Кулун тутар 11 күнэ. Айсен Николаев Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салалтатыгар ыыппыт мунньаҕар бырабыыталыстыба 2023 сылга үлэтин түмүктэрин отчуота үчүгэй таһымҥа ааспытын, ааспыт сыллааҕар өрөспүүбүлүкэ элбэх олохтооҕо кыттыбытын, тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан түмүктүүр отчуот нэһилиэнньэ болҕомтотун тардыбытын бэлиэтээтэ. Ил Дархан муус устар 1 күнүттэн дойду Бырабыыталыстыбата социальнай биэнсийэни 7,5%-нан үрдэтэрин туһунан эттэ. Социальнай биэнсийэни страховой биэнсийэни ааҕарга ыстаастара тиийбэт дьон ылалр. Ону таһынан гражданнар кэккэ категорияларын судаарыстыбаннай биэнсийэнэн хааччыйыы кээмэйэ 7,5%-нан үрдүүр. Уопсайынан үрдээһин 4 мөл. тахса киһини таарыйыаҕа. Маны тэҥэ Айсен Николаев быйыл эрэгийиэннэргэ хомунаалынай инфраструктураны саҥардыыга 12 млрд солк. ыытар туһунан дойду Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар болҕомтону тарта.
Кулун тутар 12 күнэ. Ил Дархан аҕыс муниципальнай тэриллиигэ 29 саҥа ПАЗ, Газель уонна КАВЗ мааркалаах оптуобустар күлүүстэрин туттарда. Оптуобустар Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Кэбээйи улуустарынан уонна Дьокуускай муниципальнай маршруттарыгар тахсыахтара. Тиэхиньикэлэри дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тырааныспар инфраструктуратын тупсарыыга анаммыт казначейскай кирэдьиит суотугар атыыластылар. Маннык үбүнэн дойду 73 эрэгийиэнин муниципальнай пааркалара саҥардылынна.
Кулун тутар 12 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар уонна Дьокуускайга национальнай бырайыактар уонна эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн тутуллубут бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай суолталаах 12 эбийиэги видеосибээһинэн үлэҕэ киллэрдэ. «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан Аллайыаха Чокурдааҕар 275 миэстэлээх оскуола, Амма Абаҕатыгар 150 уонна 75 миэстэлээх оскуола-оҕо уһуйаана, Таатта Туора Күөлүгэр 50 миэстэлээх оҕо уһуйаана, Дьокуускай 26 №-дээх оскуолатын эбии дьиэтэ аһылыннылар. Онтон «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан икки эбийиэк үлэҕэ киирдэ. Чурапчыга балыыһа комплексын иккис уочарата симиэнэҕэ 100 киһини көрөр поликлиникалаах, 23 куойкалаах терапевтическай салаалаах, 10 куойкалаах күнүскү стационардаах, дьахтар уонна оҕо консультацията, стоматология уонна реабилитация салаалардаах. Муома Хонуутугар Арктика улуустарыгар улахан үс мэндиэмэннээх балыыһа комплекса улахан дьону уонна оҕолору көрөр поликлиникалаах, приемнай, диагностика уонна суһал көмө, терапевтическай салаалардаах уонна клинико-диагностическай лабораториялаах. Маны таһынан Чурапчыга уонна Хатаска бөдөҥ спорт комплекстара баар буоллулар. Аммаҕа уонна Сунтаарга «Ыраас уу» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыраас уунан хааччыйар саҥа комплекстар аһылыннылар. Итиэннэ «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Үөһээ Халыма Зырянкатыгар 45 кыбартыыралаах уонна Хаҥалас Покровскайыгар 46 кыбартыыралаах дьиэлэри арыйдылар.
Кулун тутар 12 күнэ. Айсен Николаев дойду айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов ыыппыт мунньаҕар кытынна. Быйыл ойуур баһаардарыттан сэрэтэр үлэҕэ уонна бохсууга 2,7 млрд солк. үп ыытыллыа, онтон федеральнай үп былырыыҥҥы саҕа кээмэйдээх — 1,6 млрд солк. Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 16 мөл. солк-нан элбэх, 1 млрд солк. тахса үп көрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрдэ. Тыа баһаарынайдарын тэриллиилэригэр үлэһит муҥутуур ахсаана — 1203 киһи. Кэтээн көрөр лүөччүк ахсаана 42 диэри улааппыт. 9 лүөччүк анал үөрэҕи ааһар. Икки көтөр аал көмөтүнэн ардаҕы түһэрии ыытыллыаҕа. Пилота суох көтөр ааллары киэҥник туһаныахтара.
Кулун тутар 13 күнэ. Ил Дархан 2030 сылга диэри болдьохтоох «Саха сирин Арктика зонатыгар судаарыстыбаннай бэлиитикэ сүрүн хайысхаларын туһунан» уонна «Саха сирин экология өттүнэн этэҥҥэ буолуутун туһунан» диэн икки улахан суолталаах ыйаахха илии баттаата. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ Арктика зонатыгар сүрүн хайысхалары бэлиэтээтэ: нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын таһыма үрдээһинэ, социальнай инфраструктураны саҥардыы, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйин улаатыннарыы. Хас биирдии хайысхаҕа Бырабыыталыстыбаҕа чопчу соруктар туруоруллуннулар. Ол иһигэр Арктика улуустарыгар олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыыны 2030 сылга икки төгүл улаатыннарыы, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар 60 бырыһыаннарын пассажирдары таһыынан хааччыйыы. Толору хааччылыылаах эньиэргийэ өттүнэн көдьүүстээх олорор дьиэлэр пилотнай бырайыактара үлэлиэҕэ. Олорор дьиэни тутууга тутуу матырыйаалын тиэйии бүддьүөттэн субсидияланыаҕа.
Экологияҕа биэс тутаах сыалы туруорда: айылҕа өттүттэн куттал үөскүүр түгэнигэр бэлэмнээх буолуу, айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныы уонна харыстааһын, тулалыыр эйгэҕэ кэдирги дьайыыны намтатыы, экэниэмикэни килиимэт уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы, экологическай култуураны үрдэтии. Онуоха ойуурга видеонан кэтээн көрүү пууннарын элбэтиэхтэрэ, «Ойуур баһаардарын суһал кэтээн көрүү» иһитиннэрэр ситими сайыннарыахтара, зондировщик-сөмөлүөттэринэн профилактика үлэтин ыытыахтара, лесопитомниктары тэрийиэхтэрэ, «Орто дойду» зоопааркаҕа дьиикэй кыыллары чөлүгэр түһэрии киинэ аһыллыаҕа, Дьокуускайга уонна Жатайга кытаанах хомунаалынай тобохтору харайыыга инфраструктура тэриллиэҕэ.
Кулун тутар 13 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторугар туһаайан кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллар дойду Бэрэсидьиэнин быыбарыгар биир сомоҕо буолан, бигэ тирэхпит туһугар куоластыахха диэн этиилээх таҕыста. Дойду аҕа баһылыгын тус өйөбүлүнэн, кини Саха сиригэр хайдахтаах курдук тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутун өйдүүр, билэр буолан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх үлэ оҥоһулларын, өрөспүүбүлүкэ национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһини ылыыга Арассыыйаҕа төрдүс миэстэҕэ сылдьарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, 2018 сылтан алта сыл иһигэр Саха сиригэр 329 улахан социальнай эбийиэк тутуллубутун туһунан эттэ.
Кулун тутар 14 күнэ. Ил Дархан Саха сиригэр орто анал үөрэҕи түмүктүүр судаарыстыбаннай тургутууну эксээмэн быһыытынан туттаран, муҥутуур 100 баалы ылбыт колледжы эбэтэр техникумы бүтэрээчилэргэ 100 тыh. солк. кээмэйдээх бириэмийэни олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаата. Ону тэҥэ 100 тыһ. солк. бириэмийэ 100 баалы ылары ситиспит устудьуону бэлэмнээбит уһуйааччыга эмиэ туттарыллыаҕа.
Кулун тутар 14 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары видео-сибээһинэн кэпсэттэ. Дойду аҕа баһылыга Саха сиригэр оробуочай сырыытыгар бэлэмнэнии үлэтэ бара турарын иһитиннэрдэ. Кэпсэтиигэ онуоха сыһыаннаах сүрүн боппуруостары көрдүлэр. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ сыстыганнаах ыарыылары эмтиир балыыһа тутуута наадатын, тутуу бырайыага оҥоһуллан, чинчийиитин барбытын бэлиэтээтэ. Итиэннэ хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ үп-харчы тиийбэтинэн, көмө тоҕоостооҕун иһитиннэрдэ. Өлүөнэ муостатын тутуутун үбүлээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ өттүттэн 50 бырыһыан, федеральнай бүддьүөттэн эмиэ 50 бырыһыан буолуохтааҕын туруоруста. Итини таһынан Айсен Николаев Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка Медицинскэй институт дьиэтин, университ кампуһун эбийиэктэрин тутуу боппуруоһугар тохтоото. Дойду Бэрэсэдьиэнэ Муусука үрдүкү оскуолатын иитиллээччилэригэр болҕомтотун уурда. Владимир Путин Саха сирин байыастара дойдуга бэриниилээх, хорсун-хоодуот, күүстээх санаалаах буолуу чаҕылхай холобурдара буолалларын туһунан эттэ уонна кинилэргэ дириҥ махталын биллэрдэ,
Кулун тутар 15 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга 33-с нүөмэрдээх оскуола дьиэтигэр 779-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластаата. Кини Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара – улахан суолталаах бэлитииичэскэй тэрээһин буоларын, бу быыбартан биһиги дойдубут кэлэр сылларга хайдах сайдара улахан тутулуктааҕын, Сахабыт сирэ, Модун Арассыыйа мэлдьи кыаҕыра турарыгар бары биир киһи курдук куоластыахпытын туһунан эттэ.
Кулун тутар 15 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа Николай Соболев аҕата, подполковник Сергей Соболевы кытта көрүстэ уонна Саха сирэ барыта киэн туттар дьоруойун иитэн таһаарбытын иһин махтанна. Дойду Сэбилэниилээх Күүстэрин майора Николай Соболев Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга кыттааччылартан алтыс Арассыыйа Дьоруойа буолбута. Аҕата уола кыра эрдэҕиттэн успуордунан, байыаннай-успуорт кулуубугар утумнаахтык дьарыктаммыта хорсун офицер буоларыгар төһүү күүс буолбутун бэлиэтээтэ.
Кулун тутар 16 күнэ. Ил Дархан киин куоракка успуорт эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары көрсө Дьокуускайга саҥа успуорт саалата тутуллан киириэхтээх. Маны таһынан, бөдөҥ эбийиэктэр өрөмүөннэнэллэр. Дьокуускай 77-с түөлбэтигэр Ильменскэй уулуссаҕа элбэх хайысхалаах успуорт саалата тутулла турар. Уопсайа 2,8 тыһ.кв.м. иэннээх икки мэндиэмэннээх комплекска 400 киһи көрөөччү киирэр кыахтаах буолар. Маны сэргэ художественнай гимнастиканан, буоксанан дьарыктанарга, эрчиллэргэ аналлаах саалалардаах. «Азия оҕолоро» оонньууларга манна волейболга күрэхтэһиэхтэрэ. Былааннаммытынан бу эбийиэги ыам ыйын бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Билигин манна 50 киһи үлэлии сылдьар. Тутуу 80% бэлэм. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Сайсары олохтоохторо ханна да ырааппакка, миэстэтигэр успуордунан дьарыктанар кыахтаналлар. Урут бу кыбаарталга успуорт эбийиэгэ суоҕа.
«Триумф» успуорт киинигэр аһыыр сиргэ ититэр уонна уу ситимин оҥорбуттар. Ыам ыйа бүтүөр диэри эрчиллэр саалалар, таҥас уларыттар сирдэр, сүүрэр ыллыктар өрөмүөннэнэн бүтүөхтээхтэр. Ону таһынан сирин-уотун тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Маны сэргэ «Туймаада» стадиону, «Дохсун» успуорт комплексын өрөмүөннүүллэр. Стадиоҥҥа сүүрэр ыллыгы, көрөөччүлэр олорор сирдэрин саҥардаллар. Айсен Николаев эбийиэктэри көрөн-истэн баран, бэс ыйын 1 күнүгэр диэри, ол иһигэр «Туймаада» стадиоҥҥа эмиэ үлэлэри түмүктүүргэ сыал-сорук туруорда.
«Бүгүн биһиги «Азия оҕолоругар» күрэхтэһиилэр ыытыллыахтаах хас да эбийиэктэрин көрдүбүт. Сайсары уокуругар Ильменскэйгэ элбэх хайысхалаах успуорт комплекса бэдэрээччит эбийиэги болдьоммут кэмигэр туттарарыгар эрэл баар. Урут тутуллубут успуорт эбийиэктэригэр уларытан, саҥардан оҥоруу үлэлэрэ ыытыллаллар. Ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэрин курдук болҕомто ууруллар. Барыта бу сыалга 1 млрд 200 мөл. солк. тахса үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ. Сорох эбийиэктэр ыам ыйын 1, сорохтор бэс ыйын 1 күннэригэр бэлэм буолуохтара. Бастакынан, бары үлэлэр хаачыстыбалаах буолууларыгар, болдьоҕор түмүктэниилэригэр хонтуруол күүһүрүөҕэ», — диэтэ Ил Дархан.
Кулун тутар 16 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга куорат Масленицаны бэлиэтиир тэрээһинигэр сырытта. Эргэ куоракка Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевтыын норуот талааннахтарын оҥоһуктарын уонна коллекционердар быыстапкаларын сиһилии көрдө, тэрийээчилэргэ уонна кыттааччыларга махтанна, дьону кытта кэпсэттэ, хаартыскаҕа түстэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Кулун тутар ыйга дойду үрдүнэн ыытыллыбыт быыбарга көхтөөхтүк кыттан, түмсүүлээхпитин, Ийэ дойдубут туһугар биир сомоҕобутун көрдөрдүбүт. Сандал сааспытыгар чэгиэн туруктаах буолан, кыстык хаалбыт кэмин этэҥҥэ туоруурга түбүкпүтүн үмүрүтүөххэ.
Афанасий Ноев
This post was published on 21.03.2024 11:04 11:04