Ил Дархан Нам улууһун баһылыгын кытта олох-дьаһах соруктарын быһаарыстылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Дархан Айсен Николаев Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцову кытта көрүстэ. Өрүттэр улууска халаан содулун туоратыыга үлэ, сүөһү аһын бэлэмнээһин уонна социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыытын кэпсэттилэр.

«Биир кэмнээх материальнай уонна үбүнэн көмө толору киэбинэн нэһилиэнньэҕэ бэрилиннэ. Билигин социальнай уонна инфраструктура эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ үлэ барар. Наадалаах докумуоннар бэлэмнэр, үбүлээһин боппуруостарын федеральнайдааҕы биэдэмистибэлэри кытта ыытабыт.

Маны сэргэ сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ соруктары дьүүллэстибит. Юрий Иннокентьевич бэлиэтээбитинэн, быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, былаан туолуоҕа. «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар социальнай эбийиэктэр тутууларын кэпсэттибит, чуолаан, оройуон киинигэр 450 миэстэлээх оскуола туһунан», — диэн суруйда Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар.

This post was published on 26.07.2024 17:01 17:01