45 мөл солк Ил Дархан граннарыгар түҥэтиэхтэрэ. Үбүнэн өйөбүлү ылыыга коммерческайа суох тэрилтэлэр киирсиэхтэрэ. Ыччат миниистирэ Степан Саргыдаев быһа эфиргэ эппитинэн, хааччахтааһын аҕыйыа, онтон бастыҥ бырайыактар 1,5 мөл.солк. тиийэ ылыахтара.
2020 сылга биир кэлим фонда 20 граны холбоон таһаарыа, балар алта министиэристибэ салайыытыгар бааллар. Ол туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ ыҥырыытыгар эппитэ.
Социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэлэри өйөөһүҥҥэ көрүллэр граннары төлөөһүҥҥэ 45 мөл.солк көрүлүннэ. Ыччат миниистирэ Степан Саргыдаев эппитинэн, тыырыы механизмыгар уларыйыылар киллэриллиэхтэрэ.
Кини эппитинэн, урукку өттүгэр көрүллэр суума НКО хас сыл үлэлээбититтэн тутулуктанара. Холобур, үс ый анараа өттүгэр регистрацияламмыт буоллаҕына 100 тыһ.солк. элбэх бэриллибэтэ. Үс ыйтан үөһэ ыстаастаах буоллаҕына 300 тыһ. солк. тиксэрэ. Биир сыл үлэлээбит буоллахтарына 500 тыһ.солк. ылыахтарын сөбө.
Быйыл итинник хаарчахтааһыннар суох буолуохтара, онон куонкуруска саҥа НКО-лар кыттыахтарын сөп. «Саамай кылаабынайа — бырайыагы сөпкө суруйуу, интэриэһинэй буолуохтаах. Биһиги Президент фондатын граннарын төрүтүнэн барыахпыт. Социальнай хайысхалаах бырайыактар ордук өйөнүөхтэрэ. Суума 100 тыһ.солк. саҕалаан, 1,5 мөл.солк. тиийиэҕэ«, — быһаарда Саргыдаев.
Сайаапкалар OneClickYakutia порталынан ылыллаллар. Манна сайаапканы хайдах биэрэр туһунан сүбэлэр, консультациялаһарга контактар бааллар.
Кулун тутар 5 күнүгэр Ыччат министиэристибэтэ «НКО Якутии» диэн мобильнай сыһыарыы таһаарыа. Исписэлиистэр сүбэлэтиэхтэрэ, сонуннары истиэххэ сөп.
This post was published on 05.03.2020 16:57 16:57