23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ил Дархан дьон мааска, бэрчээккэ кэтэрин күүскэ хонтуруоллууру сорудахтаата

15:01, 05 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕар Ил Дархан култуура, спорт, атыы-эргиэн дьиэлэригэр дьон мааска, бэрчээккэ кэтэрин күүскэ хонтуруоллууру сорудахтаата.


Дьокуускай поликлиникаларыгар итиэннэ суһал көмө диспетчерскэй сулууспаларыгар эбии оператордары уонна волонтердары эппиттэрин туһунан вице-премьер, суһал ыстаап салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ. «Колл-центрдарга эмиэ ХИФУ мэдиссиинэ институтун ординатор-устудьуоннарын эбэр санаалаахпыт. Кинилэр куорат поликлиникаларын итиэннэ суһал көмө диспетчерскэйдэрин үлэлэрин чэпчэтиэхтэрэ итиэннэ дьоҥҥо кэмигэр сүбэ, көмө оҥоруохтара», — диэтэ вице-премьер.

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова бүгүн күн устата Дьокуускай стационардарыгар эбии 120 куойка миэстэтин тэрийэллэрин туһунан эттэ.

Кирииптэн бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэ 52%-на быһыы ылбытын, ити иһигэр 62,3% — оҕо аймах, 45,4% — улахан дьон буоларын Роспотребнадзор салайааччыта Маргарита Игнатьева иһитиннэрдэ. Бастатан туран, вакцинаны мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, учууталлар, ЖКХ, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ уонна 65-н ааспыт дьон ылтар.

Айсен Николаев ыарыыны бохсор туһуттан уопсастыбаннай сирдэргэ дьон харыстанар сириэстибэлэри туһаналларын хонтуруоллуур наадатын, маҕаһыын үлэһиттэрэ булгуччу мааска, бэрчээккэ кэтиэхтээхтэрин тоһоҕолоото. Дьокуускайга, улахан оройуоннар кииннэригэр хонтуруоллуур-рейдэлиир тэрээһиннэр уопсастыбаннай тырааныспарга, сааратар сирдэргэ ыытыллыахтаахтарын эттэ.

Санитарнай ирдэбиллэри тутуһуу, мааска бэрчээккэ кэтэ сылдьыы, дьонтон дьалты туттуу харыстаныы сүрүн миэрэлэринэн буоларын COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап санатар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА