Ил Дархан Егор Борисов уонна РФ Президенин Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин солбуйааччыта Владимир Солодов Нерюнгри оройуонугар «Инаглинская-1» хайаны байытар фабрика үлэтин саҕалыыр өрөгөйдөөх күнүгэр кыттыыны ыллылар.
Икки сыл анараа өттүгэр манна ыраас сиргэ Саха сирин баһылыга Егор Борисов уонна «Колмар» хампаанньа дириэктэрэ Сергей Цивилев Бэлиэ дуоскаларын туруорбуттара. Онно фабриканы тутар уонна тимир суолу аҕалар туһунан суруйбуттара.
Бу сырыыга бырабыыталыстыба делегациятын иннигэр олох атын хартыына көһүннэ: күүстээх оҥорон таһаарыы инфраструктурата бэлэм буолбут.
«Бородууксуйа барыта шахтаттан тута тимир суол станциятыгар тиэйиллэр. Ыскылаат, мастарыскыай, АКБ. Суопка кэннигэр үлэһиттэр куораттара, уот линията тардыллыбыт», — диэн Цивилев кэпсиир. Манна олохтоох дьон үлэлииллэр, сүрүн бэдэрээччит эмиэ олохтоох тэрилтэ. Үрдүк үөрэхтээх кадрдар Россия бары муннуктарыттан кэлбиттэр.
«Сөптөөх дьаһал. Барытын эрдэттэн эрдэ оҥорон иһиэххэ наада. Бастаан үлэлиир саҕана кыра үлэ иэнигэр суоттаммыппыт, билигин 12 мөлүйүөн тоннаҕа тириэртибит. Бырайыак кыаҕын барытын туһаҕа таһаарар сыалтан кыаллары барытын оҥоруохпутун наада», — диэтэ Егор Борисов.
Тэрилтэ икки хайаны байытар кэмбинээтигэр — Инаглинскайга уонна Денисовскайга — 3700 киһини үлэлэтэр былааннаах. Хампаанньа оройуоҥҥа социальнай эбэһээтэлистибэтин барытын толорор.
Саҥа фабрика арыллыытыгар омук сириттэн партнердар эмиэ бааллар. Япония бэрэстэбиитэллэрэ кыраҕы харахтарынан барытын кэтээн көрдүлэр.
«Эһиги билигин сэрэхтээхтик кэтээн көрө сылдьаҕыт. Ол эрэн хойутаан хааллаххытына, элбэҕи сүтэриэххитин сөп. Маннык хаачыстыбалаах чох ханна да суох», — диэн омук дьонугар Егор Борисов туһаайан эттэ. Кини манна хаачыстыбалаах чох бородууксуйата оҥоһулларын бэлиэтээтэ.
Оттон «Колмар» тэрилтэ Илиҥҥи экономическай форумҥа бэйэлэрин презентацияларын оҥороллоругар Ил Дархан көмөлөһөрүгэр көрдөстүлэр. Онно Япония тимири уһаарар кэмбинээтин кытта контракт түһэрсиитэ былааннанар.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга маннааҕы чох хаачыстыбатынан, экологияҕа куттала суоҕунан дойду чоҕун промышленноһын саҥа киининэн буолар кыахтааҕын эттэ.