15 Ыам ыйа 15.05
  • $ 80,22
  • 90,38

Ил Дархан эрдэҕэс оҕо сайыҥҥы үлэтигэр интэриэс баарын эттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дойду үрдүнэн үлэһит кадр тиийбэтинэн, үлэни биэрээччилэр эрдэҕэс оҕо сайыҥҥы үлэтигэр интэриэстээхтэр. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ «Россия 24» ханаалга эттэ.

«Үлэни биэрээччилэр үрдүкү кылаас оҕолорун үлэҕэ ылыыттан аккаастаныахтара дии санаабаппын. Билигин, мин санаабар, улахан интэриэс баар», — диэтэ Айсен Николаев.

Регион баһылыга маны сэргэ оҕо үлэтэ туох баар сокуон ирдэбилин тутуһан тэриллиэхтээҕин санатта.

Саха сирэ устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэтиини былаан быһыытынан ыытар. Быйыл 4500 устудьуон үлэнэн хааччыллыаҕа.

«Маннык үлэ Дьокуускайга уонна улуустарга олус наадалаах, буолаары буолан, дойду үрдүнэн үлэһит илии тиийбэтинэн», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА