Телемедицина киириэҕиттэн санитарнай рейстэри аҕыйаттыбыт дуо? Нэһилиэнньэ медицина өҥөтүн төһө биһириирий? Эдэр учуонайдар тугу туруорсалларый? Бу ыйытыылар тула Ил Дархан Егор Борисов өрөбүллэргэ бэйэтин итэҕэллээх дьонун кытары көрсөн кэпсэттэ.
Ил Дархан итэҕэллээх дьонун барыларын мунньан хас сылын аайы бу маннык улахан мунньаҕы ыытар, ону таһынан, улуустарга бардаҕына, хайаатар да көрсөн кэпсэтэр. Мунньахха былырыын кыһыҥҥы суол, социальнай эбийиэктэри тутуу, суол хаачыстыбатын көрүү, о.д.а. боппуруостары көтөхпүт буоллахтарына, быйыл босхо бэриллэр сирдэргэ инфраструктураны оҥоруу, тыа хаһаайыстыбатыгар анал фонданы тэрийии, суол саахала тахсыбатын туһугар үлэни ыытыы, о.д.а. эттилэр. Көрсүһүү кэмигэр доруобуйа харыстабылыгар сыралаах үлэ барбытын түмүгэр, санрейстэр көтүүлэрэ лаппа аччаабытын, медперсонал хамнаһа үрдээн, исписэлиистэр нэһилиэктэргэ үлэлии кэлиилэрэ элбээбитин бэлиэтээтилэр.
Медицина. Ол курдук, Мирнэйдээҕи балыыһа кылаабынай бырааһа Татьяна Стручкова иһитиннэрбитинэн, урукку өттүгэр медперсоналлара өрүү тиийбэт буоллаҕына, билигин хамнас үрдүөҕүттэн, исписэлиистэр үлэҕэ кэлиилэрэ элбээбит, ону сэргэ, телемедицина нөҥүө консультациялар киириэхтэриттэн, ийэ уонна кыһыл оҕо өлүүтэ аҕыйаабыт, санитарнай рейстэр ахсааннара лаппа түспүт.
Тутуу. Доруобуйа харыстабылын сэргэ дьиэ тутуутугар аҕыйах сылтан бэттэх күргүөмнээх үлэ ыытылынна. Егор Борисов Анал этиитигэр сылга 600 тыһ. кв м дьиэ тутуллуохтааҕын туһунан эрдэ этэн турар. Холобур, былырыын 635 тыһ. кв м иэннээх дьиэ тутуллубута. Биэс сыл устата хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан барыта 30 тыһыынча киһи дьиэтин тупсарынна. “Билигин аны элбэх оҕолоохторго бэриллэр учаастактар инфраструктураларын оҥоруу кыһалҕата турар”, — диэн бэлиэтиир “Бүлүүтээҕи ГЭС-3” ААУо филиалын начаалынньыга Виктор Рогожкин. Билиҥҥи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 80,1 тыһ. ыал учаастак ылла.
Тыа хаһаайыстыбата. Тыа хаһаайыстыбатыгар былырыын ураты сыл ааспыта. Ол курдук, анал сокуон тахсан, үүккэ-эккэ регламеннар быһылланнар, хаһаайыстыбалаахтар сэргэхсийдилэр. Мунньахха өрөспүүбүлүкэбит биир баттаамалаах менеджерэ, “Тумул” ТХПК дириэктэрэ Таисия Десяткина, оттуур ходуһа тиийбэтин, онуоха ходуһалары түүлэһэн оттуурга анал фонданы тэрийиэххэ, үлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ бородууксуйа оҥоһуллан тахсар сыанатын кыччатыахха наадатын бэлиэтээтэ. Билигин кэпэрэтиип 70 үлэһиттээх, 440 сүөһүнү көрөн олорор. Үлэһиттэр орто хамнастара 25 тыһ. солкуобай. Дириэктэр этэринэн, дохуоттарын 40 % хамнаска уонна нолуокка барар.
Энергетика. Дьокуускайы сайыннарыыга кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, инвестордартан үтүмэн үп кутулунна. Ол – харахха быраҕыллар. Былырыын биир улахан эбийиэк ГРЭС-2 “Русгидро” хампаанньа көмөтүнэн тутуллубута. Дьокуускай Бочуоттаах гражданина Юрий Коркин саҥа ГРЭС тутуллубута махталлааҕын ааһан олус наадалаах боппуруос быһаарыллыбытын, аны иккис уочаратын уталыппакка туттарыахха наадатын бэлиэтээн туран, “Русгидро” куорат ититэр систиэмэтин тутуутунан дьарыктанара буоллар диэн санаатын эттэ. Даҕатан эттэххэ, станция иккис уочаратын тутуу туһунан былырыын ахсынньыга Ил Дархан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведевтыын кэпсэтэн турар. Онно Дмитрий Анатольевич өйүүрүн биллэрбитэ.
Сэрэхтээх буолуу. Төһөнөн суол-иис тупсан иһэр да, суол саахалыгар дэҥ-оһол тахсара элбээн иһэр. Ньурба улууһун Маалыкай орто оскуолатын учуутала Федор Ушканов оҕолору таһар оптуобустарга араҕас умайар маятниктар оннуларыгар кыһылы эбэтэр күөҕү олордорго этии киллэрдэ. Тоҕо диэтэргин, кыһыл уонна халлаан күөҕэ өҥнөр киһи болҕомтотун тута тардаллар. Санатан эттэххэ, суол саахалыттан сэрэхтээх буолууга оҕолору таһар оптуобустар анал бэлиэлээх буолуохтаахтарын туһунан быраабыла быйыл от ыйыттан киириэхтээх.
Наука. Ил Дархан бу соторутааҕыта Москваҕа эдэр учуонайдары кытары көрсүбүтэ. Ити көрсүһүү түмүгүнэн Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр киин куораттар выпускниктарыгар аналлаах түмсүү тэриллибитэ. Оттон Саха сиригэр наука эдэр үлэһиттэрин фондата тэриллибитэ. Бу маннык анал фонда тэриллибитэ сөптөөҕүн, инникитин кэскиллээх буолуоҕун бэлиэтээн туран, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Елена Маклашова науканан дьарыктанар оскуолалары эмиэ өйүөххэ наадатын иһитиннэрдэ. Манна даҕатан, Егор Борисов Ыччат бырабыыталыстыбатын кытары көрсүһүүгэ бу боппуруоһу эмиэ көтөхпүттэрин эттэ. Уонна науканан дьарыктанар оскуолалары өйүүргэ, сайыннарарга кэнсиэпсийэ суруллар кэмэ кэлбитин бэлиэтээтэ.