Үөһээ Бүлүүгэ Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа тутуллуохтаах сирин көрдө. Эбийиэк САССР 50 сыла уулуссаҕа тутуллар. Сирин иэнэ 10 тыһ. кв.м тахса буолар. Бу туһунан «Саха сирэ» саайт суруйар.
Аттыгар Олоҥхо дьиэтэ уонна тупсарыллан оҥоһуллар Исидор Барахов искибиэрэ бааллар. Манна барытыгар табыгастаах эйгэ тэриллиэ. Искибиэр Уһук Илин субъектар ортолоругар куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии бырайыактарыгар Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайыыны ситиһэннэр оҥоһуллар. Манна аллея, фонтан, оҕо былаһаакката, Исидор Барахов пааматынньыга болҕомтону тардыахтара. Ил Дархан Айсен Николаев искибиэри тупсаран оҥорууну күһүн болдьоммут кэмигэр бүтэрэргэ соруйда.
2024 сыл бүтүүтүгэр — 2025 сыл иккис кыбартаалыгар култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын бырайыагын оҥоруохтара. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 400 миэстэлээх култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа дьон-сэргэ айар дьоҕурун сайыннарарыгар көдьүүстээх креативнай кластерынан буолуоҕа, олохтоохтор үөрэ-көтө мустуохтара.
Манна култуура департамена, ЗАГС, норуот айымньытын киинэ, устуоруйа уонна этнография түмэлэ, тэрээһиннэри ыытар саала, «Киновер» киинэ тыйаатыра, креативнай кластер, технопаарка киирэллэр.
Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын үлэтин улуустааҕы култуура тэрилтэлэрин, Олоҥхо дьиэтин кытары дьүөрэлииргэ, ситимнииргэ сорук туруорда.
This post was published on 05.08.2024 18:00 18:00