Суһал ыстаап президиумун мунньаҕар Дьокуускайга онкодиспансеры тутууну түмүктүүр туһунан боппуруоһу көрдүлэр, Саха сирэ суруйар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкокиини кэмигэр үлэҕэ киллэрэргэ хайыы-үйэ аҕалыллыбыт тэрил (оборудование) төлөбүрүн бэрээдэгэр уларытыылары киллэрэр туһунан дьаһал ыллылар. Сотору кэминэн бэдэрээтчит маны таҥан, үлэҕэ киллэриэҕэ. Эбийиэги бу сыл бүтүүтэ туттарыахтаахтар.
Ыстаап мунньаҕар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, эбийиэги торумнаммыт болдьоҕор киллэриллиэхтээх, ол иһигэр бары тутар үлэни бүтэрэн уонна оборудованиенан хааччыйан.
Санаттахха, симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар, 180 куойкалаах стационардаах уонна 26 тыһ. кв. м. хаһаайыстыбаннай блоктаах поликлиникалаах онкоклиническэй киин түөрт блоктан турар.
Бу эбийиэк Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын “Искэн ыарыыларын бохсуу” федеральнай бырайыагынан уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын сайдыыта” эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
This post was published on 24.10.2023 11:03 11:03