда. Бу соторутааҕыта куорат саҥа баһылыга Евгений Григорьевы кытары көрсөн кэпсэттибит. Онно олорор дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаран оҥоруу туһунан этии киллэрдим.  Бу манна анаан эбии 150 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Ити бырагыраама үс сыллаах буолуоҕа. Оччотугар дьиэлэр тастарыгар аспаал ууруллуоҕа, оҕо былаһааккалара баар буолуоҕа. 2023 сыл бүтүүтэ сүүсчэкэ дьиэ тиэргэнэ тупсуоҕа, – диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ салайааччыта.

Саха сиригэр гаастааһын үлэтэ

–  «Сибиир күүһэ» гаас турбата Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннара гааска холбоноллоругар көмө буолуоҕа. 2020 сылга Өлүөхүмэ уонна Чульман ситимнэрин бырайыактааһын түмүктэммитэ. Билигин Алдан оройуонугар  оннук  үлэ  ыытыллар. Бырайыагын, үбүн-харчытын докумуона оҥоһуллубутун кэнниттэн, судаарыстыбаннай  эспэртиисэни ааһыы түһүмэҕэ саҕаланыаҕа. Эспэртиисэни ааспытын кэнниттэн «Газпром»  үлэтин саҕалыаҕа.

Маны таһынан «Газпром» тыа сирин гаастааһыҥҥа салгыы үлэлиэхтээх. Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар эһиилгиттэн хочуолунайы  убатыллыбыт гааска көһөрүү туһунан сорудахтаатым. Барыта этэҥҥэ аастаҕына, атын да нэһилиэктэргэ хочуолунайдары итинник ньымаҕа  көһөрүөхпүт, – диэтэ регион аҕа баһылыга.

Кэбээйи суолун хоруйа

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак көмөтүнэн, отучча сыл устата тутуллубут «Кэбээйи» суолун түмүктээтибит. Урукку өттүгэр Кэбээйиттэн Дьокуускайга диэри хас да күн айаннаан кэлэр буоллахтарына, билигин биэс чааһынан тиийэр кыахтаннылар, онтон олус диэн үөрэбин.  

Кэбээйилэр боппуруоһу сөпкө туруораллар. Тутуу тохтоон хаалбакка, салгыы атын нэһилиэнньэлээх пууннарга диэри ыытыллыахтаах, –диэн Ил Дархан хоруйдаата.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү

–    Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр хаарбах туруктаах дьиэ ахсаана олус элбэх. Уопсайа биир мөлүйүөн кыбадараатынай миэтэрэ иэннээх дьиэттэн дьону көһөрүөхтээхпит. Бырагыраама өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  ыытыллар. Ол гынан баран, усулуобуйата уонна ирдэбилэ араастаһар. 2025 сыл балаҕан ыйыгар диэри хаарбах дьиэҕэ олорооччу дьон бары саҥаҕа көһүөхтээхтэр. Билигин РФ Бырабыыталыстыбата бырагырааманы өссө эрдэ киллэрэр туһунан этэн турар. Бу, бастатан туран, тутуу хампаанньаларын кыаҕыттан тутулуктаах, – диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон эттэ.

Ойуур баһаара –сүрүн боппуруос

Кэнники сылларга Арктика оройуоннарыгар ойуур баһаара  элбээбитэ долгутар. Онон Дьааҥы Баатаҕайыгар отут үлэһиттээх «Авиалесоохрана» арктическай киинэ тэриллэн, ойуур уотун умулларыыга үлэлиэхтэрэ. Туһааннаах ыйаахха илии баттаабытым. Быйыл уоту умулларыыга бүддьүөттэн 800 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыахтаах, –  диэн түмүктээтэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев.

Күндү дьоммут! Ыам ыйын ортото Дьиэ кэргэн күнэ үүнүөҕэ, онон хас биирдиигит холумтаныгар үөрүү-көтүү, үлэттэн дуоһуйуу, ситиһии өрөгөйө үксүү туруохтун!!!

This post was published on 11.05.2021 13:04 13:04