Саха сирин баһылыга 36 педагогка уонна регион наставниктарыгар 100 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ олохтоото. Бу туһунан Айсен Николаев учууталлар «Открытое образование – пространство возможностей» XIV съезтэрин пленарнай мунньаҕын кэмигэр иһитиннэрдэ диэн, СИА кэпсиир.
«Арассыыйа бэрэсэдьиэнин ыйааҕынан 2023 сыл биһиги дойдубутугар педагог уонна наставник сылынан биллэрилиннэ. Судаарыстыба баһылыга педагог статуһугар, Арассыыйа үөрэҕириитин утумнаах үгэстэригэр ураты болҕомтону уурар. Бэрэсэдьиэн быһаарыытын өйүүбүн уонна бу сылга өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын уонна куорат уокуруктарын олохтоохторо талан ылбыт наставниктарыгар (учууталларыгар) 100 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэни олохтуубун», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ .
Бүгүн Дьокуускайга учууталлар уонна педагогическай общественность XIV съеһэ саҕаланна. Тэрээһиҥҥэ 500-тэн тахса педагог өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэллэ. Делегаттар 2030 сылга диэри үөрэх ситимин сайдар стратегиятын көрүөхтэрэ.
This post was published on 05.10.2022 13:05 13:05