Алтынньы ый 28 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевы кытта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит киин куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Маастар-былаан чэрчитинэн Ленин болуоссата саҥардыллыбыта. Аны сотору икки уопсастыбаннай миэстэни — Роман Дмитриев аатынан биэрэк уонна Сайсары күөл кытылларын арыйыахтара. «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан 36,5 км суол-иис оҥоһуллан, үлэҕэ киириэҕэ. Оччоҕо ааспыт сылларга ыытыллыбыт үлэни учуоттаан, куорат суолун 80 бырыһыана нуормаҕа эппиэттиир туруктаныаҕа.
Алтынньы ый 28 күнэ. Ил Дархан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева өрөспүүбүлүкэтээҕи быраастар мобильнай биригээдэлэрин үлэтин туһунан отчуотун истэн баран, бырайыагы салгыы сайыннарар, өссө элбэх киһини хабар гына кэҥэтэргэ сорудахтаата. Пилотнай быһыытынан саҕаламмыт көҕүлээһин үчүгэй көрдөрүүлээҕин бэлиэтээтэ. Билигин бырайыак Арктика 13 улууһун тэҥэ, Өлүөхүмэ, Алдан, Ленскэй, Өймөкөөн, Уус Маайа улуустарын уустук суоллаах-иистээх сэлиэнньэлэрин хабар. Атын уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарын мэдиссиинэ көрүүтүнэн хабыы быланнанар. 2024 сылга быраастарга 25 710 киһи көрдөрдө, ол иһигэр ыстаадаларга табаһыттар. Итиэннэ көрсүһүүгэ 2025 сылтан саҕаланыахтаах «Уһун уонна көхтөөх олох» диэн саҥа национальнай бырайыак олоххо киирииттин, итиэннэ саҥа эбийиэктэри, ол иһигэр модульнай, тутуу боппуруостарын көрдүлэр.
Алтынньы ый 30 күнэ. Айсен Николаев АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевы кытта хампаанньа быйылгы үлэтин барыллаан түмүгүн туһунан кэпсэттилэр. Хампаанньа үлэ кээмэйин толору оҥорон, былааннаммыт сүрүн көрдөрүүлэри ситиһиэҕэ диэн этилиннэ. Сыл иһигэр элбэх хайа маассатын хостоон, быйыл историческай рекорду олохтуоҕа. Маны таһынан хампаанньа бары социальнай эбээһинэһин толоруоҕа.
Алтынньы ый 30 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһын бэлэмниир хампаанньа түмүктэрин көрдө. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров отчуоттаабыттарынан быйыл 411 тыһ. тахса туонна от оттонно, былаан 95% туолла. Бу мантан 37 тыһ. туоннаны кытыы сирдэргэ оттообут мобильнай биригээдэлэр бэлэмнээтилэр. Былырыыҥҥы 15 тыһ. туоннаттан тахса кур оту кытта холбоон 161 тыһ. сүөһүнү, 181 тыһ. сылгыны кыстатар уопсайа 427 тыһ. туонна от баар буолла. Итиэннэ 25,5 тыһ. туонна сиилэс угулунна, 12,8 тыһ. туонна сенаж бэлэмнэннэ. Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын хаһаайыстыбалара олохтоох туорахтан 2 тыһ. туоннаттан тахса комбикорму оҥорор былааннаахтар. Сылгы хаһаайыстыбаларыгар анаан 3 тыһ. туонна эбиэс зернофураж быһыытынан оҥоһуллуоҕа. Айсен Николаев көрдөрүү куһаҕана суоҕун, суол турда даҕаны кэккэ улууска оту тиэйиини суһаллык хааччыйыы наадатын бэлиэтээтэ.
Алтынньы ый 31 күнэ. Айсен Николаев «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Алексей Александровы кытта анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. Саха сиригэр пуонда филиала тэриллиэҕиттэн 7,5 тыһ. киһиттэн уопсайа 30 тыһ. тахса боппуруос киирбит, бары хайысханан көмө оҥоһуллар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта 44 социальнай сүрүннээччи үлэлиир. Ол эрээри Арктика 12 улууһун хаба иликтэр. Онон Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарын социальнай сүрүннээччилэринэн хааччыйарга ыйда. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» информационнай тиһиги үлэҕэ киллэрэр пилотнай бырайыакка Саха сирэ кыттар. Ол анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай көмөнү оҥорууга тоҕоостоох буолуоҕа.
Алтынньы ый 31 күнэ. Айсен Николаев Саха сиринээҕи Наука киинин генеральнай дириэктэрэ Михаил Лебедевы кытта дойду Арктическай зонатын сайыннарыыга туһуламмыт фундаментальнай уонна прикладной чинчийиилэр бырагыраамаларын көрдүлэр. Саха сиринээҕи наука киинин сүрүннээһинигэр 8 федеральнай научнай-чинчийэр институт түмүллэр, ол иһигэр Красноярскайдааҕы, Кольскайдааҕы, Тюменнээҕи, Хабаровскайдааҕы уонна да атыттар. Бары хайысхаҕа 115 научнай бырайыагы олоххо киллэриэхтэрэ. Чинчийии түмүктэрэ дойду Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй уонна научнай-технологическай сайдыытын уһун болдьоххо былааннааһын төрүтүнэн буолуоҕа.
Сэтинньи ый 1 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан иһинэн архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччыта Любовь Папогы уонна «GRD:» АЮ бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ. Кинилэр куонкурус түмүгүнэн Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр Михаил Николаев кэриэһигэр мемориальнай комплексы оҥоруохтара. Ил Дархаҥҥа мемориал хас да бырайыагын көрдөрдүлэр. Айсен Николаев комплекс Михаил Ефимович олоҕун сүрүн түгэннэрин көрдөрүөхтээҕин, ураты болҕомто кини өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылаатыгар ууруллуохтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Мемориал ис хоһоонугар сыһыаннаах сорудахтары биэрдэ. Мемориалы оҥорорго Михаил Николаев соратниктарын уонна уопсастыбаннас этиилэрин учуоттуохтара, эспиэрдэри кытары сүбэлэһиэхтэрэ. Бырайыак-симиэтэ докумуонун бэлэмнээһин быйыл түмүктэниэҕэ. Итиэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын бырайыагар архитектура аһаҕас куонкуруһа биллэриллибитэ. Куонкуруска үлэлэр биир ый устата ылыллыахтара уонна кыайыылаах биир түһүмэххэ быһааарыллыаҕа. Өйдөбүнньүк Дьокуускай куоракка Дзержинскэй уонна Федор Попов уулуссаларын быһа охсуһууларыгар туруоруллара былааннанар.
Сэтинньи ый 4 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Арассыыйа уонна Саха сирин хас биирдии олохтооҕор биһиги дойдубут модун күүһүн уонна самныбат санаатын кэрэһилиир дьоһун суолталаах күн буоларын бэлиэтээтэ. Бүгүн эмиэ үгүс сыл аннараа өттүгэр курдук устуоруйа кырдьыгын көмүскүүрүгэр, устуоруйа чахчыларын токурутарга уонна неонацизмы сөргүтэргэ дураһыйыыны бохсууга Арассыыйа улахан тургутуулары көрүстэ. Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин эһэлэрин, хос эһэлэрин курдук Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллор, оттон өрөспүүбүлүкэ кинилэргэ кыаллары барытын оҥорор диэн эҕэрдэҕэ этиллэр. Улуу Арассыыйабыт араас кыһалҕаны да көрүстэр бөҕөргүү туруоҕа, оттон дойдубут быстыбат сороҕунан буолар Сахабыт сирэ сайдан, иннин диэки эрэллээхтик баран иһиэҕэ диэн бигэтик эрэнэрин Ил Дархан биллэрдэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Баай Байанай ыйа сэтинньи саҕаланан, кыстыкка киирэр, иҥэмтиэлээх аспытын хаһаанар түбүкпүтүн кэлэн иһэр тымныыларга диэри этэҥҥэ үмүрүтүөххэ!
Ааптар: Афанасий Ноев
This post was published on 06.11.2024 13:01 13:01