Оонньууларга кыайыылаахтар 50 тыһыынча солк, үрүҥ көмүс призёрдар — 30 тыһыынча солк, боруонсалар — 20 тыһыынча солк туттулар.
«Оонньуулар түмүктэммиттэринэн ис дууһабыттан эҕэрдэлиибин, Саха сирин икки сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнарын, тренердэрин ситиһиилэргитинэн. Уон биир күн Дьокуускайга спорт, доҕордоһуу, чиэһинэй спортивнай киирсии бырааһынньыга буолла. Оонньуулар үрдүк тэрээһиннээхтик аастылар», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ мэтээллээх спортсменнарынан киэн туттар. Кинилэр бөдөҥ спортивнай державалар уонна федеральнай уокуруктар күүстээх спортсменнарын кытта тэҥҥэ кииристилэр, өссө баһыйан наҕараадалары туттулар.
Айсен Николаев тренердэргэ махтанна, күүстээх эдэр спортсменнары иитэн-такайан таһаарбыттарыгар. Настаабынньыктар бу оонньууларга бэйэлэрин үрдүк квалификацияларын бигэргэттилэр.