Ил Дархан: Өлүөхүмэҕэ итиини бэнидиэнньиккэ биэриэхтэрэ

Саха сиригэр итиини биэрии, Өлүөхүмэ улууһуттан ураты, бары оройуоттарга уонна куорат уокуруктарыгар саҕаланна. Өлүөхүмэҕэ биир хочуолунайга кыһалҕалаахтар.

Кыһалҕаны быһааран, бэнидиэнньиккэ Өлүөхүмэ олохтоохторугар итии бэриллиэхтээх. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев РФ энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов салайааччылаах мунньахха эттэ, суруйар СИА.

Өлүөхүмэҕэ итиини биэрии кыһалҕаларын, ол иһигэр хочуолунай боппуруоһун бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар көрдүлэр.

Айсен Николаев эппитинэн, оройуоҥҥа ньиэбинэн оттуллар хочуолунай тутуллар, чоҕунан оттуллар хочуолунай оннугар. Үлэ сотору түмүктэниэхтээх.

Сиһилии https://ysia.ru/glava-yakutii-teplo-v-olekminskom-rajone-dolzhny-dat-v-ponedelnik/

This post was published on 09.09.2022 10:33 10:33