Ил Дархан баһаардары умулуннарыыга үлэлии сылдьар дьоҥҥо махталын тиэрдэр

Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 28 күнүнээҕи брифинигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22 баһаар баарыттан аҕыһа нэһилиэк чугастарыгар бааллар диэн иһитиннэрдэ. Түөрт ойуур баһаара ыраах сиргэ умайалларын, кэлин дьон олорор сирдэригэр кутталы үөскэтиэхтэрин сөп диэн, эрдэттэн умулуннаран саҕалаабыттарын эттэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


«Муома улууһун Хонуу нэһилиэгин баһаара улахан кутталы үөскэтэ сырытта. Cуһал ыстаап, олохтоох дьон, Дьокуускайтан тиийбит эбии үлэһиттэр көмөлөрүнэн уот уҕараата диэххэ сөп, — диэтэ Айсен Николаев. — Билигин да улуус атын нэһилиэктэригэр баһаардар бааллар. Ол иһин уу ыһардаах Ми-8 бөртөлүөтү улууска хаалларар туһунан быһаарбыппыт. Хомойуох иһин бэҕэһээ бөртөлүөт буруо хойуутуттан кыайан көппөтөҕө, бу күннэргэ балаһыанньа уларыйар ини диэн эрэнэбит. Билигин Орто Халымаҕа баар биэс уот нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтиэн сөп. Ол иһин бу улууска эбии көмө ыыттыбыт».

Ил Дархан баһаардары умулуннарыыга үлэлии сылдьар бары дьоҥҥо: «Авиалесоохрана», «Якутлесресурс» үлэһиттэригэр, быыһааччыларга, баһаарынайдарга, олохтоох дьоҥҥо махталын тиэрдэр. «Кинилэр көмөлөрүнэн уот нэһилиэктэргэ киирбэтэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Санатар буоллахха, ойуур баһаардарын умулуннарыыга федеральнай хааһынаттан эбии миллиард аҥара үп көрүллүбүтэ. Маны таһынан уоту кытары охсуһа сылдьар дьону аһатыы боппуруоһа эмиэ федерацияттан үбүлэнэрэ быһаарыллыбыт. Бу кыһалҕалары Ил Дархан дойду бэрэсэдьиэнигэр туруорсубута.

This post was published on 28.07.2020 18:01 18:01