-
Дьэ тоҕо бу улууспут биир кырыы сытар нэһилиэгэр ала чуо тиийдэ диэн быһаарар буоллахха маннык. 2013 сыллаахха манна 90 миэстэлээх улахан таас оскуола үлэҕэ киирэн нэһилиэнньэ олус диэн үөрбүтэ-көппүтэ. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Егор Афанасьевич кэлэн кыттыыны ылбыта уонна эмиэ олохтоохтору кытта көрсүбүтэ. Көрсүһүү сүрүн түмүгүнэн саҥа оскуола киириитэ нэһилиэк сайдыытыгар оруоллаах уонна кэскиллээх буолуохтаах диэн буолбута. Ол эбэтэр үрдүкү салалта туруорар сүрүн соруктарынан саҥа тутуу киирбит сиригэр оҕо ахсаана, төрөөһүн элбээн, производство киирэн, социальнай-экономическай өртүнэн нэһилиэк сайдыахтаах этэ. Дьэ ол сорук бу үс сылыгар төһө туолбутун билээри-көрөөрү Ил Дархан Амма-Наахараҕа сырытта.
- Кинини кытта сирэй миниистирдэр кэлэннэр, олохтоохтор бары интэриэһиргиир боппуруостарыгар эппиэттэри ыллылар. Көрсүһүүгэ СР Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы П.Н. Алексеев, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын миниистирэ А.Е. Артемьев, транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ С.В. Винокуров, үөрэх миниистирэ Ф.В. Габышева, спорт миниистирэ М.Д. Гуляев, үлэ уонна социальнай харыстабыл миниистирэ А.Н. Дружинин, үп миниистирэ В.А. Жондоров, доруобуйа харыстабылын миниистирэ А.В. Горохов, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын миниистирэ А.К. Колодезников, тутуу уонна архитектура миниистирин бастакы солбуйааччы П.А. Аргунов, экономика миниистирин бастакы солбуйааччы М.А. Данилова, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын республикатааҕы тэрилтэтин генеральнай директора А.А. Ноговицын, «Якутскэнерго»ААО генеральнай директорын бастакы солбуйааччы С.Ю. Данилов, Ил Түмэн депутаттара А.И. Корякин уонна А.А. Филиппов кыттыыны ыллылар.
- Көрсүһүү бэрт интэриэһинэйдик, сылаас, истиҥ сыһыаҥҥа барда. Миниистирдэр оҕо саадыгар сылдьан коллектив үлэтин-хамнаһын кытта билистилэр. СР доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ А.В. Горохов учаастактааҕы балыыһаҕа сылдьан үлэһиттэри кытта көрсөн-кэпсэтэн, кыһалҕаларын истэн барда.
- Көрсүһүү кыттыылаахтара оскуола киириэҕиттэн нэһилиэк сайдыы суолун тутуспут диэн түмүккэ кэллилэр.
-
Наталья Бубякина
This post was published on 18.01.2016 15:24 15:24