От ыйын 27 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илиҥҥэ ыксаллаах быһыыга-майгыга анаммыт мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү-сылгы кыстык отун итэҕэһин атын эрэгийиэннэртэн атыылаһарга федерация саппаас пуондатыттан 1,3 млрд солкуобай көмө көрдөөтө. Бу туһунан СИА ТАССка сигэнэн суруйар.
Мунньаҕы дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин салайан ыыппыта.
«Биһи эрэгийиэҥҥэ урут буолбатах кураан дьыл туран, сүөһү-сылгы кыстык аһылыгын бэлэмнииргэ күчүмэҕэйдэри үөскэттэ. Билигин тиийбэт оппутун атын эрэгийиэннэртэн атыылаһынары толкуйданабыт. Маныаха саппаас пуондаттан көмө быһыытынан 1,3 млрд солкуобайы көрөргүтүгэр көрдөһөбүн», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ от былаана 70%, сорох улуустарга 40-50% туолар кыахтааҕын эттэ. Ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга уустук балаһыанньа үөскээбитин эттэ. Ил Дархан сүөһү төбөтүн ахсаанын сүтэрбэт туһуттан суһал дьаһаллар наадаларын эттэ.
This post was published on 04.08.2021 11:01 11:01