Бу күннэргэ Ил Дархан Егор Борисов “Уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн оруолун үрдэтии туһунан” ыйаахха илии баттаата. Ыйаах чэрчитинэн, хас сылын аайы “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Дьиэ кэргэним – мин өрөспүүбүлүкэм” диэн девиһынан барар буолуоҕа. Кыайыылаахтар 300 тыһ. солк. наҕараадаланыахтара.
Бу куонкурус икки түһүмэхтээх ыытыллар. Сыл бастакы аҥаарыгар улуустарга муниципальнай түһүмэх тэриллиэ. Онно сүүмэрдэммиттэр салгыы Дьокуускайга кэлэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар күрэхтэһиэхтэрэ. Барыта сэттэ номинация олохтоноро күүтүллэр.
Ол курдук,
— “Дьиэ кэргэним – үтүө үгэстэр биһиктэрэ”,
— “Тыа сирин ыала”,
— “Куорат ыала”,
— “Эдэр дьиэ кэргэн”,
— “Хотугу норуоттар үгэстэрин илдьэ сылдьар ыал”,
— “Төрөппүт эппиэтинэһэ” (оҕону иитэ ылбыт ыалга),
— “Ийэм, аҕам уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн”.
Хас биирдии номинацияҕа усулуобуйалара тус-туһунан. Холобур, “Дьиэ кэргэним – үтүө үгэстэр биһиктэрэ” диэҥҥэ төрүт култуураны, үгэһи илдьэ сылдьар, бэйэтин төрүччүтүн ааҕа билэр, үөрэтэр дьиэ кэргэн, ону сэргэ, манна уһуннук бииргэ олорбут ыал, эһээлэриттэн, эбээлэриттэн, аҕаларыттан, ийэлэриттэн утумнаан биир идэнэн дьарыктанар дьон кыттыахтарын сөп. Оттон тыа сирин, куорат ыалларыгар туһуламмыт номинацияларга нэһилиэктэрин, улуустарын, куораттарын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит ыаллар күрэхтэһиэхтэрин сөп.
Ону таһынан, бу ыйаахха Бочуот кинигэтэ диэн олохтонорун туһунан этиллэр. Манна 50-ча (55, 60, 65, 70, 75) сыл бииргэ олорбут, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит, оҕону иитиигэ үчүгэй уопуттаах, үгэстэрдээх дьиэ кэргэн киириэҕэ. Ону сэргэ “Дьиэ кэргэним – мин өрөспүүбүлүкэм” диэн девиһынан ыытыллар “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” куонкурус кыайыылаахтарын аата суруллуоҕа. Бу Бочуот кинигэтигэр хас сылын аайы биэс ыал киллэриллиэҕэ. Кинилэргэ сибидиэтэлистибэни туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыаҕа.
Түмүктээн эттэххэ, бу ыйаах дьиэ кэргэни өйүүр эрэ сыаллаах буолбакка, ыал бигэ туруктаах буолуутун, үтүө үгэстэрин сайыннарар, көҕүлүүр соруктаах.
This post was published on 14.02.2018 15:03 15:03