«Саха» НКИК ханаалыгар олунньу 20 күнүгэр тахсыбыт «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриигэ «Өлүөнэ муостата» бырайыак туһунан кэпсэттилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев: «Суолунан ситим сайдыахтааҕа, бөҕөргүөхтээҕэ саарбахтаммат. Суолбут саамай быстар сирэ – Дьокуускай аннынан Өлүөнэ өрүспүтүн туорааһын. Ол иһин Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу сүрүн сорукпут буолар«, — диэтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев:
— Биһиги 3 мөлүйүөн квадратнай километртан тахса иэннээх киэҥ сиргэ-уокка олорорбутунан бары киэн туттабыт. Ол эрээри Саха сирин улуу өрүстэрбит – Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан хас да чааска арааран сыталлар. Сылы курдат сырыы-суол суох, күһүн-саас айаны харгыстыыр хаайтарыы тахса турар. Дьокуускай куораппыт хас да ый устата салгынынан эрэ ситимнээх хаалар. Россияҕа ханна да маннык куорат суох. Бу, биллэн турар, сүрдээх ороскуоттаах. Таһаҕас таһыытыгар, сыанаҕа, дьон олоҕун хаачыстыбатыгар – барытыгар охсор.
Онон суолунан ситим сайдыахтааҕа, бөҕөргүөхтээҕэ саарбахтаммат. Суолбут саамай быстар сирэ – Дьокуускай аннынан Өлүөнэ өрүспүтүн туорааһын. Ол иһин Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу сүрүн сорукпут буолар.
Соторутааҕыта концессионнай сөбүлэһиигэ илии баттанна. Онон муоста тутуутун үлэтэ саҕаланна диир кыахтаахпыт. Быйыл, 2020 сыл устата, тутуу бырайыага оҥоһуллуоҕа. 2021 сылтан тутуу саҕаланыахтаах, 2025 сылга түмүктэниэхтээх.
Манна дьон өйүн буккуйа сатааччылар баар буоллулар – “иэдээн буолла, хабалаҕа бардыбыт, оруоскуокка тэбилиннибит, муоста тутуутун барытын өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ үбүлүүр үһү” диэн. Ити ситэри өйдөөбөттөн тахсар. Эбэтэр дьон өйүн буккуйа сатааһын.
Бу бырайыак олоххо кииритигэр сүрүн үп-харчы федеральнай бюджеттан киирэрэ былааннанар: биһиги ааҕарбытынан 70-тан тахса бырыһыана. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит 10-ча бырыһыанын, уоннааҕытын чааһынай инвестордар киллэриэхтэрэ. Оттон кэлин төлөөһүнүгэр федеральнай бюджеты кытта салҕыы үлэлэһэр кыах баар буолуоҕа. Өлүөнэ муостатын тутуу туох баар федеральнай программаҕа барытыгар киирдэ.
Ааспыт сыл сэтинньитигэр мин дойдубут Аҕа баһылыгын Владимир Владимирович Путины кытта көрсөн, муоста тутуутун туһунан саас-сааһынан кэпсээбитим, 2018-2019 сылларга РФ Бырабыытылыстыбатын таһымыгар туох үлэ-хамнас барбытын билиһиннэрбитим. Ол кэнниттэн президент “бырыйыак булчуччу олоххо киириэхтээх” диэн быһаарбыта.
Онон хаһан эрэ тахсар дуу, тахсыбат дуу ороскуоту ааҕына, ырыта барбакка, быһаччы муоста тутуутунан дьарыктанарбыт быдан көдьүүстээх буолуо.
Билэргит курдук, Өлүөнэ муостата аан дойдуга өтөрүнэн суох уустук бырайыак. Кыраадыс хамсааһына 100-тэн тахсар тыйыс усулуобуйатыгар маннык уһун, улахан муоста тутуллубута диэн суох. Онон бу бырайыакка олус улахан болҕомто ууруллар.
Россия биир саамай бөдөҥ корпорацията “Ростех” бэйэтинэн кыттыыны ылан эрэр. “ВИС” диэн эмиэ Россияҕа государственнай-чааһынан тутууга 2 триллион солкуобайтан тахса суумалаах сакааһы оҥорор улахан тэрилтэ. Биһиги муостабытын наука кыаҕын, элбэх үбү-харчыны түмэн, аныгы технологиялары туһанан итинник бөдөҥ тэрилтэлэр эрэ тутар кыахтаахтар.
Бу баараҕай бырыайыак хамсаабыта бүттүүн өрөспүүбүлүкэбит улахан ситиһиитэ диэн сыаналыыбын. Биллэн турар, дойдубут президенэ Владимир Путин биһигини бу боппуруоска өйөөбүтэ сүҥкэн оруоллаах буолла, диэн иһитиннэрэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбатын пресс-сулууспата.
This post was published on 21.02.2020 18:05 18:05