Ил Дархан Айсен Николаев Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ командировкатын кэмигэр бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥнээх Докучаевскайга уонна куорат уокуругар киирсэр Еленовка бөһүөлэгин чөлүгэр түһэриигэ үлэ хаамыытын билистэ.
Нэһилиэнньэлээх пууннарга 40 эбийиэк саҥардылынна, былааннааҕа 65. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Еленовкаҕа Айсен Николаев олохтоох оскуолаҕа уонна култуура дьиэтигэр сырытта, эбийиэктэргэ сыл бүтүөр диэри хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах. Бөһүөлэккэ, тутууну таһынан, суолу аспааллааһына барар. Түөрт уулуссаттан үһүгэр үлэ бүппүт.
Докучаевскайга Айсен Николаев 4 нүөмэрдээх оскуола спортивнай былаһааккатын чөлүгэр түһэрии үлэтин кытта билистэ. Манна физкультура уруоктара, күрэхтэһиилэр ыытылла тураллар.
Куоракка IT-кииннээх ыччат дьиэтин тутар былаан туһунан кэпсэтии барда.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
This post was published on 22.10.2024 15:04 15:04