Ил Дархан муниципалитеттар бюджеттарын социальнай эбэһээтилистибэлэри толорууга туһаайары эттэ

2020 сыллааҕы уонна кэлэр үс сылга бюджеты тыырыыга муниципальнай тэриллиилэр уонна куорат уокуругар, бастатан туран, хамнаска, коммунальнай өҥөлөргө уонна социальнай төлөбүрдэргэ болҕомтону уурары эттэ. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев олохтоох салайыныы Сэбиэтин мунньаҕар эттэ, диэн иһитиннэрэр СИА.


Айсен Николаев регион үпкэ миинистирэ Валерий Жондоровка оройуоттар уонна куорат уокуруктарын бюджеттарын ылыныыларыгар, бастатан туран, хамнаска, коммунальнай өҥөлөргө уонна социальнай төлөбүрдэргэ болҕомотну ууралларын хонтуруоллууругар эттэ.

Ил Дархан федеральнай сокуоҥҥа уларытыылар киирбиттэринэн, госбюджеттан дотация ылар муниципалитеттар социальнай-экономическай сайдыыларыгар саҥа Сөбүлэҥ суруктар түһэрсиллиэхтээхтэрин баһылыктарга эттэ.

Бюджеттары тыырыыга хайаан да бэрээдэк баар буолуохтааҕа чопчуланна.

This post was published on 23.09.2019 16:43 16:43