Ил Дархан нэдиэлэтээҕи планеркатыгар соруктары туруорда. Олор ортолоругар — 2023 сыл бюджетын оҥоруу уонна өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бырагыраамалар үлэлэрэ.
«Бырабыыталыстыба депутаттары кытта 2023 сыллааҕы бюджет оҥоһуллуутугар үлэлииргитигэр, иккис ааҕыыга киирбит эбиилэри, этиилэри учуоттаан туран киллэрэргитигэр. Маны сэргэ быйылгы дьыл бюджетын корректировкатыгар ылсаргытыгар. Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, туруоруллубут соруктар туолууларын ситиһэргэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактар үлэлэрэ сыппаҕа бэлиэтэнэр. Бу боппуруоска федеральнай былаас уорганын кытта мунньаҕы бэлэмниибит», – диэтэ Айсен Николаев.
Сиһилии https://ysia.ru/glava-yakutii-postavil-zadachi-po-uchastiyu-regiona-v-federalnyh-programmah/
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 08.11.2022 11:29 11:29