Ил Дархан Индия посолун кытта көрүстэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Петербургтааҕы норуоттар ардыларынааҕы экономическай пуорумҥа (ПМЭФ) Ил Дархан Айсен Николаев РФ-ҕа Индия посолун кытта Винай Кумары кытта көрүстэ. Өрүттэр бииргэ үлэлииргэ сайдыы боппуруостарын көрдүлэр, кэҥээһин уонна бөҕөргөтүү былааннарын дьүүллэстилэр.

«Индияны кытта доҕордуу сыһыан баар буолбута ыраатта. 2023 сылга Саха сирэ уонна Индия табаары эргитиитэ 15,2% улаатта уонна 679 мөл дуоллар буолла», — диэн суруйда Айсен Николаев официальнай телеграм-ханаалыгар.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ уонна Индия ардыларыгар сибээһи олохтуурга биир сүрүн тэрээһининэн «Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы оонньууларга Индия оҕолоро кыттыылара буолар. Күрэхтэһии бэс ыйын 25 — от ыйын 7 күннэригэр буолар.

This post was published on 06.06.2024 09:38 09:38