Муус устар 23 күнүгэр гражданскай көҕүлээһиннэри сайыннарарга Ил Дархан граныгар сайаапкалары тутуу түмүктэннэ. Былырыын маннык граҥҥа Ньурба улууһуттан 19 сайаапка барбыт эбит буоллаҕына, быйыл граҥҥа куонкуруска кыттыы лаппа көхтөөх буолла. 24 коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэттэн 38 сайаапка ыытылынна. Ол иһигэр тэриллибитэ сыл буола илик 12 саҥа НКО баар.
Дьокуускай кэнниттэн сайаапкабыт ахсаанынан ньурбалар 2-с буоллубут. Сайаапка уопсай суумата 23 мөл. солк. таҕыста, диэн суруйар Геннадий Антонов СИА-ҕа.
Ньурба куораттан – 20, Хаҥалас нэһилиэгиттэн – 5, Таркаайы уонна Түмүк нэһилиэктэриттэн – 3-түү, Үөдэй уонна Мэҥэдьэк нэһилиэктэриттэн – 2-лии, Дьиикимдэттэн, Күндээдэттэн уонна Чуукаартан – 1-дии сайаапка куонкуруска кыттар.
Ааспыт сыл сэтинньи ыйыттан улуустааҕы ыччат дьыалатыгар уонна имидж бэлитиикэтин управлениетын иһинэн Елена Романова салайааччылаах бырайыактыыр отдел тэриллэн үлэлиир. Отдел үлэһиттэрэ нэһилиэктэри уонна тэрилтэлэри кытта күүскэ үлэлэһэллэр, суол баар кэмигэр куустанан сылдьан сэминээрдэри тэрийэн ыыппыттара, методическай көмөнү оҥорбуттара.
«Бырайыактар бары даҕаны интэриэһинэйдэр, — диир Елена Валентиновна. – Ол эрээри биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: быйыл улууспут НКО-ларыттан аан бастаан «Поддержка в области противодействия коррупции» уонна «Поддержка проектов по профилактике безнадзорности и правонарушений несовершеннолетних» диэн хайысхаларга кыттабыт. СӨ Ил Дарханын граныгар куонкурус түмүгэ бэс ыйын 1-15 күннэригэр таһаарыллар. Онон күүтэбит уонна эрэнэбит».
This post was published on 24.04.2024 13:59 13:59