Саха сирин баһылыга өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта бэнидиэнньиккэ, от ыйын 18 күнүгэр былааннаах мунньах кэмигэр, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга хоромньуну түргэн соҕустук ааҕан, эмсэҕэлээбиттэргэ материальнай көмөнү оҥорорго уонна нэһилиэктэргэ чөлүгэр түһэрии үлэлэри саҕалыырга сорудахтаата.
Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, ардахтан тахсыбыт быһыы-майгы уоскуйан, халаан уута түһэн эрэр. Билигин биир эрэ нэһилиэккэ уу кутталы үөскэтэр, атыттарга барытыгар түспүт.
«Өрөспүүбүлүкэ төлөбүрдэрин бу нэдиэлэҕэ олоххо киллэрэр соруктаахпыт», — диэн регион баһылыга бу хайысхаҕа үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаата.
This post was published on 19.07.2022 09:05 09:05