Ил Дархан быһа биэриитигэр ойуур баһаарын туһунан эттэ

2022 сылга федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар өрөспүүбүлүкэҕэ ойууру харыстааһыҥҥа үбүлээһинэ биэс төгүл улаатан 1 млрд 619 мөл. солкуобай буолуоҕа.

Саха сирин баһылыга ааспыт сайын кураан туран, ойуур баһаара хаһааҥҥыттааҕар даҕаны киэҥник тарҕаммытын бэлиэтээтэ.

«Арассыыйа историятыгар буолбатах улахан баһаар турбутун умулларыыга, дойду бэрэсэдьиэнин сорудаҕынан  бары күүһү уурдубут», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Маннык быһыы-майгы инникитин хатыламматын туһугар үлэлиэх тустаахпыт диэн чопчулаата.

This post was published on 15.12.2021 12:51 12:51