Ил Дархан Кэбээйи баһаардарыгар үлэлиир

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, от ыйын 30 күнүгэр Кэбээйи улууһугар үлэлиир. Кини ойуур баһаардарын билсиэ. Улууска билигин аҕыс ойуур баһаара умайар.


Айсен Николаев Сииттэ нэһилиэгин баһаарын билсиэ, тустаах үлэһиттэри, баһаарга үлэлии сылдьар нэһилиэнньэ олохтоохторун кытары көрсүө, суһал дьаһаллары ылыа.

Билигин улуус баһаардарыгар 235 киһи, 33 тиэхиникэ үлэлиир.

Эрдэ суһал ыстаап быһаарыытынан Сииттэҕэ «Авиалесоохрана» үлэһиттэрэ ыытыллыбыттара.

This post was published on 30.07.2021 13:01 13:01